Попова Сардаана Васильевна,
Северо-Восточный федеральный университет,
ИЯКН, НСТ-15
Научный руководитель: Герасимова Е.С., к.ф.н., доцент
Чинчийии тыл үөрэхтээҕэ Г.В. Попов «Чолбон» сурунаалга бэчээттэппит ыстатыйаларын булан, наардаан ырытар, кэлэр көлүөнэ билиитигэр-көрүүтүгэр тириэрдэр, ыччаты сайыннарар сыаллаах.
Бу сыалы ситиһэрбэр маннык соруктары туруордум:
— Сурунаалы кытта билсии;
— Г.В. Попов сурунаалга тахсыбыт ыстатыйаларын булан ааҕыы, түмүү, үөрэтии, ырытыы, наардааҺын, картотека оңоруу;
— Литератураны. сурунаалы кытта үлэлиир сатабылы баһылааһын;
— Дьон иннигэр саҥара, кэпсии үөрэнии, ыытыллар ааҕыыларга, конференцияларга кыттыы.
«Чолбон» сурунаал устуоруйатын туһунан бэрт кылгастык этэр буоллахха, сурунаал 1926 сылтан тахсар. Төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ: А.И.Софронов — Алампа. Сурунаалы төрүттүүрүгэр Анемподист Иванович олус табан «Чолбон» диэн ааттаабыт…” «Н.Е.Винокуров «Чолбон» — саха бары көлүөнэ суруйааччыларын айымньылара бэчээттэммит ытык биhигэ» (В.Н.Протодьяконов).
Г.В. Попов олоҕор «Чолбон» cурунаал дириҥ суолталаах диэн бэлиэтиибит. Г.В. Попов сахаттан маҥнайгы уонна соҕотох этимолог, саха тылын быһаарыылаах тылдьытын сүрүн автора, филологическай наука кандидата, тыл төрдүн чинчийээччи учуонай Гавриил Васильевич Попов оҕо сылдьан түбэстэ эрэ ааҕан, билиитин эбинэр, кэлин илиитин араарбакка аргыс оңостубут, көрдөөһүннэрин, булууларын, билиитин-көрүүтүн үллэстэн үгүстүк суруйбут сурунаала “Хотугу сулус” (“Чолбон”) буолара.
Тиэмэлэринэн наардааһын маннык оҥоһулунна:
- Саха суруйааччыларын төрүччүлэрэ: А.Е.Кулаковскай, С.А.Новгородов, С.С.Яковлев – Эрилик, Эристиин, П.А.Ойуунускай, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр.
- Саха фольклорун үйэтитээччилэр: Манчаары, Дьүлэй Бүөкээн, Сэһэн Боло, И.И.Бурнашев -Тоҥ Суорун, Н.А. Абрамов – Кынат…
- Саха баайдара. Мэңэ Хаңалас баайдара: Лиэпчикэптэр, Алтан Поповтара уо.д.а.
- Народнай суруйааччылар: Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон. Р.Баҕатаайыскай, Далан.
- Мэҥэ суруйааччылара: И.М.Сосин, Д.С. Федоров-Таас, В.В.Скрябин – Идэлги, П.Н.Дмитриев-Туутук.
- Урууну-аймаҕы бэлиэтиир тыллар: Ийэ. Аҕа; Эдьиий. Балыс; Убай. Быраат; Сыган. Сурус.
- Тыл өйдөбүлүн быһаарыы: Ил уонна илдьит; Ыһыах төрдө-ууһа; Тойон; Улуус; Нэһилиэк.
- Искусство, наука үлэһиттэрэ: Е.П.Шестаков, М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ, Г.Колесов, академик П.А.Слепцов.
Г.В.Попов «Чолбон» сурунаалга бастакы ыстатыйатын өссө устудьуоннуу сылдьан 1953 сыллаахха нуучча улуу суруйааччыта Лев Николаевич Толстой төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан суруйбут. Ыстатыйа 1953 сыллаахха “Хотугу сулус” сурунаал 4-5 №-гэр бэчээттэммит. Ыстатыйатыгар Л.Н.Толстой норуокка чугаһын, норуот олоҕун хайдах баарынан суруйбут нуучча литературатын эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду литературатын улуу суруйааччыта буоларын ыйар. Мантан эдэр киһи суруйааччы сүдү айымньыларын сыныйан аахпыта, ырыппыта көстөр.
Түмүктээн эттэххэ:
- «Чолбон» саха бары көлүөнэ суруйааччыларын айымньылара аан бастаан бэчээттэммит уонна саха тылын баайын сайыннарар, харыстыыр тапталлаах сурунааллара буолар.
- Сурунаал муҥутаан тираһа 35 тыҺыынча экземпляр. Ол аата саха интеллигенциятын уонна сөбүлээн ааҕааччыларын киэҥник хабар сурунаал эбит.
- Г.В. Попов оҕо эрдэҕиттэн сурунаалы доҕор оҥостубут. Элбэҕи онтон аахпыт, билбит, кэлин бэйэтэ суруйар буолбут.
- Г.В. Попов «Чолбон» сурунаалга барыта 15 рубриканан араас тиэмэҕэ 49 ыстатыйата бэчээттэммит. Бу Г.В. Попов космополитическай көрүүтүн, киэҥ билиитин туоһулуур.
- «Чолбон» сурунаалтан элбэҕи билиэххэ сөп эбит. Г.В. Попов элбэхтик архивка үлэлээбит, элбэх норуот сэһэнин, чинчийээччилэр үлэлэрин үөрэппит, сыымайдаабыт ураты ырытар дьоҕурдаах учуонай. Ону кэлиҥҥи көлүөнэ туһаныахтаах, сайыннарыахтаах.
- Тыл төрдүн үөрэтиигэ, төрдү-ууһу билиигэ сыралаһан үлэлэспит дьонтон биирдэстэрэ.
- Мин бу үлэбинэн биир дойдулааҕым, тыл үөрэхтээҕэ Г.В. Попову талааннаах учуонай, сир түннүгэ киһи буоларын биллим.
Литература
- А.И.Софронов төрөөбүтэ 125 сылын көрсө // «Чолбон» сурунаал. – № 10. – 2011с.
- Архипова, С.К., Давыдова, Г.К., Сивцева, М.В. Алампа. – Дьокуускай: Сайдам, 2008. – С. 144.
- Попов Г.В. Кэрэхсиир киһи кэпсээннэрэ (киирии тылы суруйда С.И.Тарасов). – Дьокуускай: Бичик, 2005. – С. 112.
- «Чолбон» сурунаал («Хотугу сулус» 1926-1992 сс). – Библиографическай ыйынньык (Хомуйан оҥордо М.Е.Яковлева). – Дьокуускай, 1994 с.
- «Чолбон» сурунаал. – № 11. – 1996 с.
- «Чолбон» сурунаал. – № 5. – 1987 с.
- «Чолбон» сурунаал. – № 5. – 1991 с.
- «Чолбон» сурунаал. – № 8. – 2004 с.
- «Чолбон» сурунаал. – № 9. – 1995 с.