Василий Лебедев поэзиятын уобарастарын уратыта
Шергина Ньуруйаана Захаровна, ПО-СА-15,
Северо-Восточный федеральный университет
Научный руководитель: Архипова Е.А., к.ф.н.
Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар литератураларыгар эбээн литературата биир сүрүн миэстэни ылар. 30-с сыллартан саҕалаан сайдар. Эбээн литературата маҥнайгы айымньыларынан хотугу литературнай үгэстэри олохтообута. Ол маннык жанрдарга сайдыбыта: автобиографическай айымньылар, историко-революционнай уонна оҕолорго аналлаах суруйууларга.
Эбээн суруйааччылара оҕолорго анаан олус интэриэһинэй, үчүгэйгэ үөрэтэр айымньылары суруйбуттара. Эбээн литературата саха литературатын кытары ыкса сибээстээх. Үгүс айымньылар сахалыы суруллаллар, сорохтор сахалыы тылынан бэчээттэнэллэр.
Бастакы эбээн айымньыларын ааптардарынан, 30-с сылларга Н.Тарабукин, кини кэннэ П.Ламутскай буолаллар. 60-с сылларга литератураҕа А.Кривошапкин, В.Лебедев киирбиттэрэ [1;69-71].
Василий Дмитриевич Лебедев — эбээн поэта, тыл үөрэҕин билимин кандидата. 1934 сыл ахсынньы 20 күнүгэр Муома улууһугар Догдо-Дьыбахалаах нэһилиэккэ төрөөбүтэ.
1954-1958 сылларга Ленинград куоракка Герцен аатынан Педагогическай институкка үөрэммитэ.
1960 сыллаахха СГУ историко-филологическай факультеты бүтэрбитэ.
1965 сылтан ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
1970 сыллаахха Ленинград куоракка ССРС НА тылларын үөрэтии Институтугар кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ.
1982 с. Олунньу 21 к.өлбүтэ [2;4].
Василий Лебедев айар үлэтин 50-с сыллар бүтүүлэригэр саҕалаабыта. Кини бастакы айымньылара «На Севере Дальнем» диэн Магадаан куоракка тахса сылдьыбыт альманаахха бэчээттэммиттэрэ.
Поэт айымньылара «Хотугу Сулус», «Полярная Звезда», «Дальний Восток» сурунаалларга уонна эбээн тылынан «Песни и стихи эвенов» диэн хомуурунньукка тахсыбыттара.
Барыта 10 хомуурунньугун булан көрдүм:
«Омчэни». Хоһооннор. – 1963.
«Хиги Огални» (Таежные мелодии).-1966
«Дялбу төрэҥнэтэн» (В краю сородичей).-1968
«Мэрлэнкэ» (Кругооборот)-1971.
«Оонньоохон-додекээн» (Зайчик Додекээн) К.Туйаарыскай тылбааһа-1970
«Икэ Эҥин», 2009
«Иҥэнь төр», 2004
«Белый олень» (Нууччалыы) 1972
«Родная тундра»,1985
«Күнүм, сирим дьарҕаалара» – Дьокуускай, 1980.
Василий Лебедев бу 10 хомуурунньугуттан «Күнүм, сирим дьарҕаалара» диэн хомуурунньугун ордук сөбүлээн, онно киирбит хоһооннорун тутулун, тылын-өһүн, уобарастарын ырытарга холоннум.
Хомуурунньукка барыта 28 хоһооно киирбит. Хоһооннору сахалыы Моисей Ефимов, Семен Данилов, Георгий Васильев, Михаил Тимофеев, Степан Дадаскинов, Иван Гоголев тылбаастаабыттар.
Хомуурунньук сүрүн тематиката: хотугу дойду, айылҕа көстүүтэ, маанылаах кыыл — таба.
Хоһооннор тэтимнэрэ уобарастаан эттэххэ, хотугу халлаан курдук уларыйа-тэлэрийэ турар. Тутуллара тус-туһунан. Арыт кылгас строкалар — түргэнник, сыыдамнык ааҕыллаллар, арыт бытааран, строкалар уһаан, тэнийэн тахсаллар. Бу поэт стилин биир уратыта дии санаатым.
Хомуурунньукка киирбит хоһооннору ааҕан баран маннык санааҕа кэллим: Василий Лебедев үгүстүк бэйэтин хоһооннорун төрөөбүт-үөскээбит хотугу дойдутун тематыгар суруйбут, ол курдук кини хоһооннорун ааҕа олорон дэбигис билэҕин, хоту дойду киһитэ суруйбутун, тоҕо диэтэххэ, хоту дойдуну бэлиэтиир, көрдөрөр темалар, хотугу айылҕа кэрэ, дьикти көстүүлэрэ хоһуйуллаллар. Холобура, хотугу киһи таптыыр кыыла — таба туһунан хоһоон элбэх. Таҥара табата кырасыабай кыылынан ааҕыллар уонна саамай үчүгэй холобурдааһыҥҥа киирэр.
Киһи дууһатын, кутун-сүрүн таарыйар хоһоон «Буҕдиндьа» буолар: «Салбахтаах муоһунан саталаах салгыны тыыран, буур табам Буҕдиндьа сүүрэр». Таба барахсан ойууланар, ол кэннэ биир түбэлтэ-дабаан дабайыытыгар таба барахсан умса түһэр. Табаны Василий Лебедев араастаан суруйар: уучах, ыҥаах, таба, таптаан доҕоруом да диир түгэннээх.
Бу хомуурунньукка табаҕа ананан суруллубут 4 хоһоон баар — «Таба өлөрүүтүгэр», «Туох буолла?», «Таба» , «Буҕдиндьа». Ону таһынан атын да хоһоонноругар автор табаны үгүстүк уобарастааһыннарыгар туттар.
Хоһооннорго ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалар күүскэ туттуллубуттар.
Поэт эпитеттэри харыстаабакка туттар: Муустаах муора, саталаах салгын, уоттаах харах, тыйыс кыраайбын, түҥкэтэх тайҕаҕа, кыһыҥҥы тымныыга уо.д.а.
Тыыннааҕымсытыы: Мин ырыам сандаара саҥарбыта, Уһуктубут унаар тыабыт, чаллах тиит лабааларынан далбаатыыр уо.д.а.
Тэҥнэбил: батары саайар курдуктар, сүүрүк таба туйаҕыныы, буруйдаммыт оҕолуу, кэрэ кыыстыы, чуор туйахтыы, уо.д.а.
Метафора: кынаттаах таба, кырдьыы ыар кырыыһа уо.д.а.
Дьон, өрүс уонна сир дойду аата: Ньимкалаан, Буҕдиндьа, Таастаах Дьааҥы, Охотскай муора, Ленин куората, Индигир, Нева, Көөлтиркэн, Амур уо.д.а.
Паараласпыт тыллар: үөрэ-көтө, сыыдам-ахсын, айгыр-силик, омуннаах-төлөннөөх, ыралаах-төлкөлөөх, кэскиллээн-төлөннөөн уо.д.а.
Антитеза: олох өлүүлүүр, тыһылаах атыырдар уо.д.а.
Тавтология, хатылааһын ньымата санааны толору, күүскэ биэрэргэ анаан туттуллар: Мин саастаах уучаҕыам!
Мин эрэл доҕоруом!
Мин эмиэ ааспыппын;
Хас ыарыы,
Хас ынчык,
Хас киһи соргута; уо.д.а.
Градация: Саатар биир чыпчалаҥ, // Саатар биир мүнүүтэ; уо.д.а.
Ыйытыы, күүһүрдүү этиилэри кимтэн эмитэ ыйытарыгар эбэтэр туһаайыыга туттар.
Хоһоонноругар хотугу калориты көрдөрөр тыллары элбэҕи булуохха сөп:
- Сулустар
- Очуос
- Үрэхтэр
- Туруук таастар
- Дьэргэлгэн
- Ньимкалаан
- Индигир өрүс
- Буҕдиндьа
- Муустаах муора
- Туман
- Буур таба
- Уучах
- Чубуку
- Дьүкээбил
- Тугут
- Хайа
- Таастар
- Турку
- Булчут
- Көөлтиркэ таас хайа
- Тордох
- Ураһа уо.д.а.
Василий Лебедев олоҕун, айар үлэтин туһунан научнай үлэ суруллубута, элбэх киһи ырытыы оҥорбута. Кинини төрөөбүт норуотугар үгүһү оҥорбут эбээн талааннаах поэта диэн сөпкө бэлиэтииллэрэ.
Түмүктээн эттэххэ, Василий Лебедев суруйан хаалларбыт айымньылара, үлэлэрэ, хаһан даҕаны дьон өйүттэн-санаатыттан сүтүөхтэрэ суоҕа, кэлэр көлүөнэ ыччакка олоҕу, айылҕаны өйдүүргэ күүс-көмө буолуохтара. Биһиги, саха ыччата кини айымньыларын ааҕан баран, эбээн омук урут хайдах олорбутун, кинилэр култуураларын, дьарыктарын туһунан олус элбэҕи, интэриэһинэйи билэбит. Чахчы даҕаны, Василий Дмитриевич Лебедев — Хотугу кыраай чулуу уола, талааннаах поэта.
Туһаныллыбыт литература:
- Окорокова В.Б. Сияние полярных огней. Якутск: Бичик, -С. 69-71.
- Слепцова Л.Н. Хотугу кыраай чулуу уола. Дьокуускай, -С.4.
- Лебедев В. Күнүм, сирим дьарҕаалара. Якутскай, -С.3-76