Васильев М.А., ЛТ-15, ИЯКН СВ РФ,
Северо-Восточный федеральный университет
Руководитель: Семенова Валентина Григорьевна
Чинчийээччилэр этэллэринэн, хайа баҕарар норуот өҥү ылыныытыгар тулалыыр айылҕата, норуот үгэстэрэ улахан суолталаах эбиттэр. Кабардино-Балкария учуонайа Асият Борова бэлиэтиир: “В основе цветовой палитры этноса лежат его материальные и духовные ценности, окружающей среды, реалии быта, жизнедеятельности” [1].
Хас биирдии омук өҥү араастаан ылынар. Холобур, учуонай Галина Романович суруйарынан, нуучча тылыгар кыһыл өҥ – кэрэ уонна эдэр саас символа (“красный молодец”, “лето красное”, “красное солнышко”), француз тылыгар кыһыл эмиэ — кэрэ, таптал, үөрүү өҥө эбиттэр [3]. Кинилэргэ тэҥнээтэххэ, сахалар халлааны маҥан, күнү үрүҥ гына көрөллөр.
Валентина Семенова “Алампа поэзиятыгар өҥү бэлиэтиир эпитеттэр” диэн ыстатыйатыгар Анемподист Софронов поэзиятыгар маҥан, хара, күөх эрэ өҥнөр туттуллубуттарын бэлиэтиир [5]. Кини ити дьүһүннэри төрөөбүт айылҕабыт араас өҥүн: кыһыҥҥы маҕаны, күһүҥҥү хараҥаны, сайыҥҥы күөх өҥү кытары ситимниир.
Эбээн поэта Василий Лебедев бэйэтин хоһоонноругар төрөөбүт норуотун уратытын, олоҕу көрүүтүн талааннаахтык биэрбит поэт быһыытынан биллэр. Кини поэзиятыгар ордук ханнык өҥү сөбүлээн уонна хайдах быһыылаахтык туттубутун билээри, икки хомуурунньуктан араас өҥ-дьүһүн ахтыллан 27 хоһоонун ылан, чинчийэн көрдүбүт [2, 4]. Айымньылары ааҕан, карточкалары оҥордубут уонна маннык түмүктэргэ кэллибит.
Бастакытынан, Василий Лебедев хоһоонноругар, сүрүннээн, үс өҥ туттуллубут. Хара – 22 төгүл көстөр, бырыһыаҥҥа таһаардахха, 44% ылар. Маҕан, үрүҥ өҥ – 17-тэ туттуллубут, ол аата 34% буолар, күөх өҥ – 6 төгүл көстөр, ол эбэтэр 12%. Атын өҥнөртөн үс төгүл кыһыл (аалай) уонна биирдиитэ көмүс уонна алтан туттуллубуттар.
Ордук элбэхтик көстөр өҥ – хара. Үгүс түбэлтэҕэ көннөрү өҥү-дьүһүнү бэлиэтиир: хара харах, хара тыа, хара хоруо. хара таба, хара мас. Суолтата уларытыллан мөкү, куһаҕан диэн өйдөбүлгэ метафорическайдык туттуллуута үгүс: хара санаа, хараара өлбүт тордох, хамныыр хараҥа барык, хара уутугар, хара ойууннар о.д.а. “Дьарҕаалар” хоһоонугар “хара харах көрбөтүнэн” диэн строкаҕа эпитет судургутук өҥү бэлиэтиир, оттон “өлүү хара уутугар” диэн ситимҥэ мөкү көспүт өйдөбүлүн быһыытынан туттуллубут. Маны таһынан, хара диэн тыллаах халбаҥнаабат ситимнэр эмиэ бааллар: хара тыа, хара түөкүн.
В.Лебедев саамай саамай кэрэхсиир өҥө – үрүҥ. Маҥан, сүнньүнэн, үрүҥ, маҕан дьүһүнү бэлиэтииргэ туттуллар: маҥан хаар, маҥан тордох, маҥан туллук. Поэт сөбүлээн туттар уобараһа: маҥан тугут, маҥан таба. Манна өҥ-дьүһүн эрэ буолбакка, норуот үгэһэ, өйдөбүлэ көстөр. Ол курдук, “Маҥан таба”, эбээннэр саныылларынан, дьолу аҕалар ытык таба. Бу табаны муоһун быспаттар, мииммэттэр, кырпа маҥан дьүһүнүн төрүөҕэ утумнаатын диэн ааттаабыттар, бу табаны сынньар, мөҥөр-этэр — улахан айыы. Кини сааһын моҥоон өлүөхтээх. Өлөр күнэ сыбаайба кэмигэр түбэстэҕинэ, бу саҥа ыал дьоллоох буолара түстэнэр.
Поэт өбүгэлэрин тыйыс сирдэригэр итии тапталын, ыраах баран тэлэһийдэҕинэ, туоххаһыйа ахтарын уонна төннөн кэллэр эрэ ахтылҕанын таһааран үөрэрин-көтөрүн маҥан табанан уобарастаан тиэрдэр. Ол эрээри поэт “Маҥан таба” хоһооно, норуот үһүйээнин көннөрү эппэккэ, дириҥ ис номохтонон түмүктэнэр:
Норуот тыла-өһө хас биирдии поэкка
Маҥан таба кэриэтэ буолуохтаах.
Итинэн кини төрөөбүт норуотун тылын ытык табаҕа холоон, кинини харыстыырга, таптыырга ыҥырар.
“Маҥан хаар” – поэт төрөөбүт дойдутун уратытын бэлиэтиир үгүстүк сөбүлээн туттар уобараһа: маҥан хаар сипсийэр, маҥан хаар үллүктэнэр, эргиччи хаар, маҥан хаар. Хаары поэт киэргэтэн, кэрэтитэн ойуулуур.
Төрөөбүт туундарата төһө да араас чаҕылхай өҥүнэн күлүмүрдээбэтэр да, поэт нарын сүрэҕэ төрөөбүт дойдутугар куруук талаһар, кини судургу кэрэтин ахтар. Василий Лебедев поэзията — бу төрөөбүт сиргэ-уокка иитиллибит иэстээх киһи истиҥ таптала, этиттэн-хааныттан тардыспыт итии иэйиитэ.
Василий Лебедев поэзиятыгар сырдык – хараҥа охсуһуутугар сыһыаннаан, маҥан – хара өҥнөрү утары өйдөбүлгэ туруоруу биирдэ эмэ көстөн ааһар: «сырдык хараҥаттан чаҕыйан”.
Саха поэттара өр кэтэһиилээх саас, сайын бэлиэтин — «күөх» өҥү элбэхтик уонна таптаан туттар буоллахтарына, Василий Лебедев поэзиятыгар күөх өҥ аҕыйахта көстөр: торҕо күөххэ сууланар (“Санаа”); күөх көлүччэ кытылыгар («Кэрэ Гэван»); күөх тыаларбын сөрүүкэттэ («Дьэргэлгэн»).
Күөх өҥ поэт палитратыгар суоҕун — туундара айылҕатын уратытынан, ото-маһа аҕыйаҕынан быһаарыахха сөп буолуо. Ол оннугар поэт нарын сүрэҕэ соҕуруу сылаас дойду күөх өҥүн таптыы көрөр. Ол курдук лирическэй герой “иккис ийэ сиригэр”- Ленинградка туһулаан этэрэ дьиҥ ис сүрэҕиттэн иэйэн тахсар:
Күөх соҥҥун кэтэн турдаххына,
Күндүҥ күүһүрэр, ийэ куоратым.
Атын өҥнөртөн үс төгүл кыһыл-аалай өҥ көстөр (аалай уот, кыһыл саһыл, аалай кыһыл). Ону кытары көмүс, алтан өҥнөр биирдиитэ туттуллубуттар.
Атын норуот поэттара бэйэлэрин баай айылҕаларын өҥүттэн-дьүһүнүттэн, олоҕу көрүүтүттэн сиэттэрэн, айымньыларыгар араас өҥү тутталлар. Оттон кинилэргэ тэҥнээтэххэ, эбээн поэта бэйэтин айымньыларыгар, сүнньүнэн, икки өҥү: үрүҥнээх хараны туттар. Ити хоту дойду ландшабын уратытын биэрэрин таһынан, туундара тыйыс усулуобуйатыгар олорор дьон олоххо күүстээх тардыһыыларын символлаан көрдөрөр буолуон сөп дии саныыбын.
Онон, Василий Лебедев хоһоонноругар эбээн норуотун олоҕу көрүүтэ, хотугу дойду айылҕатын уратыта чахчылаахтык көстүбүт.
Туһаныллыбыт литература
1. Борова А.Р. Колоративы в кабардинской поэзии / Филологические науки. Вопросы теории и практики. — Тамбов: Грамота, 2015. — № 8 (50): в 3-х ч. — Ч. I. — C. 33-36.
2. Лебедев В. Күнүм, сирим дьарҕаалара. – Дьокуускай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1980.
3. Романович Г.А. Цветовая палитра как отражение ментальности и мировосприятия русских и французов // Филологические науки. Вопросы теории и практики. — Тамбов: Грамота, 2016. — № 3(57): в 2-х ч. — Ч. 1. — C. 161-163.
4. Петрова С.М. Эвенская литература. — Санкт-Петербург: Просвещение, 1994.
5. Семенова В. Алампа поэзиятыгар өҥү бэлиэтиир эпитеттэр //Кэскил. – 2002. – Сэтинньи 5 к.