Билигин, глобализация кэмигэр, эдэр киһи олоҕо олус уларыйда: аныгы кэм киһитэ үгүстүк соҕотохсуйар, атын дьону кытта сатаан алтыспат, бэйэтин санаатын сатаан эппэт, күнү быһа телефон, ноутбук кыбыныылаах сылдьан интернет ситимин эрэ нөҥүө сатаан атын дьону кытта алтыһар. Маннык кэмҥэ учуутал иннигэр улахан сорук турар: бэйэтин санаатын сатаан сааһылаан этэр, араас дьону кытта уопсай тыл булар, аныгы кэмҥэ сатаан олоҕу олорор киһини иитиэхтээхтэр. Бу түгэҥҥэ бэйэтин төрөөбүт тылын, литэрэтиирэтин, култууратын билэр эрэ киһи бэйэтин эрэх-турах, бигэ тирэхтээх сананар.
Ааҕыыга тапталы иитии, толкуйдата үөрэтии, ааҕыы култууратын үрдэтии – бүгүҥҥү учуутал сүрүн соруга. Кинигэ туһунан сыаналаах быһаарыыны А. Герцен биэрбитэ: “Кинигэ- биир көлүөнэ атын көлүөнэҕэ хаалларар духовнай кэриэһэ… Кинигэ- биһиги билиҥҥи эйгэни баһылааһыҥҥа киирэр докумуоммут, кини- кэлэр кэм программата” [1, 367].
Кинигэ үүнэр көлүөнэ өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар сүҥкэн суолталааҕын өйдөөн, оҕо ааҕыытын тэрийиигэ В.А. Сухомлинскай улахан болҕомтотун уурара. Кылаас таһынан ааҕыы оҕо толкуйдуур, ааҕар дьоҕурун сайыннарар. Маннык дьарыкка сүрүн болҕомтону атын дойду, кэм суруйааччыларын айымньыларын тэҥнээн, алтыһыннаран үөрэтиигэ биэрэр тоҕоостоох. “Ааҕыы- аан дойдуну уонна бэйэни билинии түннүгэ”,- диэн В.А. Сухомлинскай ааттыыра [4, 170]. Кини киһи олоҕун устатыгар муҥутаан 2000 кинигэни ааҕыы сөп диэн бэлиэтиирэ.
Тыл, литэрэтиирэ кэбиниэттэригэр үгүстэригэр кылаас таһынан ааҕыы муннуктара эбэтэр аналлаах истиэндэлэр баар буолаллар. Онно кылаас таһынан ааҕыллар кинигэлэр испииһэктэрэ (кылаастарынан), “Саҥа кинигэлэр” эбэтэр “Бу кинигэни аах!” диэн балаһалардаах кинигэ уларыйа турар быыстапката баар буолуохтаах.
Мэтэдьиичэскэй билим историятыттан биллэринэн, учуонайдар уонна уууталлар үөрэнээччи ааҕыытыгар өрүү уһулуччу суолтаны биэрэллэрэ. Бу боппуруостарга литэрэтиирэ мэтиэдьикэтин төрүттээбит бэдэгиэктэр В.И. Водовозов, В.Я. Стопанин, В.П. Острогорскай , В.П. Шереметевскэй үлэлэспиттэрэ [3].
Биллиилээх сэбиэскэй мэтэдьиистэр: М.А. Рыбникова, В.В. Голубков, Я.А. Роткович, Г.А. Гуковскай, Н.В. Колокольцев, Н.И. Кудряшев, Р.Я. Рез- бары кылаас таһынан ааҕыы тэрээһинин систиэмэтин олохсутууга бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрэ. Нуучча литэрэтиирэтин үөрэтии мэтиэдьикэтин бу салаатыгар ордук таһаарыылаахтык И.С. Збарскай, С.А. Гуревич, Н.А. Бодрова, Н.К. Силкин, о.д.а. үлэлээбиттэрэ.
Суруйааччы Н.Д. Неустроев айымньыларыттан 9 кылааска үөрэх бырагыраамматыгар “Балыксыт”, “Ыйдаҥа” кэпсээннэр уонна бэйэ ааҕыытыгар “Тиэтэйбит” кэмиэдьийэ киирбит.
Литэрэтиирэ айымньытын үөрэтии сүһүөхтэрин мэтэдьиистэр маннык араараллар:
- Тиэкис ис хоһоонун оҕо уйулҕатынан (подсознание), уйарҕатынан (эмоция) ылыныытын бэлэмниир үлэ.
- Айымньы тыына, сүрүн санаата оҕо өйүгэр-сүрэҕэр түһүүтэ.
- Үөрэнээччилэр айымньыны хайдах ылыммыттарын тургутуу.
- Тиэкиһи ырытыы (анализ).
- Түмүктүүр үлэ (уруок).
8-9-с кылаастар айымньы жанрын чуолкай араараллар, ааптар ис санаатын арыйарга композиция оруолун өйдүүллэр. Н.Д.Неустроев “Балыксыт” кэпсээнигэр араас түбэлтэлэр үлүбүөй буолбакка, Былатыан уобараһын арыйарга ньыма быһыытынан сааһыланан киирбиттэр. Кэпсээн саҕаланыытыгар эдэр киһи Тыымпы күөл дьэки-курас көстүүтүгэр сүр баттатар уонна Былатыаны ол ханыытынан көрөр. Ол эрээри кэпсээн бүтүүтүгэр сэһэргээччи күөлү да, Былатыаны да олус үчүгэйдик ылынан, ис сүрэҕиттэн таптаан, өрө көтөҕүллэн сөбүлүүрүн этэр. Тоҕо? Ити төрдүн оҕолор сэһэргэһээчи уол уонна Былатыан оҕонньор кылгас кэмҥэ алтыһан ааспыт түгэннэриттэн буларга үлэлиэхтээхтэр.
8-9-с кылаастарга айымньыны проблема, тиэмэ өттүнэн туһаайан үөрэтиллэр. Саха норуотун олоҕун сүрүн кыһалҕаларын туһунан олохтоохтук толкуйдуурга, сылыктыырга тардыллыах тустаахтар.
Мэтэдьиистэр айымньыны ырытыы үөрэнээччи үөрэтиллэр матырыйаалы уйулҕатынан, өйүнэн, уйарҕатынан, иэйиитинэн уонна санаатынан (мысль) ылыммыт эрэ буоллаҕына, кыалларын бэлиэтииллэр. Оччоҕо эрэ ааптары да, учууталы да кытта айымньылаахтык үлэлиирин Е.М.Поликарпова суруйар: “Важную роль в процессе восприятия произведений искусства играет их воздействие на подсознание читателя, предполагающее встречное сотворчество воспринимающего субъекта. Значит, чтение художественной литературы- процесс сотворчества, способствующий активному общению, диалогу читателя с писателем, с героями его произведения” [2, 90]
Айымньыны ааҕыы оҕо көҕүн, интэриэһин үрдэтэр. Холобур, Н.Д.Неустроев “Балыксыт” кэпсээнин ааҕыы кэмигэр Былатыан оҕонньор майгытын-сигилитин үтүө өрүттэрин булан суруйаллар. Тоҕо диэтэххэ, киһи майгытын үтүө өрүттэрэ, айыы санаата, айыы таптала тыыннааҕар да, өлбүтүн да кэннэ дьоҥҥо тапталы, кэскиллээх өйү-санааны үөскэтэр, уһугуннарар кистэлэҥ күүстээҕин кэпсээн түмүгэр эдэр уол өрөгөйдөөх үтүө санаата туоһулуурун учуутал дириҥэтэн быһааран кэпсиэхтээх.
Суруйааччы Н.Д. Неустроев “Балыксыт” айымньыта үүнэр көлүөнэҕэ иитэр-үөрэтэр суолтата улахан. Бу айымньы оҕону хорсун санаалаах, үтүө сүрэхтээх, туохха барытыгар айыы тапталынан сыһыаннаһарга, айылҕаны таптыырга уонна айылҕалыын тэҥҥэ алтыһарга үөрэтэр.
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:
- Герцен А.И. Собрание сочинений в 30-ти томах, т.I.-М., 1954, с.367-368
- Поликарпова Е.М. Духовная связь писателя и читателя/ В кн. Региональный учебник ХХI века.-Якутск: Бичик, 2003.-с.90-96
- Роткович Я.А. Формирование методики преподавания литературы как науки.- В кн.: Методика преподавания литературы. (Под ред.З.Я.Рез.)-М.: Просвещение, 1977,с.19-61
- Сухомлинскай В.А. Сердце отдаю детям.- Киев, 1972, с. 168-174