«Верхоянскай – Орто Халыма» почта суола Табалаахтааҕы учаастага айанныырга саамай эрэйдээх сир этэ. Айан суола Туостаах үрэҕи туораан, Догдо үрэҕин кыйа Черскэй сис хайатын туоруура, аата-ахса суох хайа үрэхтэрин, тарыҥнары, туруору таас хайалары быһа охсон ааһара. Революция иннинэ Халыманы, Чукотканы, Камчатканы чинчийэр 20-чэ экспедиция ыытыллыбыт эбит. Олортон саамай улаханнарынан Биллингс – Сарычев, Врангель – Матюшкин, Герхард Майдель, Владимир Иохельсон, Герц – Пфиценмайер, Толмачев- Седов экспедициялара буолаллар [1: 113].
Бу экспедициялар отчуоттара, айанньыттар ахтыылара, суоллааҕы бэлиэтээһиннэрэ бэйэлэрин кэмнэригэр эбэтэр хойутуу, советскай былаас сылларыгар, туспа кинигэ буолан бэчээттэнэн тахсыбыттара. Биһиги бу кинигэлэри, докумуоннары интернет ситимигэр киирэн, араас саайтартан көрдөөн буллубут уонна Табалаах туһунан тугу суруйбуттарын үөрэттибит.
Көрдөөһүн түмүктэрэ
Күнэ-дьыла |
Айанньыт |
Ойууланар түгэн |
1797 с., алтынньы 25-30 күннэрэ |
Г. А Сарычев Халыматтан төннөн иһэн «Туостаах» дьаамҥа хонон ааспыт |
Лука Воронин «Поселение юкагиров» уруһуйдаабыт |
1820 с., балаҕан ыйын 3-4 күннэрэ |
Ф. Ф. Матюшкин Халымаҕа баран «Өлөрсүбүт» дьаамыгар хонон ааспыт |
«Өлөрсүбүт» диэн сиргэ ойууну көрсүбүт. Ойуун Матюшкин инники дьылҕатын кэпсээбит |
1820 с., алтынньы 3-5 күннэрэ |
Ф. П. Врангель Халымаҕа баран иһэн «Табалаах» дьаамыгар хонон, өрөөн ааспыт |
«Өлөрсүбүт» диэн сиргэ атын кээҥигэ түһэрбит |
1868 с., ахсынньы 9-13 күннэрэ |
Герхард Майдель Халымаҕа баран иһэн «Табалаах» дьаамыгар 4 хоммут |
Табалаах олохтооҕунуун 6 аты атастаспыт |
1894 с. |
В. И. Иохельсон Халымаҕа баран иһэн «Өлөрсүбүт» дьаамыгар хонон ааспыт |
Сыарҕалаах табалары хаартыскаҕа түһэрбит |
1902 с., от ыйын 19-20 күннэрэ |
О. В. Пфиценмайер Табалаах Тоҕойугар хонон, өрөөн ааспыт |
Кинээһи көрсүбүт, урууга, ыһыахха сылдьыбыт, тойон кыыһын хаартыскаҕа түһэрбит |
1909 с., муус устар 24 күннэрэ |
И. П. Толмачев, Г. Я. Седов Халымаҕа баран иһэн «Туостаах» дьаамыгар хонон ааспыттар |
«Өлөрсүбүт» дьаамыгар (?) хаартыскаҕа түспүттэр |
Көрдөөһүн үлэтин бүтэрэн баран биһиги көстүбүт чахчылары үөрэтэн, чинчийэн көрөргө быһаарынныбыт. Чинчийэр үлэбитигэр маннык соруктары туруордубут:
- Лука Воронин уруһуйдаабыт сирин быһаарыы;
- Ф.Ф.Матюшкин көрсүбүт ойуунун туһунан чуолкайдааһын;
- Майдель аттары атастаспыт киһитин быһаарыы;
- И.П.Толмачев, Г.Я.Седов хаартыскаҕа түспүт сирдэрин быһаарыы;
Чинчийэр үлэбитин норуот номохторугар, Табалаах нэһилиэгин олохтоохторун ахтыыларыгар, суруйууларыгар, темаҕа сыһыаннаах докумуоннарга олоҕуран оҥордубут.
- Лука Воронин уруһуйдаабыт сирин быһаарыы.
Лука Воронин Г.А.Сарычев кинигэтигэр киирбит «Поселение юкагиров» диэн уруһуйугар Орто Күөл диэн сиргэ баар буола сылдьыбыт «Туостаах» дьаамын ойуулаабыт диэн түмүк оҥордубут. Биһиги оннук сабаҕалааһыммытыгар маннык төрүөттэргэ олоҕурдубут:
- Уруһуйга биир сиргэ олохтоох, хотонноох-ампаардаах, сэргэлээх саха ыала ойууламмыт, оттон юкагирдар көс олохтоох омуктар;
- Уруһуйга кыһыҥҥы кэм ойууламмыт. Лука Воронин «Туостаах» дьаамыгар 1787 с. алтынньы 30 күнүгэр хонон ааспыта.
- Былыргы айанньыттар Черскэй сис хайатын тэллэхтэрин уонна билиҥҥи Абый оройуонун «Юкагирская землица» диэн ааттыыллара. Онон олохтоохтору барыларын юкагирдар диэхтэрин сөп.
- Ф.Ф.Матюшкин көрсүбүт ойуунун туһунан чуолкайдааһын.
Ф.Ф. Матюшкин «Өлөрсүбүккэ» көрсүбүт ойууна саха буолун сөп диэн сабаҕалааһын оҥордубут. Биһиги сабаҕалааһыммыт маннык төрүөттэргэ олоҕурда:
- Ойуун балаҕаҥҥа кыырбыт. Эбээн, юкагир ойууна эбитэ буоллар тордоххо, эбэтэр ураһаҕа кыырыа этэ.
- Ф.Ф. Матюшкин ойууҥҥа туһаайан «Здорово, дагор (друг)» диэн этэр. «Дагор» — доҕор (саха тыла).
- Ойууҥҥа тыын киллэрэр түгэннэрэ саха ойууна кыырар сиэригэр-туомугар маарынныыр (хатат саҕыы).
- Олохтоохтор Матюшкины атааралларыгар сылгы сиэлин аартык иччитигэр бэлэх биэрэллэр. Бу сахалар «сиэл ыйыыр» үгэстэрэ.
Табалаах нэһилиэгэр номоххо киирбит икки саха ойууна төрөөн-үөскээн ааспыттар – Киһинчэ Көстөкүүн уонна Потапов Христофор — Кыыстара ойуун.
Киһинчэ ойуун хас сыллардаахха олорон ааспыта биллибэт, быһа холуйан 18-19 үйэлэр кирбиилэрэ диэн сэрэйиэххэ сөп. Табалаахха «Араҥастаах»диэн сиргэ олорон кырдьан өлбүт.
Христофор Потапов – Кыыстара ойуун хойукку киһи. Кини 20 үйэ саҕаланыытыгар үгэннээн кыыра сылдьыбыт. «Сэргэлээх» диэн сиргэ олохсуйан, элбэх оҕолонон-урууланан кырдьан өлбүт.
- Г.Л. Майдель аттары атастаспыт киһитин быһаарыы.
Герхард Майдель аттары атастаспыт киһитин биһиги Эверстов Петр Саввич – Байдыкаан Бүөтүр эбит диэн сабаҕалаатыбыт. Норуот номохторо кэпсиилэринэн уонна ыччаттара ахталларынан Байдыкаан Бүөтүр олоҕун үтүөтүн айаҥҥа бараабыт, дьиэтигэр-уотугар түптээн олорботох киһи эбит. Ону туоһулуур биһиги ики ахтыыны үлэбитигэр киллэрдибит:
Байдыкаан
Байдыкаан Бүөтүр эһиги хос эһэҕит оҕонньор. Кини сааһын тухары байбатах, икки ыанар ынахтаах эрэ. Хаста да кинээс, чаччыына буола сылдьыбыт нэһилиэгэр. Ааттаах киһиргэс, хаартыһыт, сорсуннаах булчут, ааттаах ытааччы эбит. Онон тыыннаах олордоҕо. Абыйтан ааттаах Дьэкиимэптэр кыыстарын Балаайа диэни кэргэн ылан кэлбитэ үһү. Эмээхсинэ дьыл тахсыытыгар, саас аайы силиитэ быстан турбат буолара. Онуоха Илин Сыһыыга киирэн хаас, кус өлөрөн тахсара, онон мииннээн туруорар эбит.
Эверстова Христина Семеновна 1964 с. учуутал Эверстов П.И кэпсээбит.[2: 25 ]
Байдыкаан Бүөтүр уонна кини ыччаттара
Байдыкаан – Эверстов Петр (Саввич?) 1820-1830 сылларга төрөөбүт киһи. Кэргэннэнэн, оҕолонон олорбут сирэ Омоллоон Оҕолооҕо диэн кэпсээҥҥэ киирбит.
Байдыкаан баай киһи этэ диэн өйдөбүлгэ хаалбыт. Дьиҥэр улахан баайа, элбэх сүөһүтэ суох, куруутун эбиллэ-көҕүрүү турар баайдаах, сүөһүлээх, кэлбит-барбыт, хаартыһыт, арыгыһыт, бэрт сорсуннаах булчут. Абыйынан, Халыманан эргийэн эргинэр, сырыыны-айаны кыайар киһи эбит. Ол да иһин Абыйтан кэргэн ыллаҕа. Манна Абый Маарыйата (сорохтор Бороскуобуйата дииллэр) диэн аатырбыт. Дьоно Ефимовтар диэн Абыйынан, Халыманан тарҕаммыт, кыахтаахтык байан-тайан олорбут халыҥ аймах эбит.
Байдыкаан Бүөтүр отун-маһын бэлэмнээһинигэр үксүгэр дьону хамнаска үлэлэтэр, бэйэтэ үксүн бултана, Халыма суолунан хоту-соҕуруу субуллар атыыһыттары, айанньыттары кытта эргинэ, хаартылыы сылдьар идэлээх эбит. Кэргэнэ дьаһаллаах дьахтар буолан, ол үлэһиттэрин дьаһайан үлэлэтэн, хаһаайыстыбатын бэйэтэ дьаһанан олорор эбит.
Байдыкаан Бүөтүрдээх биэс уоллара улаатан, дьиэлэнэн-уоттанан, оҕолонон-урууланан олорбуттар. Икки уол – Чүүкээн Сэмэн (Эверстов Семен Петрович, 1853 с. т.), Бытык Хабырылла (Эверстов Гаврил Петрович 1867 с. т.) репрессияҕа тутуллан барбыттар, ханна өлбүттэрэ биллибэт.
Байдыкаан Бүөтүр хос сиэнэ, пенсионер Старостин Дм. Конст. 1948 с. төрүөх ахтыыта. 2016 с.[2: 26]
- И.П.Толмачев, Г.Я.Седов хаартыскаҕа түспүт сирдэрин быһаарыы.
И. П. Толмачев «По Чукотскому побережью Ледовитаго океана.» кинигэтэ 1911с. Бэчээттэммитэ. Бу кинигэҕэ Толмачев, Седов уонна дьаамсык-саха хаартыскалара баар.
Г.Я.Седов уонна И.П.Толмачев 1909 с. Муус устар ыйга, суол алдьанан эрдэҕинэ, Табалааҕынан кэлэн Халымаҕа ааспыттара. Верхоянскайтан ыҥыыр атынан, аара ханна да тохтообокко, үс суукка утуйбакка айаннаан кэлэн «Туостаах» станцияҕа (Орто Күөл) хонон ааспыттар. Онтон салгыы үс улахан (Тыаллаах, Кыртас, Өлөрсүбүт) тааҥнары туораан, суолларын устатын тухары уулаах-хаар хааһыны үлтү кэстэрэн« Өлөрсүбүт» дьаамыгар кэлэн хоммуттар. Бу дьаам бабаарынатыгар суруйбут суруктарын кэлин 1979 с. Свердловскай туристара аахпыттар.
Седовтаах «Туостаах» дьаамыттан «Өлөрсүбүт» дьаамыгар диэри айаннарыгар наҕылыйан тохтуур, хаартыскаҕа түһэр бириэмэлэрэ суоҕа саба5аланар. Суол күчүмэҕэйэ, кыһыҥҥы суол алдьанан эрэрэ кинилэри олус ыгылытар этэ. Улахан тарыҥнары туораан баран «Өлөрсүбүккэ» кэлэн холкутуйбут буолуохтаахтар. Биһиги бу хаартыска «Өлөрсүбүт»дьаамыгар түһэриллибит диэн сабаҕалыыбыт. Кинилэр бу дьаамҥа хонон, сарсыарда чэйдии олорор түгэннэрэ көстөр. Аан дойдуга аатырбыт айанньыттары, ученайдары кытта кэккэлэһэ Табалаах киһитэ – дьаамсык олорор. Бу ким буолара, хомойуох иһин, билигин биллибэт.
Туһаныллыбыт литература:
- Арктика – мой дом . – Москва: Северные просторы, 2001. – 183с.
- Дьааҥы үһүйээннэрэ. – Баатаҕай, 2003. – 102 с.