В. Лебедев поэзиятыгар Хоту дойду уобараһа

12 марта 2:48

Борисова Сайыына Гаврильевна,

Черемкина Айыына Егоровна

Северо-Восточный федеральный университет им. М.К. Аммосова,

Институт языков и культуры народов Северо-Востока РФ, ПО-СА-14


 

Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдулаах буолар. Киһи ханнык сиргэ- уокка төрөөбүтүттэн олоҕун суола эмиэ тутулуктаах. Биһиги санаабытыгар, Василий Дмитриевич Лебедев Дьылҕа Хаан ыйааҕынан Хоту дойдуга, эбээн норуотугар ананан күн сирин көрбүт курдук. Эбээн норуотун тылын-өһүн, култууратын чинчийбитэ, үрдүк кэрдиискэ таһаарбыта. Кини эбээн норуотун чаҕылхай талааннаах поэта, бастакы учуонайа.

Хоту дойду Василий Лебедевкэ, бастатан туран, төрөөбүт сирэ буолар, ол иһин кини лирическэй геройа олоххо билбит-көрбүт кэрэтин, үтүөтүн барытын кэриэтэ бу уобарас нөҥүө арыйар. Сүрэҕэр-быарыгар чугастык ылынара төрөөбүт, улааппыт, киһи-хара буолбут Муоматын, чуолаан Догдо Чыыбаахылаах нэһилиэгин кэрэ айылҕатын. Манна биһиги көрөбүт Ийэ тайҕа уобараһын, Дьааҥы хайаларын, таас үрэхтэри, үрүҥ табаны, дьүкээбили, сырдык ыраас сааскы күөх халлааны, туналыйар маҥан хаары. Хоту дойду киһитин сиэринэн, поэт бэйэтин айылҕа быстыспат сорҕотун, оҕотун да быһыытынан сананар.

Биһиги бары билэрбит курдук, айылҕа туһунан лиирикэ (пейзажнай лиирикэ) ураты национальнай көрүүлээх. Манна норуот  менталитета, тулалыыр эйгэтин хайдах туох ылынара көстөр. Айылҕа туһунан лиирикэ бары норуоттар литератураларыгар үйэлээх тиэмэ буолар. Хас биирдии суруйааччы айылҕаны, айылҕа кэрэ көстүүтүн уратытык ойуулуурга дьулуһар. Айылҕа уобараһын нөҥүө киһи ис дууһатын, ис санаатын арыйар, киһи аймахха бүтүннүүтүгэр сыһыаннаах  тиэмэлэри анаарар кыахтанар. Ол курдук, Василий Дмитриевич оҕо эрдэҕиттэн айылҕаны кытта алтыспыт буолан, төрөөбүт норуотун итэҕэлин, үгэстэрин билэ, тутуһа улааппыта дойдутун туһунан хоһоонноругар дьэҥкэтик көстөр.

Суруйааччы Хоту дойдуну хоһуйарыгар саамай туттар уобараһынан маҥан таба буолар. Эбээн норуота итэҕэл быһыытынан маҥан табаны олус күндүтүк саныыр, харыстыыр:

«Табам- миэнэ дьиэм- уотум,

Аһылыгым, таҥаһым.

Табам – эрэл доҕорум,

Мин олохпор аргыһым.

Оннук этэ өрүүтүн,

Оннук буолуо даҕаны.

Үйэм- сааһым тухары

Мин таптыаҕым табаны».

Поэт Ленинград куоракка үөрэнэ сылдьан төрөөбүт Хоту дойдутун олус ахтарын “Ытык таба” хоһоонун нөҥүө тиэрдэр:

           

         Прекрасный символ! Любим, лелеем.

Он рос быстрее и крепче всех.

И не срезали, как всем оленям,

Рогов ветвистых, считали-грех…

 

Легенду, что слышал я в давние годы,

Мне не забыть и в последний день:

Ведь для поэта преданье народа –

Тоже белый олень!

 

Маны таһынан,поэт тыйыс айылҕатын олох биир дьикти көстүүтүн, өбүгэлэрэ анаан хаалларбыт бэлэҕин тэҥэ сыаналыыр. Холобур, “Охотскай муора” диэн хоһооҥҥо:

Охотскай муора

Уордайан аҕылыыр,

Кыыһырбыт кыынньыытын

Кытылга тамнааттыыр.

Күүгэннээх долгунун

Күүрдэн таһааран,

Көһөҥө-көһөҥө

Көтөҕөн аҕалан

Күкүр таастарга

Күндээрдэ ыһыахтыыр.

 

Суруйааччы төрөөбүт дойдутун олус күүскэ таптыыра. Кини уһулуччулаах патриот этэ. Ханна да сырыттар төрөөбүт дойдутун, кини ураты айылҕатын умнубата, куруук ахтара, уобарастаан хоһуйара.

Поэт “В дремучей тайге” диэн хоһоонугар айар талаана төрөөбүт дойдутуттан силис-мутук тардыбытын, сайдыбытын уонна киниэхэ махтанан куруук кэлэ турарын туһунан “кэпсиир”:

“В дремучей тайге

Родилось мое слово,

В горах Верхоянска

И в тундре песцовой.

Они в своем слове

Жизнь и основа,

И к ним возвращаюсь

Я снова и снова”.

Ааптар айылҕаны хоһуйар хоһоонноругар үгүстүк “сырдык” (сырдык сардаҥа, сырдык уулаах өрүстэрэ, сырдык күн, сырдык олох),  “үрдүк” (үрдүк  хайа, үрдүк  сыыр),  “маҥан” (маҥан таба, үрүҥ ый, маҥан хаар, кыһын), “күөх” (күөх от, сайын, саас, тыа, тайҕа, халлаан, муора, сибэккилэр) курдук эпитеттэри туттар.

Оҕо сааһа уонна төрөөбүт дойдута үксүгэр киниэхэ биир кэлимсэ өйдөбүл, уобарас буолар түгэннэрдээх. Холобур, “Лечу на Мому” диэн хоһоонугар:

 

“Лечу я в пространстве высоком,

Гляжу – не могу наглядеться.

Лечу я к далёким истокам,

Лечу я к забытому детству”.

 

Василий Дмитриевич биир хоһоонугар интэриэһинэй санааны этэн турардаах:  «Человек похож на край, где вырос!Где глаза свои открыл впервые” — диэн. Хоту дойду киһини үлэһит буоларга, дьулуурдаах уонна тулуурдаах буоларга иитэр-үөрэтэр эбит. Поэт биир дакылаатыгар маннык диэн эппит: “Мы служим советскому народу. У нас есть все возможности работать вдохновенно и одухотворенно, наш долг – поднять свою литературу на еще большую высоту”. Биһиги санаабытыгар, суруйааччы бэйэтин ытык иэһин норуотун иннигэр чиэстээхтик толорбута, кинини өссө үрдүк кэрдиискэ таһаарбыта, сайыннарбыта.

Эбээн норуотун талааннаах уола Василий Лебедев туһунан сэмэй бэлиэтээһиммитин народнай поэт Андрей Кривошапкин маннык этиитинэн түмүктүөхпүтүн баҕарабыт: “Суруйааччы айар үлэтэ, эбээн норуотугар киллэрбит кылаата, бары научнай үлэлэрэ маҥан таба кэриэтэ норуот өйүгэр ыраас, сырдык өйдөбүл буолан хатанан хаалыахтара”.

Научный руководитель: Попова М.П., к.ф.н., доцент