ОЛОНХО В ИНТЕГРАЦИИ С НАУКОЙ О ПРИРОДЕ

16 апреля 7:32
Бүгүҥҥү күммүт айылҕа уонна общество икки ардыларыгар хардарыта сыһыан кэһиллэн, экологическай, экономическай, этническай кириисис алдьатыылаах көстүүлэрэ элбии турар кэмэ. Саха сиригэр бу кыһалҕа сытыытык турар. Аны аныгы билим сайдыытын ылан көрдөххө, гуманитарнай уонна естественнай билимнэр 19-с үйэттэн саҕалаан, икки ардылара атан-тэйсэн иһэллэр. Бу тэйсии үтүө көстүүтүнэн – тус-туспа хайысхаларынан баар ньымалары туһанан, хайа кыалларынан дириҥник үөрэтиини ситиһии буолбута, онтон охсуулаах өрүтүнэн – биир аан дойду туохтан тутуллан турарын үөрэтэр дьулуһууга, элбэх кыараҕас специализациялаах салаалар бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнэрин сүтэриилэрэ буолбута. Дьэ ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ аатамнай уонна ядернай эниэргийэлэри ылыы, геннай инженерия, клонирование курдук саҥа технологиялар балысханнык сайдыылара улахан кутталы үөскэтэр. Маннык кыһалҕа сүрүн төрүөтэ – этика диэн өйдөбүл естественнай билимнэр систиэмэлэриттэн туора туруута буолар. Онон, кэлэр сайдыыны билгэлиир эксперт-футурологтар, наука историктара: инникитин, бу икки билим салаалара бэйэ-бэйэлэрин диэки тосту иэҕиллиилэрэ наадатын, синергетика нөҥүө алтыһыыларын, өтөн киирээһиннэрин күүһүрүүтэ эрэ, киһи бэйэтин санаатыгар уонна дьайыытыгар эппиэтинэстээх буолуутун нөҥүө, быыһанар суол баар — диэн тоһоҕолоон бэлиэтииллэр.



Киһи-аймах кэлэр сирэ кэлии үүтэ буола хаайтардаҕына, кэннин хайыһан өбүгэ билиитигэр өй-санаа күүһүнэн төннөр үгэстээх. Олоҥхо бары тутулугар киһи олоҕун араас хайысхата сырдатыллар. Олоҥхоҕо баар билии-көрүү өй-сүрэх күүһүнэн бу эйгэ быстыспат сорҕотугар – тус бэйэбитигэр туһаайыллан кэлэ турарын кэрэһэлиир. Бүгүҥҥү уопсастыбаҕа сиэр-майгы сатарыйан турар кэмигэр, олоҥхобут мэҥэ ис хоһоонун таба өйдүүрбүтүгэр, муударас өйдөбүл быһыытынан — Аан дойду тутулун сүрүн сокуоннарыгар, киһи ол улуу укулаат сорҕото буолан бэйэлээх бэйэтин олоҕун (ис айылҕатын тулалыыр эйгэни кытта эйэ-дэмнээх сыһыанын ситиһиитин нөҥүө), уларытыытыгар сүдү суолталаах. Бу иһин, олоҥхону дириҥник түөрэн үөрэтии бүгүҥҥү күҥҥэ олус тоҕоостоох.



Биллэрин курдук, билим саамай үрдүк ситиһиитин чыпчаалынан – айылҕа тулхадыйбат сокуоннарын буола турар дьиҥ олоххо сыһыаран өйдөөһүн, ол билиини табатык олоххо туттуу буолар. Олоҥхо олоҥхолооһун кистэлэҥ сатабылынан рациональнай, иррациональнай, трансцендентнай толкуйдар нөҥүө, чочуллан бэриллибит улуу айымньы. Кини дириҥэ, хос-хос араҥалааҕа, үгүс кээмэйдээҕэ сөҕүмэр. Маны олохтоохтук өйдүүргэ, олоҥхону  — олоҥхоһут өйүн-санаатын күүһүнэн турукка киирэн, уу харах көрбөтөҕүн, хаптаҕай кулгаах истибэтэҕин кэрэһэлиир, айыллыы объегын быһыытынан ырытар тоҕоостоох. Ол эбэтэр, психология, лингвистика, когнитивнай билимнэр, маны ааһан химия, биология, физика уо.д.а. билимнэр көрүүлэрин алтыһыннара тутан чинчийии буолар. Онон, олоҥхону киһилиин – айылҕа оҕотунуун ситимнээн, Аан дойду сүрүн туллаҥнаабат сокуоннарыгар сыһыаран үөрэтиигэ, айылҕа объегын быһыытынан чинчийии болҕомтону эрэйэр. Олоҥхо түгэх көрүүлэрин да, олоҥхолооһун феноменын судургута суох оҥоһуутун да, дириҥник өйдүүргэ — синергетика ньымата, уустук систиэмэлэр эйэлээхтик эҥэрдэһэр сокуоннарыгар олоҕурар буолан, икки аҥы хайысхалаах билиилэр толорсон, ситэрсэн биэрэр усулуобуйаларын хааччыйар. Междисциплинарнай чинчийиигэ өссө 20 үйэ саҥата ньиэмэс историга Дильтей, философтара Виндельбант, Риккерт саҕаттан болҕомто ууруллан, салгыы Пригожин, Николис, Хаген, Янч уо.д.а. бу хайысханы сайыннаран, синергетика хамсааһынын билим эйгэтигэр Россияҕа саҕааччыларынан С.П. Курдюмов, А.П. Руденко, Г.Г. Малинецкай, В.Г.Буданов, С.П. Капица, В.В. Иванов, В.Н.Топоров уо.д.а. буолаллар. Гуманитарнай билим хайысхаларыгар бу ньыма өтөн киирээһинигэр анаммыт үлэлээхтэринэн биллэллэр В.С. Степин, М.М. Бахтин, М.С. Каган, Е.А. Мамчур, В.В. Василькова уо.д.а. Манна даҕатан эттэххэ, А.Л.Топорков: “В истории фольклористики, новаторские идеи, как правило, зарождались не в недрах фольклористики, а в смежных научных дисциплинах и позднее переносились в фольклор. Общая направленность исследований и методология в фольклористике постоянно меняются. Это происходит не столько в результате развития теории, сколько в силу поступательных изменений в обществе и в гуманитарных науках” [1, с. 36] диэн эппитин, итиэннэ В.С. Степин “Основы теоретической физики малопонятна тем, кто не занимается теоретической физикой. Однако при формулировке этой идеи на языке картины мира она обретает понятный для неспециалистов статус научной истины, имеющей мировоззренческий смысл, именно так  следует включать в научную картину мира многие открытия” [2, с. 34]– диэн эппитин саныыр тоҕоостоох.



Дьэ онон, бүгүҥҥү уопсастыбаҕа өбүгэбит хаалларбыт кэс тылын, мэҥэ билиитин – олоҥхобутун күөн туттан, илин анньан, омук улуу айымньытын быһыытынан киэн туттуу улаатан турар кэмигэр, олоҥхо сөҕүмэр кыаҕын хайдах быһыылаахтык таба туттуохпутун сөбүй? Бу ыйытыкка сөптөөх хоруйу буларга, үгүс чинчийээччилэр “миф уонна аныгы наука алтыһыыларыгар” анаммыт үэлэрин ырытан көрдөххө, холобура: К.Л. Стросс “Может быть, мы когда-нибудь и поймем, что в мифологическом мышлении работает та же логика, что и в научном” [3, с. 207] — диэн чопчулаабыта, Я.Э. Голосовкер “Воображение мифотворца познало нечто, научно удостоверенное тысячелетия спустя. Объекты науки созданы по образу и подобию объектов мифологии” [4, с. 76] – диэн, А.А. Потебня “Мифологический образ создается в процессе познания природы” [5], А.Ф. Косарев “Мифология есть выраженная образно универсальная модель Вселенной” [6] – диэн эппиттэрэ, олох суорун улаҕаларыттан утумнаах олоҥхобут уопсастыба өйүгэр-санаатыгар үтүө өттүнэн дьайыан сөптөөх суолтатын, туһатын бигэргэтэллэр.



Фольклористикаҕа естественнай билимнэр рациональнай ньымаларын туттуу — олоҥхо мифологическай өйүн-санаатын айылҕа сүрүн сокуоннарыныын холбуур. Бу холбоһор өйдөбүллэр уопсай семантическай тутуллара, тулалыыр эйгэни биир кэлимсэ ис дьиҥ быһыытынан ылынарга хайыһыннарар. Онтон маннык толкуйу үүнэр көлүөнэҕэ утары уунуу – “киһи – Сир ийэ сорҕото”, ону ааһан “киһи – Киҥкиниир киэҥ Куйаар сорҕото” диэн ноосфернай өйү-санааны иитиһэргэ оҥкул уурсар оруоллааҕа саарбаҕа суох. Бу хайысханан толкуйу илдьэ сылдьаллар А.Г. Новиков, Е.С. Сидоров, Р.И. Бравина, К.Д. Уткин, А.С. Саввинов уо.д.а. научнай үлэлэрэ. Сахалыы өйү-санааны, билиини-көрүүнү сөргүтүү уонна аныгы билим таһымыгар быһаарыы –  олоҥхо өссө атын өттүнэн арыллыытыгар, өйдөбүллэрэ байыытыгар, биллэ илик саҥа саҕахтарын ааннара сэгэйэригэр төһүү көмө буолуэ этэ.



 



Литэрэтиирэ:



 

  1. Топоров А.Л. Фольклористика в междисциплинарном диалоге // Труды. Отделение ист.-филол. наук РАН. 2015. / Отв. ред. В. А. Тишков. – М., 2016. – С. 23-41.
  2. Степин В.С. Теоретическое знание. – М.: Прогресс-Традиция, 2000. – 744 с.
  3. Леви – Стросс К. Структурная антропология. – М.: Наука, 1985. – 536 с.
  4. Голосовкер Я.Э. Логика мифа. – М.: Наука, ГРВЛ, 1987. – 218 с.
  5. ПотебняА.А. О мифическом значении некоторых обрядов и поверий. СПб., 1884 (переиздание — СПб., 1995).
  6. Косарев А.Ф. Мифология и ее эвристическая значимость. Автореферат диссертации доктора исторических наук. СПб., 1996.


 



References:

  1. Toporov A.L. Fol’kloristika v mezhdisciplinarnom dialoge // Trudy. Otdelenie ist.-filol. nauk RAN. 2015. / Otv. red. V. A. Tishkov. – M., 2016. – S. 23-41.
  2. Stepin V.S. Teoreticheskoe znanie. – M.: Progress-Tradiciya, 2000. – 744 s.
  3. Levi – Stross K. Strukturnaya antropologiya. – M.: Nauka, 1985. – 536 s.
  4. Golosovker YA.EH. Logika mifa. – M.: Nauka, GRVL, 1987. – 218 s.
  5. Potebnya A.A. O mificheskom znachenii nekotoryh obryadov i poverij. SPb., 1884 (pereizdanie — SPb., 1995).
  6. Kosarev A.F. Mifologiya i ee ehvristicheskaya znachimost’. Avtoreferat dissertacii doktora istoricheskih nauk. SPb., 1996.