Ньыма – сыалы ситиһэргэ туһаныллар дьайыы эбэтэр дьайыылар систиэмэлэрэ. Туруорбут сыалы-соругу ситиһэргэ учуутал уонна үөрэнээччи үлэлэрин ньыма диибит. Нууччалыы маны “способ ” , “метод” дииллэр, оттон сахалыы “ньыма” дэнэр.
Ньыма барыта туох эрэ итэҕэстээх, ол аата сүүс бырыһыан үчүгэй диэн суох. Үөрэтии ханнык эмэ түгэнигэр хас да ньыма туттуллуон сөп. Онон дьиҥ олоххо, быраактыкаҕа бу ньыма үчүгэй буолаарай диэн, учуутал мэлдьи көрдүү, чинчийэ сылдьар [1].
Омук тылын учууталларыгар аҥкыата толортордубут, ол түмүгүнэн кинилэр уруокка оҕо көҕүн көбүтээри сөбүлээн туттар ньымаларын ыйдылар, онно маннык ньымалар таҕыстылар:
Үөрэнээччи көҕүн көбүтэр ньымалар.
О – оонньуу араас көрүҥүн туттан үөрэтии ньымата. П — бырайыактыыр үлэ ньымата. КТ- критическай толкуй. Бу саҥа ньыма буолар. Оҕо бары өттүнэн сайдарыгар туһуламмыт бырааактыкалаах үлэ ньымата. Б – бөлөҕүнэн үлэ ньымата. ИКТ- аныгы тиэхиникэни туһанан, уруокка сонун сылаайдалары, видео матырыйааллары, хаартыскалары, хартыыналары, презентациялары көрдөрөн үөрэтэр ньыма.
15 учууталтан 12-тэ уруоктарыгар оҕо көҕүн үрдэтээри оонньуу ньыматын тутталлар эбит. Уопсай түмүк таһаардахха, уруокка учууталлар элбэхтэ тутталлар: бастакы миэстэҕэ – оонньуу ньымата, иккис миэстэҕэ – бырайыактыыр үлэ ньымата, үһүс миэстэҕэ – киритиичэскэй толкуй.
Таб.Үөрэнээччи көҕүн көбүтэр ньымалар тиһиликтэрэ.
1 |
Оонньуу ньымата |
7 |
Тыйаатыр ньымата |
2 |
Бырайыактыыр ньыма |
8 |
Дебаттар, диспуттар |
3 |
Киритиичэскэй толкуй |
9 |
Интеграция |
4 |
Бөлөҕүнэн үлэ ньымата |
10 |
Күрэхтэр |
5 |
Тиэхининкэни туттан үлэлиир ньыма |
11 |
Тургутуктар уо.д.а |
6 |
Аудирование |
|
|
Үөһэ этиллибит ньымалар бары омук тылын уруогар үөрэнээччи көҕүн көбүтэллэр, үрдэтэллэр. Учууталлар этэллэринэн, оонньуу ньымата уруок кэмигэр учууталга олус көмөлөһөр. Бу ньыма үчүгэйэ диэн ханнык баҕарар тиэмэҕэ, уруокка барсар. Улахан үчүгэй өрүтүнэн онньуу оҕону кытта кыра сааһыттан батыһа сылдьар дьарык буолан, оҕоҕо чугас, өйдөнүмтүө.
Бастакы ньыма – оонньуу ньымата.
Өссө ХIX үйэттэн саҕалаан оонньуу ньыматын учуонайдар үөрэтэллэр. Бу ньыма бүгүҥҥү күҥҥэ дылы үөрэтиллэ, сайда турар.
Нуучча биллиилээх бэдэгиэгэ, суруйааччыта Антон Семенович Макаренко этэринэн: «Игра имеет важное значение в жизни ребенка, имеет то же значение, какое у взрослого имеет деятельность, работа, служба. Каков ребенок в игре таков во многом он будет в работе, когда вырастет» [2].
Оонньуу омук тылын уруогар учууталга биир бастыҥ көмөлөһөөччү буолар. Кинини учуутал уруок араас кэмигэр туттан оҕолор көхтөрүн хонтуруоллуур:
- Уруок саҕаланыыта оонньуу сыала тиэмэҕэ интэриэс тардыы, көхтөрүн көбүтүү.
- Уруок ортото тиэмэни өйдөөтөөһүҥҥэ оонньуу ньыматын туттар.
- Уруок бүтүүтэ оонньуу көмөтүнэн кылаас тиэмэни төһө өйдөөбүтүн бэрэбиэркэлиир. Сыанабыл курдук туттар.
Оонньуу ньыматыгар үөрэнээччи бэйэтигэр элбэх туһалааҕы иҥэринэр, ол курдук, бөлөҕүнэн үлэлии үөрэнэр, саҥаны билэр-истэр, күрэхтэһии ньыматын кытта билсэр, диссипилиинэлээх буолар, ситиһиигэ дьулуһарга үөрэнэр, кыайыы, хотторуу диэни билэр буолар уо.д.а.
Уруокка оонньуу ньымата оҕо көҕүн көбүтэргэ саамай элбэхтэ туттуллар ньыма. Оонньуу оҕо кыра эрдэҕиттэн батыһа сылдьар буолан, оҕоҕо чугас, кинини түргэнник ылыналлар. Кини араас тиэмэҕэ барсар. Кылааска наар биир ньыманан үлэлиир соччо табыгаһа суох. Ол иһин, уруокка кылгас да оонньуу баара эрэйиллэр.
Иккис ньыма – бырайыак ньымата.
Оонньуу ньыматын таһынан өссө бырайыак ньыматын көрдүбүт. Аҥкыата түмүгүнэн 15-тэн 12 учуутал бу ньыманы оҕо көҕүн көбүтэргэ табыгастаах диэн суруйбуттар.
Аан маҥнай бырайыактыыр ньыманы Америка бэдэгиэгэ Уильям Килпатрик ааспыт үйэҕэ киллэрбит.
Бу ньыма Арассыыйа үөрэхтээһинигэр саҥа туттуллан эрэр ньымалартан биирдэстэрэ. Бэдэрээссийэлии судаарыстыбыннай үөрэх ыстандаарка бырайыактыыр ньыма ирдэнэр ньымалартан биирдэстэрэ. Элбэх учуутал, мэтэдьиис үлэтигэр бу ньыманы туһанар. Билиҥҥи үөрэхтээһин быраабылатыгар оҕо бэйэтин үлэтэ элбэх буолуохтаах диэн суруллар. Быраактыка, чинчийии, айар хабааннаах үлэлэр атын үлэ көрүҥнэриттэн баһылыахтаахтар. Бырайыак ньымата бу быраабылаҕа олоҕурар.
Бэдэгиэгикэҕэ Е.С. Полат классификациятынан маннык бырайыактыыр ньыма көрүҥнэрэ бааллар: айар үлэ; оруолларынан үлэ; оонньуу; быраактыка хабаннаах үлэ; иһитиннэрэр үлэ; чинчийэр үлэ.
Бу ньыма оҕо көҕө көбөрүгэр көдьүүһэ: манна оҕо бэйэтэ үлэлиир; билиини бэйэтэ тобулар; чинчийэр уонна быраактыкалыы хабааннаахтык үлэлиир; айар дьоҕура уһуктар; доҕотторун кытта бодоруһар, саҥарар, кэпсиир дьоҕура сайдар уо.д.а.
Бырайыак ньыматын сөпкө тэрийдэххэ олус үчүгэй, интэриэһинэй, туһалаах уруок тахсар. Кини үксүгэр хатылааһын эбэтэр түмүктүүр уруоктарга барсар. Учуутал оҕолор тиэмэни төһө өйдөөбүттэрин, тугу иҥэриммттэрин билээри бу ньыманы туттуон сөп.
Омук тылын үөрэтиигэ бырайыак ньымата учууталлар бэлиэтээбиттэринэн, оҕо көҕүн үчүгэйдик көтөҕөр. Кини айар быраактыкалаах үлэ буолан оҕону интэриэһиргэтэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ бырайыак ньымата сайдан, учууталлар биһирэбиллэрин ылбыт ньымалартан биирдэстэрэ. Кинини элбэх учуутал үлэтин бырагырааматыгар киллэрдэ.
Үһүс ньыма – киритиичэскэй толкуй ньымата.
Кэлиҥҥи кэмҥэ, учууталлар “Критическое мышление” – “Киритиичэскэй толкуй” диэн ньыманы ордорон уруоктарыгар тутталлар. Оҕо бары өттүнэн сайдарыгар туһуламмыт бырааактыкалаах үлэ ньымата.
Билиҥҥи оҕолор таһымнарыгар, өйдөрүгэр, толкуйдарыгар ананан БГүөС иһинэн оҥоһуллубут ньыма буолар. Бу ньыма аныгы, саҥа ньыма буоларын быһыытынан, саха тылын мэтиэдьикэтигэр өссө да үчүгэйдик үөрэтиллэ илик.
Киритиичэскэй толкуй ньымата оҕо толкуйа сайдарыгар туһуламмыт олус интэриэһинэй ньыма. Бу ньыманан үлэлээн оҕо түргэнник толкуйдуур, бэйэтин ис санаатын этэр кыахтанар. Учуутал араас табылыысса, исхиэмэ, уруһуй нөҥүө оҕо мэйиитин сытыылыыр. Ньыма сыала оҕону бэйэтин үлэлэтии.
Киритиичэскэй толкуй ньымата арааһа элбэх, онтон биллэр холобурдара: Блум ромашката. Кластер. Сөп-сыыһа. Синквейн. Балык дьардьамата. Синиэним көлүөһэтэ. Инсерт (түмүк). Мөккүөр уо.д.а.
Бу ньыманы чинчийиигэ нуучча мэтэдьиистэрэ Хуторской А.В., Загашев И.О., Муштавинская И.В. уо.д.а үлэлээбиттэрэ. Кинилэр бу ньыманы иһиттэн, таһыттан ылан ырыппыттара, кинигэ, босуобуйа таһаарбыттара.
Түмүктээн эттэххэ, төһөнөн уруокка интэриэһинэй, оҕо көҕү көбүтэр ньыма баар да, соччонон уруок үрдүк таһымнаахтык барар. Оонньуу, бырайыак, киритиичэскэй толкуй ньымалара ханнык да атын ньымалартан уруокка оҕо көҕүн көтөҕөллөрүн учууталлар аҥкыатаҕа эппиэттэриттэн таһаардыбыт.
Туһаныллыбыт литература:
- Гурьев Г.И. Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии мэтиэдьикэтэ: устудьуоҥҥа, учууталга босуобуйа.-2005 сыллааҕы босуобуйаны уларытан иккиһин таһаарыы. – Дьокуускай, 2013.-100 с.
- Стронин М.Ф. — Обучающие игры на уроке английского языка (Из опыта работы). Пособие для учителя / 2-е изд. М. Просвещение, 1984