Литература сыралаах үлэһитэ, кыһыл сэрииһит, коммунист Эрилик Эристиин олорбут олоҕо, охсуспут охсуһуута көлүөнэлэртэн көлүөнэлэргэ салҕана турар. Кини үтүө холобуруттан эдэр ыччат үрдүккэ, сырдыкка, Ийэ дойдуну таптааһын патриотическай тыыныгар иитиллэр.Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин – уһулуччу талааннаах, уустук дьылҕалаах саха поэта, прозаига, олоҥхоһута. Кини 1892 сыллаахха тохсунньу 24 күнүгэр Боотур Уус улууһугар Чакыр нэһилиэгэр орто бааһынай Яковлевтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Төһө да сэниэ ыал буоллаллар, Яковлевтар оҕолоруттан кими да үөрэттэрэ биэрбэтэхэтэрэ. Семен ол да үрдүнэн, сүрэх баҕатынан бэйэтэ сылдьан эрэн, чугас уруута Старостин Г.Д уонна нэһилиэк үөрэхтээх киһитэ Егоров Ф.М көмөлөрүнэн ааҕар, суруйар буолбута. Дьаныһан үөрэнэн Семен уончатын туолуутугар ханнык баҕарар суругу иҥнибэккэ ааҕар буолбута.
1923 сылтан Семен Яковлев араас ыстатыйалары суруйуунан дьарыктанар. Куорат общественнай олоҕун үтүө сабыдыала кини ити кэминээҕи публицистикатыттан да көстөр. Бу кини общественнай үлэтин быстыспат сорҕото этэ. Эрилик Эристиин оччотооҕу ыстатыйаларыгар араас боппуруостары хабан суруйара уонна олорго сөптөөх быһаарыылары биэрэрэ ааҕааччылары кэрэхсэтэр. Кини бу ыстатыйаларыгар, төһө да үөрэҕэ суоҕун иһин, олоҕу дириҥник өйдүүрүн, бэйэтин олоҕун баай опытынан сирдэтэн сөптөөх принциптэргэ олоҕурбут түмүктэрин оҥорорун бэлиэтээтим.Холобур: «Саха олоҕо» диэн 1924 сыллаахха суруйбут ыстатыйатыгар сүрүн проблемата: Саха омуга үөрэхпит суох буолан олоҕу дьаһана иликпит. Сатаабаппытыттан , бары үлэлиир үлэбит, дьаһанар даһалбыт төгүрүччү ночооттоох өттө буолар.
Ону быһаарар суола:Бастаан олоҕу кыайдахха, үөрэххэ тиийиэхпит, үөрэҕи кыайдахха, олох үтүөтүгэр тиийиэхпит. Онон олох икки үөрэх икки биир кииннээхтэр. Эрилик Эристиин этэр “бу курдук куһаҕан олоххо олорон түргэнник үөрэнэн биэриэхпит суоҕа. Холобура, бурдугу кыайан үүннэрбэтэххинэ, оҕоҕун тугунан аһатан үөрэттэрииһиккиний?! Үөрэҕи билэ иликкэ эмиэ үлэни кыайан, олоҕу үчүгэйдик тэриниэххэ сатаммат. Араас массыынанан үөрэх быһыытынан үлэлиир буоллахха, быдан үлэ курдаттаан, олоҕу тупсара охсон баран, дьэ холкутук сылдьан, үөрэҕи батыһыах тустаах этибит.
Сүөһү да иитэрбитигэр, үлэлиирбитигэр даҕаны үөрэх улааттаҕына, тэнийдэҕинэ, агроном диэн үөрэхтээх дьон ыйыыларынан тэринэн олордохпутуна, оччоҕо олохпут оҥоһуутун кыайыахпыт, сатыахпыт. Онон ити иккини иккиэннэрин өрө таһаардахха, дьэ, биһиги дьоллоох олохпут көстүө этэ. – диэн тылларынан туруорбут сытыы проблематын быһааран түмүктүүр. Кини эппит хас биирдии тыла оруннааҕын сэргээтим.
Иккис сэҥээрэн аахпыт ыстатыйабынан Эрилик Эристиин 1924 сыллаахха суруйбут «Тыа олоҕо-дьаһаҕа» диэн ыстатыйата. Бу ыстатыйаҕа Семен Яковлевич көтөҕөр проблемата тыа улуустарыгар, нэһилиэктэригэр туох да кэпсээн (агитация) суох буолан, тыа үөрэҕэ суох хараҥа норуота билигиҥҥэ диэри Советскай былаас тугу оҥорорун, коммунист партия ким иннигэр мөккүһэрин билбэккэ олороллор. Олоххо туох куһаҕанын биитэр туох туһалааҕын эмиэ билбэттэр.
Билигин тыа дьонун үтүө көрө буолан саататан, тунуйааччы быһыылар манныктар. Бары киһи баайын-тотун аймыыр хаарты, добунуо, лотуо, дуобат диэннэр дэлэй бардылар. Маны тыа иһинээҕи Советскай үлэһиттэр, буойуохтааҕар, сорохторо бэйэлэрэ кытта оонньууллар. Өссө сайын ат сүүрдүүтэ.
Кини этэр:
- Сымыйа итэҕэл уруккутунааҕар намтыан кэриэтэ улаатан иһэр. Аҕабыыттар сорохторо таҥара дьиэтигэр, сорохторо көннөрү ыал дьиэтигэр сулусуу гынан лааданнарын буруота сириэдийдэ, ыллыыр дорҕоонноро ыраатта. Оттон ойуун диэн бу сытар суол буоллаҕа дии, аҕыйах хонукка баттаҕы уһата түүһээт, ойуун буоллубут диэн кыырбытынан бараллар.
- Отоһуттар диэн эмчит дьон ханнык да улахан ыарыыны, оттон-мастан, арааһынайтан эмп оҥосто-оҥосто, бэйэлэрэ билэллэринэн эмтээн иһэллэр.
- Кыра дьоҥҥо көлөтө суох буолан, куораттан киирэн наадаларын ылбаттар. Онон көлөлөөх баай дьон чаастатык куораттан табаары таһааран кыра дьону хаамтараары гынан эрэллэр.
- Сымыйа кэпсээн туох да мээлэ иһиллэн турар. Оннооҕор була сатаан, соҕурууттан киһи — сүөһү буһан өлөр куйааһа иһэр үһү, уо.д.а
Туруоруллубут проблеманы быһаарар суола:
Арай кинилэр хаарты, онтон да атын кыһыылаах, олоххо хоромньулаах суоллары батыспаттара эбитэ буоллар, тыа улуустарыгар,нэһилиэктэригэр кулууп оҥорон дьону сымыйа итэҕэлтэн быыһыахха. Оттон ойуун диэн ыарыыттан эрэ итэҕэйиллибит суол. Онон балыыһа, аптека аһан, ыарыыны кыайдахха, ону кытары тэҥҥэ сымыйа ойуун дүҥүрэ хаптайыа этэ. Оттон куһаҕан дьаллыктар, хаарты эҥин,үс – түөрт үчүгэй кэпсээнинэн уурайыа этэ.Уонна туох да күүһү харыстаабакка, кэпсээн (агитация) күүһүн үрдэтиэххэ. Улуустарга, нэһилиэктэргэ кэпсээччи инструктор дьону таһаартаан, былаас быһыытын-майгытын биллэриэххэ наада. Оччоҕо эрэ дьон-сэргэ сайдан иһиэ этэ. – диэн быһааран, туруоруллубут сытыы проблемаларын сонно тутатына быһаарар. Ол курдук, «Үөрэҕинэн эрэ өрүһүйүөхпүт», «Сахалыы сурук туһа», «Ночооттоох оонньуу», «Суол куһаҕана олох оҥоһуутугар мэһэйдээх» ыстатыйаларын ааҕан саха ол кэминээҕи олоҕун, көрсөр кыһалҕаларын биллим. Эрилик Эристиин ыстатыйаларыгар көтөҕөр проблематынан саха норуотун олоҕун туох да эбиитэ көҕөрөтүүтэ суох ырылыччы көрдөрөр диэн түмүккэ кэллим
Сүдү суруйааччыбыт Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин сытыы проблемалары быһаарар суолун, толкуйдуур толкуйун, сүбэлиир сүбэтин ылыннахпытына уонна тутустахпытына эрэ Саха сирэ, норуота инникилээх, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх, кэскиллээх буолуо.
Туһаныллыбыт литература
- « Айымньылар». Маҥнайгы том. Эрилик Эристиин- Якутскай, «Саха сиринээҕи кинигэ издательствота», 1969 с.
- « Айымньылар». Иккис том. (кэпсээннэр, очеркалар, ахтыылар) Эрилик Эристиин- Якутскай, «Саха сиринээҕи кинигэ издательствота», 1969 с.
- «Эрилик Эристиин» Н.Н.Тобуроков (олоҕун, айар үлэтин туһунан очерк), Саха сиринээҕи кинигэ издтельствота, Якутскай, 1963 с.
- «Олоҕум кэрэ аргыстара» (ахтыылар), Ф.П.Ефимов, «Бичик» национальнай кинигэ кыһата, Дьокуускай, 1993 с.