Бу икки романнарыгар суруйааччы саҥа, сонун персонажтары, характердары киллэрэн саха литэрэтиирэтин байытар. Ол туһунан кириитиктэр, литературоведтар элбэхтик бэлиэтээн тураллар.
Саха народнай суруйааччыта Иван Гоголев-Кындыл айар үлэтэ балай да үөрэтилиннэ. Прозатын, поэзиятын, драматургиятын проблемалара, уус-уран уратылара ырытыллан, туспа научнай үлэ буолан тахсыбыттара, биирдиилээн ыстатыйалар, бэлиэтээһиннэр эмиэ бааллар. Ол эрээри, кини айар үлэтин араас өрүтэ, ол иһигэр уобарастары арыйыы ситэ сырдатылла илик. Онон, айымньы персонажтарын ырытыы тоҕоостоох. Хас биирдии персонаж туох эрэ сыаллаах-соруктаах суруллар. Сорох персонаж нөҥүө суруйааччы бэйэтин санаатын этэр. Кындыл хас биирдии айымньытыгар атын, бэйэ-бэйэлэригэр тугунан да майгыннаспат персонажтары суруйар.
Философскай роман – бу литературоведческай тиэрмин буолар, ХХ үйэҕэ тарҕаммыт. Роман форматыгар суруллубут бөлүһүөктээн этиилэртэн турар айымньылары ааттыыбыт. «Философскай роман» диэн тиэрмин чопчу быһаарыыта суох, тоҕо диэтэр, элбэх научнай чинчийээччилэр бу тиэрмиҥҥэ араас өйдөбүлү биэрэллэр. Сорох философскай романнары биир кэмҥэ иитэр романнар диэн бэлиэтии сылдьыбыттара. Философскай роман саха литературатыгар 1990-с сыллардаахха баар буолбута. Мыреева А.Н. бэлиэтииринэн, саха литературатыгар бастакы философскай роман – Иван Гоголев “Иэйэхсити кэлэтии” романа буолар. Бу айымньыны Окорокова В.Б. реалистическай сюжеттаах роман диэн этэр [3-42].
Философскай ромаҥҥа бүтүн киһи аймахха тыын суолталаах үйэлээх боппуруостар таарыллаллар. Суруйааччы өйүн-санаатын муҥутуур күүрээнэ, олоххо сыһыана, быһыыны-майгыны сыаналыыр дьоҕура бу жанрга арыллар.
Иван Гоголев үөһэ ыйыллыбыт романнарыгар персонажтар тиһиктэрин ырытыахпыт иннинэ ханыылыы герой, характер, тиип диэн тиэрминнэргэ болҕомтобутун ууруоххайын.
Герой. Нуучча литературатын чинчийээччитэ М.М. Бахтин этэринэн, герой диэн уус-уран айымньыга сүрүн киһини, эбэтэр ким туһунан кэпсэнэрин ааттыыллар. Кини тула айымньы ис хоһооно сайдар.
Характер. Быһыыта-майгыта ураты, суолун-ииһин бэйэтэ талар персонаһы ааттыллар. Киниэхэ ким да көмөлөспөт, ким да киниттэн тутулуктаммат. Хас биирдии персонаж характер буолбат. Сорохтор бэйэлэрин санааларын этиэ суохтарын эмиэ сөп [4-253].
Тиип диэн бэйэтэ туспа санаалаах, көрүүлээх личность. Литератураҕа киэҥник туттуллар «кыра киһи» диэн өйдөбүл баар. «Кыра киһи» характер буолбатах, тиип диэн ааттанар диэн литературоведтар суруйаллар [4-255].
Персонаж. Үксүн мөкү өрүттэри көрдөрөр эбэтэр герой характера арылларыгар көмөлөһөр. Бу персонажтар геройга утары туруохтарын сөп. Кини сыалын ситиһэригэр мэһэйдээн дуу, кини утары саҥаран дуу омсолоох персонаж буолалларын биллэрэллэр. Төһө даҕаны көмө персонаж буоллаллар, айымньы кинилэрэ суох сатаммат. Хас биирдиилэрэ туох эрэ сыаллаах киирэллэр. Онон, персонаж айымньыга көстөр, туох эрэ сыаллаах-соруктаах киирэр. Кини саҥаран-иҥэрэн дуу, хамсанан-имсэнэн дуу баарын биллэрэр [4-252].
Персонажтар тиһиктэрэ
Уус-уран айымньыга хас биирдии персонаж миэстэтинэн, функциятынан, суолтатынан, атын персонажтарга логическай ситимнээх сыһыаннаах. Маннык ситимнэһии нөҥүө уус-уран уобарастарга автор позицията олохтонор.
Персонаж – литэрэтииринэй айымньыга ойууланар, дьайыыны оҥорор, сюжет хаамыытын сайыннарар. Кини суруйааччы ис туругун, санаатын этэригэр көмөлөһөр, айымньы идеята, тиэмэтэ арылларыгар улахан суолталаах. Бу тиэрмин үс сүрүн бэлиэлээх:
- Кини киһинэн, атын тыынар тыыннааҕынан эбэтэр эттигинэн бэриллиэн сөп;
- Дьиҥнээх олоххо баар, эбэтэр олоро сылдьыбыт киһини ойуулааһын;
- Суруйааччы бэйэтин өйүттэн оҥорон таһаарбыт персонаһа.
Персонажтар бары тус-туспа толорор оруоллаахтар, айымньыга тугу эрэ оҥорор соруктаахтар.
Польша литературнай кириитигэ Ежи Фарино: “Персонажтар өссө тиһиктээхтэр”, — диэн бэлиэтиир. Кини персонажтары түөрт бөлөххө араарар, ол курдук бааллар:
Объект-персонажтар, кинилэр айымньы сүрүнэ буолаллар, этэр этиилэрэ, саныыр санаалара айымньыны сайыннарыахтаах. Объект-персонажтар диэн айымньыга улахан суолтаны ылар сүрүн геройдар буолаллар. Кинилэр айымньы сүрүн тиэмэтин, идеятын арыйаллар, сюжет сайдыытыгар улахан суолталаахтар.
Бааллар ойуу-персонажтар. Бу персонажтар айымньыга көннөрү ойуу эрэ быһыытынан көстөллөр. Бу сүрүн герой буолбатахтар, ойоҕос персонажтар диэххэ сөп. Ол эрэн, кинилэр айымньы сүрүн санаата, геройдар характердара арыллалларыгар улахан суолталаахтар. Айымньыга үгүс дьайыыны оҥороллор, элбэхтэ көстөллөр.
Айымньыга ахтыллан эрэ ааһар персонажтар. Ол эбэтэр бу персонажтар бэйэлэрэ айымньыга көстүбэттэр, дьайыыны оҥорботтор эрээри, кинилэр тустарынан атын геройдар саныыллар, кэпсэтэллэр. Айымньыга кинилэр атын персонаж кэпсээнэ, санаата эрэ буолуохтарын сөп. Сороҕор маннык геройдар кэпсээн иһигэр кэпсээҥҥэ бааллар, дьэ онно сүрүн персонаж буолуохтарын сөп. Холобур айымньы иһигэр баар үһүйээннэргэ, түүллэргэ уо.д.а. маннык персонажтар айымньыны байыталлар, кэҥэтэллэр.
«Суох» персонажтар. Кинилэр айымньыга улахан оруолу ылбаттар. Кинилэри айымньыга дьайыы оҥоро сылдьар персонажтар ахтан, ааттарын эрэ ааттаан эбэтэр кыратык санаан ылаллар. Бу персонаж туһунан туох да кэпсэммэт (олоҕо, дьарыга, ханна баара). Ол эрэн, маннык персонаж айымньыга суоҕа, көстүбэтэ айымньы сюжетыгар суолталаах.
Иван Гоголев “Иэйэхсити кэлэтии” романыгар барыта 223 персонаж ойууламмыт. Бу ромаҥҥа барыта “объект-персонажтар” – 10, “ойуу-персонажтар” – 155, “ахтыллан ааһар персонажтар” – 33, “суох персонажтар” – 25. Романы барытын ылан көрөр буоллахха, манна сүрүн герой Кулуһун. Кини “объект-персонаж”. Мыреева А.Н. бэлиэтиринэн, новеллалартан турар романы биир сүрүн герой – Кулуһун ситимниир.
“Үһүс харах” ромаҥҥа 176 персонаж бэриллибит. Манна “объект персонажтар” – 9-тар, “ойуу-персонажтар” – 137, “ахтыллан ааһар персонажтар” – 14, “суох персонажтар” – 16.
Уратылара
“Объект-персонаж” – биллэн турар Кулуһун, Кыраһа киирэллэр.
“Ойуу-персонажтар” айымньыга үксүгэр олохтоох дьон. Айымньы сюжета сайдарыгар суолталаахтар.
“Ахтыллан ааһар персонажтартан” Христоһу, Моисейи, Эллэйи уонна Тыгын Мунньаны бэлиэтиэхпитин сөп. Кинилэр персонажтар нөҥүө ахтыллаллар, итэҕэли кытары ситимнээхтэр, сорохтор өбүгэлэрэ буолаллар, эбэтэр урукку кэмҥэ алтыһа сылдьыбыт дьоно.
“Суох персонажтартан” Иэйэхсит Хотуну, Иван Грознайы, Дойдуһа Дарханы бэлиэтиибит. Кинилэр айымньыга суохтар, ол эрээри эмиэ суохтарынан суолталаахтар. Кинилэр айымньы сюжета сайдарыгар суолталара суох, ааттара көннөрү ааттанар эрэ. Ахтыы быһыытынан да киирбэттэр.
Иван Гоголев-Кындыл “Иэйэхсити кэлэтии”, «Үһүс харах» романнарын персонажтарын чинчийэн баран, персонаһы арыйар маннык өрүттэрин бэлиэтиибит:
- Персонаж аата кини ис санаатын, хайдах киһитин этэр.
- Персонажтара бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат ураты характердаахтар.
- Персонаж тас дьүһүнэ кини ис санаатыгар дьүөрэ. Ааҕаччы персонаж мэтириэтин ойуулааһынын аахта даҕаны, бу туох санаалаах киһи буоларын тута сэрэйэр.
- Биһиги санаабытыгар, персонажтар киһиэхэ сыһыаннарынан толору арыллаллар.
- Хас биирдии персонаж айымньыга ураты миэстэлээх, айымньы ис хоһооно сайдарыгар улахан оруоллаах.
Персонажтары түөрт бөлөххө арааран көрбүппүтүгэр, үгүс персонажтар ойууга уонна ахтыллан ааһарга киирсэллэр эбит.
Иван Гоголев персонажтарын саҥаларынан, тылларынан-өстөрүнэн характеристикалааһыны сэдэхтик туттар. Уйулҕа хамсааһынын, персонажтар икки аҥы хайыттарар санааларын чопчулуур уһун монологтары ромаҥҥа эмиэ булбаккын. Персонаж тас көстүүтүн ымпыктаан ойуулааһын эмиэ аҕыйах. Кинилэр ылар миэстэлэрин бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтиннэрэн чопчулаан биэрэр. Ол курдук, ромаҥҥа диалогтар, саҥа аллайыыларынан саҕаланар тэттик ойуулааһыннар, персонаж тас көстүүтүгэр туох эрэ ураты, бэлиэ уларыйыылары чопчулуур кылгас быһаарыылар бааллар. Маны таһынан, персонаж ис дьиҥэ кини аатыгар толору арыллар. Холобур, Кулуһун, Болбукта, Кыраһа. Кыраһаны ойуун аҕата Кыраһа курдук буоллун диэн инник ааты иҥэрэр. Ол эрээри, ураты ааттар ромаҥҥа олох аҕыйахтар, суолталаах эрэ персонажтарга бэриллибиттэр.
Ононо, саха талааннаах суруйааччыта Иван Гоголев “Иэйэхсити кэлэтии”, «Үһүс харах» романнарын персонажтарын чинчийэн баран, маннык уопсай түмүккэ кэллибит:
- Үтүө майгылаахтар, уйан дууһалаахтар, чиэһинэйдэр.
- Ыарахан дьылҕалаахтар. Бары соҕотохтор, тулаайахтар, кимнэрэ да суох.
- Персонажтар олоххо миэстэлэрин олус ыараханнык, элбэх моһолу көрсөн баран булаллар.
Иван Гоголев романнарыгар, атын эпическэй хабааннаах саха айымньыларыгар тэҥнээн көрдөххө, персонаж арааһа ойууламмыт. Ону биһиги айымньылар философскай жанрга суруллубуттарынан быһаарабыт.
Туһаныллыбыт литература:
- Гоголев И.М. Иэйэхсити кэлэтии. – Якутск: Кн. изд-во, 1993. – 272 с.
- Гоголев И.М. Үһүс харах. – Дьокуускай: Бичик, 1999. – 248 с.
- Окорокова В.Б. Пути развития прозы в лит народов Якутии. Якутск: 2001. — Часть2 — 21-22 с.
- Теория литературы : учеб. Пособие для студ. филол. фак.высш. учеб. заведений : в 2 т. / под ред. Н.Д. Тамарченко. – М.: Издательский центр «Академия», 2008. – 248-255 с.
- Фарино Ежи. Введение в литературоведение. – С-П.: РГПУ им. Герцена. – 2004 // http://bookre.org/reader?file=1345893&pg=2