Оҕо үөрэххэ көҕүн көбүтүү мэтэдьиичэскэй төрүттэрэ

21 мая 6:43

Оҕо үөрэххэ көҕүн туһунан элбэх анал үөрэхтээх дьон чинчийбиттэр, ол курдук, нуучча, омук сирин биллиилээх бэдэгиэктэрэ, учуонайдара Амонашвили Ш.А., Ратанова Т.А. Шамова Т.И., Сухобская Г.С., Кулюткин Ю.Н. уо.д.а, саха сирин бэдэгиэктэрэ, тыл үөрэхтээхтэрэ Филиппов Г.Г., Гурьев Г.И., Неустроев Н.Н., Черосов М.А. уо.д.а..

Көх диэн тылга саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыттан маннык быһаарыылары булуохха сөп: Көх – 1. Дьон холобурун тардыыта, угуйуута. 2. Туохха эрэ тардыһыы, баҕа. 3. Тугу эрэ саҕалааһын, бачыымы көтөҕүү. 4. Сэргэх, күө-дьаа, сонуну-саҥаны хабан ылымтыа [1, с. 415].

Көх арааһа элбэх, онтон биһиги бу үлэбитигэр үөрэх көҕүн көрөбүт. Үөрэххэ көх – үөрэнээччи үөрэнэр уонна үөрэххэ баҕата. Бу кылаас иһигэр үөрэнэ олорон үлэлиир көх буолуон сөп уонна уопсай үөрэххэ көх, ол эбэтэр үөрэнэр баҕа. Кылаас иһигэр көх учууталтан эмиэ тутулуктаах, кини хайдах уруогу тэрийэриттэн, онтон уопсай үөрэххэ көх оҕо тус санаатыттан, баҕатыттан.

Грузия, Арассыыйа биллиилээх бэдэгиэгэ Шалва Александрович Амонашвили үөрэнээччи үөрэххэ көҕүн тутулугар манныктары киллэрэр:

  • сыал- сорук туруорууну;
  • сөптөөхтүк туруоруллубут билии эбийиэгин;
  • араас ньымалары, албастары туһанан бэриллибит билии эбийиэгин быһаарыыны, бу тула үлэни тэрийиини;
  • үлэ кэмигэр учуутал улахан оруолун;
  • түмүк быһаарыыны, оҕо көҕүн хонтуруоллааһыны.

Бэдэгиэк үөрэнээччи көҕө уруокка үлэ чопчу сыаллах-соруктаах, быһаарыллыбыт эбийиэктээх буоллаҕына, ордук көстөр диир. Учуутал кылаас уопсай көҕүн салайааччы, наадаҕа уларытан, кыччатан эбэтэр улаатыннаран биэрээччи буолар. Кини үлэни сөпкө тэрийэн оҕолор солото суох олороллорун ситиһиэхтээх [2, с. 145].

Улуу нуучча бэдэгиэгэ И.П. Подласый үөрэх көҕүн көтөҕүү туһунан “Педагогика” диэн кинигэтигэр суруйбут. Кини бу үлэтигэр эмиэ үөрэнээччи сыал-сорук туруоруннаҕына, кини көҕө улаатар диэн этэр [3].

 

1 ойуу. И.П. Подласый көххө систиэмэтэ.

Амонашвили Ш.А. үөрэх көҕүн сүрүнэ туохха эмэ талаһыы, мотивация курдук диэн бэлиэтиир. Оскуолаҕа сорох үөрэнээччилэр ол талаһар сыаллара, мотивациялара суох буолан, үөрэҕи “муҥу көрүүнү” кытта тэҥнииллэр [2].

Элбэх учуутал, бэдэгиэк уруокка эйгэни олохтооһунтан оҕо көҕө тутулуктаах диэн этэр. К.Д. Ушинскай уруок дьоһуннаахтык ааһыахтаах диэн үөрэтэр. Уруокка үөрүү-көтүү, күлүү-оонньуу баар буоллаҕына оҕо көҕө үрдүүрэ биллэр, ол гынан баран, учуутал аһара ыыппакка, сөбүгэр тутан оҕолор көхтөрүн хонтуруоллуохтаах [4].

Үөрэнээччи туох сыаллаах үөрэнэриттэн биридимиэккэ интэриэһэ улаатар. Ону учуоттаан ситиһиилээхтик үөрэтиэххэ сөп. Маҥнай утаа оҕо уруогу туох эмэ кэрэхсэнэр дьарык баарын иһин сөбүлүүр. Үөрэтэр биридимиэтэ туһалаах эбитин кэлин өйдүүр. Үөрэнээччи биридимиэти кэрэхсиирэ манныктан үөскүүр: 1.      Кэрэхсэнэр дьарыктаах, ол иһин интэриэһинэй. 2.     Биридимиэт улахан суолталааҕын туһунан ытыктыыр учуутала эппитэ. 3. Биридимиэти билии олоххо наадатын өйдөөһүн.

Г. И. Гурьев бэлиэтииринэн, үөрэнээччи дьарыгын учуутал бэйэтин көрүүтүнэн уустугурдара наада: сөбүгэр ыарытыллыбыт сорудаҕы кыайыы оҕо санаатын көтөҕөр, инникигэ эрэли үөскэтэр.

Биридимиэккэ интэриэс үөскүүрүгэр урут ылбыт билиигэ тирэҕирэн, саҥаттан саҥаны арыйыы оҕону кынаттыыр. Ол иһин билбэт тиэмэтэ кэллэҕинэ да, үлүһүйэн туран дьарыктанар.

Үөрэнээччи кэрэхсээн дьарыктанарыгар араас үөрэтэр матырыйаал көмөлөөх. Учуутал кэмиттэн кэмигэр устуоруйаттан тылга сыһыаннаах араас сонуну холобурдуохтаах. Маны таһынан сөптөөх тиэкиһи талыы оҕону иитэр эрэ буолбакка, биридимиэккэ көҕү көбүтэрин өрүү өйдүөххэ наада [5].

Уруокка көҕү көбүтүү кыһалҕалара урут уруккутан баар суол. Учууталлар оҕо уруокка интэриэһин тардаары элбэх араас ньыманы, албаһы уларыта сылдьан тутталлар, кэтээн көрөллөр.

Ханнык баҕарар үөрэтии мэтиэдьикэтигэр үлэ көрүҥэ, ньыма, албас сүрүн үлэни хамсатар систиэмэ буолаллар. Бу систиэмэтэ суох үлэ сатаан барбат, ситэтэ суох буолар.

Ньыма – диэн уруокка учуутал уонна үөрэнээччи туруоруммут сыалларын ситиһэллэригэр туһанар үлэлэрин көрүҥэ. Үөрэтии ньымалара оҕо сатабылларын, дьоҕурун сайыннарар суолталаахтар. Нууччалыы маны “способ” дииллэр, оттон сахалыы “ньыма” дэнэр. Ньыма арааһа уларыйа турар, онон быһаччы ахсаанын этэр кыаллыбат. И.П. Подласый 6 кэрдиис ньыма баар диэн бигэ көрүүлээх. Кэлиҥҥи сылларга академик Ю.К. Бабанскай кэрдииһигэр баар үс бөлөх ньыманы туттар буоллулар: 1. Үөрэтэр-биллэрэр үлэни тэрийэр уонна олоххо киллэрэр ньымалар; 2. Үөрэтэр-биллэрэр үлэни көҕүлүүр ньымалар; 3. Үөрэтэр-биллэрэр үлэ көдьүүһүн хонтуруоллуур ньымалар.

Ю.К. Бабанскай этэринэн, учуутал уонна үөрэнээччи үлэтигэр саҥаттан саҥа ньыма бэйэтинэн киирэн иһэр. Иитэр – үөрэтэр үлэҕэ ньыма маннык аналлаах: үөрэтэр, сайыннарар, иитэр, интэриэһи көбүтэр (мотивационнай) уонна хонтуруоллуур- көннөрөр. Ньыма көмөтүнэн үөрэтии сыала ситиһиллэр. Үөрэтэр анала диэн ол [5].

Ньыма үлэ көрүҥүн иһигэр киирэр үлэ. Судургутук эттэххэ, бу үлэ, ол эбэтэр, үөрэнээччи үлэтэ уонна учуутал үлэтэ. Холобур, истэн үлэҕэ оҕо үлэтинэн аудирование буолар. Аудирование – ньыма.

1 табылыысса.Үлэ көрүҥнэрэ уонна ньымалар.

Үлэ көрүҥэ

Ньыма (метод)

Суругунан

Өйтөн суруйуу, дьыктаан, эрчиллии оҥоруу, устуу

Ааҕыы

Оруолларын ааҕыы, искэ ааҕыы, дорҕоонноохтук ааҕыы, быһаарыылаах ааҕыы, уус-ураннык ааҕыы, хуорунан ааҕыы;

Айар үлэ

Хоһоон суруйуу, уруһуйдааһын, өйтөн суруйуу, бырайыак, киритиическай толкуй.

Саҥарыы

Бэсиэдэ, диалог, монолог, үтүктээһин, кэпсээн, мөккүөр, иһитиннэрии, дакылаат

Истэн үлэ

Аудирование, ырыа истии, дьыктаан, лиэксийэ истии

Көрөн үлэ

Дуоскаттан көрүү, табылыыссалары, хартыыналары, карточкалары, кинигэни көрүү, презентация, видео көрүү

Оонньуу

Тыл оонньуута, бөлөҕүнэн оонньуу, 

 

Бу ньымалар, бастатан туран, оҕону иитэр, үөрэтэр, сайыннарар сыаллаахтар, иккиһинэн, биллэн турар, оҕо уруокка көҕүн көбүтэр, үлэлэтэр төрүттээхтэр, үлэни интэриэһиргэтэллэр. Учуутал бу ньымалары уруокка көмөлүһүннэрэн, сөпкө туһаннаҕына оҕо сайдар, үөрэнэр уруогуттан астыныыны ылыахтаах.

Түмүктээн эттэххэ, элбэх үөрэхтээх дьон, мэтэдьиистэр үлэлэрин тэҥнээн, ыраҥалаан көрөн баран, уруокка ньыма күүһэ улахан оруоллааҕын өйдөөтүбүт, оҕо көҕө көбөрүгэр көдьүүстээҕин итэҕэйдибит.

Туһаныллыбыт литература:

  1. Нелунов А.Г., Слепцов П.А., Готовцева Л.М., Попов Г.В., Петров Н.Е. — Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта.
  2. Ильин Е.П. – Психология для педагогов –СПб.: Питер , 2012 – 640с.: ип- (серия “мастера психологии”).
  3. Подласый И.П. — Педагогика: Новый курс: Учеб. для студентов высших учебных заведений. — М.: Гуманит. изд. центр «ВЛАДОС», 2001. — Кн.1. Общие основы. ПО. — с.576
  4. Ушинский К.Д. / Избранные педагогические сочинения в двух томах / Под редакцией А.И. Пискунова, Г.С. Костюка, Д.О. Лордкипанидзе, М.Ф. Шабаевой. — М. «Педагогика», 1974
  5. Гурьев Г.И. Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии мэтиэдьикэтэ: устудьуоҥҥа, учууталга босуобуйа.-2005 сыллааҕы босуобуйаны уларытан иккиһин таһаарыы. – Дьокуускай, 2013.-100 с.