Иванова Саргылана Степановна, ЛР-13
Научнай салайааччы: Архипова Е.А.,ф.н.к.
Огдо Аксенова долган суругун-бичигин төрүтээбит бастакы туспа суоллаах-иистээх, кэрэ чуор куоластаах поэтесса буолар.
Огдо, сурукка киирбит аата Евдокия Егоровна Аксёнова, баара буоллар быйыл 80 сааһын туолуохтааҕа. Ол курдук кини олунньу ый 8 күнүгэр 1936 сыллаахха Таймыырга Боганида диэн сиргэ төрөөбүтэ. Бэһис кылаастан саҕалаан нууччалыы хоһоон суруйан барбыта. Кэпсээн суруйан эмиэ холоммута. Огдо Аксенова 1967 сыллаахха сыралаах үлэтин иһин «Бочуот знага» уордьанынан наҕараадаламмыта.
1969 сыллаахха «Заполярная правда» хаһыакка Валерий Кравц тылбаастаабыт хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ, онтон ыла кини аата киэҥ ааҕааччыга биллэн барбыта. Сотору кэминэн Огдо Аксенова хоһооннорун Москваҕа тахсар элбэх тиражтаах «Работница» сурунаалга бэчээттээбиттэрэ.
Төрөөбүт дойдуга ахтылҕаны лирика биир көрүҥүнэн ааттыыр буоллахпытына, Огдо бу темаҕа анаабыт хоһооно хатыламмат уйан хартыынаны ойуулуур. Москваҕа үөрэнэр кэмигэр, биллэн турар, олус элбэҕи билбит, музейдарга, суруйааччылары кытта көрсүһүүлэргэ, түмсүүлэргэ сылдьыбыт, ол эрээри суругар өрүү Москва климатын сирэрин, хаары, тымныыны, кыһыны суохтуурун, ахтарын этэр, өрөбүллэргэ, каникулугар тапталлаах тыйыс, тымныы хоту дойдутугар барар күнүн-дьылын ааҕар. Москва сааһа олус эрдэ кэлэр, күһүнэ олус да уһун мин онтон наһаа салҕабын диэн суруйбуттаах. Холобур:
Төрөөбүт дойдум каллаанын,
Гылбаҕар кылааннаах каарын,
Чугаскаан чагылкай һулуһун
Бу манна Амуурга кэлэммин
Дьэ бэркэ, дьэ бэркэ агыттым.
Кабиэкэй курупааскы көтөрбүн
Күрэтэн таһакка тиһэрбин,
Күөйэн-каайан бултуурбун
Бу манна Амуурга кэлэммин
Дьэ бэркэ, дьэ бэркэ агыттым.
Һоҕуруу тыал тибиилээк тымныыта
Һырайбын ньылайан һалыырын,
Һонтооппор кистэнэн киирэрин
Бу манна Амуурга кэлэммин
Дьэ бэркэ, дьэ бэркэ агыттым.
(«Амурга киирэммин»)
Поэтесса бу хоһоонугарр төрөөбүт дойдутугар, норуотугар бэриниитин, тапталын көрөбүт. Төрөөбүт дойдутун уобараһын – кыһыҥҥы тыйыс тымныынан, кыһынынан, сытыы тыалынан, баай айылҕатынан, булдунан ойуулуур.
Уйбаача гуоракка
Һаачыһын агытта.
Тыалыы кэпсэтиэн
Эмиэ багарда.
Апельсин тастарын
Тырыта тыытта.
Бу – луотка, бу – Ньүмэ,
Бу – моторист Проня,
Уомул – һогудаага,
Үс балык – күөскэ.
Муксууну тоҥоруо,
Киэһэннэн кыһыа.
Апельсин тастара –
Ол балыктара. («Гуоракка»)
Бу «Гуоракка» диэн оҕолорго аналлаах хоһоонугар дойдуну ахтыы матыыба эмиэ көстөр. Төрөөбүт тылын, биир дойдулааҕын, балыктарын олуһун ахтан апельсин тастара ону санатар буолаллар. Манна апельсин — куораты көрдөрөр ас, фрукта. Ол эрэн кини ол күндү ас амтанын таптыыр балыгар атастаһарга да бэлэм.
Музейга Уйбаача
Табаны көрбүтэ
Муойуттан кам кууста,
Муннутун һыллаата
Уоһун угураата. («Музейга»)
Поэтесса кыра оҕо нөҥүө табаны ахтыбытын көрдөрөр.Таба уобараһа хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар айымньыларыгар биир тэнийбит уобарас буолар. Таба хотугу киһиэхэ быстыспат доҕоро, миинэр миҥэтэ. Оннооҕор музей табатын көрөн астынар, ахтылҕанын таһааран кууһан, сыллаан ылар Уйбаача — хотутун, дойдутун ахтар күүстээх уобарас.
Огдо айар үлэтэ элбэх өрүттээҕэ, ол курдук поэзията долган норуотун тылынан уус-уран айымньытын кытта быстыспат ситимнээх: «Чай оленевода» («Табаhыт чаайа»), «Бараксан» («Эрдэ hаас бараксан») уо.д.а. Поэтесса хоһооннорун тыла-өһө олус баай, кини иннинэ долган тылынан айымньы суруллубута суоҕа. Кини айымньылара аан бастакы литературнай суругунан айымньылар буолаллар, онон сыаналаналлар. Огдо үлэлэригэр бүтүн долган норуотун олоҕо, кыһалҕата, үөрүүтэ барыта ырылыччы көстөр. «Туоккунуй?» диэн хоһоонугар долган буоларынан киэн туттар, дьонтон ураты, атын буоларын туһунан этэр:
Мин дьонум аата Д-ан,
Баччалаак буква иһиттэн,
Табалыы тыам һирин таптыыбын,
Носкуону баргааҥҥа колуубун,
Ол иһин энигиттэн атыммын,
Д – буква дьолго буолбута,
Д – буква догорго турбута,
Д-ан ааттана һылдьабын,
Дьоммуттан, һирбиттэн һүмэлэнэбин,
Ол иһин энигиттэн атыммын.
… С буквы «Д» начинается имя долган,
Я ловлю их, как ловит оленя аркан,
Дорожу каждым звуком,что тундрой мне дан.
Я люблю их, как музыку любит барган.
О.Аксёнова. «Кто я есть».
Москваҕа Үрдүкү литературнай курстарга үөрэнэ сылдьан Аксёнова долган суругун-бичигин төрүттүүргэ күүскэ туруммута. Бастакы тылбаасчытыгар Валерий Кравцка 1978 сыллаахха суругар атын омуктар суруктарын үөрэтэрин, олортон уопут ыларын туһунан суруйбута: «Сейчас вплотную занялась нашим алфавитом. У якутов пять букв возьму и хочу у казахов две буквы взять».
Ити сыл алпаабытын бастакы барыйаанын оҥорбута ону Новосибирскай куорат учуонайдара өйөөбүттэрэ. Эһиилигэр долган алпаабытын бигэргэппиттэрэ. Дудинка оскуолатыгар экспериментальнай кылааска Аксенова Букубаарынан кыра оҕолору сурукка-бичиккэ үөрэтии саҕаламмыта.
1983 сыллаахха Красноярскайга Букубаар төрдүс барыйаана бэчээттэммитэ, ол кинигэнэн Таймыыр уокуругар алта оскуола үөрэнэн барбыта. 1990 сыллаахха эрэ, сэттис тахсыытыгар долган суругун-бичигин былаас официально билиммитэ. Бу Огдо Аксенова кытаанах туруорсуутунан, тулуурунан ситиһиллибит кыайыы буолар. 80-с сылларга Огдо долган тылын тылдьытын оҥоруунан дьарыктанан саҕалаабыта, барыта сүүрбэ тыһыынча тыл киирбитэ.
Төрөөбүт тыла сайдыан, киэҥник туттуллуон баҕарар патриот киһи быһыытынан национальнай араадьыйаҕа долган тылынан биэриилэри бэлэмнээн ыытара. Ити курдук бэриниилээхтик үлэлээн Огдо Аксенова норуотун суруктаабыта-бичиктээбитэ, суругунан литературалаах норуот оҥорбута. Манна кини сүрүн кылаата, олоҕун суолтата сытар.
Патриот, долган бастакы суруйааччыта Огдо Аксёнова тохсунньу 14 күнүгэр 1995 сыллаахха күн сириттэн барбыта.
Түмүктээн эттэххэ,
- Огдо Аксенова күүстээх санаалаах, туруоруммут сыалын ситиһэр, норуотун таптыыр, сайдыан баҕарар дьиҥнээх патриот.
- Кини – долган бастакы суруйааччытын быһыытынан аата үйэлэргэ умнуллуо суоҕа. Киэҥ киэлиилээх, холку хоһоонноро ааҕааччыны толкуйдаталлар, долгуталлар. Төрөөбүт дойдуну, айылҕаны, биир дойдулаахтаргын таптыырга, убаастыырга, сыаналыырга үөрэтэллэр.
- Долган тыла саха тылыгар олус маарыынныыр буолан, хоһооннору ааҕарга, ырытарга судургу.
- 4. Айымньыларыгар долган тылын мелодикатын толору биэрбит. Үйэлэргэ хаалар айымньылары айан, суруйан хаалларбыт эбит.
Литература:
- Долганская литература. Материалы и исследования / Составитель В.Огрызко. – М.: Литературная Россия, 2009. С. 127-209.
- Аксенова Огдо Бараксан: стихи и песни. – Красноярск : Кн. изд- во, 1973. — 112 с. Текст парал. рус. и долган. языках.
- Аксенова Огдо Тыатаатыкаан : Хоhооннор. — Красноярск : Кн. изд-во, 1979. — 22 с.