Саха народнай сурууйааччыта Н.А. Лугинов «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» айымньыта саха сиригэр эрэ буолбакка, бутун Аан дойдуга биллэр биир улахан улэ. Бу романынан спектакль туруоруллубута, киинэ уһуллубута. өскөтүн арҕаа дойдулар киинэлэригэр уонна айымньыларыгар Чыҥыс Хаан улуу сэрииһит эрэ быһыытынан этиллэр буоллаҕына, Н.А.Лугинов «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» романыгар бу үйэ олоҕо, үгэһэ көстөр эбит. Айымньы олох бары араҥатын хабар сүдү суолталаах. Романна Одьулуунунан, Хайахсын эмээхсининэн, Бөртөнөн, Ача Хотунунан, Уһуйунан, Хулаанынан сирэйдээн дьахталлар уобарастара табыгастаахтык бэриллибит. Одьулуун кэргэниттэн Дьэһэгэй Баатыртан түөрт уол, биир кыыс оҕону төрөөбүттэрэ. Одьулуун аҕата, Хордойоон Батыр-Олхонууттар бас киһилэрэ эбит. Манан, Одьулуун үчүгэй төрүттээҕэ көстөр. Кини кэрэ дьуһуннээх, ураты тупсаҕай быһыылаах-таһаалаах, мындыр толкуйдаах дьахтар. Уолаттарын иитэригэр сүрүн болҕомтолорун баһылык буолуохтаахтарыгар бэлэмнэнэллэрин ыйар. Чыҥыс Хаан туһунан барыта куһаҕан эрэ өттүнэн өйдөбул баар эбит буоллаҕына, «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» айымньыга Чыҥыс Хаан уобараһа аахпыт киһини толкуйдатар, олоҕу ырытарга сирдиир. Кини саҥалыы көрүүлээх, идейнэй политик, полководец, дьону – сэргэни сатаан угуйааччы быһыытынан биллэр. Кини судаарыстыбатын эрэ буолбакка, бүгүн аан дойду историятын оҥорбут, уларыппыт киһинэн буолар.
Билиҥҥи кэмҥэ уол иитиллэр эйгэтэ өбүгэ көрүүтүттэн улахан уларыйыыта – аһара бүөбэйдээһин. Хас хамсаныытын барытын бүөбэйдэтэ сылдьан улааппыт уол оҕо намчы буолара биллэр суол. Мэлдьэх буолбатах, билиҥҥи кэм уола кыыстыҥы көрүннээҕэ элбэх. Онтон, уол оҕо дьиппиэн, модьу – таҕа буолан дьонун, дойдутун дурда – хахха эрэлэ буола улаатыахтаах. Оччотугар, олоҕор көрсөр ыарахан да, үөрүүлээх да тугэннэргэ сөптөөх эппиэти булар кыахтанар, төрөппүттэрэ холку олоххо олороллоругар кыах үөскүүр. Онон эдьиий дьоҥҥо бу улэ суолтата улахан. Тоҕо диэтэххэ, эдьиийдэр сурустарын кыра эрдэхтэриттэн хайдах иитиһэллэр даҕаны, түмүктэрэ онтон тутулуктаныаҕа. Ол аата, дьиҥнээх эр киһи иитиллэн тахсыаҕа.
Бу үлэ уолу кыра сааһыттан олох сыаннастарыгар сыһыарыы, уол оҕо дьылҕатыгар сыһыана, дьулуур уолу иитэр ньымата, эдьиийдэр сурдьуларыгар сыһыаннара, уол оҕо олоҕор баһылык буолуутун олуга туһумэхтэртэн турар.
Айымньы көhө сылдьар омук олоҕун ойуулааһынтан турар, онон уус олоҕун хайдах дьаһанара дьэҥкэтик бэриллибит. «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» кинигэ бастакы чааһа 1997 с. тахсыбыта. Кинигэ5э Чыныс Хаан тордо — ууьа, дойдубут түҥ былыргыта 12-13 уйэтээҕи монголлар олохторун дьаһахтарын үөрэтиллибитэ, үрдүк таһымнаах историческай айымньыттан көстөр. Сабаҕалаатахха, сахалар монголлортан хаан тардыылаах эбиппитин көрдөрөр.
Көс олохтоохтор түргэнник хомуналлара, билбэт саҥа сирдэригэр тиийэн хайдах дьаһаныахтаахтара барыта дьахтар аймах толкуйугар киирэр. Маны барытын Одьулуун Хайахсын эмээхсини, кийииттэрин кытта сатабыллаахтык дьаһайара билиҥҥи ийэҕэ биир ураты буолар. Аһы – үөлү, таҥаhы – сабы оҕоттон саҕалаан улаханыгар тиийэ сөпкө бэриниллиитэ хаһаайыстыбаны тутууга сүбэ буолар. Холобур, уолу айылҕа аhынан улаатыннарыы туһалааҕа көстөр. Бу тугэн аныгы ийэ билэ – билэ оҕотугар араас буортулаах минньигиэһинэн хатаҕалыырыгар, оҕотун тугу аһыырын болҕомтотугар уурбат тугэннэригэр саамай сөптөөх сүбэнэн ааҕабын. Билиҥҥи медиктэр химия булкааһыннаах эмтэртэн ураты, норуот эмин туһанары эмиэ сүбэлииллэр. Айылҕа биэрэр отун-маһын таба тайанан, сатаан хатаран, сөпкө туһаныы оҕо да, улахан да туһанара, доруобуйатын бөҕөргөтүннэрэрэ мэлдьэх буолбатах.
Чыҥыс Хаан 15 эрэ саастааҕар, аҕата Дьэһэгэй өлбүтүн кэнниттэн баһылык оҥороллор. Хас көһөр сирдэригэр өстөөхтөрө тиийэ охсубуттарын ким эрэ тыллыырын билэллэр. Саамай куһаҕана, чугас киһитэ, Бэктэр буоларын билэннэр, инилэрин ыҥыран субэ тэрийэр. Чыҥыс Хаан сөптөөх, мындыр толкуйдаах баһылык буоларын атын уустар билэн дьиҥнээх баһылык тахсыыһы диэн толкуйга киирэллэр.
Маны сэргэ, бу улуу киһи олохтообут сиригэр-уотугар сэрии сэбин көмөтүнэн эйэ олохтонуохтаах, кэнникилэр инникилиэхтээхтэр, инникилэр, хомойуох иһин, кэнникилиэхтээхтэр диэн өйдөбүлү өрө тутар. Чыҥыс Хаан бэйэтэ бастаан сэриилиири сөбүлээбэт, ордук көмүскэнэр өйдөбүлү тутуһар санаалаах, бу кэйээргэ хас биирдии киһи бэйэтин кыаҕынан буойун буолуохтааҕын Одьулуун ыйар.
Киһи олоҕор атын дьон туһугар тугу оҥорбутунан сыаналаныахтаах. «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» роман саха оҕотун төрүттэрин түҥ былыргытынан, историятын үөрэтэр сыаллаах. Онтон эдьиий сурдьугар туох санаалааҕын билэр чугас киһитэ буолар аналлаах уонна уол оҕо олоҕор көрсөр ыарахаттарга сөптөөх эппиэти буларыгар көмөлөһүөхтээхпит. Уолаттар ыраах барсаары эбээлэриттэн ыйыта киирбиттэригэр Одьулуун иккиэннэриттэн биирдэстэрэ эрэ барсыахтааҕын, ону бэйлэрэ быһаарыахтаахтарын ыйар. Уолаттар тахсаллар уонна сөптөөх быһаарыыны ылыналлар. Бу биһиги сурустарбытыгар бэйлэрэ эппиэт булалларыгар үөрэтиэхтээхпитигэр холобур.
Өссө биир туһумэхпинэн буолар: «Эһиги билиҥҥэттэн, бу сааскытыттан, тус бэйэҕит баҕаҕытын өрө тутар оннугар, ону сатаан уодьуганныыр гына үөрэниэхтээххит. Атын дьон туохха баҕарарын, туохха дьулуһарын кичэйэн кэтээн. Ол туһугар олоруоххут, дьон бэйэлэрэ эһиги тула түмсүөхтэрэ.Эһиги аҕаҕытын дьон ол иһин сөбүлүүллэр». (Роман маҥнайгы чааһа. Стр 157, I абзац). Биһиги бырааттарбыт тугу сиэхтэрин баҕаралларын толотторон баран тэйэр угэстээхтэр. Ытыы, ыйылыы түстэллэр эрэ, баҕарбыттарын ылан биэрэн иһии биир өттүнэн сыыһа, бииринэн соп. Сыыһа, кыратыгар уол наадйырара эмиэ кыра, суолтата суох курдук, онтон баҕарбытын толотторо үөрэммит уол улааттаҕына сааһынан көрөн баҕа санаата эмиэ улаатар. Оччоҕуна, бэйэбит да билбэппитинэн күүс өттүнэн оттойон толотторо сатыыр киһиэхэ кубулуйуоҕа. Кыратыгар кэмпиэт, сахалаат, бытархай оонньууру баҕарыаҕа, улааттаҕына мотоцикл, буран, массыына наада диэн дибдийэн туруон сөп. Маннык улааппыт уол атын дьон кыһалҕатын аахсыбат, бэйэтин эрэ саныыр бэйэмсэх киһиэхэ кубулуйар. Онон, эдьиий киһи сөпкө көрөн уолу буойуохтаах, сөпкө толкуйдууругар үөрэтиэхтээх. Уол оҕо туппай буоларын үтүө өрүтэ билиитэ кэҥиир, билиигэ тардыһар буола улаатыыта. Онон, сөбунэн көрөн, сурустарбытын сайыннарарбыт наадалаах диэн этиэххэ сөп.
Улуу киһи бастаан тугу эрэ айар, саҕалыыр, ырааҕы көрөр ,бүгүҥҥүннэн эрэ олорбот. Чыҥыс Хааҥҥа бу хаачыстыбалар Хайахсын уонна Одьулуун иитиилэригэр бааллар.Айымньыга ойуулаабыт дьахтар аймах уол оҕону иитэр холобурдара билигин даҕаны улахан көмөлөөх, элбэх сүбэлээх. Маны таба тайанан туһаннахха, бу уларыйа турар балысхан сайдыылаах кэмҥэ уол оҕо бэйэтин олоҕун сатаан дьаһанарыгар, сөптөөх хоруйу ыларыгар ийэ, эбээ, дьүөгэ оруола улаханын көрдөрөр.
Роман сүрүн геройа Чыҥыс Хаан эйэлээх олоҕу оҥороругар баҕа санаатын, тэрийэргэ тардыһарын, кэлэр кэми саныырын ииппит ийэтин Одьулуун уонна Хайахсын эмээхсин холобурдарын туһаныахха сөп.
Туһаныллыбыт литература:
- Н.А. Лугинов «Чыныс Хаан ыйаа5ынан»- Дьокуускай; «Бичик» 1997 с. роман 1-кы чааьа
- Н.А. Лугинов «Чыныс Хаан ыйаа5ынан»- Дьокуускай; «Бичик» 1997 с. роман 2-с чааьа
- Н.А. Лугинов «Чыныс Хаан ыйаа5ынан»- Дьокуускай; «Бичик» 1997 с. роман 3-с чааьа.
- «Чыныс Хаан ыйаа5ынан» спектакль уонна киинэ туьунан-2006 с.
- «Чолбон» № 5 — 1998 с.
- «Илгэ» № 1 — 2004 с.
- Саха сирэ. 3.10.1998 с.. 17.04.2008 с.
- Традиционные религиозные верования якутов.