М.П. Федотова- Нулгынэт «Тэбэнэттээх Нулгынэт» диэн арамааныгар эбээн норуотун сиэрэ-туома

30 марта 9:25

Эбээн норуотун билиҥҥи чаҕылхай суруйааччыта —  М.П.Федотова-Нулгынэт. Кини — прозаик, Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, оҕо суруйааччыта.

Мария Прокопьевна Уус- Дьааҥы оройуонугар күн сирин көрөн, оҕо сааһын, оскуола сылларын Муома улууһугар атааран, төрөөбүт кыраайын, омугун ураты, кэрэ өрүттэрин оҕо эрдэҕиттэн этигэр-хааныгар иҥэринэ улааппыта. Ол иһин норуотун сүрүн үгэстэрин уонна кыһарҕаннарын үчүгэйдик билэр буолан, айымньыларыгар ону итэҕэтиилээхтик көрдөрөр.  Ааптар бу айымньытын тэттик сэһэн быһыытынан 1993 сыллаахтан суруйан саҕалаабыта (“Тэбэнэттээх Нулгынэт” (1993) “Нулгынэт айаҥҥа турунар”, “Олоххо уһаарыллыы”, “Кыһыл Балыктаахха”, “Окко түспүт оҥоһуу” (2006)). Онон, араас сылларга бэчээттэммит сэһэннэр түмүллэн биир айымньы -арамаан буолбута  ааҕааччы интэриэһин тардар, композиционнай тутула ураты.

Мария Прокопьевна айымньыларын туһунан биирдиилээн ырыытыылары, бэлиэтээһиннэри республика бэчээтигэр, монографическай үлэлэргэ да көрсөбүт. Ол курдук, саха биллиилээх суруйааччыта Петр Денисович  Аввакумов: «Биһиги саҥа авторбыт туһунан» ыстатыйатыгар «М.П.Федотова диэн кимий? Кини урукку өттүгэр биһиги сурунаалбытыгар бэчээттэнэ илик. Арай быйыл биһиги киниттэн биир бөдөҥ айымньыны туттубут. Айымньы аата — “Ыстаада оҕотун сэһэнэ” диэн. Бу сэһэн киһини быыкайкаан оҕо ыстаадаҕа олорор олоҕун ойуулуура истиҥинэн биһигини тардыбыта. Манна оҕо билиитэ-көрүүтэ – бүтүн аан дойду, дьон-сэргэ олоҕо, бар дьон үөрүүтэ буолан ойууланар. Айымньыны, буолаары буолан сэһэн курдук улахан кээмэйдээҕи, саҥа суруйар автор тылга-өскө улаханнык бүдүрүйтэлиирэ баар буолааччы. Оттон бу айымньыттан көрдөххө, М.Федотова суруйарга үөрүйэҕэ, сатабыллааҕа өтө көстөр. Ити аата кини айар дьоҕурдаах эбит», – диэн бэлиэтиир [1, 3-4].

М.П. Федорова-Нулгынэт айар үлэтин бүтүннүүтүн ырытар үлэни ХИФУ профессора Варвара Борисовна Окорокова оҥордо (“Нулгынэт айар үлэтэ” 02.12.2016).

         В.Б.Окорокова: “Нулгынэт, эбээн оҕотун олоҕун көрдөрөр Н.Тарабукин үгэстэрин салгыыр, ол гынан баран арамааҥҥа сүрүн геройунан кыыс, дьахтар буолар. Хоту киһи олоҕу көрүүтэ, толкуйа олох ураты буолар. Хотугу киһи аныгы цивилизованнай дьоҥҥо умнуллан хаалбыт былыргы өйү-санааны, дьарыгы, сиэри-туому илдьэ сылдьара уонна бэйэтэ, биллэн турар, аныгы киһи буолара сөхтөрөр” [2, 88].

Биһиги бу үлэбитигэр суруйааччы “Тэбэнэттээх Нулгынэт” арамааныгар эбээн норуотун сиэрин-туомун көрдүбүт.

Төһө да айымньы сүрүн геройа кыыс буоллар, арамааҥҥа булка-алка сыһыаннаах сиэр-туом  элбэхтик ойууланар. Биһиги билэрбит курдук, ордук хотугу норуоттарга эр дьоно эрэ буолбакка, дьахталлара эмиэ хоһуун, туундара тыйыс усулуобуйатын уйар буолаллар. Дьахталлар, кыргыттар эр дьонтон итэҕэһэ суох бултууллар, балыктыыллар. Ол сиэринэн, ааптар айымньытыгар кыыс уобараһыгар кытыары булт-алт сиэрин-туомун сиһилии ойуулуур.  

  1. Баай Байанай тыа көтөрүн-сүүрэрин, кыылларын-сүөллэрин барыларын бас билэр сүдү иччи. Тыаҕа сыыһа-халты туттуу суох буолуохтаах. Баай Байанай мээнэ ыһыыны-хаһыыны, айдааны, улахан тыас таһаарары, оту-маһы алдьатары сөбүлээбэт, соһуйуон, өһүргэниэн эбэтэр хомойуон сөп. Оччоҕо булчут булда кэхтэр, ол аата аны бултуйбат буолар. Бу сиэри-туому эбээн норуота сиэрдээхтик тутуһара айымньыга маннык көстөр:
  • Аргыый! Бултуу сылдьар киһи айдаарбат [3, 100].
  1. Эбээннэр бултаан баран, таалаҕа астаабаттар эбит. Нулгынэт улаатан баран, ийэтин кытта иккиэйэх хаалан, аһыыр туһугар куобахтыыллар, балыктыыллар. Онуоха ийэтэ айылҕаҕа сиэрдээхтик сылдьарга үөрэтэр:
  • Ийээ, бачча ыраах тоҕо состубут, онно астаабакка,- ыйытабын.
  • Таалаҕа бэйэтигэр да, аттыгар да чубукуну сүлүллүбэт.Үчүгэй булчут тааланы киртиппэт. Өскөтүн киртиттэххинэ, ол таалаҕа хаһан да чубуку кэлиэ суоҕа [3, 106].
  1. Бултуу сылдьан өрүсүһүү, атын киһиэхэ туһаайыллыбыт булду ылар сатаммат. Ылар түгэҥҥэ киһи булда ханнан, көтөр-сүүрэр тоһуйбат, куота сылдьар буолар. Былыр дьон элбэх булду мээнэ өлөрөрү сөбүлээбэт этэ:
  • Өбүгэлэрбит үгэстэринэн, аһара элбэҕи бултуур, ыһа-тоҕо өлөрөр-өһөрөр айыы буолар. Ону эн өйдүүр буол [3, 117].
  1. Кырдьаҕаһы бултуурга И.А.Худяков суруйарынан, эһэ айаҕын томторуктуу баайан, кулгааҕын бүөлээн, төбөтүн маска ыйаан кэбиһэллэр. Бу туому толороллоругар: “Эн уҥуоххун ытыгылаатыбыт”,- дииллэр. Айымньыга Нулгынэт эһэтэ Дьаһабыл оҕонньор эһэни бултуур сиэрэ-туома көстөр:

Тиит мутугун ылан тыатааҕы кулгааҕар иилэн кэбистэ.

-Чэ, көмүс уҥуоххун көтөхтүбүт, алтан уҥуоххун араҥастаатыбыт. Хаан аймаххар миигин куһаҕаны оҥордо диэн үҥсүмээр, кэлбит суолуҥ кэҕиннин, барбыт суолуҥ малыйдын. Дьоҥҥо-сэргэҕэ хатааннаах санааны санаама, муустаах ииниҥ муҥкулаатын, таастаах ииниҥ таҥкыраатын, тимир ииниҥ тиҥкирээтин, кэбэл дайдыҥ кэдэрги тартын, улуу дайдыҥ угулуйдун, доом!- диэн алҕаата [3, 219 сир].

5.Эбээннэр көтөрү-сүүрэри харыстаан бултууллар, ол айымньыга олус үчүгэйдик көстөр. Сайын хаастары бултаабаттар эбит, тоҕо диэтэр кинилэр оҕолорун иитэллэр, ону ийэтэ Нулгынекка олус үчүгэйдик быһаарар:

-Ийээ, убайым тоҕо хаастары бултаабатый?

-Тоойуом баччаҕа көтөрү бултаабаттар. Кинилэр оҕолорун иитэллэр[3, 17].

  1. Хотой курдук улуу көтөрү дьээбэлиэ суохтаахпыт туһунан эмиэ баар:

-Хотой – улуу көтөр,- диир ийэм.

-Кининэн оҕо оонньуо суохтаах. Оонньоотоҕуна, айыы буолуо,- сөбүлэһэр убайым [3, 43 сир].

Итэҕэлгэ, абааһыга сыһыаннаах сиэр-туом:

  1. Абааһы диэн алдьатар, үрэйэр уонна ыарыыны аҕалар куһаҕан күүс. Сир аннынан хараҥа, сииктээх, кирдээх сиргэ мустар. Абааһы буулаатаҕына киһи этин-сиинин, өйүн-санаатын сиэн мөлтөтөр, ыарытыннарар эбэтэр өлөрүөн да сөп, ол иһин эбээн норуота күннээҕигэ мээнэ абааһы, иччи туһунан саҥарбат:

-Ийээ, абааһыны көрөөрү гынабын. Кинини ким да билбэт ээ,- ытыырбын тохтотон быһаарабын.

-Айыы даҕаны, ол билэн-көрөн тугу гынаҕын?- ийэм сымнаабыт курдук буолла [3, 62].

Түмүктээн эттэххэ, Мария Прокопьевна бэйэтин норуотун уратытын сурукка тиһэн, эбээн норуотун сайдыытыгар быһаччы улахан суолталаах. Биһиги, ааҕааччылар, бу айымньыны ааҕан, оччотооҕу кэмҥэ эбээн норуота хайдах олорбутун, кини үгэстэрин, сиэрин-туомун толору билсэбит, күннээҕи олохпутугар туһанар кыахтанабыт. Бу арамааҥҥа ойууланар сиэр-туом биһиэхэ, эдэр көлүөнэҕэ, олус наадалаах. Арамаҥҥа оҕо, дьиэ кэргэн, кылаас, ыстаада, бөһүөлэк нөҥүө бүтүн норуот иһигэр олохтоохтор бэйэ-бэйэлэригэр, айылҕаҕа, булка-алка, итэҕэлгэ сыһыаннарын көрөбүт. Манна эбээн норуота биир иллээх-эйэлээх, сиэрин-туомун тута сылдьар улахан дьиэ кэргэн быһыытынан көстөр. Ийэ дойдуга бэриниини, ытыктабылы биир киһи тапталын нөҥүө суруйааччы бүтүн норуот Аан ийэ дойдуга тапталын көрдөрөр. Бу Мария Прокопьевна улахан ситиһиитэ буолар.    

Литература:

  1. Аввакумов П.Д. Биһиги саҥа авторбыт туһунан // Чолбон.- 1994.- №5.- С.4-5.
  2. Нулгынэт айар үлэтэ (эбээн уонна саха литературата алтыһыыларын үөрэтиигэ) / В.Б. Окорокова.- Дьокуускай : Сайдам, 2016.-144 с.
  3. Тэбэнэттээх Нулгынэт : роман / Мария Федотова.- Дьокуускай : Бичик, 2007.-448 с.
  4. Өбүгэ сиэрэ-туома / А.С. Федоров.- Дьокуускай : Бичик, 2011.-448 с.