Билиҥҥи кэмҥэ бүтүн Арассыыйа үрдүнэн норуот бэйэтин төрөөбүт тылын, култууратын, төрүт национальнай өйүн санаатын уһугуннарыыга, тилиннэриигэ 80-с сыллар бүтүүлэригэр — 90-с сыллар саҥаларыгар саҕаламмыт үлэ салҕанан бара турар. Оттон национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ нуучча норуота олохтоох омук тылыгар интэриэһэ күүһүрдэ. Оскуола оҕону бары өттүнэн сайыннарар киин быһыытынан, үүнэн эрэр ыччакка норуот сайдан кэлбит олоҕун суолун, тылын, култууратын иҥэриигэ суолтата улахан [2, 4].
Национальнай оскуолаларга араас норуоттар литэрэтиирэлэрин алтыһыннаран үөрэтии саҥа сүүрээн буолбатах. Арассыыйа литэрэтиирэтин мэтиэдьикэтигэр Р.З. Хайруллин, Д.А.Клумбите, И.Х. Майорова, А.В. Рыжеволова, З.С. Смелкова, М.В. Черкезова уо.д.а бу хайысханы сиһилии, киэҥ хабааннаахтык үөрэппиттэрэ. Ол эрэн бу үлэлэр төрүт уонна Арассыыйаҕа олорор норуоттар литэрэтиирэлэрин алтыһыннаран үөрэтиигэ анаммыттар. Оттон төрүт уонна тас дойду литэрэтиирэлэрин алтыһыннаран үөрэтиини чинчийиини мэтэдьиис К.М. Нартов үлэлэригэр көрүөххэ сөп. Саха сирин өрөспүүбүлүкэтигэр национальнай оскуолаларга алтыһыннаран үөрэтии мэтиэдьикэтин Бугаев Н.И., Кугаевская Т.А., Петрова С.М. уо.д.а. чинчийбиттэрэ.
Билэрбит курдук, Арассыыйа үөрэҕин сүрүннүүр Бэдэрээссийэлии судаарыстыбанна й ыстандаарт үүнэр көлүөнэни киһилии сиэрдээх, ийэ дойдуга бэриниилээх сомоҕо гражданскай уопсастыбаҕа түмэр сыаллаах оҥоһуллубута. Ыстандаарт Арассыыйа норуоттарын ураты култуураларын уонна тылларын чөлүн харыстыыр, сайыннарар суолу тутуһар. Бэдэгэгиичэскэй билим дуоктара Р.З. Хайруллин бэлиэтииринэн, киһини киһи оҥорууга тыл, литэрэтиирэ улахан суолталаахтар [2].
Арассыыйаҕа 180-тан тахса, оттон Саха өрөспүүбүлүкэтигэр 120-тэн тахса араас омук олорор буолан, биир кылааска хас да араас омук оҕото үөрэниэн сөп, ол иһин оскуола систиэмэтигэр култуураны, литэрэтиирэни алтыһыннаран үөрэтии улахан миэстэни уонна сүрүн болҕомтону ылыахтаах. Бэйэ култууратын ылыныы киһиэхэ кыра эрдэҕиттэн саҕаланар, оттон атын омук култууратын ылыныы уустук. Ол иһин бэйэбит литэрэтиирэбитин атын омук литэрэтиирэтин кытта алтыһыннаран үөрэтии көдьүүстээх: оҕо бэйэтин култууратын таһынан, атын омук култууратын үрдүнэн эрэ буолбакка, ис-иһигэр киирэн үөрэтэр. Алтыһыннаран үөрэтии оҕо билиитин-көрүүтүн байытар, патриотическай өй-санаа үөскүүрүгэр төрүт уурар.
Мэтиэдьикэ билимигэр мэтэдьиистэр С.М. Петрова, С.К. Семенина, Р.З. Хайруллин, М.В. Черкезова уо.д.а бэлиэтииллэринэн, араас норуоттар литэрэтиирэлэрин тэҥнээн, алтыһыннаран үөрэтии көмөтүнэн үөрэнээччи олохтоох омук суруйааччытын айар үлэтигэр интэриэһэ күүһүрэр, атын омук суруйааччыларыгар ытыктабыллаах сыһыаны иҥэрэр.
Литэрэтиирэни чинчийээччи З.К. Башарина этэринэн, икки атын-атын култууралаах норуоту ситимнии тутан үөрэтии, норуоттар икки ардыларыгар толерантнай сыһыаны үөскэтэр. Хас биирдии айымньы бэйэтин норуотун олоҕун-дьаһаҕын, сиэрин-туомун сүгэ сылдьар, ол иһин уус-уран айымньыны атын норуот айымньытыгар тэҥнии тутан үөрэттэххэ, норуот култууратын сыаннаһа, ис дьиҥэ тахсан кэлэр [1, 4].
Билигин “алтыһыы” диэн өйдөбүл ханнык баҕарар уобаласка киэҥник тарҕанна. Урут бу өйдөбүл тыл үөрэҕэр уонна дыраамаҕа “икки эбэтэр онтон элбэх киһи кэпсэтиитэ” диэн суолтаҕа эрэ туттуллар этэ. ХХ үйэ 20-с сылларыгар Л.П. Якубинскай, Л.В. Щерба алтыһыыга “подлинное бытие человеческой речи”, А.А. Ухтомскай уонна Л.С. Выготскай- киһи бэйэтин кытта бэйэтэ алтыһыытыгар “ис саҥа” диэн быһаарбыттара. Нуучча бөлүһүөгэ М. Бахтин алтыһыыны Достоевскай эрэ айымньыларын буолбакка, арамаан жааныр быһыытынан, баҕар, литэрэтиирэ бүттүүн туттаах чааһын быһыытынан сыаналыыр [2, 10].
Бүтэһик сылларга “култууралары алтыһыннарыы” диэн өйдөбүл учуонайдар, бөлүһүөктэр, суруйааччылар болҕомтолорун тарта. Ханнык баҕарар “алтыһыы” киэҥ өйдөбүлгэ ханнык эмит импэрмээссийэнэн атастаһыы диэн буолар. Алтыһыы көрүҥнэриттэн саамай киэҥник тарҕаммыт көрүҥүнэн бөлөһүөпүйэлии алтыһыы буолар. Манна “ыйытык-хоруй” диэн систиэмэнэн олохтоммут “сократовскай алтыһыы” киирэр. Бу алтыһыыга 3 билэр-көрөр функция киирэр: ойуулуур, быһаарар, өтө көрөр. Бу алтыһыы ис хоһооно оҕо билэр-көрөр дьоҕуругар ананар. Кинини саҥа матырыйаалы да үөрэтэргэ, эрдэ да үөрэппити бэрэбиэркэлииргэ, хонтуруоллуурга туттуохха сөп [2, 11]
“Икки систиэмэни алтыһыннаран үөрэтии” (төрөөбүт уонна нуучча) диэн өйдөбүлү национальнай оскуолаҕа нуучча литэрэтиирэтин мэтиэдьикэтин үөрэтиигэ мэтэдьиис Л.А. Шейман киллэрбитэ. Кини үлэлэригэр сүрүн болҕомто бэйэ төрөөбүт литэрэтиирэтин уратыларыгар ууруллар [5].
Аныгы кэм норуоттар сомоҕолоһууларыгар, норуоттар икки ардыларыгар конфликт суох буолуутугар күүскэ үлэлэһэр. Ханнык да литэрэтиирэ аҥардас бэйэтэ эрэ сайдан кэлбит буолбатах, ол иһин култууралары алтыһыннаран үөрэтиини билиҥҥи литэрэтиирнэй үөрэх систиэмэтэ ирдиир. Тыл, литэрэтиирэ уруоктарыгар үөрэнээччи бэйэтин норуотун тылын, литэрэтиирэтин, култууратын уратытын этигэр-хааныгар иҥэриниэхтээх уонна ол нөҥүө бүтүн аан дойдуну анаарыыга тахсыахтаах.
“Култуура” диэн өйдөбүлү быһаарыы Арассыыйа да, тас дойду да литэрэтиирэтигэр олус элбэх. ХIХ үйэҕэ аан маҥнайгынан Н. Кириллов “Сиэпкэ угуллар атын омук тылларын тылдьытыгар” “култуура” диэн тиэрмин быһаарыыта баар буолбута. В.Даль “Быһаарыылаах тылдьытыгар” “култуура” диэн тиэрмин үөрэҕи кытта ыкса сибээстээх: “оҥоруу, чочуйуу, көрүү-истии; өй уонна майгы-сигили өттүнэн үөрэх” [2, 11].
Ханнык баҕарар кэм, норуот бэйэтэ ураты култууралаах. Мантан сиэттэрэн, култуура үчүгэй эбэтэр куһаҕан култуура диэҥэ арахсыбат. Ханнык баҕарар норуот култууратыгар кини сайдан кэлбит олоҕун суола, үгэстэрэ, уратылара ойууланар. Култуура хаһан да биир сиргэ турбат, сайда турар. Кини материальнай эбэтэр духовнай да буоллар наар кэрэни, ырааһы түстүүр. Ол иһин иитэр кыаҕа улахан.
Биһиги үйэбитигэр национальнай култууралар улахан болҕомтону ылаллар. Национальнай култуура диэн өйдөбүлгэ норуот олоҕун үгүс өттө киирэр: тыла, ханан олороро, экэниэмикэтэ, материальнай уонна духовна й култуурата. Манна өссө норуот мифологията, үгэстэрэ, уус-уран айымньылара, историческай дьылҕата киирэр.
Учуонай А.Е. Мординов: “Култуура — тылы уонна тыыннаах үгэстэри баһылааһын, норуоту кытта быстыспат ситим” диэн быһаарар [3, 23].
Бөлөһүөпүйэ билимин дуоктара Б.Н. Попов култуураны норуот этническэй уратытын кытта сибээстиир: “Этническая специфика народа сохраняется и проявляется в языке, традициях, быте, вообще культуре, которые, прежде всего, аккумулируются в семье, получают в ней “стартовое” положение” [4, 4].
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:
- Башарина З.К. Взаимодействие русской и якутской литератур : учеб.пособие.- Якутск, 1992.-79с.
- Захарова Г.А. Изучение якутской литературы в школе с русским (родным) языком обучения в контексте диалога культур.- Якутск, 2013.-155с.
- Мординов А.Е. Сахаларга философскай санаа үөскээһинэ.- Якутск, 1996
- Попов Б.Н. Семейная культура Северо-Востока России.- Новосибирск, 1993 с.4
- Шейман Л.А. Основы методики преподавания русской литературы в киргизской школе.- Ч. 2.- Фрунзе, 1982.-214 с.