Литэрэтиирэ бары көрүҥэр ылсан үлэлэспит новатор-поэт, талааннаах прозаик, драматург Иван Михайлович Гоголев- Кындыл айар үлэтэ дириҥ ис хоһоонноох. Кини саха норуотун фольклоруттан силис тардан ураты тыыннаах айымньылара саха олоҕун, толкуйун, сиэрин-майгытын сырдаталлар. Өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара, олоҕу көрүүлэрэ, айылҕа кэрэ көстүүтүн быһаарыылара, итэҕэллэрэ Иван Гоголев айымньыларыгар көстөр.
Иван Гоголев Литературнай институту бүтэрэн баран Саха сиринээҕи Кинигэ издательствотыгар, онтон орто оскуолаҕа тыл уонна литэрэтиирэ учууталынан үлэлээбитэ. Онтон ылбыт олоҕун уопутугар олоҕуран 1993 сыллаахха “Иэйэхсити кэлэтии” диэн арамаанын бэчээттэтэн таһаарбыта. Бу философскай хабааннаах айымньы буолар [3, 58].
“Иэйэхсити кэлэтии” олох уонна өлүү, киһи сирдээҕи анала, киһи уонна айылҕа, кэм сиэртибэтэ, дьылҕа, төрөөбүт тыл, сиэр-майгы, итэҕэл уо.д.а. туһунан дириҥ хорутуулаах арамаан.
Айымньы Кулуһун диэн ааттаах саха тылын учууталын тус трагедиятын ойуулааһынтан саҕаланар. Кини соҕотох оҕото, Өлөксөөс, баара-суоҕа 6 саастааҕар күн сириттэн күрэнэр. Кини оҕотун хас сааһын туоллаҕын ахсын мас олордон, ол төрдүгэр сурук суруйан хаалларар эбит. Бу суруктарга кини олох уонна дьон туһунан түмүк санааларын, сиэр-майгы көстүүлэрин сыныйан одуулуур.
Иккис сурукка – репрессия сылларыгар сымыйанан национализмҥа буруйдаммыт эмиэ саха тылын учууталын ыар дьылҕата сэһэргэнэр. Манна былаас уонна личность сыһыаннарын, төрөөбүт төрүт тыл, кини кэскилин тустарынан олус кэрэхсэбиллээхтик биир киһи дьылҕатыгар түмэ тардыллан кэпсэммит.
Төрөөбүт тыл дьылҕатын туһунан толкуйдааһыннар айымньы концептуальнай чааһын оҥороллор. Айымньы сүрүн геройун, Кулуһуну, туохтааҕар да төрөөбүт тылын инникитэ долгутар. Кини этэр: тыл дьылҕата уонна норуот дьылҕата ыкса сибээстээхтэр. Арамааҥҥа төрөөбүт тылбытын таптыахха, харыстыахха диэн ыҥырар санаа баһылыыр-көһүлүүр суолталаах. Айымньыга төрөөбүт тылга сыһыаннаах “Олоҥхо” концепт көстөр. Бу концепт саха тылыгар, култууратыгар улахан суолталаах. Олоҥхо эйгэтэ ийэ тылы иитийэхтээбитэ, ийэ тыл күүһүнэн оҕо киһи буолан кииллийэн, саха буолан сандааран ситэн-хотон олоҕу оҥорсор, суолу тобулар кыаҕы ылара. Нуучча норуотун уһулуччулаах педагога К.Д. Ушинскай оҕону иитиигэ норуот уопута олус сыаналаах нэһилиэстибэ буолар диэн суруйбута. Оҕону өй-санаа, эт-хаан өттүнэн уһуйууга олоҥхо педагогикатыгар олоҕуран, хас биирдии учуутал, иитээччи иитии тускула оҥорон, үлэтигэр туһаныан сөп. Ол эбэтэр киһи норуотун тыынынан айылгыланар, норуот олоҕун, дьылҕатын туһун олоҕун сүрүнэ оҥостор тыыннаныытын норуот тылынан уус-уран айымньыта, чопчулаан сахаҕа олоҥхо олоҕурдар этэ [2].
Маны таһынан арамааҥҥа сэттэ уол оҕолоох Сэһэн Сэрбэкэ туһунан үһүйээн киирбитэ эмиэ мээнэҕэ буолбатах. Кини уолаттарыгар 3 сүрүн баайы хаалларар:
- Ийэ кут
- Салгын кут
- Буор кут.
Саха киһитин былыргы өйдөбүлүнэн киһи 3 куттаах: Ийэ кут диэн, Буор кут диэн, Салгын кут диэн. Абааһы айыы киһитин алдьатыан баҕардаҕына, аан маҥнай кини Ийэ кутун уоран ылар, онтон Салгын кутун уордаран ылла да, ол киһи дьиҥнээх киһи буолбатах, буомуран киирэн барар. Үс кутун үһүөннэрин уордаран ыллаҕына- киһи буолбатах.
Ийэ кут диэн ийэ үүтүн кытта бэриллэр уонна ийэҥ үүтүн кытта эккэр-хааҥҥар иҥэр уонна кини кэнники ийэ тылыҥ буолар. Онон бу төрөөбүт тылбыт биһиги Ийэ куппут. Төрөөбүт тылбытын сүтэрдэхпитинэ, биһиги сүрүн куппутун, Ийэ куппутун сүтэрэбит. Онон олус элбэҕи, күндүнү сүтэрэбит.
Айылҕабыт- Буор куппут. Ийэ куту кытта ол Буор кут бэриллэр. Ийэ кута, ийэ тылын таптыыр киһи хайаан да ол ийэ тыл кини айылҕатыгар эмиэ баар. төрөөбүт эйгэни кытта төрөөбүт тыл эмиэ сибээстээх.
Салгын кут- халлаан. Биһиги былыр-былыргаттан улахан философиялаах, арҕаһыттан тэһииннээх айыы аймахтара диэн буолабыт. Онон биһиги халлаан оҕолоробут. Онон баҕа санаабыт халлаан курдук үрдүк, ыраас, модун буолуохтаах.
Онон биһиги үс куппут үһүөннэрэ аан маҥнай төрдө бу ийэ тылбытыгар сытар. Бэйэтин тылын таптыыр киһи атын тылларга эмиэ умсугуйан үөрэнэр. Бэйэтин култууратын иҥэриммэтэх киһи атын омук култууратын иҥэринэр уустук. Онон бу аан маҥнай бэйэбит култуурабытын иҥэриннэхпитинэ, биһиги атын омук култуураларын өйдүүрбүт чэпчиэх этэ [4, 104].
Кулуһун төрөөбүт тыл туһунан санаалара: “Библия диэн кинигэҕэ маннык тыллары булан аахтым: “В начале было Слово”. Дьэ уонна улахан толкуйга түстүм. Ити аата Тыл туохтааҕар да бастакы суолталааҕын, Тыл туохтааҕар да күндүтүн тоһоҕолоон эттэхтэрэ…”. Кырдьык, Тыл диэн олус суолталаах.
“Төрөөбүт тылбыт киһи кыбыстар тыла буолан барда… Бэл үрдүк үөрэхтээх дьоннор биирдэ эмэ сахалыы саҥардахтарына, мин кулгааҕым кытаран хаалар… төрөөбүт тылларынан сатаан ыраастык саҥарбаттар. Саҥардыы үөрэтэн эрэр омуктарын тылынан саҥарар курдуктар!”[1, 126]. Хомойуох иһин, билиҥҥи кэмҥэ маннык көстүү үгүс. Ол эрэн маннык түгэн буолбатын туһугар төрөөбүт тылбытын сыаналыах, таптыах, харыстыах уонна кэлэр кэнчээри ыччакка чөл туруктаах тириэрдиэх тустаахпыт.
“Төрөөбүт тылбыт буомурбутугар-сыыһырбытыгар ким буруйдааҕый? Барыбыт буруйдаахпыт! Оскуола эмиэ буруйдаах. Оскуолаларга төрөөбүт тылга олус аҕыйах чаас бэриллэр. Учебниктар эргэрдилэр,программа астыннарбат. Бу туһунан тыл көтөҕүөхпүтүн куттанабыт. Тыл көтөхтөхпүтүнэ даҕаны ким да ахсарбат. Төрөөбүт тылы ахсарбат буолуу- бу норуоту ахсарбат буолуу. Тыл диэн норуот бастыҥ баайа, сүрүн киэн туттуута. Тыл диэн норуот үрүҥ тыына. Тыл өлбөөдүйдэҕинэ, норуот аһыныгас айыы санаата эмиэ өлбөөрөн барар, тиһэҕэр харааран хаалар!.. Оттон бары алдьархай, аньыы-буруй хара санааттан тахсар буолбат дуо?! Дьэ, онон, тыла буомурбут норуот бэйэтэ эмиэ буомурар уонна эстиигэ-быстыыга тиийэр. Өрүстэр, муоралар уоллахтарына, улаханнык айманабыт, оттон тыл ииннэҕинэ-хаттаҕына, кыһаллыбаппыт. Бу өйбүт-санаабыт дириҥэ суоҕуттан, культурабыт намыһаҕыттан буолаарай?.. Ханнык да норуот муудараһа тылга баар эбээт. Тылбытын сүтэрэн эрэрбит былыргы муудараспытын сүтэрэн эрэрбит тэҥэ! Тохтооҥ! Өйдөнүҥ! Төрөөбүт тылбыт төлкөтүн туһунан толкуйдуурбут уолдьаста!” [1, 126]. Бу санаалар, хомойуох иһин, билигин даҕаны тоҕоостоохтор. Оскуолаҕа ордук нуучча уонна омук тыллара сыаналанар, үрдүктүк тутуллар буоллулар. Оҕо оскуоланы бүтэрэригэр БКЭ-ҥэ нуучча тыла булгуччулаах эксээмэн буолан, кини үгүс болҕомтотун бу биридимиэккэ уурар. Маны таһынан, билигин саха тылынан орто оскуола үөрэнээччитин ааҕар айымньыта аҕыйах буолан, оҕо нуучча уонна тас дойду литэрэтиирэлэрин айымньыларын ордук ааҕар. Онон маннык түгэҥҥэ тылбыт атарахсыйан хаалар. Төрөөбүт тылбытын үөрэтии тоҕоостооҕун уонна улахан суолталааҕын туһунан өйдөтөр үлэни, мин санаабар, бастаан төрөппүттэргэ ыытар тоҕоостоох. Төрөппүт маны өйдөөтөҕүнэ, оҕотун норуот тылыгар, култууратыгар сыыйа-баайа сыһыаран саҕалыа этэ. Ол туоларын туһугар оскуолаларга араас хабааннаах элбэх үлэ барыан наада. Манна үөрэнээччилэри туспа, төрөппүттэри туспа аҥкыаталыыр тоҕоостоох. Оччоҕуна уопсай хартыына тахсан кэлиэ. Онтон көрөн төрөөбүт тыл уонна учуутал имиджин тупсарар инники үлэни былаанныыр наада.
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:
- Айымньылар / Кындыл ; [редкол.: Р.Р. Жиркова уо.д.а.].- Дьокуускай : Бичик, 2013.- с.- (Саха народнай суруйааччылара). Т.6: Иэйэхсити кэлэтии : роман.- 2019.- 320
- Поликарпова Е.М., Никитина Нь. Г.- Олоҥхонон оонньуу дьарыктар, уруоктар. — Дьокуускай, 2009.
- Проблемы творчества И.М.Гоголева-Кындыл: поэзия, проза, драматургия / Акад.наук Респ. Саха (Якутия), Ин-т гуманит.исслед.; [отв.ред. М.Н. Дьячковская].- Якутск: Изд-во ИГИ АН РС(Я), 2004.-С.88
- Суруллубут- суоруллубат: (Ыстатыйалар, этиилэр, ахтыылар) / Василий Босяк.- Дьокуускай: Бичик, 2002.-144 с.