Семен Курилов уонна Геннадий Дьячков айымньыларын алтыһыылара

14 июня 11:32

УДК 821.554. 09

Кондратьева С.А.,

Северо-восточный федеральный университет имени М.К. Аммосова, Якутск

miss.sardaana@bk.ru

Научный руководитель: Архипова Е.А., ф.н.к., доцент.


 

Семен Николаевич Курилов –юкагир суруйааччыта, романист, публицист, уруһуйдьут, юкагир норуотун туһунан урут биллибэтэх сонуну, хатыламматы, уһулуччу уус-ураннык сырдатааччы. 1935 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр төрөөбүтэ. Төрөөбүт төрүт сирэ-уота –Аллараа Халыма улууһун Өлүөрэ нэһилиэгэ.Юкагир омугун аан дойдуга биллэрбит дьонунан ини-бии Куриловтар буолаллар. Төрөппүттэрэ табаһыт идэлээх Николай Николаевич уонна Анна Васильевна Куриловтар — норуот фольклорун үчүгэйдик билэр дьон буолан уолаттарын юкагир култууратын чиҥник уонна киэҥник билэр гына иитэн таһаарбыттар. Семен бырааттара Гаврил (Улуро Адо) уонна Николай Куриловтар. Гаврил — лингвист учуонай, суруйааччы, юкагир бастакы букубаарын ааптара. Николай Курилов юкагир омугуттан бастакы идэтийбит худуоһунньук, ону таһынан поэт, прозаик, драматург, суруналыыс, «Геван» радиостанция үлэһитэ.Семен Курилов төрөөбүт норуотун үөһүгэр эттиин-хаанныын, өйдүүн-санаалыын быстыбат ситимэнэн сылдьыбыта. Кини суруйуулара норуот муудараһынан тыыналлар, норуот олоҕун көрдөрөллөр. Юкагир норуота үйэлэр тухары сүтүө суохтаах  өйдөбүлүнСемен Курилов кэпсээннэригэр,номохторугар, остуоруйалар дьикти күүстээхтик бэриллэр. Кини киэҥ фантазиялаах, ойуулуур кыаҕын таһыма норуот муударай өйүн далааһынынан кэмнэнэллэр, олох өлбөт өрөгөйүн бигэргэтии тэтиминэн чиҥииллэр.


Кини айымньыларын сүрүн проблематын маннык үс көрүҥҥэ араардым.

Бастакытынан, төрөөбүт тылга, дойдуга таптал («Туундараҕа көрсүөхпүт» кэпсээн, “Үрүйэ» кэпсээн).

Иккиһинэн, историческай хабааннаах айымньылар(«Ярхадана туһунан номохтор», «Лихманы эмтээһин» номох, «Чаундаур» номох).

Үсүһүнэн, айылҕаны хоһуйуу («Дьүкээбил уота» кэпсээн, «Соҕотох хаалбыт кыталык» кэпсээн).

Семен Курилов юкагирлитературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, омугун киэҥ далааһыҥҥа таһаарбыт киһинэн биллэр. Кини айымньыларын Михаил Дьячковскай, Николай Заболоцкай, Дмитрий Васильев сахалыы, онтон Роман Палехов, Александр Гринес, Н.Гессе уонна М.Сучков нууччалыы тылбаастаабыттара. Семен Курилов айымньыларын киһи долгуйбакка эрэ көннөрү аахпат дии саныыбын.

Геннадий Алексеевич Дьячков – поэт, прозаик, драматург. 1946 сыллаахха Үөһээ Халыма оройуонун Нэлэмэн нэһилиэгэр булчут-юкагир дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аармыйаҕа сулууспалаан баран үлэлии барбыт, онтон Максим Горькай аатынан литературнай үнүстүүтү бүтэрбит. 80-с сылларга Геннадий Дьячков айымньылара өрөспүүбүлүкэ сурунаалларыгар күргүөмнээхтик бэчээттэнэн испиттэрэ, кинини эдэр, талааннаах, инникитин да күүскэ үлэлиэх суруйааччы диэн сыаналыыллара. 1984 сыллаахха Геннадий Дьячков«Казбек» диэн маҥнайгы кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта.Кини «Розовая чайка» диэн пьесата Платон Ойуунускай аатынандраматическай тыйаатырга туруоруллан, дьон биһирэбилин ылбыта. Геннадий Дьячков литература араас жанрдарыгар үлэлээбитэ, бэйэтин холонон көрбүтэ, ол курдук: драматургияҕа, прозаҕа, поэзияҕа. Ааҕааччыларга сүрүннээн драматург уонна прозаик быһыытынан биллэрэ. Кини хоһоонноро күн баччатыгар диэри дьон-сэргэ ааҕарыныы, бэчээттэнэн тахса иликтэр. Суруйааччы архыыбыгар эрэ бааллара сабаҕаланар. Геннадий Дьячков айымньыларыгар сытыы проблемалары күүскэ туруорбут диэн бэлиэтээтим, ол курдук:Бастакытынан, төрөөбүт төрүт тылы, култуураны харыстааһын («Казбек» сэһэн, «Розовая чайка» пьеса, “Ыһыах”, «Калмык» кэпсээн).Иккиһинэн, саҥа олох кирбиитэ. Эдэр ыччат туруга (“Ыһыах”, “Казбек”, “Розовая чайка”).Үсүһүнэн, куһаҕан дьаллык («Казбек» сэһэн).

Оттон бу проблемалары барытын кэриэтэ Семен Куриловкөтөхпүтэ. Семен Курилов айар үлэтин, кини литературнай үгэстэрин Геннадий Дьячков салҕаабытэбит диэн түмүккэ кэллим. Ол кини айымньыларын тематикатыгар, туруоруллубут сытыы проблемаларыгар, тылыгар-өһүгэр, толкуйугар көстөр. Дьячков айымньыларын ааҕан баран кини норуотун инникитин, олоҕун, дьылҕатын туһугар күүстээхтик кыһаллыбытынбиллим, кини билигин мин сөбүлээнааҕар суруйааччым буолла. Хотугу дьон Геннадий Алексеевич Дьячков курдук дьиҥнээх патриот буоллахтарына эрэ норуоттарын туруулаһар дьон буолуохтара диэн санааҕа кэллим.

Семен  Курилов «Ярхадана туһунан номохтор» айымньытын уонна Геннадий Дьячков «Розовая чайка»диэн пьесатын сүрүн геройа Ярхадана – кэрэ, сэмэй, килбик, уһуну-киэҥи толкуйдуур, чугас дьонун-сэргэтин туһугар кыһаллар, күүстээх-хорсун санаалаах, нарын-намчы кыыс. Ааптардар иккиэн даҕаны сүрүн геройдарын ис сүрэхтэриттэн таптаан хоһуйалларын ааҕааччы тутатына өйдүүр. Семен Курилов этэринэн Ярхадана диэн аат быһаччы үчүгэй дьүһүннээх кыыс буолан хаалбыт күндээркэй уулаах хайа үрэҕэ, оттон Геннадий Дьячков этэринэн, Ярхадана диэн аат юкагир тылыттан «ярха» – муус диэн тылтан үөскээбит, аат уопсайынан тымныы диэн тылбаастанар. Бу айымньылар идеялара, ис хоһоонноро олус маарыннаһаллар,биир толкуйга тиэрдэллэр дии санаатым.

Биир ураты бэлиэнэн Геннадий Дьячков “Розовая чайка” пьесатыгар уонна Семен Курилов “Ханидо уонна Халерха” романыгар хопто уобараһынан төрөөбүт тылларын ойуулуулларабуолар. Хопто — ийэ тыл курдук күндү, кэрэ, Кыһыл кинигэҕэ киирбит дьикти көтөр. Ааптардар ийэ тылбытын хопто көтөр курдук ытыктыахха уонна харыстыахха диэн ааҕааччыларын ыҥыраллар.

Геннадий Дьячков «Розовая чайка» диэн айымньыта дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕанан, дьон биһирэбилин ылбыта. Бу пьесатынан ааптар төрөөбүт тылы харыстыырга, уһун үйэлииргэ турунар.Төрөөбүт дойдута кэрэтин, айылҕата дьиктитин, ийэ тыла баайын туһунан сэһэргиир. Киниюкагирлитературата сайдарыгар сүдү кылааты киллэрбит суруйааччы. Кылгас олоҕу олорон ааспыта хомолтолоох. Омугун дьылҕатын хайдах баарынан көрдөрбүтэ олус суолталаах. Геннадий Дьячков С.Куриловтөрүттээбит үгэстэрин салҕаабыт талааннаах суруйааччы.

Литература


  • Окорокова,В.Б.Юкагирский роман.- Якутск, ЧИФ Ситим, 1994. – С.3-102.
  • Дьячков, Г. Полет розовой чайки. – Якутск: Бичик, 2003. – 112 с.
  • Курилов, С.Ярхадана туһунан номох: кэпсээннэрэ, номохтор. – Дьокуускай: Бичик, 2005. – 64 с.
  • Юкагирская литература: сборник. Составитель: Вячеслав Огрызко. – М.:Литературная Россия, 2006. С.300-340.
  • Дьячков, Г. Сноп золотых искр: рассказы, повесть. — Якутск: Бичик, 2010. – 112 с.