Поэтика ХХ үйэ литэрэтиирэтин биир ураты көстүүтэ буолар. Айымньы поэтикатын ырытыы кэнники кэмҥэ литэрэтиирэ кириитиктэрин болҕомтолорун тардар. Ол курдук, С.С.Яковлев- Эрилик Эристиин, саха норуота таптаан ааҕар суруйаччытын, айымньыларын поэтиката саха литэрэтиирэтигэр биир сонун көстүү буолар. Кини айымньылара хабар тиэмэлэринэн, геройдара уратыларынан, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларынан уратылаахтар. Суруйааччы литэрэтиирнэй нэһилиэстибэтэ олус баай. Ол иһин биһиги чуолаан ааптар, маҥнайгы айымньытын, “Соһуччу үөрүү” кэпсээн поэтикатын чинчийэргэ сананныбыт.
“Соһуччу үөрүү” кэпсээн 1928 сыллаахха “Чолбон” сурунаал 7-9 нүөмэрдэригэр бэчээттэммитэ. Тыл билимин дуоктара Николай Тобуруокап бу кэпсээн туһунан манныгы бэлиэтиир: “Бу кэпсээҥҥэ автор дьиҥнээх олоххо баар типичнэй быһыыны-майгыны ойуулуур. Урукку батталлаах кэмҥэ баайдар дьадаҥылар сирдэрин былдьаан ылыылара, эппэкиин буоллахпыт буолан, өлбүт дьон баайын-малын халааһыннара тэнийбит ньыма этэ” [1]. Ол түбэлтэлэр тустарынан Эрилик Эристиин ахтыыларыгар Нээстээр Бөлөгүөнтэп диэн киһи туһунан кэпсиир. Ол киһи сааһын тухары олорбут, дьиэ-сэп бөҕө туттубут сирин Хайахсыт кинээһэ Мэхээлэ Махсыымап (Иһит Мэхээлэ) үҥсэн былдьаан ылар. Бөлөгүөнтэп хардары үҥсэн көрөр да, туһалаабат. Үҥсэн кырдьыгын таһаарынар кыаҕа суох буолан, Бөлөгүөнтэп муҥур уһугар тиийэн кинээс дьиэтин таһыгар моҥнон өлөр [1]. “Соһуччу үөрүүгэ” эмиэ итиниэхэ атылыы дьылҕа ойууланар. Манна Сэргэх Сэмэн Хоптолоох диэн күөл кытыытын биэрбиттэрин солоон кэҥэтиммитин аҕаларын ууһун кырдьаҕаһа Дэлиһиэй кинээс былдьаан ылар. Ол иһин Сэмэн аны Хоптолоох арҕаа тыатын оҥостон дьиэ туттар, сэниэ ыал буолар. Онтон соһуччу ыалдьан өлөн хаалар. Сэмэн өлөрүн кытта, Дэлиһиэй кинээс, эппэкиин буолан, били бокуонньук эрэйдэнэн-муҥнанан оҥостубут сирин иккиһин былдьаан ылар, кини ойоҕун Балбаараны уонна кыыһын Өкүүсэни бэйэтигэр хамначчыт оҥостор. Бу түгэнинэн суруйаааччы, биһиги санаабытыгар, бэйэтин улууһугар да, Саха сиригэр барытыгар да баар дьиҥнээх олох биир чаҕылхай хартыынатын кырдьыктаахтык ойуулаан көрдөрбүт.
Суруйааччы айымньытын сюжета ааҕааччыны умсугутар, тардар гына сыыдамнык сайдара киһи хараҕар тута быраҕыллар. “Конфликтнай темалары, утарыта турар персонажтары уонна киириилээх-тахсыылаах ситуациялары таларга көмөлөһөр умсугутуулаах сюжеттарга дьулуһуу Эрилик Эристиин бары айымньыларыгар кэриэтэ биллэр”,- диэн суруйар, литэрэтиирэ кириитигэ Гаврил Боескоров [2]. Айымньы геройдарын олохторугар уларыйыылар бэйэ-бэйэлэриттэн ситимнэһэн, төрүттэнэн баран иһэллэр. Кэпсээн ис хоһооно сыллары көтө-көтө сайдыыта (арыт хас сыл ааспыта биллибэт, арыт уон икки, арыт икки сыл ааһар) суруйааччы айымньыларыгар үгүстүк туттар композиционнай ньымата буолар [1]. Дьиҥинэн кэпсээн сюжетын сайдыыта Кириисэлээх Өкүүсэ барыыларынан бүтэр, оттон бүтэһик чааһа геройдар ханнык олоххо-дьаһахха кэлбиттэрин көрдөрөр эпилог буолар диэххэ сөп.
Айымньы “Соһуччу үөрүү” диэн ааттаммыта мээнэҕэ буолбатах. Суруйааччы айымньытын идиэйэтинэн урукку батталлаах олоххо утары саҥа кэлэн эрэр олох тыынын, дьадаҥы дьон өйө-санаата сыыйа-баайа уһуктуутун, дьэбэрэттэн тахсыытын көрдөрөр. Уон икки сыл устата хамначчыт буолан эрэйи-муҥу көрө сырыттахтарына Балбааралаах Өкүүсэҕэ “соһуччу үөрүү” буолар: Өкүүсэни Кириисэ кэлэн кэргэн кэпсэтэр. Кириисэ- Кууһума диэн сэниэ киһи суруксут уола. Түҥкүнэ Байбал Кириисэни “бэрт үөрэхтээх, эҥиннээх үтүө киһи. Кыра киһиэхэ бэрт аһыныык, аламаҕай киһи” [3] диэн ахтар. Кинилиин Өкүүсэ ийэтинээн быраабаҕа Дэлиһиэй кинээһи үҥсэ тахса сылдьан билсиспиттэрэ. Кириисэ аһыныгас санаалааҕын уонна кинилэри дьиэтигэр илдьэн чэйдэппитин Өкүүсэ үчүгэйдик ахтар: “Мин даҕаны син үтүө киһи таба сөбүлүү көрөр киһитэ эбиппин”[3]. Өкүүсэлээх Балбаара олохторугар “соһуччу үөрүү” буолбутун биһиги кинилэр саҥаларынан, дьайыыларынан билиэхпитин сөп: Өкүүсэ кинини алта уон саастаах Түҥкүнэ Байбалга эргэ биэрэр саҥаларын истэн баран, хотон иһигэр киирэн, ол айылаах киһиэхэ биэрэн эрдэхтэрэ диэн, аан дойдуга дьэ дьоло суоҕун чахчытын билинэн, ис-иһиттэн алларыйан ытыыр “Оо! Дьэ, үлүгэрим эбит, бу дьүһүннээх киһиэхэ барыах сорум буоллаҕа, былырыын Кууһума оҕонньор оҕотугар Сүөдэргэ көрдөөбүтүн биэрбэтэҕэ. Дьэ, үчүгэй да хара санаалаах баҕайы доҕор, соруйан бу киһиэхэ түбэһиннэрээри. Хайдах гыныахпыный, барбаппын да диэн көҥүлүм суох. Ити хара санаа дьэ өлөрүө буоллаҕа. Бу кэриэтин тахсан ыйанан өлүмүнэ”[3]. Онтон Кириисэ Өкүүсэни кэлэн эргэ ылбытын кэннэ, Балбаара эмээхсин саҥата эмиэ үөрүү-көтүү доҕуһуолланар “Дьэ тукаам! Бу модьоҕоттон, бу курдук үөрэн-көтөн, бу курдук үтүө киһиэхэ эргэ тахсан баран эрэргин көрүөм диэн түүлбэр да суоҕа” [3]. Өскөтүн урут Сэргэх Сэмэн тойоттору утары сатаан саҥарбат эбит буоллаҕына, бу түгэн кэнниттэн кини Балбаарата Дэлиһиэй кинээһи кытта тэҥ тэҥҥэ кэпсэтэр уонна кини көрдөһүүтүн ылыммат. Бу саҥа олох тыына кэлэн эрэрин дакаастыыр. Икки сыл ааһан, Балбааралаах Өкүүсэ олохторун баран көрдөххө, “Өкүүсэ уруккута диэн баара дуо, уон оччо уойбут-топпут, таҥныбыт, мэктиэтигэр сирэйинэн да олус үчүгэй буолбут. Балбаара эмээхсин оннооҕор ордук көммүт, өссө эбии эдэригэр түспүт курдук буолбут. Таҥаһа-саба да үчүгэйэ бэрт. Онон Балбаара былыргы кэмигэр түһэ сыспыт” [3]. Оттон Дэлиһиэй кинээс олоҕо табыллыбатаҕа көстөр. Кини кыыһын Өргөннөөх уола Өлүөскэ эргэ ылан баран, кыыска аҕата биэрбит баайын барытын матайдаан баран, Маасаны үнтү сынньан үүрэн кэбиспит буолар.Ол иһин Дэлиһиэй оҕонньор Кириисэҕэ Өлүөскэҕэ дьыалата тэрийиэххэ диэн көрдөһө кэлэр. Онуоха Кириисэ: “Ээ кэбис, доҕор! Эйиэхэ икки атахтааҕы сарбыйан, эмсэх гыннарарга киһи сайабылыанньа суруйа сылдьыа дуо? Хата эйигин үҥсэр киһи баара буоллар оҥоруохха сөп этэ”,- диэн үүрэн ыытар. Эрилик Эристиин Кириисэнэн сирэйдээн киһини кини баайынан-дуолунан буолбакка, тус бэйэтин быһыытынан-майгытынан сыаналыыр, дьадаҥыларга төһө күүһэ тиийэринэн көмөлөһөр үөрэхтээх дьону көрдөрбүт.
Саха литэрэтиирэтигэр Эрилик Эристиини “мэтириэт маастара” диэн билинэллэр. Кини айылҕаны эбэтэр персонаж тас көрүҥүн ойуулуур буоллаҕына, этиилэрин тэнитэр, ордук уустуур-уранныыр. Кэпсээнтэн Түҥкүнэ Байбал ойууланыытын холобурдаан көрүөҕүҥ: “Айаҕын иһигэр тииһэ бараммыт, икки хараҕа ньылбараҥнаан быһыта сиэһэн сиикэй этинэн көрбүт, атаҕын ньаат атаҕын курдук тиэрэ кыпчыччы үктэммит, иннэ ынтаҕар, кэннэ чохчоҕор, сахалыы сукуна сону хору-хоточчу ынах уорҕата дьирим курунан курдаммыт, сылгы тыһа үтүлүгүн уоһунан таһаартаабыт, улуу киһи оҕонньор кэлэн ааны аһан баран өйдөөн, бэргэһэтин устаары, хоххо буолбут тииҥ тулалаах чомпо бэргэһэни быатын ыйылыннары тардан кээстин сатаан сүөрүмүнэ ыксаан, бэргэһэтин быатын быһыта тыыталаан кэбиһэн баран, дьиэҕэ тиэрэс гына түһэн, таҥараҕа үҥэн, сатаан кириэстэммэккэ ханньары ууран сапсыырдаата уонна дорооболоһон дайбаҥнаата”[3]. Айымньыттан айылҕаны ойуулааһын холобура: “Саас күн уһаан, үрэх уулара киирэн, тумул сирдэр сирэйдэрэ, күөх солконон бүрүйбүт курдук, тунааран көстөр буолла, арааһынай көтөр бииһин ууһа кэлэн, добуун сирдэргэ күөрэгэй чыычаах саҥата бычыгыраан, толоон аайы сылгы-ынах сүөһүлэр үөрдээн сылдьан, сайын кээлтин айхаллаабыт курдук, оонньохолоон, кистэһэн, ынах сүөһү орулаан-айаатаан, үчүгэй бөҕө эргийбит эбит” [3].
Суруйааччы оҕо эрдэҕиттэн олоҥхоһуттары батыһа сылдьан истибит, эдэр сылдьан хоһоон суруйуутунан дьарыктаммыт буолан, кэпсээн ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларынан олус баай. Айымньыттан холобурдар:
- Эпитет- “баай дьон” (3, 460), “аныгы муоста” (3, 462), “кэҥэс ампаар” (3, 463), “хара тыа” (3, 462), “дьадаҥы киһи” (3, 462), “күөх солко” (3, 465), “куһаҕан таҥас” (3, 464), “сандал саас” (3, 462), “хара ырбаахы” (3, 463) уо.д.а
- Тыыннааҕымсытыы- “икки хараҕа сиикэй этинэн көрбүт” (3, 485), “буор оһох сиэн лаһырҕата турар” (3, 463) уо.д.а
- Тэҥнэбил- “Ньаат атаҕын курдук” (3, 485), “күөх солконон бүрүйбүт курдук” (3, 469), “дьахтар куолуһумсуйарын курдук буолбат” (3, 472), “көмүс мөһүүрэни тиэрэ тарпыт курдук” (3, 479), “мин курдук ити соҕотох кыыһыҥ” (3, 481), “мас курдук булгу барыаҥ” (3, 485) уо.д.а
Түмүктээн эттэххэ, Эрилик Эристиин норуот фольклоруттан үүммүт сайдыбыт, саҥа олоҕу түстэспит киһи буолан, кини айымньылара үйэлээхтэр. Ааҕааччыны умсугутар сюжет, үйэлээх тиэмэ, идиэйэ, күүстээх тыл-өс- бу барыта Эрилик Эристиин айымньыларын поэтикатын, айар истиилин уратытын көрдөрөр.
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:
- Н.Тобуруокап “Эрилик Эристиин олоҕун уонна айар үлэтин туһунан очерк”: Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1963.-С.37-44
- Хотугу Сулус №5, Дьокуускай, 1972.-С.104
- Эрилик Эристиин “Маарыкчаан ыччаттара”: Роман, сэһэн, кэпсээннэр./В.С. Парников ойуута.-Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1983.-С.498