Айымньыга мэтириэти ойуулааһын өйдөбүлэ герой тас көстүүтүн, тутта-хапта сылдьарын эрэ буолбакка, кини ис туругун, майгытын ойуулуур ньыма буолар. Саха литэрэтиирэтигэр Эрилик Эристиини “мэтириэт маастарынан” билинэллэр. Кини геройу ааҕааччы хараҕар көстөн кэлэрдии ойуулуур талааннааҕа, бу суруйааччы айар истиилин уратыта буолар. Эрилик Эристиин оҕо эрдэҕиттэн олоҥхоһуттары истэ улааппыт буолан, айымньытын тыла-өһө баай, ол иһин кини айымньыларын геройдарын тас көрүҥүн уус-ураннык толору хоһуйар. “Семен эдэр эрдэҕиттэн дьүһүн одуулуур биир ураты идэлээх этэ. Итинник уран тылынан ойуулаан этии, дьон быһыытын-майгытын аҕыйах тылынан “одуулааһын” талаана Семен кэлин суруйааччы буоларыгар көмө буолбут буолуохтаах”, — диэн суруйааччыны үчүгэйдик билэр дьон Васильева О.Г., Яковлева И.Я., Егоров И.И. суруйан хаалларбыттар [1].
Суруйааччы литэрэтиирнэй нэһилиэстибэтэ олус баай уонна киэҥ. Ол иһин, биһиги бу үлэбитигэр Эрилик Эристиин “Оҕолор ийэлэрэ” уонна “Хачыгыр” кэпсээннэригэр омсолоох дьахталлар мэтириэттэрин тэҥнээн көрүөхпут.
Сэбиэскэй кэмнээҕи литэрэтиирэҕэ айымньыга омсолоох уонна биһирэбиллээх геройдарга араарыы соцреализм ньыматынан ирдэнэр этэ. Ол иһин Эрилик Эристиин айымньыларыгар омсолоох персонажтар элбэхтик киирбиттэр. Холобур, ылан көрүөххэ “Хачыгыр” кэпсээни, бары билэрбит курдук, манна революция иннинээҕи оҕо (Хачыгыр) ыар дьылҕата көстөр. Кини баайдарга хамначчытынан сылдьан, кинилэр хара илиилэриттэн оҕо сааһыгар күн сириттэн барар.
Айымньыга Кэччэгэй Кэтириис диэн дьахтар уобараһа киирбит. Манна кини омсолоох персонаж буолар. “Сүрдээх-кэптээх эмээхсин кини хотуна этэ. Күтүр Көстөкүүн ойоҕо, Кэччэгэй Кэтириинэ – суоһунан- суодалынан аакка киирбит киһи”[2].
Айымньыттан Кэччэгэй Кэтириинэ Хачыгырга сыһыана хайдаҕын холобурдаан көрүөҕүҥ: “-Хайа, бу “тойоммут” тыыннаах эбиккин дуу? Бүгүн дьиэҕэ быгыа суох буолан андаҕайбыт буоллаҕа диэбитим, дьэ быктыҥ дуо?- диэн эмээхсин Хачыгыры таныйбытынан барда.
-Ити илээт киһи күлүүтэ суох туруо дуо? Арба “кинээс” оҕото “куһаҕаттартан” биһигини элэктээминэ… Итинэн дьөлө тимирэн туруоҥ дуо, муускун киллэрэн уулаамына!”[2]. Бу холобурдартан көрдөххө, Кэтириинэ майгылаах куһаҕанынан, сэнииртэн, баттыыртан атыны билбэтинэн ойууланар. Киниэхэ дьол, таптал диэн өйдөбүллэр суохтар.
Айымньы Хачыгыр өлүүтүнэн түмүктэнэр. “Кэччэгэй Кэтириинэ алтахтаан кэлэн, хайы-үйэ өлбүт Хачыгыры туруораары күргүйдээһинэ, онтон өлбүтүн билэн баран, туох да буолбатаҕын курдук бэриинэтин тап- тап таптайан оронун оҥостон барыыта, … бу барыта киһиилии мөссүөннэрин сүтэрбит дьон дьадаҥы киһи олоҕун туохха да уурбаттарын туоһулуур. Итинник дьон кэлин да ханнык да хараҥа дьыалаттан туттуналлара биллибэт”,- диэн наука доктора Н.Тобуруокап бэлиэтиир [1]. Кырдьык, Эрилик Эристиин урукку, батталлаах дьадаҥы киһи олоҕун, айымньыларыгар үрдүк маастырыстабалаахтык хоһуйбут.
““Хачыгыр” билигин саха литературатыгар кэпсээн жанрын саамай чулуу айымньытын быһыытынан билиниллэр. Кини ол да иһин хрестоматийнай айымньы буолар”,- диэн Николай Тобуруокап ахтыбыт [1]. Бу айымньыны ааҕан, киһи Кэччэгэй Кэтириинэ курдук майгылаах дьон баарын сөҕөр, Хачыгыры аһынар.
Иккис кэпсээн “Оҕолор ийэлэрэ”. Бу айымньы эмиэ идиэйэтинан “Хачыгырга” майгылыыр, ол эрэн сүрүн герой манна Маайа кыыс буолар. Кини дьоно өлбүттэрин кэннэ Чаабый Натааһалаахха хамначчытынан ананан кэлэн сору көрөрө киһи дууһатын таарыйар. Айымньыга омсолоох дьахтар Чаабый Натааһа буолар. Кини Маайаҕа кыыллыы сыһыана ааҕааччыны кэлэтэр. Ол курдук, айымньыттан холобурдары ылан көрүөҕүҥ: “ – Сатана — аат кыыһа бу муҥнаан, сордоон эрдэххин!.. Икки хараҕыҥ, тэһэ сытыйан, атаҕыҥ тумсугар тоҕуннун, икки илииҥ тоҥолоххунан быстан бүлгүҥҥүнэн мүлдьүрүйэн хаал, икки атаҕыҥ тобуккунан быстан, эмэһэҕинэн лаҕырҕайдаан хаал!.. Күнүскү ынаҕы ыыр кэм ааста.. Ханна баран дьөлө тимирэн сыттыҥ!- диэн баран, Чаабый Натааһа, уот анньар маһын атырдьахтыы икки илиитигэр бобо туппутунан, Маайа диэки утары даадаҕастанан истэ” [2]. Айымньы түмүгэр Чаабый Натааһа Маайаны атаҕастыырын кыыс тулуйбакка куотара ойууланар.
Айымньыга омсолоох геройдар дьадаҥы дьоҥҥо куһаҕан, тэҥнээҕэ суох сыһыаннара, бэйэлэрэ бас билбиттэринэн тутталлара, бу кинилэр хараҥаларын, өйдөрө татымын көрдөрөр сыаллаах.
Кэпсээннэр персонажтарын тас көстүүлэрэ эмиэ киһини сөхтөрөр, интириэһиргэтэр. Суруйааччы уобарастары хоһуйарыгар олус баай тыллааҕа- өстөөҕө көстөр. Холобур:
Кэччэгэй Кэтириис “Хачыгыр” 1938с |
Чаабый Натааһа “Оҕолор ийэлэрэ” |
“Сүүһүгэр кус сымыытын саҕа бөлтөйбүт урдаах, хаҥас хараҕар оҕо ытыһын суолун курдук күөх мэҥнээх, ойоору олорор баҕа буутун курдук сантаҕар таныылаах, тэллэриттэҕэс уостардаах, буоспалаабыт эбирдээх сирэйдээх, хаһата түһэҕэр халыйан түспүт, илин аһа кыырыктыйан эрэр эмээхсин…”[2] |
“Кини сирэйэ саҥардыы буһаары гынан эрэр тыҥа курдук дыгдайан тахсан баран, мэктиэтигэр онон-манан кыһыл чымырыыттанан хаалбыт, үөһээ, аллараа сымыһахтара дабаххайдаах тиит дьабаатын курдук икки аҥы сыллаччы тардан ылбыттар, икки таныыта күөт курдук хапсыҥнас буолбуттар, хаҥас эргэлээх хараҕын халтаһатынан сабыһыннары түһэрэн баран, уҥа өлүөр хараҕын хатааһын сулуһун курдук өрө көрөн таһаарбыт;” [2] |
Мантан сиэттэрэн персанажтар омсолоох буолаллара эмиэ бигэргэнэр. Эрилик Эристиин омсолоох дьахталлары ойуулууругар тэҥнэбили, эпитэты үгүстүк туттубут. Суруйааччы “мэтириэт маастара” буоларын бу кэпсээннэр кырдьыктыы дакаастыыллар.
Майгыннаһар өрүттэрэ |
1. Персонажтар иккиэн хотуттар. 2. Хамначчыттарын киһиннэн аахпаттар, бэйэлэрин үрдүктүк тутталлар. 3. Дьахтар быһыытынан аһыныгас майгылара суох. 4.Тас көрүҥнэрэ. 5. Майгылара. |
Түмүктээн эттэххэ, Эрилик Эристиин бу икки айымньытынан урукку батталлаах кэм баай уонна дьадаҥы икки ардыгар баар сыһыаны ырылхайдык ойуулаабыт. Кини айымньылара ханнык да кэмҥэ ааҕааччы сэҥээриитин ылар кыахтаахтар.
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:
- Н.Тобуруокап “Эрилик Эристиин олоҕун уонна айар үлэтин туһунан очерк”: Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1963.-С.37-44
- Эрилик Эристиин “Маарыкчаан ыччаттара”: Роман, сэһэн, кэпсээннэр./В.С. Парников ойуута.-Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1983.-С.498