Т.В. ЗАХАРОВ – ЧЭЭБИЙ «АЛА-БУЛКУН» ОЛОҤХОТУГАР НУУЧЧА ТЫЛЫТТАН КИИРИИ ТЫЛЛАР

29 апреля 3:39

Үлэ тоҕоостооҕо: ЮНЕСКО олоҥхону, киһи-аймах тылынан уус-уран нэһилиэстибэтин, аан дойдутааҕы сэдиэбиринэн билинэн, билигин олоҥхону үөрэтиигэ программа ылыныллан, олоҥхону араас өттүнэн көрөн чинчийии-үөрэтии сүрүн соругунан буолар.

Үлэ сыала: Т.В. Захаров – Чээбий олоҕун үөрэтии, “Ала Булкун” олоҥхоҕо нуучча тылыттан киирии тыллары көрдөөн булуу, ырытыы.

 

Тимофей Васильевич Захаров – Чээбий – саха биллэр олоҥхоһуттарыттан бастыҥ олоҥхоһут буолар. Саха дьонугар-сэргэтигэр киэҥник биллибит Өксөкүлээх Өлөксөй, Платон Алексеевич Ойуунускай уонна Максим Кирович Аммосов Чээбийи үрдүктүк сыаналыыллара, киниэхэ сүгүрүйэллэрэ. Чээбий олоҥхотун тылын-өһүн, толорор маастарыстыбатын көннөрү истибит эрэ буолбатахтар, анаан-минээн олоҥхолотон улахан дуоһуйууну ылбыттара [2: с 217]. 

Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотун 1906 сыллаахха Виктор Николаевич Васильев олоҥхоһут тылыттан суруйбут. Ол эрэн олоҥхо 1994 эрэ сыллаахха, Н.В. Емельянов таһаарыытынан күн сирин көрөр [1: с 22].

Чинчийиибит түмүгэр барыта 109 нууччаттан киирии тылы буллубут. Нууччаттан киирии тыл элбэҕин биһиги Чээбий төрөөн-үөскээн, олорбут олоҕо, “Ала Булкун” олоҥхотун сурукка киллэттэрбит кэмэ – 19-с үйэ иккис аҥаарыттан 20-с үйэ саҕаланыытыгар – сахалар нууччалары кытта сыһыаннара кэҥиир, дириҥиир кэмин кытта сибээстиибит. Булбут тылларбытын саҥа чаастарынан наардаатыбыт, уопсай ахсаантан ылар бырыһыанын таһаардыбыт:

  1. Аат тыл – 80 тыл (73%) (арсыын ‘аршин’, Кытай ‘Китай’, чуурка ‘чурка’, дьаакыр ‘якорь’, кытаайка ‘китайка, бумажная ткань’, муора ‘море’ и другие);
  2. Даҕааһын аат – 18 тыл (16%) (куудара ‘кудрявый’, аалай ‘алый’, сибэтиэй ‘святой’, сиэрэй ‘серый’, солко ‘шелковистый’, кырыытынай муора ‘открытое море’ и другие);
  3. Ахсаан аат – 3 тыл (3%) (мөлйүөн ‘миллион’, тыһыынча ‘тысяча’, торуой ‘второй’);
  4. Туохтуур – 2 тыл (2%) (доппуруостаан олуйар ‘допросить’, артыаллан(с) ‘действовать вместе, сообща’);
  5. Сыһыат – 3 тыл (3%) (ньочубуо ‘ничего’, нэһиилэ ‘насилу, еле-еле’, норуоһуна ‘нарочно’);
  6. Эбиискэ – 2 тыл (2%) (дорообо ‘здорово’, баһыыба ‘спасибо’);
  7. Дьөһүөл – 1 тыл (1%) (оруобуна ‘ровно’).

 

Наардааһын түмүгүнэн, саамай элбэх ахсааны Аат тыл ыларын бэлиэтээтибит. Ол иһин, аат тылы туттуллар суолталарынан 8 бөлөххө араардыбыт, ахсаанын чопчулаатыбыт:

  • Сир, дойду аата (5)
  • Судаарыстыбаннай тутулу көрдөрөр тыллар (15)
  • Тутуу, дьиэ-уот тэриллэрэ (21)
  • Туттар тэриллэр (12)
  • Таҥас-сап аата (6)
  • Кыыл-сүөл аата (5)
  • Кээмэй (4)
  • Киһи куһаҕан кэмэлдьитин көрдөрөр тыллар (6)

Көстөрүн курдук, тутуу, дьиэ-уот тэриллэрэ уонна судаарыстыбаннай тутулу көрдөрөр тыллар элбэхтик туттуллубуттар. Биһиги ону оччотооҕу дойду политическай тутулун, олох-дьаһах укулаатын кытта ситимнээбит.

Т.В. Захаров – Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотугар нуучча тылыттан киири тыллары олус табыгыстаахтык, саха киһитигэр өйдөнүллэр гына судургутук туттубут. Ити нуучча фольклорун сабыдыала баарын, Аммаҕа олохсуйбут нуучча омук эйгэтэ киэҥин туоһулуур. «Ала Булкун» олоӊхоҕо 109 нууччаттан киирии тыллары   буллубут. Кинилэр уус-уран уобараhы айарга көмөлөhөр биир саамай этигэн, чаҕылхай ньыма быhыытынан туттуллубуттар.

 

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:

  1. Захаров Т.В. – Чээбий. Ала-Булкун: Якутское олонхо/Запись В.Н.Васильева; Подг. Текста Э.К.Пекарского, Н.В. Емельянова; Пер.Г.В. Баишева – Алтан-Сарына; РАК Сиб. Отд-е Якут. ин-т яз. лит. и ист.-Якутск,1994.-104 с.( Образцы народной литературы якутов. Вып.2)
  2. Күннүк Уурастыырап. Хатаппын саҕабын. Ыстатыйалар, бэлиэтээhиннэр, ахтыылар, этиилэр/хомуйда И.Е.Федосеев.-Якутскай: Кинигэ изд-та, 1979.-424