М.П. Федотова-Нулгынэт «Тэбэнэттээх Нулгынэт» диэн автобиографическай арамаана жааныр, истиил өттүнэн уратыта

11 февраля 2:19

УДК 82-31

Борисова С.Г.,

Северо-Восточный федеральный университет имени М.К. Аммосова, Якутск

Borisayuuna1996@mail.ru


 

Былыр-былыргыттан тыйыс айылҕаҕа олорбут эбээн норуота өбүгэ саҕаттан тылынан уус-уран айымньытын, төрүт үгэстэрин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн, харыстаан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри аҕалла, төрөөбүт тылын, литэрэтиирэтин сайыннарар, байытар инниттэн кэм-кэрдии туруулаһыытын ааһан кэллэ. Эбээн норуотун айымньылара араас тиэмэлэринэн, ойуулуур-дьүһүннүүр кырааскаларынан, төрөөбүт дойдуга күүстээх тапталларынан уратылаахтар. Ол туһунан үгүс чинчийээччи бэлиэтээн турар.

Эбээн норуотун литэрэтиирэтигэр Н.С. Тарабукин, В.Д. Лебедев, П.А. Степанов- Ламутскай, А.В. Кривошапкин, В.Г. Белолюбская уонна М.П. Федотова- Нулгынэт биллэр суолу-ииһи хааллардылар. Кинилэр эбээн норуотун  төрүт үгэһин, итэҕэлин уонна олоҕун укулаатын айымньыларын нөҥүө киэҥ ааҕааччыга сырдаттылар.

Чаҕылхай холобурунан оҕо суруйааччыта М.П. Федотова-Нулгынэт буолар. Кини – прозаик, Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Владислав Крапивин аатынан литературнай бириэмийэ лауреата, оҕо суруйааччыта. Мария Прокопьевна Уус- Дьааҥы оройуонугар күн сирин көрөн, оҕо сааһын, оскуола сылларын Муома улууһугар атааран, төрөөбүт кыраайын ураты, кэрэ өрүттэрин оҕо эрдэҕиттэн этигэр-хааныгар иҥэринэн, норуотун сүрүн үгэстэрин уонна кыһарҕаннарын айымньыларын нөҥүө ааҕааччы дьүүлүгэр таһаарар.

Мария Прокопьевна айымньыларын туһунан биирдиилээн ырыытыылары, бэлиэтээһиннэри республика бэчээтигэр, монографическай үлэлэргэ да көрсөбүт. Ол курдук, биллиилээх саха суруйааччытаПетр Денисович  Аввакумов: «Биһиги саҥа авторбыт туһунан» диэн ыстатыйатыгар «М.П.Федотова диэн кимий? Кини урукку өттүгэр биһиги сурунаалбытыгар бэчээттэнэ илик. Арай быйыл биһиги киниттэн биир бөдөҥ айымньыны туттубут. Айымньы аата — “Ыстаада оҕотун сэһэнэ” диэн. Бу сэһэн киһини быыкайкаан оҕо ыстаадаҕа олорор олоҕун ойуулуура истиҥинэн биһигин тардыбыта. Манна оҕо билиитэ-көрүүтэ – бүтүн аан дойду, дьон-сэргэ олоҕо, бар дьон үөрүүтэ буолан ойууланар. Айымньыны, буолаары буолан сэһэн курдук улахан кээмэйдээҕи, саҥа суруйар автор тылга-өскө улаханнык бүдүрүйтэлиирэ баар буолааччы. Оттон бу айымньыттан көрдөххө, М.Федотова суруйарга үөрүйэҕэ, сатабыллааҕа өтө көстөр. Ити аата кини айар дьоҕурдаах эбит», – диэн бэлиэтиир [Чолбон.-1994.-№5.-С.3-4].Билэлиэгийэ билимин хандьыдаата Ольга Иосифовна Пашкевич “Фольклор как одно из средств этнопедагогики” диэн чинчийиитигэр «В главе «День бабушек» услышав сказку, девочки, забывая лень, торопятся наверстать упущенное. Нужно сказать, что Мария Федотова — Нулгынэт, много лет отработавшая в школе, издала несколько книг, посвященных детям. Особый мир северной семьи, мироощущения взрослеющего ребёнка, живущего на краю земли, очень образно и точно передаются в её произведениях», – диэн этэн турар[https://cyberleninka.ru/article/n/folklor-kak-odno-iz-sredstv-etnopedagogiki]. Маны таһынан, М.П. Федорова-Нулгынэт айар үлэтин бүтүннүүтүн ырытар үлэни ХИФУ профессора Варвара Борисовна Окорокова суруйа сылдьарын билэбит.

Биһиги бу үлэбитигэр суруйааччы “Тэбэнэттээх Нулгынэт” диэн автобиографическай арамаанын жааныр, истиил өттүнэн чинчийэргэ сорук туруоруннубут. Айымньыга маннык проблемалары көтөҕөн ырытыы билиҥҥээҥҥэ диэри оҥоһулла илик эбит диэн бэлиэтии көрдүбүт. Биһиги “Тэбэнэттээх Нулгынэт” арамаан жааныра, истиилэ эбээн литэрэтиирэтигэр эрэ буолбакка, Саха сирин олохтоох омуктарын бүтүннүүтүн  литэрэтиирэтигэр сонун көстүү буолла диэн сыаналыыбыт. Манна суруйааччы тус олоҕун кэпсээнэ эрэ буолбакка, бүтүн хотугу норуоттар олохторо-дьаһахтара ойууланар, кинилэр олоххо сыһыаннарын уратыта түмүллэн айымньы жаанырын, истиилин чопчулууллар. Онон, автобиографическай хабааннаахтык суруйуу уратытын, маннык айымньы жааныра, истиилэ проза сайдыытыгар киллэрэр кылаатын анаан үөрэттибит.

Бастатан туран, автобиографическай жааныр уратытын көрүөҕүҥ:

Уус-уран автобиография литературнай сүүрээн быһыытынан баай историялаах, ол эрэн, тиэрмин быһыытынан XIX үйэҕэ эрэ үөскээбитэ. Нуучча литэрэтиирэтигэравтобиографическай көрүҥү жааныр быһыытынан үөрэтиини И.И.Анисимов, С.Динамова, В.А.Десницкай, А.Запровскай саҕалаабыттара. Автобиография диэн бэйэ олоҕун ойуулааһын, манна сүрүн герой ааптар бэйэтэ буолар, өрүү бастакы сирэйтэн суруллар уонна кини олоҕун улахан аҥарын эбэтэр саамай тутаах кэрдиис кэмин хабан көрдөрөр.

Автобиографическай айымньыны ааптар тус олоҕун туһунан түмүк санаалары этиитэ, ааҕааччыны кытта аһаҕаскэпсэтиигэ тахсара уонна олоҕу кырдьыктаахтык ойуулуура ураты оҥороллор. Автобиографическай айымньыга ааптар олоҕор буолбут түгэннэри эргитэн көрөр, сыаналыыр, биир түмүк оҥостор. Ол иһин маннык хабааннаах айымньыны суруйааччылар үксүгэр сааһыран баранайаллар эбит. Литэрэтиирэ чинчиһитэ В.Е.Хализев этэринэн, автобиографическай хабааннаах айымньылар наардааһыҥҥа бэриммэттэр. Автобиографическай проза ааптар оҕо сааһыгар сылдьан долгуйбут түгэннэриттэн саҕаланар.

Уус-уран айымньы истиилэ диэн суруйааччы айар үлэтин уратытын ааттыыбыт. Уус-уран истиил ааҕааччы өйүгэр оҥорон көрүүтүгэр, ис уйулҕатыгар ааптар ис санаатын, туругун тиэрдэр, уус-уран тыл эгэлгэтин туттар.

Арамаан сонуна:

  • Бастатан туран, ааптар бу айымньытын тэттик сэһэн быһыытынан 1993 сыллаахтан суруйан саҕалаабыта (“Тэбэнэттээх Нулгынэт” (1993) “Нулгынэт айаҥҥа турунар”, “Олоххо уһаарыллыы”, “Кыһыл Балыктаахха”, “Окко түспүт оҥоһуу” (2006)) Онон, араас сылларга бэчээттэммит сэһэннэр түмүллэн биир айымньы – арамаан буолбута ааҕааччы интэриэһин тардар, композиционнай тутула уратылаах;
  • Арамаан автобиографическай жаанырга суруллубута туспа интэриэһи тардар. Эбээн литэрэтиирэтигэр эрэ буолбакка, хотугу норуоттар литэрэтиилэригэр барытыгар кэриэтэ автобиографическай жаанырынан суруллубут айымньылар бааллар уонна ураты миэстэни ылаллар. Холобур, эбэҥки суруйааччыта Гамалил Гантимуров 1904 сыллаахха “Ганя Хмуров” диэн маҥнайгы автобиографическай хабааннаах арамааны суруйбута. Бу арамаан 1860 сыллаахха буолбут кэмтэн саҕаланар уонна суруйааччы бэйэтин уонна аҕатын- Александр Степанович олоҕун ойуулуур. Онтон юкагир суруйааччыта Н.И.Спиридонов- Тэки Одулок «Жизнь Имтеургина старшего» диэн автобиографическай хабааннаах айымньыны 1935 сыллаахха суруйбута. Эбэҥки суруйааччыта Галина Ивановна Кэптукэ «Имеющая свое имя Джелтука-река» диэн автобиографическай хабааннаах сэһэнэ 1989 сыллаахха бэчээттэммитэ. Бу сэһэн суруйааччы оҕо сааһын ойуулааһыныгар анаммыта. Биллэр суруйааччы  Ю.С.Рытхэу “Дорожный лексикон” диэн айымньыта эмиэ автобиографическай хабааннаах. Бу айымньы 2008 сыллааха бэчээттэнэн тахсыбыта.  Манан сылыктаатахха, автобиографическай хабааннаах айымньылар хотугу норуоттар литэрэтиирэлэригэр XХ үйэ саҕаланыытытттан сайдан кэлбиттэр эбит. Бастаан кыра кээмэйтэн саҕалаан кэлин арамаан курдук улахан жаанырга суруллар буолбуттар;
  • Мария Прокопьевна айымньытын эпиграфынан саҕалыыра эмиэ суолталаах: «Миигин үөрэппит учууталларбар, бииргэ үөрэммит уонна бэйэм үөрэппит оҕолорбор аныыбын»,- диэн этэр. Манан сиэттэрэн, кини олорон кэлбит олоҕун, оҕо сааһын дьоллоох түгэннэрин кэлэр кэнчээри ыччакка билиһиннэрэр.
  • Ааптар ыстаадаҕа олорор оҕо уобараһын нөҥүө бүтүн норуот өйүн-санаатын киһи аймахха тиэрдэр. Айымньыттан холобур, «Үһүс капкааммытыгар кып-кыра таарбаҕаан оҕото иҥнибит. Ийэм эмиэ тайах маһынан охсон өлөрөөрү гынна.


-Ийээ, тохтоо, өлөрүмэ…ээ! таарбаҕаан оҕотун аһынан хаһыыра түстүм.

–Таарбаҕаан оҕото атаҕа тостубатах, бүтүн эбит, ол иһин эн эппитиҥ курдук ыытан кэбистим” (116 сир.) Бу тэттик кэрчиктэн эбээн норуотун оҕо да, улахан да киһитэ аһыныгас санаалааҕа, ыраас дууһалааҕа көстөр.

  • Бу арамаан сахалыы тылынан суруллан саха литэрэтиирэтин байыппыта- саха норуотугар эбээн диэн омук баарын, кинилэр үгэстэрин, үһүйээннэрин, олоҕун укулаатын толорутук көрдөрбүтэ. Айымньыттан холобур, “Биирдэ мин ийэ оҥостубут тыһыбын “атахсыт” ыарыы булбута. Миигин оҕотун курдук эмнэрэр этэ. Икки кэлин атаҕыттан кууһан олорон кинини эмэр этим. Ол иһин дьонум: “Өмни эйиэхэ ийэҥ тэҥэ”,- дииллэрэ” (4 сир.) Бу кэрчиктэн көрдөххө, эбээн норуота айылҕа кыылын-сүөлүн чугас киһи курдук көрөр, сыаналыыр, таптыыр.
  • Ааптар айар буочара, суруйар истиилэ атын суруйааччылар айымньыларыттан ураты- Суруйааччы айымньытыгар эбээннии тыллары киллэрэн биэрэрэ (холобур, өмни, апга, мукчу, дьалаар уучаах, дэлбиргэ уо.д.а) арамааны туспа хотугулуу тыынныыр. Ааптар устудьуоннуур сылларыгар түбэспит араас күчүмэҕэй быһылааннарын ааҕан, киһи элбэххэ үөрэнэр (чугас доҕотторгун, дьоҥҥун, учууталларгын кытта сыһыаннаах түгэннэргэ). Холобур, Бүлүү педучилищетыгар уөрэнэ тиийбитигэр Нулгынэты тоҥускун дуо диэбиттэригэр кыыс өһүргэммэккэ оҕолорго быһааран биэрбит: “Дьиҥинэн, тоҥус диэн омук суох. Эбээннэри тоҥустар дииллэр быһылаах. Тоҥус диэн син биир “тоҥ нуучча” диэх курдук, “тоҥ уус” эбэтэр сахалыы билбэт уус диэн хомуур суолтаҕа туттубуттар. Бу икки тыл силлиһэн хойут тоҥус буолбут”. Бу кэрчиктэн биһиги Нулгынэты үгүс билиилээх, кыраттан өһүргэммэт, төттөрүтүн, оҕолорго мунааҕы быһааран биэрэр үчүгэй санаалаах кыыс быһыытынан көрөбүт. Биһиги олохпутугар билигин маннык түгэннэр баар буолааччылар.


Эрдэ бэлиэтээбиппит курдук, бастакы сирэйтэн суруйуу автобиографическай жааныр биир сүрүн уратыта буолар. Маннык айымньыларгаааптар уонна сүрүн геройа биир буолаллар. Айымньы сүрүн геройа буолан, суруйааччы бэйэтин олоҕун  урут буолан ааспыт түгэннэрин иккистээн эргитэн көрөр, сыаналыыр уонна кини бэйэтэ личность быһыытынан хайдах үүммүтүн ойуулуур. Сэһэргээччи быһыытынан ааптар ааҕааччыны өрүү туох эмэ саҥаҕа иитэр-үөрэтэр. Холобур, Мария Прокопьевна “Тэбэнэттээх Нулгынэт” диэн айымньыта бастакы сирэйтэн суруллубут буолан, суруйааччы аһаҕастык ааҕааччыга бэйэтин олоххо көрүүтүн тиэрдэр уонна айымньытын сүрүн санаатын – бэйэтин, норуотун олоҕун суолун, ис санаатын туругун уратытын сэһэргиир.

Роман барыта суруйааччы олоҕор буолбут 5 сүрүн кэрдиис кэмтэн– түһүмэхтэн – турар.Айымньытын хас биирдии түһүмэҕин суруйарыгар ааптар олоҕун саамай сүрүн, кэрэ, дьоллоох сылларын арыйар.

Сэһэргээччи өйүгэр-сүрэҕэр бүтүн киһи аймах духовнай уопутун илдьэ сылдьара, кини олоҕун ханнык баҕар кэмигэр табатык эргиллэригэр уонна көҥүл буоларыгар көмөлөһөр. Герой өйүгэр-санаатыгар оҕо сылдьан түбэспит араас көрүдьүөс түгэннэрэ чаҕылхайдык көстөллөр. Суруйааччы айымньыга оҕо буолан улаханы билбэт, ол эрэн элбэҕи өйдөөбүт герой кыра оҕо сааһыттан эдэр, олох киэҥ аартыгар үктэнээри сылдьар, бэйэтэ туспа олох олорор уопуттаах киһини ойуулуур.

Роман сюжета тута хас да өрүттээх: Нулгынэт олоҕу бастаан кыра оҕо, онтон улахан оҕо, онтон эдэр киһи хараҕынан көрөр. Ааптар ааҕааччыны сюжекка эмиэ кытыннарар: ааҕаччы суруйааччыны кытта тэҥҥэ үөрэр, хомойор, киһи личность быһыытынан хайдах үүнэрин кэтиир.

Автобиографическай хабааннаах айымньыга куруук киһи олорон кэлбит олоҕор ааспыт кэмигэр төннүү, номнуо ааспыкка эргиллэн көрөн түмүк оҥоруу баар буолар. Маннык хабааннаах роман үгүс уобарастарынан, уус-уран бытархай ымпыктарынан (деталларынан) баай. Норуот олорон кэлбит олоҕун хаамыытын айымньыга кэпсэнэр үһүйээннэргэ, кэпсээнннэргэ көрөбүт.

Холобур, ромаҥҥа Нулгынэт убайа бултуу сылдьан түбэспит быһылааннарыттан тайаҕы, бөрөнү хайдах бултуохха сөбүн билэбит “Бөрөлөр” (49-50 сир), “Убайым кэпсээнэ” (97-98 сир), “Бөрө махтала”(107-109 сир.).

Айымньыга Хотугу кыраайга саҥа олох хаамыыта сыыйа-баайа кэлэн иһэрэ эмиэ көстөр. Холобур, «Артистар оонньоотулар» (55-56сир), «Лаампа» (90-96 сир), “Киинэ” (159-162сир), “Төрөөбүт күн” (164-169 сир), “Чаһы” (180-182 сир), «Саҥарар тэриэлкэ» (197-200 сир), “Вафля” (220-222сир) уо.д.а. Бу тэттик кэпсээннэргэ Хотугу норуокка саҥа олох көстүүлэрэ о.э лаампа, киинэ, чаһы, араадьыйа хайдах кэлбитин көрдөрөллөр.

Мария Прокопьевна бэйэтин норуотун уратытын сурукка тиһэн, эбээн норуотун сайдыытыгар быһаччы улахан суолталаах. Биһиги, ааҕааччылар, бу айымньыны ааҕан, оччотооҕу кэмҥэ эбээн норуота хайдах олохтооҕун толору билэр кыахтанабыт. Ромаҥҥа дьиэ кэргэн, кылаас, ыстаада, бөһүөлэк нөҥүө бүтүн норуот иһигэр олохтоохтор сыһыаннарын көрөбүт. Манна эбээн норуота биир иллээх-эйэлээх, улахан дьиэ кэргэн быһыытынан көстөр. Ийэ дойдуга бэриниини биир киһи тапталын нөҥүө суруйааччы бүтүн норуот Аан ийэ дойдуга тапталын көрдөрөр. Бу Мария Прокопьевна улахан ситиһиитэ буолар.