Күлүмнүүр- саха литературатын төрүттээччилэртэнн биирдэстэрэ

5 июля 5:39

В.В.Никифоров-Күлүмнүүр — сахалыы тылынан бэчээттэммит бастакы айымньы автора. Кини “Манчаары” драмата (1906) билигин саха литературатыгар 10 кылааска үөрэтиллэр. Бэйэтэ төрүттээбит “Саха саҥата” сурунаалыгар “Мунньах”, “Дуона суохтан улахан тахсар”, “Дьиэрмак” кэпсээннэрэ бэчээттэммиттэрэ. Онон Күлүмнүүр драматургияҕа уонна прозаҕа айымньылара биллэллэр.

Баай батталын утарар мөккүөргэ олоҕун анаабыт Манчаары Баһылай үгүс мөккүөрдээх олоҕун туһунан В.В.Никифоров-Күлүмнүүр, А.И.Софронов-Алампа, В.А.Протодьяконов-Кулантай драматическай айымньылары суруйбуттара.

          Күлүмнүүр “Сахалар Союзтарын” тэрийбитин иһин 1906 с. хаайыыга сытан, “Манчаары түөкүн”драманы оччотооҕуга үөрэҕэ суох норуот өйдүүрүгэр анаан, “пьеса” диэн киһинэн үтүгүннэрэн көрдөрөр оонньууну[i] суруйар. Бу драма сахалыы тылынан бэчээттэммит бастакы айымньы буолар. “Манчаары” драманы ырытыы, сыаналааһын саха литературнай кириитикэтин саҕаланыыта буолар. 

          Күлүмнүүр “Манчаары” драматын туһунан бастакы сиһилии ырытыыны С.Р.Кулачиков-Эллэй биэрбит. “Манчаары” драмаҕа сөптөөх сыанабылы В.Н.Леонтьев уонна Н.М.Заболоцкай биэрбиттэр. “Манчаары” драма туһунан нуучча үөрэхтээхтэрэ Э.К.Пекарскай уонна В.Г.Богораз-Тан хайҕаан суруйбуттара биллэр. Оттон Күлүмнүүр үтүө аатын тилиннэриигэ улахан өҥөлөөх И.Клиорина “Манчаары” драма дьылҕатын туһунан бүтүн кинигэни суруйбута биллэр. Биллэр литературнай кириитик Н.З.Копырин бу айымньы сахаҕа драма жанрын төрүттээбитин, романтическай күүрүүлээх реалистическай айымньы буоларын,  уус-уран өттө күүстээҕин, маастарыстыбалаахтык суруллубутун, бары өттүнэн сиппит-хоппут айымньы буоларын бэлиэтиир.  

Онон Күлүмнүүр “Манчаары” драмата сахалыы тылынан бэчээттэммит бастакы драма буолар. Күлүмнүүр саха драматическай искусствотын төрүттээччи быһыытынан сыаналанан, кини аата Саха театрын үрдүк өһүөтүгэр көмүс буукубанан сурулунна.

Күлүмнүүр 1913 сыллаахха Романовтар династиялара 300 сылын туоларыгар Петербурга барбыта. Онно туруорсан, М.Николаеваҕа нууччалыы тылбаастатан, тылбааһы сирэй көрдөрөн, кулун тутар 5 күнүгэр көҥүл ылбыта. “Бродячая собака” диэн арт-кафеҕа оччолорго Россия култууратын, литературатын элитата мустан, бэйэлэрин айымньыларын ааҕан билиһиннэрэр үгэстээхтэр эбит. В.В.Никифоров бу арт-кафеҕа мустубут дьоҥҥо “Манчаары” драматын нууччалыы тылбааһын ааҕан иһитиннэрбит. Истээччилэр драманы биһирээбиттэр уонна туруорар туһунан этии киллэрбиттэр.

           В.В.Никифоров-Күлүмнүүр 1912-13 сылларга “Саха саҥата” сахалыы тылынан бастакы уус-уран сурунаалы тэрийэн таһаарбыт. В.В.Никифоров “Саха саҥатыгар” Суруксут, Сээркээн Сэһэн псевдонимнарынан бастакы кэпсээннэрин, ыстатыйаларын, тылбаастарын бэчээттэппитэ. Кини “Дуона суохтан улахан тахсар”, “Дьиэрмак” кэпсээннэрин аахтым уонна ырыттым. “Дуона суохтан улахан тахсар” айымньы иитэр суолтата улахан: бэрт кыраттан, дуона суохтан даҕаны улахан иирсээн тахсыан сөп.  «Дьиэрмак» — историческай хайысхалаах кэпсээн. Сүрүн герой уобараһа дьиҥ олохтон ылыллыбыт казак атамаана Ермак Тимофеевич Аленин (1530/40-1585) буолар. Ааптар Нуучча государствотын историятын үөрэтэн, чахчыларга олоҕуран, Дьиэрмак диэн сахалыы ааттаан оччотооҕу кэми кырдьыктаахтык ойуулуур. Күлүмнүүр бэйэтэ элбэҕи ааҕар, үөрэтэр киһи буоларын “Дьиэрмак” кэпсээнэ туоһулуур.

          Рафаэль Баҕатаайыскай таайа фольклорист А.С.Порядин ахтарынан, В.В.Никифоров хоһоону суруйар дииллэр эбит[ii]. Хоһоонноро өлбүтүн кэннэ ыһыллан хаалбыт буолуохтаахтар. “Манчаары” драма тыла-өһө сүрдээх уус-уран. Ол курдук Манчаары бүтэһик тыла хоһоон тылыныы хомоҕойдук кутуллар. 

В.В.Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах “Күлүмнүүр, күлүмнээ!” бырайыак чэрчитинэн экспедицияҕа сылдьан, кини нууччалыы суруйбут анабыл хоһоонун буллубут. Хоһоон блокнокка суруллубут. Блокнот от күөҕэ баархат тастаах. Олус кичэллээхтик уурулла сылдьыбыта биллэр, онон суруга чуолкайдык көстөр. Хоһоон 1904 сыл кулун тутар 29 күнүгэр суруллубут:

Любить, не ненавидеть,

Людскую дружбу видеть

Всегда в душе мечтал

И всех за братьев я считал!

 

Но годы юности прошли –

Мечты и нас уж нашли :

Другие дни явились

И братья мне лишь снились.

 

Теперь уж люди все умны,

Любовь и дружба не нужны;

Счастливой быть желаю –

В любви жить предлагаю!

                       В.Никифоров

 

В.Никифоров, 38 саастаах киһи, эдэркээн кийиит Раиса Прокопьевна Лепчиковаҕа бэйэтин баҕа санаатын тиһэн, сүбэлиир-амалыыр ис хоһоонноох нууччалыы хоһоон анаабыт.

Анабыл хоһоон түөртүү строкалаах 3 строфанан суруллубут. Ааптар хоһоон уратытын баһылаабытын айымньы паарынай рифмата туоһулуур: ненавидеть – видеть, мечтать – считать, прошли – нашли, явились – снились, умны – нужны, желаю – предлагаю. Анабыл хоһоон ритмин тутулун (сүһүөҕүн ахсаанын) ылан көрүөҕүҥ:

2-1-4   7                                  1-2-3-2            8                  2-1-2-1-2      8

3-2-2   7                                  2-1-1-1-2         7                 2-1-2-1-2       8

2-2-2   6                                  3-1-3                7                 3-1-3             7

1-1-1-2-1-2.  8                        1-2-1-1-2.      7                     2-1-4.        7

Күлүмнүүр 7-8 сүһүөхтээх строканан суруйбут.

Бу хоһоону суруйарыгар В.В.Никифоров улуус кулубатынан үлэлээн, Дүпсүҥҥэ оскуола астаран, Сибиряковскай экспедицияҕа кыттан, саха олоҕун-дьаһаҕын чинчийэн, Дьокуускайга босхо үлэлиир библиотеканы тэрийэн, адвокат быһыытынан идэтийэн, сахатын норуотун сырдатар, сайыннарар кэскиллээх үлэтин үгэнигэр сылдьар кэмэ эбит. Эһиилигэр тэрийиэхтээх “Сахалар сойуустарыгар” биир өйдөөх-санаалаах доҕотторун түмэ сылдьар уонна сойуус программатын, устаабын толкуйдуу, оҥоро сылдьар буолуон сөп диэн сабаҕалыыбыт.   Онон В.В.Никифоров-Күлүмнүүр бу анабыл хоһооно даҕаны кини хоһоонньут буоларын туоһулуур.

                    Түмүк: В.В.Никифоров-Күлүмнүүр “Манчаары” драматын, кэпсээннэрин уонна анабыл хоһоонун  үөрэтэн, маннык түмүккэ кэллим:

  1. В.В.Никифоров-Күлүмнүүр – саха литературатын төрүттэһээччи;
  2. Күлүмнүүр “Манчаары” драмата – сахалыы бастакы суруллубут, сыанаҕа оонньоммут, нууччалыы тылбаастаммыт, Россия театрдарыгар туруорарга көҥүллэммит драма;
  3. Күлүмнүүр кэпсээннэрэ биллэрэр, иитэр-үөрэтэр суолталаахтар;
  4. Күлүмнүүр анабыл хоһооно – Р.П.Лепчиковаҕа анаммыт Ушницкайдар дьиэ кэргэн киэн туттар, кэриэстиир өйдөбүнньүктэрэ буолар.

                    В.В.Никифоров-Күлүмнүүр саха литературатын төрүттээччи буоларын кини бэйэтин тыллара да туоһулууллар: “Я смею думать, что это первое произведение на якутском языке послужило достаточным толчком для политического воспитания подрастающего якутского юношества, почему, какой бы ни был конец моей жизни, я останусь в убеждении, что в движении общественной мысли якутского народа я внес известную долю своей лепты и основоположником якутской литературы являюсь я”.

Туһаныллыбыт литература испииһэгэ:

  1. Алексеева М.И. дьиэтээҕи архыыба, ахтыыта.
  2. Баҕатаайыскай Р. Сүгүрүйүү: Поэмалар. – Дьокуускай: Бичик, 2001. – 320 с.
  3. Брызгалов И. Үтүө ыал, дьоһун аҕа. – Өйдүүбүт, ахтабыт, кэриэстиибит… : В.В.Лепчиков туһунан ахтыылар / Хомуйан таһаарааччылар Лепчикова М.П., Лепчикова П.Н. – Дьокуускай: Компания “Дани-АлмаС”, 2014. С.32-37.
  4. Васильева Д.Е. Манчаары саха уус-уран литературатыгар. – Манчаары Баһылай – саха норуотун национальнай геройа: Науч.Практ. Конф. Матыр. – Дьокуускай:ИГИ АН РС(Я), 2006. – 148 с.
  5. Доклад о национально-культурном возрождении якутов. – Протоколы Учредительного съезда федерации национальных и территориальных союзов учителей и других деятелей по народному образованию. – С-ПБ: Роберник, 1907.
  6. Заболоцкай Н.М. Якутская литература (очерки) // Саха кэскилэ. – Якутск, 1927. – Вып.2.
  7. Клиорина И. О судьбе пьесы В.В.Никифорова “Разбойник Манчары”. – Якутск, 1991.
  8. Копырин Н.З. В.В.Никифоров-Күлүмнүүр (Олоҕо, үлэтэ, айымньыта). –

Дьокуускай: Литограф, — 186 с.

  1. Лөгүөнтэйэп Б.Н. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха ходуосастыбаннай литературата. – сб. Саха кэскилэ. – Якутск, 1926. – Вып.3.
  2. Малькова А. Василий Никифоров. События. Судьбы. Воспоминания. – С.230.
  3. Никифоров В.В. Тоҕо итиэннэ хайдах суруллубутай “Манчаары” диэн

оонньуу //  Хотугу сулус, 1991, №5, С.25-29.

  1. НикифоровВ.В. Манчаары. – Сахалитературата: 10-с кылааска

Үөрэнэр хрестоматия / Е.М.Поликарпова, В.С.Яковлев-Далан, Л.Ф.Молукова. – Дьокуускай: Бичик, 2009. – 376 с.

  1. Ноговицына Л., Иванова Е. В.В.Никифоров:Күлүмнүүр и современность – Якутск: СМИК-Мастер полиграфия, 2016. – 91 с.
  2. Попов Г.В. Лиэпчикэптэр // Чолбон, 1999, №9, С.62-64.
  3. Протопопова Н.И. Айыы Далбар Хотуна 5 – Дьокуускай: Бичик, С.
  4. Сергеевтэр Е., Н. Кардашевскай Георгий Романовичка ананар. / Хаартыскалаах альбом. – Кулантай аатынан ЛМК фондатыттан.
  5. Протодьяконов В.А. Манчаары – Кулантай Байанай: Сэһэннэр, драма,

ахтыылар / Хомуйан оҥордулар: З.В.Мигалкина, И.В.Мигалкин. – Дьокуускай: Бичик, 2002. – 304 с.

  1. Эллэй “Манчары” под судом современности // Автономная Якутия, 1929.