В.В.Никифоров-Күлүмнүүр – сахалыы тылынан бэчээттэммит бастакы айымньы автора. Кини “Манчаары” драмата (1906) билигин саха литературатыгар 10 кылааска үөрэтиллэр. Бэйэтэ төрүттээбит “Саха саҥата” сурунаалыгар “Мунньах”, “Дуона суохтан улахан тахсар”, “Дьиэрмак” кэпсээннэрэ бэчээттэммиттэрэ. Онон Күлүмнүүр драматургияҕа уонна прозаҕа айымньылара биллэллэр.
Баай батталын утарар мөккүөргэ олоҕун анаабыт Манчаары Баһылай үгүс мөккүөрдээх олоҕун туһунан В.В.Никифоров-Күлүмнүүр, А.И.Софронов-Алампа, В.А.Протодьяконов-Кулантай драматическай айымньылары суруйбуттара.
Күлүмнүүр “Сахалар Союзтарын” тэрийбитин иһин 1906 с. хаайыыга сытан, “Манчаары түөкүн”драманы оччотооҕуга үөрэҕэ суох норуот өйдүүрүгэр анаан, “пьеса” диэн киһинэн үтүгүннэрэн көрдөрөр оонньууну[i] суруйар. Бу драма сахалыы тылынан бэчээттэммит бастакы айымньы буолар. “Манчаары” драманы ырытыы, сыаналааһын саха литературнай кириитикэтин саҕаланыыта буолар.
Күлүмнүүр “Манчаары” драматын туһунан бастакы сиһилии ырытыыны С.Р.Кулачиков-Эллэй биэрбит. “Манчаары” драмаҕа сөптөөх сыанабылы В.Н.Леонтьев уонна Н.М.Заболоцкай биэрбиттэр. “Манчаары” драма туһунан нуучча үөрэхтээхтэрэ Э.К.Пекарскай уонна В.Г.Богораз-Тан хайҕаан суруйбуттара биллэр. Оттон Күлүмнүүр үтүө аатын тилиннэриигэ улахан өҥөлөөх И.Клиорина “Манчаары” драма дьылҕатын туһунан бүтүн кинигэни суруйбута биллэр. Биллэр литературнай кириитик Н.З.Копырин бу айымньы сахаҕа драма жанрын төрүттээбитин, романтическай күүрүүлээх реалистическай айымньы буоларын, уус-уран өттө күүстээҕин, маастарыстыбалаахтык суруллубутун, бары өттүнэн сиппит-хоппут айымньы буоларын бэлиэтиир.
Онон Күлүмнүүр “Манчаары” драмата сахалыы тылынан бэчээттэммит бастакы драма буолар. Күлүмнүүр саха драматическай искусствотын төрүттээччи быһыытынан сыаналанан, кини аата Саха театрын үрдүк өһүөтүгэр көмүс буукубанан сурулунна.
Күлүмнүүр 1913 сыллаахха Романовтар династиялара 300 сылын туоларыгар Петербурга барбыта. Онно туруорсан, М.Николаеваҕа нууччалыы тылбаастатан, тылбааһы сирэй көрдөрөн, кулун тутар 5 күнүгэр көҥүл ылбыта. “Бродячая собака” диэн арт-кафеҕа оччолорго Россия култууратын, литературатын элитата мустан, бэйэлэрин айымньыларын ааҕан билиһиннэрэр үгэстээхтэр эбит. В.В.Никифоров бу арт-кафеҕа мустубут дьоҥҥо “Манчаары” драматын нууччалыы тылбааһын ааҕан иһитиннэрбит. Истээччилэр драманы биһирээбиттэр уонна туруорар туһунан этии киллэрбиттэр.
В.В.Никифоров-Күлүмнүүр 1912-13 сылларга “Саха саҥата” сахалыы тылынан бастакы уус-уран сурунаалы тэрийэн таһаарбыт. В.В.Никифоров “Саха саҥатыгар” Суруксут, Сээркээн Сэһэн псевдонимнарынан бастакы кэпсээннэрин, ыстатыйаларын, тылбаастарын бэчээттэппитэ. Кини “Дуона суохтан улахан тахсар”, “Дьиэрмак” кэпсээннэрин аахтым уонна ырыттым. “Дуона суохтан улахан тахсар” айымньы иитэр суолтата улахан: бэрт кыраттан, дуона суохтан даҕаны улахан иирсээн тахсыан сөп. «Дьиэрмак» – историческай хайысхалаах кэпсээн. Сүрүн герой уобараһа дьиҥ олохтон ылыллыбыт казак атамаана Ермак Тимофеевич Аленин (1530/40-1585) буолар. Ааптар Нуучча государствотын историятын үөрэтэн, чахчыларга олоҕуран, Дьиэрмак диэн сахалыы ааттаан оччотооҕу кэми кырдьыктаахтык ойуулуур. Күлүмнүүр бэйэтэ элбэҕи ааҕар, үөрэтэр киһи буоларын “Дьиэрмак” кэпсээнэ туоһулуур.
Рафаэль Баҕатаайыскай таайа фольклорист А.С.Порядин ахтарынан, В.В.Никифоров хоһоону суруйар дииллэр эбит[ii]. Хоһоонноро өлбүтүн кэннэ ыһыллан хаалбыт буолуохтаахтар. “Манчаары” драма тыла-өһө сүрдээх уус-уран. Ол курдук Манчаары бүтэһик тыла хоһоон тылыныы хомоҕойдук кутуллар.
В.В.Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах “Күлүмнүүр, күлүмнээ!” бырайыак чэрчитинэн экспедицияҕа сылдьан, кини нууччалыы суруйбут анабыл хоһоонун буллубут. Хоһоон блокнокка суруллубут. Блокнот от күөҕэ баархат тастаах. Олус кичэллээхтик уурулла сылдьыбыта биллэр, онон суруга чуолкайдык көстөр. Хоһоон 1904 сыл кулун тутар 29 күнүгэр суруллубут:
Любить, не ненавидеть,
Людскую дружбу видеть
Всегда в душе мечтал
И всех за братьев я считал!
Но годы юности прошли –
Мечты и нас уж нашли :
Другие дни явились
И братья мне лишь снились.
Теперь уж люди все умны,
Любовь и дружба не нужны;
Счастливой быть
