УДК 821.512.157-31Калитин
Турнина В.Н.,
Северо-Восточный федеральный университет
Научный рук.: Л.П. Григорьева, к.ф.н., доцент СВФУ
Николай Романович Калитин — Саха сирин биллиилээх суруйааччыта, поэт, прозаик уонна литературнай кириитик. Кини маҥнайгы кинигэтэ 1978 с. тахсыбыта. “Иһит миигин, Аар тайҕам”, “Булчут”, “Бултамни”, “Байанайым ымыытын ыллатан”, “Сны в инее” диэн кинигэлэр ааптардара. Айымньылара нууччалыы, казахтыы, татардыы, английскайдыы, французтуу тылларга тылбаастаммыттара.
Н.Калитин билиҥҥи литератураҕа “Томмоо” диэн ураты ис хоһоонноох, дириҥ идеялаах айымньыны суруйан ааҕааччылары кэрэхсэттэ. Ол туоһутунан сэһэн Россия Улахан Литературнай бириэмийэтин ылбыта уонна билиҥҥи кириитикэҕэ биһирэммитэ буолар [3; 4]. Суруйааччы “Томмоо” сэһэнин аан бастаан 2011 сыллаахха кэпсээннэрин кытта биир кинигэҕэ бэчээттэппитэ, онтон 2013 сыллаахха айымньытын ситэрэн, сюжетын сайыннаран, ис хоһоонун өссө дириҥэтэн туспа кинигэнэн таһаарбыта.
Суруйааччы “Томмоо” сэһэнигэр хотугу аҕыйах ахсааннаах эбэҥки норуотун билиҥҥи олоҕун-дьаһаҕын ойуулуур, техническэй, культурнай сайдыыны хайдах ылыналларын реалистическайдык көрдөрөр. Сэһэн сүрүн геройа – Томмоо. Кини 40 сааһыттан тахсыбыт, төрөппүттэрин кытта бииргэ көһө сылдьан бултуур оҕото-уруута суох эбэҥки. Айымньы устатын тухары Томмоо кыһалҕата, кини аныгы кэм уустуктарын, мэһэйдэрин кытта охсуһуута уонна түмүгэр дьолун булуута сюжет сүрүн линиятын үөскэтэр. Саха народнай поэта Василий Сивцев сэһэн сюжетын туһунан маннык бэлиэтиир: “Бултаах сир Буотама барахсан тыатын, отун-маһын, иччилэрэ буолбут Олломоон оҕонньор, эмээхсинэ Сэлэҥэ, бэйэлэрин кытта мэлдьи бииргэ сылдьыбыт уоллара Томмоо буоланнар, саха киһитигэр кэргэн тахсыбыт кыыстара Уйгу олорор Сонноох дэриэбинэтигэр сайылаан баран кыстыктарыгар айаннаан иһэллэриттэн сэһэммит саҕаланар. Бу баара суоҕа түөрт киһи өйө-санаата, олоххо, бэйэ-бэйэҕэ сыһыана эбэҥки норуотун уратытын, үтүө дууһатын, айылҕа оҕотунуу ыраас санаатын көрдөрөр сэһэн эргийэр киинэ буоланнар, ааҕааччыны биир да чыпчылҕаҥҥа аралдьыппакка, бэйэлэригэр тардаллар, болҕомто үөһүгэр сылдьаллар” [4, с. 96]. Маны таһынан сэһэҥҥэ норуот ураты майгыта, сиэрэ-туома олус ылыннарыылаахтык ойууланар, ол Сэлэҥэ, Олломоон уонна Томмоо олохторун майгытыгар сыһыарыллан арыллар.
Биһиги Н. Калитин “Томмоо” сэһэнин проблематикатын, айымньы билиҥҥи литератураҕа суолтатын, миэстэтин быһаарарга холоннубут.
Уус-уран айымньы проблемата диэн общество олоҕор тирээн турар боппуруоһу көтөҕүү ааттанар. Литературовед А.Б. Есин айымньы проблематикатын өйдөбүлүн маннык быһаарар: “Проблематика — область осмысления, понимания писателем отраженной реальности. Сфера, в которой проявляется авторская позиция мира и человека, где запечатлеваются размышления и переживания писателя” [1, с. 28]. Кини проблематика көрүҥнэрин быһаарарыгар биллэр теоретик, литературовед Г.Н. Поспелов классификациятыгар тирэҕирэр уонна уус-уран айымньыга маннык проблемалар көтөҕүллүөхтэрин сөп диир: мифологическай, национальнай, социокультурнай, романнай уонна философскай. Н. Калитин “Томмоо” сэһэнигэр биһиги национальнай уонна социокультурнай проблемалары көтөхпүт диэн бэлиэтиибит. Онуоха айымньы сүрүн проблематынан сиэр-майгы проблематын ааттыыбыт. Ол айымньыга баар геройдар бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннарыгар арыллар: киһи — киһиэхэ, омук — омукка, салайааччы – үлэһиттэргэ о.д.а. Сиэр-майгы проблемата Томмоо милииссийэ үлэһиттэригэр туохха түбэспиттэрин тиийэн тыллыырыттан саҕаланан, айымньы устатын тухары улам дириҥээн барар. Ол курдук Томмоо сааларын, таҥнар таҥастарын уорбуттарын тыллыы Соннооххо милииссийэлэргэ тиийбитигэр, төттөрүтүн, бэйэтин буруйдууллар: “эбэҥкилэр бары иһээччилэргит”, “сааны-сэби атыылаан баран арыгылаабытыҥ буолуо” диэн баайсаллар, кырбыыллар түмүгэр үс сылга хаайыыга олордоллор. Томмоо көнө майгылаах, үөрэҕэ суох, кэнэн киһи буолан итини барытын тулуйар. Билиҥҥи олоххо бу баар суол: дьон күннэтэ куһаҕан сыһыаны, сэнэбили уонна балыйыыны көрсөллөр. Ити барыта билиҥҥи кэм, общество сиэр-майгы өттүнэн сатарыйбытын, олох уустугурбутун көрдөрөр. Суруйааччы итини барытын бэйэтин айымньытыгар сытыы проблема быһыытынан туруорар.
Сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, тимир суол тутуутугар туора сиртэн үлэһиттэр кэлэллэр. Айымныга ааҕабыт: “Саха сирин соҕуруу өттүттэн ааһыахтаах тимир суолу тутааччылар, халыҥ тыаны тоҕо солоон, холоруктаах силлиэ кэриэтэ соһутан, онно олохтоох булчут, балыксыт эбэҥкилэр олорор сирдэригэр толоостук өтөн киирэллэрэ, олохтоох дьон сиэрин-майгытын билбэттэрэ айдааны, аймалҕаны тардар…” [4, с. 96, 97]. Олломоон оҕонньордоох пурига (үрдүк атахтаах лаабыс) кыстаан хаалларбыт булка кэтэр таҥастара, туттар маллара, саалара барыта сүппүт, табаларын өлөртөөбүттэр, үүтээннэрин үрэйбиттэр. Кэлин маны барытын кэлии дьон оҥорбуттара биллибитэ. Ол эрэн салайааччылара Македон Иванович үтүө суобастаах киһи буолан, сыыспыттарын тута өйдөөн, толкуйдаан, үлэһиттэригэр өйдөтөн, кэлин Томмооҕо саҥа дьиэ тутан биэрэллэр, буруйдарын боруостууллар.
Сэһэҥҥэ дьон куһаҕан, сиэрэ суох быһыыларыгар Томмоо киһилии майгыта ураты туруоруллан ойууланар. Ол курдук кини атаҕастаабыт, сааларын былдьаабыт дьоно оһолго, саахалга түбэспиттэригэр көрөн турбат, кинилэри өлүүттэн быыһыыр. Ону В.Сивцев чорботон бэлиэтиир: “…кыһыҥҥы бытарҕан тымныы оройугар уонтан тахса көстөөх сиргэ тиийэн, дьоҥҥо тыллаан, иэдээҥҥэ түбэспит дьону быыһыыр хорсун быһыыны көрдөрөр” [4, с. 97]. Томмоо ханнык да ыараххаттартан толлубакка, иннин диэки бара турара уонна сырдыкка талаһара ааҕааччыны сөхтөрөр. Ааптар сиэр-майгы проблематын көтөҕөн, ааҕааччыга киһини кытта киһилии сыһыан, ытыктабыл, үчүгэйгэ талаһыы, эйэ баар буолуохтааҕын бэлиэтиир.
Биир суолталаах проблеманан айымньыга экология проблемата буолар. Танкетка Буотама үрэххэ тимириитэ – айылҕаҕа улахан хоромньуну оҥоруохтааҕа итэҕэтиилээхтик ойууланар: “Тимирбит танкетка оттуга тоҕуннаҕына, Буотума үрэх баһыттан атаҕар диэри букатыннаахтык сүһүрүөн сөптөөх. Ону ааһан, Лена өрүскэ түһэн, манна, Дьокуускайга тиийэ сутуйуоҕа. <…> ол содула аҥаардас айылҕа тыынар тыыннааҕар эрэ буолбакка, киһи доруобуйата бары өттүнэн сатарыйарыгар тиэрдиэн сөп” [3, с. 90]. Суруйааччы дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэни айымньытын сюжетыгар киллэрэр уонна бу тыҥааһыннаах түбэлтэҕэ эбэҥки киһитин Томмоо мындыр өйө кыайыылаах тахсарын көрдөрөр: танкетканы кини сүбэтин көмөтүнэн Буотама эбэттэн таһаараллар. Маны таһынан ааптар көмүһү уоран сууйуу, бултуур сир лицензиятын билсиинэн оҥоруу проблемаларын таарыйар.
Сэһэн иккис чааһыгар Томмоо алҕас эр киһи уонна дьахтар кэпсэтиилэрин истэр. Бу кэпсэтии кыһыл көмүһү хостооһун туһунан буолар. Орлов мөһөөччүктээх кыһыл көмүһү, оттон Луиза Куприяновна лицензия кумааҕытын атастаһа бэрсэллэрин көрөр. Бу дьон көмүһү уоран сууйар кистэлэҥ “үлэлэрэ” биллэн хаалбатын туһугар Томмоо бултуур сирин былдьыырга соруналлар. Мотуу соҕотох олордоҕуна, “Турук Таас” фирма айылҕаны харыстааһыҥҥа инспектора, дириэктэр дьахтар кэлэн, Томмоо бултуур сирин албыннаан былдьаары гыналлар. Манан Н. Калитин билиҥҥи олох “ыарыыларын” саралыыр уонна онтон сэрэхтээх буоларга ааҕааччыны ыҥырар.
Сэһэҥҥэ өссө хотугу дойдуга олох-дьаһах уустуга, суол-иис мөлтөҕө, таптал, эр киһи уонна дьахтар уустук сыһыаннара о.д.а. проблемалар таарыллаллар.
Түмүктээн эттэххэ, Н. Калитин “Томмоо” сэһэнэ ыччаты айылҕаҕа үчүгэйдик сыһыаннаһарга, харыстыырга, сиэри-туому тутуһарга үөрэтэр. Ааҕааччыны сэрэтэр, толкуйдатар. Н. Калитин айымньытыгар аныгы кэмҥэ баар тоҕоостоох проблемалары көтөхпүт. Онон “Томмоо” сэһэн билиҥҥи эбэҥки литературатын биир кэрэхсэбиллээх, сытыы проблемалардаах айымньытынан сыаналанара саамай сөптөөх.
Литература:
- Есин А. Б., Принципы и приемы анализа литературного произведения: Учебное пособие. — М., 2000.
- Калитин Н. Р. Томмоо: сэһэн, кэпсээннэр – Якутскай: Бичик, 2011.
- Калитин Н. Р. Томмоо: сэһэн – Якутскай: Бичик, 2013.
- Сивцев Василий. Томмоо // Күрүлгэн. 2012. №6, С. 96-97
- Тогошиева К. А. Үөрэ махтайа аахтым // Күрүлгэн. 2014. №1, С. 73-76