С.П. Даниловка уонна В.Д. Лебедевка төрөөбүт дойду тиэмэтэ

20 июля 12:00

Ханнык баҕарар киһи таптыыр төрөөбүт дойдулаах. Киһи уонна төрөөбүт дойду быстыспат ситимнээхтэр. Дойдуга таптал, ахтылҕан, бэринии бу барыта биир тылынан хоһуйуллубат күүс буолар.

Төрөөбүт дойду тиэмэтигэр суруйааччылар таптаан айаллар. Кини кэрэ айылҕатын, дьонун-сэргэтин, ураты көстүүтүн уо.д.а. Бу ыстатыйабытыгар, Семен Данилов уонна Василий Лебедев поэзияларыгар төрөөбүт дойду тиэмэтин көрдүбүт. Кинилэр хоһоонноро барыта дойдуларыгар ахтылҕаннарыттан, тапталларыттан, ытыктабылларыттан тахсыбыт.

Сэмэн Петрович Данилов кулун тутар 20 күнүгэр 1917 сыллаахха Горнай улууһугар Мытаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини саха норуодунай поэта, прозаик, тылбаасчыт, литератураны ырытааччы, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Семен Петрович төрөөбүт Горнайын сирин туохтааҕар да үрдүктүк тутара, кини улахан патриот этэ. Бэйэтин айылҕа быстыспат сорҕотун, оҕотун да быһыытынан сананара. Поэт эппит күүстээх тыллара: “Хас биирдии омук суруйааччыта бэйэтин төрөөбүт тылын кыаҕынан, төрөөбүт буоругар ньыгыллык үктэнэн туран, тапталлаах төрөөбүт дойдутун туһунан ыраах иһиллэрдик, киэҥ аан дойдуга барытыгар кэрэхсэнэрдик хоһуйар ытык иэстээх”.

Василий Дмитриевич Лебедев ахсынньы 20 күнүгэр 1934 сыллаахха Муома улууһун Догдо Чыыбаахылаах диэн нэһилиэккэ табаһыт дьиэ-кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Кини бастакы эбээн суруйааччыта, эбээн тылын диалектарын чинчийээччитэ, тыл үөрэхтээҕэ. Василий Дмитриевич сүрэҕэр-быарыгар чугастык ылынара, бастатан туран, төрөөбүт, улааппыт, киһи хара буолбут Муоматын, чуолаан Догдо Чыыбаахылаах нэһилиэгин кэрэ айылҕатын, ол иһин кини лирическэй геройа олоххо билбит-көрбүт кэрэтин, үтүөтүн барытын кэриэтэ бу уобарас нөҥүө арыйар. Манна биһиги көрөбүт: Ийэ тайҕа уобараһын, Дьааҥы хайаларын, таас үрэхтэри, үрүҥ табаны, сырдык ыраас сааскы күөх халлааны, туналыйар маҥан хаары. Суруйааччыларга төрөөбүт дойду тиэмэтэ, кинилэр лиирикэригэр ордук айылҕа туһунан хоһооннор нөҥүө арыллаллар. 

Биһиги бары билэрбит курдук, айылҕа туһунан лиирикэ (пейзажнай лиирикэ) ураты национальнай көрүүлээх. Манна норуот менталитета, тулалыыр эйгэтин хайдах туох ылынара көстөр. Айылҕа туһунан лиирикэ бары норуоттар литератураларыгар үйэлээх тиэмэ буолар. Хас биирдии суруйааччы айылҕаны, айылҕа кэрэ көстүүтүн уратытык ойуулуурга дьулуһар. Айылҕа уобараһын нөҥүө киһи ис дууһатын, ис санаатын арыйар, киһи аймахха бүтүннүүтүгэр сыһыаннаах  тиэмэлэри анаарар кыахтанар.

 Семен Петрович оҕо эрдэҕиттэн айылҕаны кытта алтыспыт буолан төрөөбүт норуотун итэҕэлин, үгэстэрин билэ, тутуһа улааппыта дойдутун туһунан хоһоонноругар дьэҥкэтик көстөр.

Суруйааччы төрөөбүт дойдутугар анаабыт хоһоонноругар, үксүгэр, сайын кэмэ, күннээх ыраас халлаан, чыычаах ырыата, күөх тыата, ото-маһа, сылаас салгына, Сиинэ систэрэ, сэмэй дьоно-сэргэтэ көстөллөр.  

Сиинэбиттэн, Мытаахтан,

Сэргэлээхтэн ордорон,

Ханнык да диэн – сулуска

Көһүөм суоҕа олоро.

Хоһооҥҥо поэт хайдахтаах курдук төрөөбүт дойдутун таптыырын аҕыйах чаҕылхай тыллардаах кэрчигинэн хоһуйбут.

Суруйааччы төрөөбүт дойдутун олус күүскэ убаастыыра, күндүтүк саныыра. Кини уһулуччулаах патриот буоларын бэлиэтиир. Ханна да сырыттар төрөөбүт дойдутун, кини ураты айылҕатын умнубата, куруук ахтара, кэпсиирэ.

Сиинэ эбэбэр

Мин тахсыам бултуу,

Ахтар сирдэрбэр

Сааһыы, хойутуу.

***

Мин сүрэҕим Сиинэ сиһигэр

Бииргэ сылдьар эйигинниин,

Эйиигин ахтан тэбэр, нүөйэр

Эдэр тэтиҥ сэбирдэҕинии.

Ийэ дойдутун дьонугар-сэргэтигэр билиини тарҕатан, бүтүн норуотун сырдыкка, кэрэҕэ угуйбута. Бу мантан биһиги Семен Даниловы улахан билиилээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэйи эрэ баҕарар, билиини утумнаан тарҕатааччы быһыытынан сыаналыыбыт.

Онтон Василий Лебедев Хоту сиригэр төрөөбүт буолан, дойдутун хоһуйарыгар туттар уобарастара уратылар. Кини хоһоонноругар элбэхтик хаар, кыһын, маҥан өҥ уобарастара бастыыллар. Ол курдук бастакы символ-уобараһынан маҥан таба буолар. Эбээн норуота итэҕэл быһыытынан маҥан табаны олус күндүтүк саныыр, харыстыыр:

«Табам- миэнэ дьиэм- уотум,

Аһылыгым, таҥаһым.

Табам – эрэл доҕорум,

Мин олохпор аргыһым.

Оннук этэ өрүүтүн,

Оннук буолуо даҕаны.

Үйэм- сааһым тухары

Мин таптыаҕым табаны».

Поэт “В дремучей тайге” диэн хоһоонугар этэринэн төрөөбүт дойдутуттан айар дьоҕура сайдыбыт уонна кини бу сиргэ махтанан куруук төннө турар эбит:

“В дремучей тайге

Родилось мое слово,

В горах Верхоянске

И в тундре песцовой.

Они в своем слове

Жизнь и основа,

И к ним возвращаюсь

Я снова и снова”.

Оҕо сааһа уонна төрөөбүт дойдута үксүгэр киниэхэ биир кэлимсэ өйдөбүл, уобарас буолар түгэннэрдээх. Холобур, “Лечу на Мому” диэн хоһоонугар:

“Лечу я в пространстве высоком,

Гляжу – не могу наглядеться.

Лечу я к далёким истокам,

Лечу я к забытому детству”.

Василий Дмитриевич биир хоһоонугар интэриэһинэй санааны этэн турардаах:  «Человек похож на край, где вырос! Где глаза свои открыл впервые” — диэн. Биһиги санаабытыгар, суруйааччы бэйэтин ытык иэһин норуотун иннигэр чиэстээхтик толорбута, кинини өссө үрдүк кэрдиискэ таһаарбыта, сайыннарбыта.

Онон түмүктээн эттэххэ, Семен Петрович Данилов уонна Василий Дмитриевич Лебедев иккиэн улахан патриот быһыытынан көһүннүлэр. Кинилэр дойдуларын туһугар кыһаналлара, үлэлииллэрэ-хамсыыллара умнуллубат, туохха да тэҥнэммэт, кэлэр кэнчээри ыччакка холобур, сүдү кылаат буолар. Ону таһынан, кинилэр лиирикэлэригэр төрөөбүт дойду тиэмэтэ олус чаҕылхайдык, чуолаан айылҕа нөҥүө көстөр. Иккиэннэрин холбуу тутан, хоһооннорун аахтахха, уопсай Саха Сирин кэрэ айылҕата биһиги харахпытыгар көстөн кэлэр. Семен Данилов Саха Сирин сайынын, онтон Василий Лебедев тыйыс тымныы кыһынын ойуулааһыннара уобараһы күүһүрдэр.

 

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:

  1. Винокурова А.А. Поэтика творчества В.Д. Лебедева. Автореферат на соискание ученой степени канд. филолог. наук. – Якутск, 2011.
  2. Данилов С. Талыллыбыт айымньылар. II томнаах. I т. Хоһооннор, поэмалар. Якутск, кн. Изд.-Во,1997
  3. Данилов С. Талыллыбыт айымньылар. II томнаах. II т. Хоһооннор, поэмалар. Якутск, кн. Изд.-Во,1997
  4. Кельмейтинов В. Белы угрюмыехребты // Эвенская литература. Сборник. –М.: Литературная Россия, 2005. – С. 142.
  5. Кривошапкин А. «О, мин эвен куттаах ырыаларым»: В.Д. Лебедев туһунан доукментальнай ахтыы-сэһэн – Дьокуускай: Сахаполиграф издат, 1994.
  6. Попова М.П. Основные тенденции развития современной якутской поэзии (1980-2000-е гг.). Автореферат на соискание ученой степени канд. филолог. наук. – Якутск, 2004.
  7. Федосеев И. Эвен норуотун чаҕылхай уола // Чолбон. – 1999. – №12. – С. 84-87.
  8. Ырыа – эн дойдуҥ симэҕэ: саха народнай поэта С.П. Данилов хоһоонноругар айыллыбыт ырыалар уонна библиографическай ыйынньык (хомуйан оҥордо А.П. Левина; науч. Ред. П.В.Сивцева). – Дьокуускай: ХИФУ изд. дьиэтэ , 2012.