Николай Курилов «Таас дьон» сэһэнигэр: тема, идея уратылара

23 апреля 3:50

Аманатова Анна Николаевна, ЛР-15 СВФУ

Науч. сал. Л.П. Григорьева, ф.н.к. ХИФУ доцена


Николай Николаевич Курилов дьүкээгир суруйааччыта, худуоһунньуга, общественнай деятелэ, үс бырааттыы Куриловтартан кыралара. Дьүкээгирдии, сахалыы, нууччалыы суруйар, дьүкээгир литературатыгар бастакы фантаст суруйааччы. Окат Бэй уонна Н.Яугловскай диэн псевдонимнарынан суруйа сылдьыбыта. Кини айымньылара аныгылыы тыыннаах буоланнар, билиҥҥи  кэмҥэ олус интэриэһинэйдэр уонна актуальнайдар.

Мин диэн 2009 сыллаахха бэчээттэммит “Таас дьон”  сэһэнин ырытарга холоннум. Айымньыны нуучча тылыттан сахалыы Н.П. Васильев тылбаастаабыт. Сэһэн орто уонна улахан саастаах оҕолорго анаммыт. Сүрүн тиэмэтэ — туундара дьүкээгирдэрин олоҕун ойуулааһын. Онон дьүкээгир норуотун олоҕо-дьаһаҕа, оҕону иитиилэрэ, бэйэ икки ардыгар сыһыаннара уонна төрүттэрин төһө ытыктыыллара, билэллэрэ оҕо хараҕынан чорботуллан бэриллэр. Айымньы уратыта — аныгы оҕо интэриэһин тардар сюжет, ноутбук, компьютер оонньуулара, буран о.д.а. терминнэри сөптөөхтүк киллэрэр.

Сэһэҥҥэ сүрүн геройдар Андэрэ уонна Сэмэнчик-Сенька буолаллар. Бу оҕолор оскуолаҕа 5 кылааска үөрэнэллэр, дьонноругар сынньалаҥҥа кэлэ сылдьаллар. Оҕо быһыытынан интэриэстэрэ киэҥ, аныгы техниканы, өбүгэлэрин тустарынан сэһэннэри о.д.а сэргииллэр. Уолаттар төһө да бэһис кылаас буоллаллар боччумнаахтар, дьонноругар ыстаадаҕа көмөлөһөллөр, үгүһү билэллэр, ол эрээри оҕо-оҕо курдук мэник санаалаахтар, тэбэнэттээхтэр.

Андэрэ төрөппүттэрэ — Ыстапааннаах Маарыйа. Аҕата кытаанаах майгылаах, онтон ийэтэ холку, сымнаҕас. Кинилэр оҕолорун сиэрдээх буоларга иитэллэр, харыстыыллар, такайаллар. Андэрэ элбэҕи билэ-көрө сатыыр, айылҕа кэрэтин кэрэхсиир, ырытан-толкуйдаан көрөр дьоҕурдаах. Онтон Сэмэнчик дьоно Мика уонна Анна. Аҕата уолугар араас сэһэннэри кэпсиир, айылҕаҕа хайдах сылдьарга, олох араас ыарахаттарыгар бэлэм буоларга үөрэтэр. Онтон ийэтэ кытаанах майгылаах, оҕотугар улахан киһи курдук сыһыаннаһар.

Онон хас биирдии уобарас сүрүн геройдар характердарын арыйарга суолталаахтар. Холобур, оҕолор төрөппүттэрэ, айымньыга баар көмө персонажтар геройдар иитиилэрин, олоххо көрүүлэрин арыйарга көмөлөһөллөр.

Андэрэ уонна Сэмэнчик олоххо бэлэм, сиэрдээх иитиилээх оҕолор буола улаатан иһэллэрэ айымньыга итэҕэтиилээхтик арыллар.

Николай Курилов айымньы сюжетыгар кэпсээн иһигэр кэпсээни киллэрэн биэрэр. Дьүкээгир омук түҥ былыргы төрүттэрин туһунан кэпсээн айымньы сүрүн төрүөтүн үөскэтэр. Ааптар өбүгэлэрэ аан бастаан хайдах олорбуттарын, онтон хайдах туундараны булбуттарын, ол кэмҥэ төһөлөөх сору-муҥу көрбүттэрин ааҕааччыга итэҕэтиилээхтик тириэрдэр.

Сэмэнчик  аҕатыттан бэйэлэрин төрүттэрин туһунан истибит сэһэнэ оҕолору умсугутар. Онон Ытык хайаларга баран төрүттэрин көрөргө соруналлар уонна тиийэн буурҕаҕа түбэһэллэр. Андэралаах Ытык хайалары көрөн сүгүрүйэ саныыллар, тоҕо диэтэххэ, — бу кинилэр төрүттэрэ. Оттон утары турар хайалары көрөн дьулайа саныыллар — бу кинилэр төрүттэрин таас хайаҕа кубулуппут өстөөхтөр. Уолаттар айылҕаны тыыннаах курдук ылыныылара өбүгэлэриттэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит ытык өйдөбүл, норуот муудараһа буолар. Манан айымньы идеята тахсан кэлэр -оҕону бэйэ силиһин-мутугун билэн улаатарга, төрүттэри ытыктыыр буоларга ыҥырыы. Уруккутун билбэт норуот инникитэ суох хаалар, онтон Николай Курилов бу сэһэнигэр сүрүн геройдарынан оҕолору ылбыта биллэр суол. Оҕо — бу норуот кэскилэ, инникитэ, өлбөт-сүппэт мэктиэтэ.

Сэһэҥҥэ оҕону иитии, улахан дьон уонна оҕо сыһыанын проблемата сытыытык көтөҕүллэр. Андэралаах Сэмэнчик төрөппүттэрэ — бу биир көлүөнэ дьон. Бэйэлэрин кэмнэригэр олох араас охсуутун ааспыт дьон буолаллар. Онтон Андэралаах Сэмэнчик — аныгы үүнэн эрэр көлүөнэ дьоно. Кинилэр икки ардыларыгар ийэлээх аҕа уонна төрөппүт оҕо быстыспат ситимэ баар. Дьонноро кинилэри хайдах өйдүүллэринэн харыстаан, таптаан иитэллэр, олоххо үөрэтэллэр. Ол гынан баран тус-туспатык. Андэра аҕата оҕотун харыстаан араас сэһэннэри кэпсиэн баҕарбат, оттон Сэмэнчик аҕата Мика уолун батыһыннара сылдьан олоххо бигэ тирэхтээх киһи буоларын курдук үлэҕэ иитэр, араас моһолго түбэстэххэ хайдах быһыыланыахтааҕыгар үөрэтэр-такайар.

Түмүктээн эттэххэ, Николай Курилов “Таас дьон” айымньытыгар оҕо уйулҕатын, төрөппүт уонна оҕо сыһыанын, иитии ураты ньымаларын ааҕааччыга итэҕэтиилээхтик тиэрдибит. Сэһэҥҥэ дьүкээгир норуотун олоҕо-дьаһаҕа, төрүт дьарыктара, күннээҕи олохторо, ураты эйгэтэ, айылҕаны кытта быстыспат ситимнэрэ умсугутуулаахтык арыллар, ааҕааччыны кэрэхсэтэр. Мин санаабар, бу сэһэн аныгы көлүөнэни иитиигэ тирэх буолуон сөптөөх. “Таас дьон” сэһэн түргэнник сайдан иһэр умсугутуулаах сюжеттаах буолан, оҕолорго аналлаах мультипликационнай киинэ эбэтэр уус-уран киинэ уһуларга табыгастаах.