«Тэбэнэттээх Нулгынэт» романыгар эбээн тылыттан киирии тыллар

10 октября 1:10

Мария Прокопьевна Федотова- Нулгынэт, Никитина Аина Андреевна

Руководитель Сорова Ирина Николаевна 3 курса СВФУ ИЯКН СВ РФ


 

Федотова Мария Прокопьевна-Нулгынэт — учуутал, прозаик, суруйааччы. 1999 сылтан ылата Россия суруйааччыларын сойууhун чилиэнэ. 1946 с. Уус-Дьааҥыга табаһыт эбээн дьиэ кэргэнигэр тѳрѳѳбΥт. БΥлΥΥтээ5и пед. училищены, онтон СГУ саха тылын уонна литературатын салаатын бΥтэрбит. “Тэбэнэттээх Нулгынэт» сэhэнэ Владислав Крапивин аатынан норуоттар икки ардыларынаа5ы о5олорго аналлаах айымньыларга литературнай конкурска лауреат ΥрдΥк аатын ылбыт. Ол курдук бу айымньыга эбээн о5отун мүччүргэннээх сырыылара, эбээн кΥннээ5и оло5о-дьаhа5а, култуурата кѳстѳр.

Тѳhѳ да бу айымньы сахалыы суруллубутун иhин эбээн тылыттан киирии тыллар ΥгΥстΥк кѳстѳллѳр.

Ол курдук, айымньыга анал ааттарэлбэхтэр. киhи аттара: Нулгынэт,Туллай, Туйначаан, Эрчээн, Уолчаан, Мэнтичээн(Мэник диэнтэн тахсыбыт буолуон сөп. Ол аата чэпчэки, акаары), Бүөтүрчээн(Сахалыы Бүөтүр), Омуочуг (Омуоччу диэнтэн. Ол аата омуннаах), Оруоһун(Оруост кыра кыыл аата), Өкүүн, Огдуус, Хуркачаан, Кынаачай, Тэрбээйик, Дьэбдьиэ, Мискэндьэ, Ноҥтандьа, Тэрбэндьэ, Ултан, Чырып,Ньаача, Уина, . Кыыл, сир-дойду анал ааттара: Мухала(ыт аата), Тойтойо(кулунчук аата),Мууйу (күөл анал аата),Утикан (ыт аата), Ѳмни, Саҥарыкаан(таба аата), Уулаанчык (сылгы аата) уонна сир иччитин аатаИргичээн; Бу этиллибит анал ааттар улахан аҥаара  –каан, -ндьаа, -чаан диэн сыһыарыылар көмөлөрүнэн үөскээбиттэр. Бу сыһыарыылар хотугулуу-илиҥҥи говор бөлөҕөр үгүстүк туттуллар.

 Нулгынэт табаhыт дьиэ-кэргэн иhигэр улааппыт буолан таба иитиитигэр сыhыаннаах тыллар элбэхтэ кѳстѳллѳр. Ол курдук, тугут (таба о5ото), Апга тугут(итэ5эс тѳрѳѳбΥт тугут), кучун (ханнык эрэ кыыл аата), маамыкта – табаны тутар тэрил, уучаах (мииниллэр таба), дьалаар уучаах(ѳhѳс уучаах),ыстаада(таба үөрэ), бостуук, балаакка, ындыы, наарта(сыарҕа), дьарҕаа(балык), буюн (дьиикэй табалары бултуурга анаммыт таба, нууччалыы эттэххэ приманка таба), тэлэги(оту тиэйэргэ сыарҕаны кэтирэтэр мас), манчыык(мончуук таба) Энни (иккис сааһыгар төрөөбүт тыһы), Һэбдьэк (табаһыттар ыһыахтара);

Ааптар хотугу норуот таηаhын-сабын, малын-салын кѳрдѳрѳѳрΥ маннык тыллары туттар:  Мукчу (бΥтэй сиэх): дудинка (бΥтэй сиэхтээх сон), одики (иистэнэргэ туттар мас), ханньааала, бээккэ, ѳкчѳѳлѳ, курбака (бэргэhэлэр ааттара),мата5а (бэрэмэтэй);

Итини таhынан диалектнай тыллар туттуллубуттар. Мария Федотова бэйэтэ Муома улууhугар олорор. Ол иhин хотугулуу-илиηηи говор тыллара кѳстѳллѳр. Лексика5а: нуктуу тΥhэн ыллым (утуйан ыллым),дьээдьэкэ (тыатаа5ы),сир чэйигэр оонньуу сырыттым, мин кэнниттэн мэллэйдим (хаамтым), кучуммар (атаахтатар тыл, а.э. тукаам),садьыйда5ына (улаатта5ына),“Маангай умчу”(о5о саηата) болбукта (моруоска), уучча (нуучча), куба5ай ыт (сырдык бороη ыт), таас о5ото (кыра таас), сынньар (кырбыыр), халлаан суһуктуйбут, ; фонетика5а: куччаатар-куччаан (кыччаатаар-кыччаан),ѳйдΥѳбэтиттэн, ѳйдΥѳбэтэ5э (ѳйдѳѳбэтиттэн, ѳйдѳбѳтѳ5ѳ. Υѳ-ѳѳ аралдьаhыыта),чучунаа(чучуна. А-аа аралдьаһыыта), чээбэлэһэн оонньоотубут(дьээбэлэһэн оонньоотубут. Ч-дь аралдьаһыыта.); грамматика5а: мѳ5Υѳхтэр этэ (мѳ5Υѳхтэрэ этэ. Туохтуур кэпсиир киэбин кэлэр кэм сэдэх пуормата ),миинэ инибин(миинэр инибин) уонна мөҕө тоһуйар (мөҕөн тоһуйар) Бу буолла5ына туохтуур кэпсиир киэбин кэлэр кэм сэдэх пуормата),аныгы кэлиибэр (аныгыскы кэлиибэр. Υѳскэтиллибэтэх тѳрΥт пуорма),билиминэ хаалтым (билбэккэ хаалтым).

“Тэбэнэттээх Нулгынэт” романтылын-ѳhΥн ырытан кѳрѳн баран маннык тΥмΥккэ кэллибит. Нулгынэт о5о сааhын, табаhыт дьиэ кэргэн оло5ун-дьаhа5ын, култууратын ойуулаары, аа5ааччыга тириэрдээри эбээн тылыттан киирии тыллары үгүстүк туттубут. Ол курдук эбээн норуота ураты култууралаах норуот быһыытынан биллэр. Кини тылын истэн, саҥаран көрөн, билэн эрэ кинилэр эйгэлэрин, духуобунустарын өйдүүргэ чугаһыаххын сөп дии саныыбын.

Туhаныллыбыт литература


  1. Тэбэнэттээх Нулгынэт:роман/М.П.Федотова. – Дьокуускай: Бичик, 2007. – 3-61С.
  2. Саха тылын диалектологическай тылдьыта/М.С.Воронкин, П.С.Афанасьев,М.П.Алексеев. – Москва: Наука изд-во, 1976.