ДМИТРИЙ АПРОСИМОВ АЙЫЛҔАНЫ ХОҺУЙАР УРАТЫЛАРА

28 июня 5:45

Прокопьева Сааскылана Васильевна,

Северо-Восточный федеральный университет,

ИЯКН ПО-СА-13

Научный руководитель: Л.П. Григорьева, к.ф.н., доцент СВФУ

 

«Кэлин дьон өйдүөхтэрэ,

ааппын ааттыахтара…»

 

Эбэӊки норуотун талааннаах суруйааччыта Дмитрий Нестерович Апросимов айымньыларын ааҕан баран, поэт сүдү талааныгар өссө төгүл итэҕэйдим. Дмитрий Апросимов олоҕо төһө да ыараханын, мөлтөх доруобуйалааҕын иһин, народнай поэт Күннүк Уурастыырап эппитинии, поэзияҕа олус бэринилээх этэ, туох-баар дууһатын биэрэн, сыратын-сылбатын ууран туран, күнүстэри-түүннэри айар үлэ умсулҕаннаах имэӊигэр ылларар эбит [1, с. 318]. Ону народнай суруйааччы Николай Габышев маннык туоһулаабыта баар:

«Күннүүн өстөһөн, хатан дьыбар

Сааскы сарсыарда бытарыттар.

Муус тоӊокко тыһын хааннаан,

Дуолан буур маарга охтор.

Бу чахчы тайҕа уолун, эбэӊки поэтын уран тыла, кини кыраҕы хараҕынан көрөн ойуулааһына. Киниэхэ булт, тайҕа, эбэӊки норуотун үгэстэрин, от үлэтин, хаардаах хайалар, Эдьээнин уоттарын тустарынан хоһооннор элбэхтэр. Дмитрий Апросимовы поэзия саһарҕата кууспута, кини хоһоонун «мин үйэм, олоҕум лоскуйа» диир кыахтаммыта» [1, с. 310].

Үлэм сыала-соруга — Дмитрий Апросимов хоһоонноругар айылҕаны хоһуйар ураты уус-уран ньымаларын быһаарыы; айымньыларын билиӊӊи эдэр ыччакка, ааҕааччыга тиэрдии, поэт аатын үйэтитии.

Дмитрий Апросимов 1999 сыллаахха тахсыбыт «Утум» диэн кинигэтигэр «Сүүрээн» (1968), «Үс үрүйэ» (1978), «Куралай Кустук» (1983), «Күндэли» (1985) диэн урут тахсыбыт хомуурунньуктара, араас сурунаалларга, хаһыаттарга бэчээттэммит уонна урут тахсыбатах айымньылара бэчээттэммиттэрэ. Поэт бу кинигэтигэр уопсайа 115 хоһоон киирбит, олортон 34 хоһоон айылҕаны хоһуйууга анаммыт. Дмитрий Апросимов айылҕаттан айдарыылаах худуоһунньук буолан, хоһоонноро ураты тыыннаахтар. Кини тугу барытын өӊүнэн, кыраасканан дьүһүйэр, сүрдээх уйан дууһалаах, атын киһи бэлиэтии көрбөтүн көрөр, кыраҕы харахтаах дьоҕурдаах поэт.

Дмитрий Апросимов айылҕаны хоһуйарыгар туттар сүрүн уобарастарын, ньымаларын ырытан, таблица оҥордубут.








уобарас-тара хайа, таас көтөр, кыыл дьыл кэмэ
Хоһоон аата «Хайалар»,

«Таастар»,

«Ытык таас»
«Тииӊнэр», «Күөрэгэй» «Саас ахсын», «Саас», «Сайыӊӊы көстүү», «Күһүнүн», «Күһүӊӊү хартыына», «Күһүӊӊү күн», «Күһүӊӊү көстүүлэр», «Күһүн Эдьээммэр», «Көмүс күһүн», «Сааскы киэһэ», «Күһүӊӊү сарсыарда»
Ньымата Хотугу дойду тыйыс тымныытын сүрүн уобараһа хайалар, таастар. Поэт сөҕөн-махтайан сүгүрүйэн суруйар. Кини оҕо сааһын, олоҕун тааһы кытта ситимниир.

Дьырылас таастарга

хаптаһын тэлгэтэн

Дьиэ кэргэн тулалыы

Олорон аһыырбыт… («Таастар» с. 15)

 

Бу хоһооннорго эпитет, тэӊнэбил, тыыннааҕымсытыы ньымалара ордук баһыйар.
Күн тахсыыта олус үөрсэн,

Көрөн-истэн чэмэлиһэ

Көп-мөлбөркөй кутуруктар

Көмүрүһэ умайаллар («Тииӊнэр» с.49)

 

Поэт эпитет, метафора көмөтүнэн киһи хараҕар көстөн кэлэрдии ойуулуур.
Айар дьоҕурдаах уонна  булчут киһиэхэ саамай сөбүлүүр дьылын кэминэн күһүн уонна саас буолара биллэн турар. Х-р:

Чап-чараас кылдьыы ый тахсан,

Күөх боруолга өрө дабайда.

Ийэтин сайыспыт тугутчаан буолан, чолбон тырымныы умайда («Сааскы киэһэ» с. 52)

Манна эпитеттары уонна тэӊнэбили көрөбүт.

 

Чаҕылхай күн. Сунтаайы хайата

Саҕах киэӊ иитин курдуу көтөҕөр.

Саһыл уот өӊө, көмнөх тэбэнэн,

Күндү көбүөрдүү сиргэ тэлгэннэ («Күһүӊӊү хартыына» с.55).

Бу манна Д.Апросимов худуоһунньук хараҕынан өӊү-дьүһүнү оонньотон (динамиканы) туттар.

 
уобарас-тар күн устата сиридойдуну хоһуйуу уу (өрүс, үрэх, күөл)
Хоһоон аата «Күн тахсыыта», «Сарсыарда», «Киэһээӊи», «Киэһээӊи хартыына» «Көй сулустуу субуруӊнаһа», «Сүүрээн», «Ходуһаҕа ыӊырыы», «Ходуһаҕа», «Абыраллаах ардах», «Саӊа сиргэ», «Эдьээним уоттара», «Сир-Ньургуһун уонна Хаар-Куо», «Маӊнайгы хаар туһунан ырыа» «Элиэнэ», «Лена», «Түӊ өрүс», «Түӊнээҕи түүн», «Баай Түӊ өрүс», «Аата суох күөл», «Тыа күөлэ», «Ээйик күөлэ»
Ньымата «Күн тахсыыта» хоһоонун ааҕа олорон киһи хараҕар ол хартыынаны көрөр. Бу хоһоонугар үксүн өӊү-дьүһүнү (динамиканы)

көмөлөһүннэрэр. Х-р:

Хараӊа истиэнэ ойуур иһигэр…

Сиэрэй түүн өӊө, түүн барык быыһынан

Сэрэнэн, чараас сырдык ардайданна.

Сай күөх халлааӊӊа…

Хара сыыр анныгар күлүктэр…

Үрүӊ сотолоох айгыр хатыӊнар

Күөх оттуун…

(Күн тахсыыта с.49)
Бу хоһооннорго араас ньымалары көрөбүт. Х-р:

эпитеттыйыс дьылҕам, көмүс ый

тыыннаҕымсытыы:

Түү маӊан чэпчэки былыттар

Ол онно көрүнэн аастылар…

 

Эһэни да кытта эрдээхтик киирсибит-

Эдьээним уоттара…

(«Эдьээним уоттара» с.82)

  Тэӊнэбил:

Хоруоӊка кэриэтэ

Хойуутук тиһиллэн –

Тырымныы тыгаллар

Эдьээним уоттара…

(«Эдьээним уоттара» с. 83)

 

Тапталын күүппүт бухатыыр курдук,

Көрүстэ эбээт – аналлаах доҕорун:

Ыраас ый, ыраас Хаар – Куону!

(Сир-Ньургуһун уонна Хаар Куо с.83)

Утарыта туруоруу:

Ый-күн, ыраах-чугас, сылаас-тымныы, баарбытын-суохпутун, сарсыарда-киэһэ уо.д.а
Эбэӊки поэтыгар өрүс, үрэх олус суолталаах. Кини Ленаны ураты хараҕынан көрөн хоһуйар. Лена өрүс «сулустардыын, халлаанныын саастыы» эбит

Үөһэ көр-көмүс ый!..

Аллара-тохтор дуй!

Иннибэр дьэӊкэрэр

Икки күөх халлааным!..

(«Элиэнэ» с.19)

Ол курдук, поэт Ленаны иккис халлааӊӊа тэӊнээбит.

Ѳлүөнэ өрүс таһынан киниэхэ Түӊ өрүс туһунан элбэх хоһоонноох эбит. Кини эбэни тыыннаах курдук хоһуйар, онон тыыннаҕымсытыыны, тэӊнэбили  хото туттар:

Сүктэр кыыс – оҕо дьүөрэтэ

Суһуоҕун тарыырын кэриэтэ…       (Баай Түӊ өрүс с.67)

«Аата суох күөл» диэн хоһоонугар күөлү нуучча кыыһын хараҕар тэӊнээбитэ ураты:

 Нуучча кыыһын хараҕыныы

Халлаан күөҕэ

Дириӊ үөһэ

Дьирибинии Мичилийэр,

Дьикти-кэрэ!

(Аата суох күөл с.68)

Көстөрүн курдук, Дмитрий Апросимов айымньыларыгар — сири-дойдуну хоһуйуута, күн устатын (сарсыарда, киэһэ) хартыыналара,  кыыллар, дьыл кэмиттэн саас, күһүн,  хаар,  хайа, уу (өрүс, үрэх) бары ураты уобарастаахтар. Бу уобарастар бары авторскай-национальнай символлаахтар. Уус-уран ньымалартан тыыннааҕымсытыы, тэҥнэбил элбэх диэн быһаардыбыт. Поэт дьиҥнээх үөрүүнү-көтүүнү, дуоһуйууну күһүнтэн ылара этиллэр. Манан сабаҕалаатахха, дьыл кэмиттэн ордук күһүнү сөбүлүүр эбит.

Хоһооннор тутулларын көрдөххө, бастакытынан, үгүс хоһооно тэҥ сүһүөхтээх строкаларынан суруллубут буолан ураты ритмикэлээх, холобура:

Курустаал иһиттии                         3-3                  (6)

Лыӊкыныы түһүөхтүк,                   3-1-2               (6)

Күһүӊӊү күөх халлаан                    3-3                  (6)

Күлүмнүү дьэӊкэрэр!..                    3-3                  (6)

«Күһүӊӊү көстүүлэр»

Хайаны аннынан суһумнуу,          3-3-3               (9)

Халлаанныы арылла дьэӊкэрэн,    3-3-3               (9)

Устаҕын, киэӊ Лена, саҕахтыын,              3-1-2-3            (9)

Унаар-күөх тайҕанан силбэһэн! ,              2-1-3-3            (9)

«Лена»

Иккиһинэн, Дмитрий Апросимов үксүн аллитерация ньыматын, о.э. хоһооӊӊо тыллар инники дорҕоонноро дьүөрэлэһиитин туттар эбит.

Алаастарга кэбиһиилэр

Арыы, сүөгэй ууруллубут,

Ампаарыныы, айан дьонун

Астыннара лөглөһөллөр.

«Күһүн»

Уӊуоргута аччаан көстөр

Улуу тыатын күлүгүн,

Умса тардан

Ууруур-сыллыыр…

«Аата суох күөл»

Үсүһүнэн, хоһоонноро рифмалаахтар. Ю.Г. Хазанкович быһаарбытынан 874 строкаттан 52,2% рифмалаах эбит. Чинчийээччи: «Анализ рифмы свидетельствует о её разнообразии в творчестве эвенкийского поэта», — диэн түмүк оҥорор [6, с. 25]. Онтон хоһоонун тутулун строфатын арааһа үксүн 4 строкаттан турар, о.э. четверостишие (катрен) буолар – 58,9% ылар. Холобура:

Сайын, куйаас түстэҕинэ,              а

Тааһа тахса уолара.                         б

Кыыдаан кыһын үүннэҕинэ –       а

Муус хам ылан тохтуура                б

                                               «Сүүрээн»

Дмитрий Апросимов этэринэн, айылҕа – дьиӊнээх киһи, кини дууһалаах, сүрэхтээх, тыллаах. Бу үлэни суруйан, мин чахчы эбэӊки норуотун ураты истииллээх поэта Дмитрий Апросимов айылҕаҕа туспа сыһыаннааҕар бүк итэҕэйдим уонна кини талааныгар сүгүрүйдүм. Кырдьык, кини хоһоонноругар ааҕааччы айылҕаны тыыннаах киһи курдук ылынар. Ол поэт ордук тыыннааҕымсытыы уонна тэӊнэбил ньымаларын хото туттарыттан диэн быһаардыбыт. Дмитрий Апросимов үйэтэ уһаабыта буоллар, бэйэтэ баҕарбыт ыра санаата туолан, бөдөӊ айымньылары, романнары, драмалары суруйбут буолуо этэ. Кини айылҕаттан анаан айдарыллан кэлбит суруйааччы диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ол туһунан доҕоругар суруйбута баар: «Кэргэним, дьиэм олоҕун сорох балаһыанньатын сиэртибэлээн да туран, айыахпын баҕарабын! Ол – мин олоҕум, тыыным, сүрэҕим, дьолум!».  Суруйааччы чугас доҕоро, саха народнай поэта Семен Руфов: «Иннибитинэн лөкөйү эккирэтэн иһэр булчут курдук элэс гынан ааспыта – ону биһиги умнуо суохтаахпыт!» — диэн этиитинэн үлэбин түмүктүүбүн.

Туһаныллыбыт литература


  1. Апросимов Д.Н. Утум: хоһооннор, номохтор, ахтыылар  / Д.Н. Апросимов. – Дьокуускай: Бичик, 1999. 352 с.
  2. Апросимов Д.Н. Завещание предков: Стихи, проза. Перевод с якутского /Илл Т.Степанова, А.А. Апросимова. – Якутск: Кудук, 2000.  104 с.
  3. Апросимов Д.Н. Иччилээх өтөх: сэһэн, кэпсээннэр, сэһэн-очерк, ахтыылар  / Худ. Дь. А. Бойтунов. – Дьокуускай: Бичик, 2004. 192 с.
  4. Архипова Е.А. Хоһоонунан айымньы тутулун ырытыы / Е.А. Архипова. – Дьокуускай, 42 с.
  5. Окорокова В.Б. Сияние полярных огней. – Дьокуускай: Бичик, 2013. 176 с.
  6. Хазанкович Ю.Г. Поэты не рождаются случайно… (Творчество Д.Н. Апросимова). – Якутск: Бичик, 2009. 64 с.
  7. Хазанкович Ю.Г. Эвенкийская литература: Учебное пособие. / Ю.Г. Хазанкович. – М.: МАКС Пресс, 2002. 120 с.
  8. Хазанкович Ю.Г.  Культура народов циркумполярной зоны: особенности формирования «первичного» мышления / Ю.Г. Хазанкович // Арктика XXI век. Гуманитарные науки. №1, 2013.