УДК 82-14
Черемкина А.Е.
Северо- Восточный федеральный университет имени М.К.Аммосова, г.Якутск,
a.cheremkina@mail.ru
Эбэҥки литэрэтиирэтин “кыһыл көмүс фондатыгар” ураты суоллаах-иистээх суруйааччылар киирбиттэрэ: Алитет Немтушкин, Галина Варламова- Кэптукэ, Дмитрий Апросимов уо.д.а. Бу ааптардар эбэҥки литэрэтиирэтигэр саҥа суолу солообуттара, проза, поэзия сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрэ. Холобур, Галина Кэптүкэ «Рэкет по тунгусски», “На этой срединной земле”, “Дорога в нижний мир” үһүйээннэрэ, Дмитрий Апросимов «Күндэли Куо», «Куралай Кустук» номохторо, Алитет Немтушкин маҥнайгы «Утро в тайге» хоһооно суруллан чинчийээччилэр да, ааҕааччылар да өттүлэриттэн үрдүк сыанабылы ылбыттара, эбэҥки литэрэтиирэтин саҥа кэрдиискэ таһаарбыттара. Кинилэр тыллара — норуот тыла буолбута. Эбэҥки литэрэтиирэтин маҥнайгы хардыыта уус- уран фольклортан силистэммит эбит буоллаҕына, иккис хардыытыгар жааныр арааһынан байбыта. Кэлин нууччалыы тылбаастаммыт, нууччалыы тылынан суруллубут айымньылар киэҥ эйгэҕэ хотугу норуоттар олохторун-дьаһахтарын, олоххо ураты сыһыаннарын арыйан көрдөрбүттэрэ.
Эбэҥки суруйааччыларын айымньыларыгар айылҕаны кытта алтыһыы, бултааһын, бэйэлэрин норуоттарыгар бэриниилээх буолуу бастакы миэстэҕэ турар. Эбэҥки норуота күүстээх санаалаах, хорсун-хоодуот, уһулуччу дьонноох буолан, суруйааччыларын айымньылара идея өттүнэн күүстээхтэр.
Ол курдук, Дмитрий Нестерович Апросимов – эбэҥки норуотун чаҕылхай суруйааччыта, биллиилээх худуоһунньуга. Кини Уус-Маайа оройунугар төрөөн, үөрэнэн-үлэлээн, олоҕун төрөөбүт дойдутугар атааран, Хотугу кыраай ураты сирин-уотун хоһоон, кэпсээн тылыгар сиэдэрэйдик холбообута. Сахалыы суруйар эбэҥки биир биллэр, уһулуччулаах суруйааччыта. Саха народнай суруйааччыта, поэт Семен Руфов доҕорун туһунан маннык уобарастаан этэн турардаах: “Миитэрэй улуу эбэҥки омугун дьиҥнээх уола этэ – хаамардыын, майгылыын, силигилиин, характердыын, өйдүүн- санаалыын! Нууччалыы суруйар Алексей Михайлов – саха талааннаах поэта этэ! Сахалыы суруйар Дмитрий Апросимов – эбэҥки талааннаах поэта этэ! Инники лөкөйү эккирэтэн иһэр булчут курдук элэс гынан ааспыта- ону биһиги умнуо суохтаахпыт!”.
Дмитрий Апросимов айылҕаттан талааннаах буолан, Хоту дойду кэрэ, ураты айылҕатын дьэрэкээн өҥүн уран тыл көмөтүнэн кумааҕыга, киистэ, кырааска көмөтүнэн хартыынаҕа түһэрбитэ. Кини айымньылара (хоһоонноро да, уруһуйдара да) норуотун ис кутун, туругун, уратытын арыйар, хоһуйар сыаллаахтар. Ол курдук, сөбүлээн хоһуйар истиилинэн буолар-пейзаж. Суруйааччы бэйэтэ этэринэн: “Айылҕа-миэхэ дьиҥнээх киһи, кини дууһалаах, сүрэхтээх, тыллаах. Кыыллар, көтөрдөр эмиэ. Итини мин төрдүм хааныттан ылтым буолуо” (Д.Апросимов «Утум” “бэйэм туспунан” ыстатыйаттан стр 301). Манан сиэттэрэн, ааптар дьиҥ айылҕа оҕото буолан, кинини кытта быстыспат ситимнээҕэ өтө көстөр.
Биһиги бу улэбитин Дмитрий Апросимов айар үлэтигэр матыып тиһиктэрин (система мотивов) чинчийиигэ анаатыбыт. Бу биһиги үлэбит сонуна буолар.
Матыып – диэн айымньы сюжетын чааһа, лиричэскай тиэмэ арылларыгар көмө буолар литэрэтиирэ көстүүтэ. Аан маҥнай бу тиэрмини литэрэтиирэ хайысхатыгар А.Н. Веселовский ырыппытын билэбит. Чинчийээччи этэринэн, матыып — диэн биир улахан схема. Кэлин А.Бэм, Б Гаспаров уо.д.а. литэрэтиирэ үлэһиттэрэ кыттыспыттара. Матыып ураты өрүтэ – хас айымньы аайы чопчу арыллыбатыгар, ааҕааччыны толкуйдатарыгар көстөр. Кини биир тылынан, тыл ситиминэн хаста да хатыланан бэриллиэн, эбэтэр сэрэйиллэн эрэ хаалыан эмиэ сөп. Поэт хомуурунньугун, эбэтэр айар үлэтин бүтүннүүтүн чинчийэн эрэ бараммыт баһылыыр матыыптары бэлиэтиэхпитин сөп.
Сороҕор суруйааччы айар үлэтин тухары айымньылара биир матыыбынан суруллуохтарын эмиэ сөп. Хас биирдии суруйааччы айымньыта туспа матыыптаах буолар. Ол курдук, Дмитрий Апросимов хоһооннорун ааҕан баран, биһиги кини айар үлэтигэр маннык матыыптар ордук баһылыыллар эбит диэн санааҕа кэллибит: “куйаар”, “соҕотохсуйуу”, «кэм-кэрдии».
“Куйаар” матыыба, Д.Апросимов айымньыларыгар үксүгэр кэрэ айылҕаны, долгуннура сытар өрүһү, улахан очуос таастары, көтөрү — сүүрэри, дьикти айылҕа көстүүлэрин тыыннааҕымсытан, киэргэтэн ойуулааһынынан буолар. Кини биир уратытынан хоһуйар көстүүлэрин көрөн турар курдук хоһоонугар тиһэрэ буолбута. «Куйаар» матыыба (мотив пространства) сүрүн сыала онно сытар диэххэ сөп.
Холобур: Хайалар, хайалар, хайалар-
Харабыл, таас баабый баатырдар,
Сүүһүнэн көс куйаар тай5а5а
Былыты үрдүнэн кыыраһан,
Оо, улуу, үрдүк да чыпчааллар
Ыраахтан ахтыһа ыҥырсан
Тыыннааҕы муус гына тоҥорон
Тыйыс тыал тойугар бигэнэн
Тыьыынча сылларга нуктууллар…
Доҕоро Семен Руфов өссө маннык этэн турардаах: «Хоһоон суруйара, харандааһынан эбэтэр паасталаах уруучукуканан блокнотугар сөхпүт көстүүлэрин айбыттан киһи көрөн олоруох курдук үкчү дьүһүйэн ылара…” (Д.Апросимов «Утум” “Симик мичээрдээх доҕорбут” ыстатыйаттан стр 306).
Күһүн этэ. Быйыл сааскы
Оҕотунуун тыһы тайах
Биир түүн, көмүс ыйдаҥаҕа,
Дьириҥ күөлгэ өр умсаннар,
Уу түгэҕин миигэс отун
Уобан, көбөн тахсаллара,
Үлүһүйэн, суоһар өстөөх
Үөмэн кииртин билбэттэрэ…
Бу хоһоонно суруйааччы оҕолоох тайах күөлгэ киирэн, аһыы туралларын ойуулуур. «Куйаар» матыыба манна күөл нөҥүө арыллыбыт.
Иккис ырытар матыыппыт «Соҕотохсуйуу». Бу матыып суруйааччы бэйэтин ис санаатыттан, дьиҥ олоҕун кыһалҕатыттан сиэттэрэн хоһооҥҥо кубулуйуон сөп. Манна тэҥнээһин, тыннааҕымсытыы элбэхтэ көстөр. Нууча литэрэтиирэтигэр соҕотохсуйуу матыыбыгар М.Ю.Лермонтов айымньылара чаҕылхай холобур буолаллар. Кириитиктэр этэллэринэн кини айар үлэтин бары айымньылара соҕотохсуйуу матыыбынан суруллубуттар. (В.А. Скиба, Л.В. Чернец). Ол курдук, соҕотохсуйуу матыыба Дмитрий Апросимов айымньыларыгар эмиэ туттуллубут. Холобур, «Көй сулустуу субуруҥнаһа» хоһооҥҥо маннык бэриллибит:
Со5отохпун да, сэмэй музам
Сүрбэр-куппар сөҥөн барыста.
Көй сулустуу субуруҥнаһа
Хоһоон тыллара өрө кыыста.
“Эбэҥки буолан эбитэ дуу, олус чуумпуга эрэ табыллан суруйабын”- диэн суруйааччы бэйэтэ эппит тылларын кэргэнэ бигэргэтэн ахтыытыгар суруйбут. Суруйааччы хоһоон айарыгар соҕотоҕун, уу чуумпуга олорон суруйарын ордорор эбит.
Эбэтэр «Бүрүөбэр» хоһооҥҥо:
Соҕотох хааларым-
Доҕоттор умнаннар,
Сыһыыга хонорум-
Дьоннорум тумнаннар.
Бу хоһооҥҥо суруйааччы бэйэтин олоҕун ыар кэмин, биир кэмҥэ дьон бары кинини умнан кэбиспиттэрин курдук ойуулаабыт.
Үһүс матыып – «Кэм-кэрдии» матыыба. Манна киирэллэр: ахтылҕан, өйдөбүнньүк, өйдөбүл курдук тиэрминнэр. Хоһооҥҥо чопчу бириэмэтэ, чааһа, сыла кытта суруллуон сөп. Оннук айымньыларга тутатына «кэм-кэрдии» матыыба баар диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо. Бу матыып үксүгэр таптал туһунан суруллубут айымньыларга туттуллар. Холобур Дмитрий Апросимов “Сүүс сылы сырдыы” хоһоонугар көрөбүт:
Сарсыарда киэһэлиин көрсүспэт… Дьэ оннук
Эн биһи арахсан тус-туспа сылдьабыт,
Ол муҥун уйбакка олус диэн ахтыһан,
Туох баары дуол умна, дөйүөрэ хаамтарбыт…
Суруйааччы хоһоон нөҥүө ахтылҕан күүһүн ойуулуур. Бу хоһоон аатыгар да кэм- кэрдии матыыбын сабыдыала көстөр.
Эбэтэр «Бастакы тапталым » хоһоонугар:
Уолан саастааҕы бастакы тапталбын
Көрүстүм – туохтааҕар даҕаны күндүбүн!
Уонунан сылларга мин түүлбэр көстөрө,
Умнубат дууһабар сандаарар уостара…
Бу хоһооҥҥо ахтылҕан уонна өйдөбүнньүк суолталара көстөлөр. Маҥнайгы таптал күүһүн кэм — кэрдии матыыбын көмөтүнэн арыйар.
Тумуктээн эттэххэ, Дмитрий Апросимов айымньыларыгар матыыбы табатык туттар суруйааччы. Кини хоһоонноругар соҕотохсуйуу, кэм-кэрдии, бириэмэ матыыптара үгүстүк көстөллөр. Хоһооннорун тыла да, өйдөбүлэ да матыып тутулугар барсаллар, сүрүн идеятын тиэрдэллэр.
Дмитрий Апросимов эбэҥки литэрэтиирэтин биллэрдик байыппыта, ураты айар суоллаах- иистээх поэт быһыытынан биллибитэ. Кини айан хаалларбыт айымньылара- норуот баайа, ураты тыына буолаллар. Инникитин да, Дмитрий Апросимов аата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ чугдаара, айымньылара умнуллубакка ааҕылла турдуннар!