Лиирикэ- олох, киһи ис туругун, дууһа мунчаарыытын, кини үөрүүтүн, хомолтотун дириҥник ойуулаан көрдөрөр литэрэтиирэ биир улахан көрүҥэ.
Суггестивнай лиирикэ ситэ-хото үөрэтиллэ илик, ол иһин кини холобурдара киэҥ ааҕааччыга тиийэ иликтэр. Кириитик, тылбаасчыт, Пушкин айар үлэтин чинчибит Б.В. Томашевскай нуучча литэрэтиирэтигэр суггестивнай лиирикэ көстүүтэ Анна Ахматова айар үлэтиттэн саҕаланар диэн бэлиэтээбит [3].
Суггестивнай лиирикэ suggestion диэн латыын тылыттан “таайтаран этии” “санааҕа ылларыы”. Кини ис хоһоонун тутулун сүрүн өттө толкуйга буолбакка, киһи ис туругун, санаарҕабылын ойуулааһыныгар ананар. Суггестивнай лиирикэ киһи ис туругар, санаатыгар туһуламмыт буолан, манна түүн, түүл, хаар, тыа уобарастара үгүстүк көстөллөр.
Саха литэрэтиирэтигэр суггестивнай лиирикэ чаҕылхай холобурдарынан 60-70-с сылларга айа-тута сылдьыбыт, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт саха маҥнайгы поэтессета Варвара Потапова уонна Саха норуодунай поэта, М.Горькай аатынан Арассыыйа государственнай бириэмийэтин лауреата Семен Данилов буолаллар. Кинилэр айар үлэлэрин сүрүн тиэмэлэрэ- киһи олоххо таптала, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыыта, тапталы өйдүү сатааһын, олоххо поэт аналын көрдөөһүн.
Суруйааччылар айымньыларын туһунан ырыытыылары, бэлиэтээһиннэри өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр үгүстүк көрсөбүт. Саха норуодунай поэта Күннүк Уурастыырап Семен Данилов айар үлэтин туһунан манныгы этэр: “Кини айымньылара, омос көрдөххө, судургу, боростуой курдук буолан бараннар, дьигинэн, дириҥ хорутуулаахтар, киэҥ эҥсиилэхтэр, ааҕааччыны абылыыр, долгутар дьайыылаахтар”[4, 296]. Дьон-сэргэ Варвара Потапованы санаа түһүүлээх хоһооннорун иһин Кутурҕан Куо диэн ааттаабыта. Чуолаан бу уобарас нөҥүө кини лиирикэтэ ордук арыллара. Бу туһунан билэлиэгийэ билимин дуоктара Варвара Борисовна Окорокова: ““Курус”, “кутурҕан”, “санньыар” санаалар- поэтесса арахсыспат аргыстара”,-диэн бэлиэтиир [2].
Семен Данилов ийэтэ суох буолбутугар харах уулаах хоһоон суруйар:
“Мин ийэм өллө.
Ол аата,
Бу сир үрдүгэр
Суох буолла.
Аны кини,
Түүн сөтөллөн,
Кими даҕаны
Мэһэйдээбэт буолла”
Варвара Потапова хоһоонноругар олох бары хайысхатын туһунан санаатын хорсуннук, аһаҕастык этэр. Холобур:
“Хайа аакка-сүгүрүйүөхпүн,
Ханнык таҥараҕа-үҥүөхпүн,
Төрүт, төрүт билбэппин,
Төрдүн, төбөтүн көрбөппүн”
Бу кэрчиккэ ааптар ураты олоххо дьулуһара, дьиҥ дьоллоох олоҕу күүтэрэ, бу кэмнээҕи олох бутуурдааҕа көстөр. Бу кэмҥэ суруйааччы тууйуллубута, тумнастыбыта тута көстөр.
Семен Данилов бу олоххо санаа түһүүтэ хас биирдии киһини таарыйарын, кэҕиннэрэрин көрдөрөр:
“Баар эбит бу олоххо
Суостаах мүнүүтэ:
Сүрэҕи муомахтыыр
Санаа түһүүтэ.
Халлаан хараҥа,
Ийэ буор тымныы:
Кырыыс хараҕа
Кыҥыырга дылы”
Варвара Потапова хоһооннорун түгэх санаата сурулла сылдьыбат, ааҕааччы ону сүрэҕинэн-быарынан ылыныан, таайыан эрэ сөп.
“Баҕарбаппын эбээт мин Сиргэ
Санньыар күлүк буолуохпун”
Поэтесса биир санааттан атын ураты санаа үөскүүр түгэнин сөбүлүүр эбит. Бу хоһоон кэрчигэ хараҥа кэнниттэн сырдык уот хайаан да тыгарын бигэргэтэр.
“Мин бөлүүн ытаабытым,
Ол онно бараатым
Дууһам ыар баттыгын
Сүкпүт санаам барыгын.
Өйүм дьэ сырдаата-
Сүппүт дьолбун алҕаата;
Сүрэх эмиэ сымнаата-
Сырдык эрэл ыллаата”
Семен Данилов кэмсинии, мунчаарыы кутаатыттан киһи босхолоноро олус ыараханын, онуоха ким эрэ биир тылынан, үтүө дьайыытынан көмөлөһүөн сөбүн суруйар:
“Оҕону умайар дьиэттэн
Көтөҕөн куоттарардыы,
Көтөҕөн таһаар миигин
Кэмсинии кутатыттан
Аҥардас биир тылынан”
Түмүктээн эттэххэ, Семен Данилов уонна Варвара Потапова хоһооноро киһи ис туругун, санаарҕабылын дириҥник хорутан көрдөрөллөр, кинилэр айар үлэлэригэр суггестивнай лиирикэ баһылыырын дакаастыыллар. Суруйааччылар дириҥ санааны этэр хоһоонноро норуокка чугастар, ол иһин өрүү тыыннаахтар. Төһө да кэм-кэрдии аастар норуот сүдү талаанаах суруйааччыларын аатын умнуо суоҕа!
Использованная литература:
- Данилов С. Талыллыбыт айымньылар. Икки томнаах. II т. Хоһооннор, поэмалар, Якутск, Кн.изд-во, 1977г.-414с.
- Окорокова В.Б. Этигэн сүрэх айманар тойуга/ В.Б.Окорокова.- Дьокуускай: Бичик, 2002.-144с.
- Томашевский Б. Теория литературы: Поэтика, Л., 1925