Креолизованнай тиэкистэр интернет ситимигэр

29 декабря 9:50

Креализованнай тиэкис диэн тугуй?

         Креализованнай тиэкис диэн аатыгар этиллэ сылдьарын курдук, суругунан тиэкис буолар, ол эрээри, уратылаах.  Кини фактурата вербальнай (тыл-өс) уонна вербальнайа суох (атын бэлиэ систиэмэлэрэ) компоненнартан турар. Холобур, креализованнай тиэкистэринэн буолаллар: реклама тиэкиһэ, комикс, афиша, плакат, баннер уо. д.а. (хартыыналары көрдөрөбүн).

         Билиҥҥи кэмҥэ креализованнай тиэкис элбэхтэ туттуллар буолла. Киһи креализованнай тиэкиһи хас хардыытын аайы көрсөр. Оннооҕор сиэппитигэр укта сылдьар төлөпүөммүтүгэр креализованнай тиэкис баар. Тоҕо буолуой? Тоҕо диэтэххэ, аныгы үйэ кэлэн, дьон бары интернеккэ олорор. Онтон ол интернеппитигэр социальнай ситимнэр бааллар (инстаграм, вк, твиттер, одноклассники уо. д. а.). Бу социальнай ситимнэргэ киһи араас элбэх креализованнай тиэкистэри көрсөр. Холобур, билиҥҥи кэмҥэ ордук элбэхтэ көрсүөххэ сөп демотиватордары, мем (эдвайс), интернет комикс, комикс стрип. Бу тиэкистэри ордук дьон сөбүлээн туттар уонна ааҕар. Тоҕо буолуой?  Чинчийээччи Е. А. Нежура быһаарарынан, бу тиэкистэри киһи ааҕан күннээҕи олох проблемаларыттан сынньанар, аралдьыйар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр сынньатар-аралдьытар аналлаахтар.

         Онтон научнай өттүттэн ылан көрдөххө, бэриллибит креализованнай тиэкистэр киһини, тыл туттуллуутун эйгэтин чинчийиигэ улахан оруолу оонньуохтарын сөп. Ол курдук, кинилэр киһи олоҕу көрүүтүн, ылыныытын, сыһыанын эрэ буолбакка, дьон хараҕын баайарга (ордук рекламаларга), тылга киллэрэргэ  көмөлөһөр инструмент буолуохтарын сөп.

         Бэриллибит тиэкистэр төһө даҕаны тэнийбиттэрин уонна туттуллубуттарын иһин, кинилэр билиҥҥэ диэри соччо үөрэтиллэ-ырытылла иликтэр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр аҕыйах сылтан бэттэх баар буолбуттар.

         Креализованнай тиэкиһи лингвистэр билигин үчүгэйдик ылсан чинчийэн эрэллэр. Кинилэртэн биһиги ордук билэбит  Вашунинаны И. В., Анисимованы Е. Е., Сорокины Ю. А., Тарасовы Е. Ф.). Е. А. Нежура чинчийээччилэр үлэлэрин ырытан баран креализованнай тиэкиһи маннык быһаарар: «Креализованный текст можно описать как сложное текстовое образование, включающее, помимо едениц естественного языка, знаки иных семиотик (как правило это изображение, реже анимация, музыкальное световое сопровождение). При этом составляющие креализованный текст образуют единое целое как визуально, так и функционально».

         Компьютер технологиялара уонна интернет-коммуникация креализованнай тиэкис оҥоһулларыгар уонна сайдарыгар табыгастаах эйгэни оҥороллор эбит. Ол курдук, тиэкистэри копируйдаан баран ыыталыыр эрэ буолбакка, өссө араас сайтарга анал тиэкис суруйар шаблоннар баар буолбуттар. Ону таһынан дьон бэйэтэ креализованнай тиэкиһи эксперименнаан, тылын-өһүн, ойууларын уларытан араас креативнай тиэкистэри оҥорон таһаарар.

         Билигин демотиватор, мем (эдвайс), интернет-комикстары ылан көрүөххэ.

         Демотиватор – диэн хара эбэтэр халлаан күөх фоҥҥа баар аллараа өттүгэр комментарийдаах ойуу (сороҕор сурук буолар). Демотиватордар СШАҕа 20 үйэ бүтүүтэ баар буолбуттар. Бастаан кинилэр ханнык эмит мотивационнай суруктаах-бичиктээх мативатор плакаттар пародиялара курдук үөскээбиттэр.  Бу креализованнай тиэкис көрүҥэ уратыта ойуутун уонна көһүтүллүбэтэх өттүттэн ылан айыллыбыт суругун холбооһунугар сытар эбит. (хаартыска көрдөрөбүн)

         Мем/эдвайс – бу креализованнай тиэкис эбиһээт геройдаах буолуохтаах. Холобур, хайа эрэ биллэр киһи эбэтэр айыллыбыт дьон (трололоша) ханнык эмит түгэҥҥэ түбэспитэ, санаата буолар.

         Мем диэн тыл английскай meme диэн тылтан тахсыбыт. Мем диэн тиэрмини Шурина Ю. В. Маннык быһаарар: «идея, образ, объект культуры (чаще нематериальной), который перенимает многими членами сообщества». Ол аата, мемнар араас стереотиптары,  аныгы бириэмэҕэ баар чахчыларын, көстүүлэрин көрдөрөр. Холобур, урукку бириэмэлэр саҕана араас айыллыбыт геройдар тустарынан анекдоттар курдук (чукча, нууча уонна грузин тустарынан анекдоттар). Демотиватортан уратыта диэн мемнар комическайдар уонна кинилэргэ үксүгэр тиэкиһэ эрэ уларыйар, фона уонна геройа уларыйымыан сөп. Мемнары уонна демотиватордары ханнык баҕарар киһи анал приложенияҕа киирэн оҥоруон сөп.

         Мемнар геройдарыттан саҕалаан араас интернет-комикстар үөскүүллэр. Интернет-комикстар диэн –2-4 хартыынаттан турар киһи күлүөн эрэ баҕарар бэһиэлэй түгэнэ буолар. Дьиҥнээх комикстартан уратыта диэн кинилэр кылгас уонна шаблоннаах буолаллар. Бары билэрбитин курдук интернет-комикстары оҥорорго бэлэм уруһуйдаммыт геройдары эбэтэр хаартыскалары ылаллар уонна кинилэргэ араас элэмиэннэри эбэн оҥороллор.

         Маннык комикстар этика рамкатыттан тахсан суруллубут буолаллар уонна кинилэргэ араас нецензурнай тыл-өс туттуллар.

 Түмүк

         Бу үлэҕэ ырытыллыбыт креализованнай тиэкис көрүҥнэрин чинчийии билиҥҥи кэмҥэ сытыытык турар интердисципленарнай характердаах буолар. Бу үлэҕэ хомуллубут көрдөрүүлэр наука араас уобаластарыгар туһалаах буолуохтарын сөп. Холобур, лингвистикаҕа, психолингвистикаҕа, психологияҕа, социологияҕа, культуралогияҕа, политологияҕа. Наука бу уобаластарынан чинчийии аныгы киһи ис туругун, өйүн-санаатын, олоҕун-дьаһаҕын туһунан сыаналаах көрдөрүүлэри биэрэр. Ону таһынан индивидка уонна улахан социальнай бөлөхтөргө маннык тиэкистэр хайдах дьайалларын быһаарыахха, чинчийиэххэ сөп.

 

Туһаныллыбыт литература

  1. Анисимова Е.Е. Лингвистика текста и межкультурная коммуникация. На материале креолизованных текстов. – М.: Академия, 2003. – 128 с.
  2. Нежура Е.А. Новые типы креолизованных текстов в коммуникативном пространстве интернета // http://tl-ic.kursksu.ru/pdf/012-007.pdf