Дмитрий Апросимов поэзиятыгар уобарастааһын уратыта

30 марта 4:36

Софронова Варвара Анатольевна, студентка Северо-Восточного федерального университета им. М.К. Аммосова, ИЯКН, ПО-СА-15

Научный руководитель: Архипова Е.А., ф.н.к.

Дмитрий Нестерович Апросимов 1925 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр Уус-Маайа улууһугар Күп нэһилиэгэр дьадаҥы эбэҥки ыалыгар төрөөбүтэ. Төрөөбүт сирэ-дойдута Эдьээн сэлиэнньэтэ айылҕата ураты кэрэ көстүүлээх, ыраас салгыннаах, көмүс уулаах Алдан долгуннарыгар сүгүрүйэн инники айар үлэтигэр дойдута, сирэ-уота уус-уран тылынан хоһуйуллан кумааҕыга, хаһыакка, кинигэҕэ бэчээттэнэн, суруйааччы айар талаана үгүс дьон биһирэбилин ылбыта.

Д.Апросимов эбэҥки литературатыгар талааннаах, ураты буочардаах суруйааччынан биллэн барбыта. Кини бэйэтин айымньыларын сахалыы суруйара, хотугу суруйааччылар хоһооннорун сахалыы тылбаастыыра.

Кыра эрдэҕиттэн кыһалҕалаах олоҕу билбитэ. Аҕата удьуор булчут эбэҥки эбит. Ол иһин Дмитрий эмиэ кыра эрдэҕиттэн бултка сыстыгаһа, айар үлэтигэр булт тиэмэтэ үгүстүк көстөр. Ийэтэ — саха дьахтара, Чурапчы Амматыттан төрүттээҕэ. Ийэтэ эрдэ өлөн, оҕо сааһа ыараханнык ааспытын Д.Апросимов ахтыытыттан билэбит. Балтын Катяны хоргуйан өлүө диэннэр, атын Апальковтар диэн ыалга иитэ биэрбиттэр. Иитиэх-аһатыах соҕотох убайдара сэриигэ тылланан баран, Сталинград иһин кыргыһыыга геройдуу охтубут. Миитэрэй төһө да ыарахан олохтоннор, төһө даҕаны ас-таҥас суох буоллар, Якутскайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ, онно үөрэнэ сылдьан саха народнай суруйааччытын Семен Даниловы кытта билсибитэ, бу билсиһии кини айар үлэтигэр улахан оруолу оонньообута.

Д.Апросимов поэзияҕа олоҕун бүтүннүүтүн анаабыта. Ол курдук бастакы хоһооно 1958 с. Үөһээ Бүлүү оройуонугар  «Дьолоох айаҥҥа»  диэн хомууруньукка бэчээттэммитэ. Онтон 1968 с. «Сүүрээн» хоһоон хомуурунньуга, 1978 с. «Үс үрүйэ», 1981 с. Москуба куоракка тахсар «Современник» сурунаалга «Три родника» хоһоон, 1983с. «Куралай Кустук» сэһэнэ бэчээккэ тахсыбыттара.

«Утум» кинигэ хоһооннорун хас да араас тиэмэҕэ усулуобунайдык араарыахха сөп:


  1. Анабыл хоһооннор
  2. Таптал хоһоонноро
  3. Оҕолоругар анаабыт хоһооннор
  4. Дьыл-кэм тиэмэтэ
  5. Көмүс күһүн тиэмэтэ
  6. Ийэ, аҕа уобараһа
  7. Оҕо саас тиэмэтэ
  8. Норуот сиэрэ-туома, дириҥ толкуйдаах хоһооннор.

Хоһооннорун бастакы хомуурунньуга «Сүүрээн» диэн ааттанан 1968 с. тахсыбыта. Сахалыы суруйар буолан, эдэр поэт эбэҥки норуотугар туох эрэ уратыны киллэриэхтээҕин өйдүүрэ. Бастакы хоһоонноругар, оччотооҕу поэттар курдук, үксүгэр социализмы, күүстээх үлэни, норуоттар доҕордоһууларын туойарын көрөбүт. Ол кэнниттэн бириэмэ ааспытын кэннэ, Д.Апросимов поэзията сыыйа уларыйан, тиэмэтэ кэҥээн испитэ, бэйэтин эрэ олоҕун туһунан буолбакка, бүтүн норуотун дьылҕатын толкуйдуура көстөн барбыта. Поэт таптаан айылҕа кэрэ көстүүтүн, дьыл уларыйыытын туһунан суруйар. Сүрүннээн тыаны, дьүкээбили, хайалары, таастары, сүүрээни ойуулуурун бэлиэтиибин. Ол эрэн, саамай элбэхтэ хоһоонугар киллэрбит көстүүтэ — кыһыл көмүс күһүн:

Көмүс күһүн, сыа-сым күһүн

Күлүм-чаҕыл өҥнөрүнэн

Күлүмүрдээн өссө көһүн,

Хоһоон тылын кэккэлэтэн…

Маны таһынан улуу Лена өрүс уобараһа Д.Апросимов хоһоонноругар сүгүрүйүүнү, тапталы, киэн туттууну көбүтэр:

Хайаны аннынан суһумнуу,

Халлаанныы арылла дьэҥкэрэн

Устаҕын, киэҥ Лена, саҕахтыын

Унаар-күөх тайҕанан силбэһэн

Таптал тиэмэтигэр Д.Апросимов хотугу дьахтарга сүгүрүйэр — үлэни сөбүлүүр, тымныыны тулуйар, иистэньэҥ, кэрэ нарын көстүүлээх кыыс кини сүрэҕин долгутар. Кини бастакы таптала, атын дьон курдук ааһан уостан хаалбат, төттөрүтүн сылтан сыл күүһүрэн иһэрин көрөбүт. Нарын иэйии кинини угуйан, тапталлааҕын кэргэн ылан, оҕо төрөтөн бу барыта Д.Апросимовка улахан кыайыы буоларын бэлиэтиир. Ол курдук «Отон таптала» хоһооҥҥо, таптал курдук күүстээх иэйиини дьоллоох дьон эрэ билэллэрин, ол кэнниттэн отонтон күүстээх — Аал Луук мас үөскүүрүн ойуулуур.

Поэт хоһоонугар айылҕа өссө биир кэрэ, хатыламмат, көрбүт эрэ умсугуйар ураты көстүүтүн — дьүкээбили хоһуйар.

Поэт аҕатын уобараһын элбэхтик айбыта. Холобура:

Аҕабын бу баардыы өйдүүбүн,

Сааскы күн сир солуу сылдьара.

Суон тиити охторон, төһүлүү

Тиритэн буруолуу турара.

Ол курдук аҕа уобараһа кини хоһоонноругар бииртэн биир ситэн, толоруллан иһэр: туохтан да толлубат, олоҕун барытын тайҕаҕа олорон атаарбыт, булка сүгүрүйэр, сиэри-туому билэр, тутуһар, дьиэ кэргэнин аһатан-сиэтэн, таҥыннаран, оҕолорун сиэтэ сылдьан булт албастарыгар үөрэппит эр киһи, хоһуун булчут уобараһын айбыта, аҕатын — ытык киһитин идеал оҥостубута.

Д.Апросимов күн сирин көрдөрбүт күн күбэй ийэтигэр анаан элбэх хоһооннордоох. Ийэ оҕотугар таптала туспа ураты буолар, ийэ оҕотугар бэйэтин сылааһын бэрсэн, кыра эрдэҕиттэн бүөбэйдээн улаатыннаран, атахтарыгар туруорар. Ийэтиттэн ылбыт ол истиҥ сылаас сыһыанын, уҕараабат тапталын поэт бэйэтин оҕолоругар аныам диэн тылын биэрэр. Оҕолорун уобарастарын хоһоонноругар элбэхтик ойуулаабыта, онон поэт олоҕун мээнэ олорботоҕун, норуотун, утумун салҕыырын туһунан суруйбута. Төрөппүт оҕолорун чыычаахха, хотойго, табаҕа тэҥнээн, кинилэр инники олохторугар күүстээх, айар талааннаах, үтүө-мааны дьон буолуохтара диэн итэҕэйэр, эрэнэр. «Оҕо баар буолан» хоһооҥҥо Д.Апросимов оҕолордоох буолан өссө элбэх дьолу билэрин, кини олоҕун салҕыылларын туһунан суруйар:

Ити оҕо баар буолан

Дьол биһиэхэ тоҕуоруйар,

Сааскы күммүт уоттанан

Сайдам ырыа дуорайар.

Поэт норуотун олоҕун туһунан элбэхтик толкуйдуура көстөр. Эбэҥки норуотун олорор усулуобуйата ыарахан буолан, Д.Апросимов тулуурдаах күүстээх эр дьоҥҥо сүгүрүйэн, элбэх хоһоонун анаабыта. Ол курдук, «Эдунча» хоһоонугар поэт булчут уолу уобарастаан ойуулуур, Эдунча ыарахаттартан толлон турбат, күүстээх эр санаалаах эбэҥки уола буолар:

Түөһүгэр үс күннээх

Уот кыһыл саһылы,

Тииҥ, саарба, кырынаас

Чулуутун сөөрүгэр*

Ыгыччы уктунан

Ыҥырдан киирээччи-

Эдунча!

«Өбүгэм кэс тыла» хоһооҥҥо эбэҥки норуотун сиэрэ-туома, олоҕун философията көстөр. Томороон кыһыҥҥы тымныыга кини норуота ыалдьыты куруук сылаас дьиэлээх көрсөр, кэһиилээн атаарар:

Итинтэн ордук дьол

Адьас суох! Хайаан да-

Ыалдьыбыты- ааспыты,

Ыар санааҕа ылларбыты-

Хараттара кэлбити кэһиилээн астыннардын,

Хаппыт маһы көҕөрдөр алгыһын атаардын!”

Д.Апросимов бэйэтин норуотун туһунан, инникитин, хайдах буолуохтааҕын туһунан бэрт элбэҕи толкуйдуура, поэт «таас» уобараһынан эбэҥки норуота күүстээҕин, үйэлээҕин ойуулаабыта. Аныгы үйэ эбэҥкилэрэ өбүгэлэрин дьарыктарыттан тэйэн эрэллэриттэн улаханнык хомойоро. Ол эрэн бүтэһик хоһоонноругар Д.Апросимов норуотун сиэрин-туомун сайыннарыыга, үйэтитиигэ, туһалаах киһи буоларга ыллыктаах санааларын эппитэ.

Хоһоонноругар ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары элбэҕи, арааһы туттубутун бэлиэтиибин:

Тыыннаҕымсытыы: күн уота күлэр, хамсыы ыллыы турар лабаалар, хатыҥнар чуҥкуйа санааргыыллар, сэбирдэх уһуктан хамсыыра, ый тунаар сыдьаайа сырыктыы буккуһан үөһээ дайа хамсыыра.

Тэҥнэбил: туос тыылар сүүрүккэ кубалыы кылбаһан, ый курдук букатын кэлэммин күөх дуолгар көччүйүөм диэбэппин, кутаа уот курдук кытыаста күндээрэ умайда, минньигэс түүл курдук олус да үөрбүтүм.

Паараласпыт тыллар: ибир-сибир кэпсэтэбит, унаар-тунаар Өлүөнэ биэрэгэр, чыып-чаап буолуо, күндү-мааны ыалдьыттарбыт көххө-нарга кыттыһыҥ, үөрүү-дьол эҥсиллэ уһуннун.

Антитеза: ыраах-чугас ырыам тарҕыыр, ый-күн сардаҥата буолан

Хатылааһын: Хайалар, хайалар, хайалар-

Харабыл, таас баабый баатырдар.

Устаҕын, киэҥ Лена, саҕахтыын

Устаҕын — күөх тайҕанан силбэһэн!

Ый курдук, букатын кэлэммин,

Ый дуолгар көччүйүөм диэбэппин.

Эн — олох киэҥ байҕалыгар

Эн, үөрүү Айыытаҕын

Градация: Сыччах биир чааһы, күнү, сылы дьылҕаттан уларсан. Куорсун көппөт чуумпу сарсыарда, күнүс, киэһэ…

Дьон, өрүс уонна сир дойду аата: Лена өрүс, Россия, Дьааҥы, Дьокуускай куорат, Уус- Майа, Тайя, Айыы-Куо, Сааса, Өндөрүүскэ, Эдунча, Өрүүнэ, Охоноос, Дьырылыатта Миитэрэй, Сэмэн, Оппуонньа, Эдьээн.

Ыйытыы, күүһүрдүү этиилэр: Д.Апросимов этии тутулугар күүһүрдүүнү үксүн өрө күүрүүлээх этиигэ, сөҕүүгэ-махтайыыга, киэн туттууга туттар: Өрүү киэн туттабын учуутал идэбинэн!

Ыйытыы бэлиэтин тугу эмэ ыйытарыгар эбэтэр мунаахсыйарыгар, риторическай ыйытыыга туттар: буккуруур буруолаах эстиэ дуо, удьуорум кэнчээри ыччата?

Түмүктээн эттэххэ, талааннаах суруйааччы Д.Апросимов ураты буочардаах, нарын истиҥ поэт буолар. Саха тылын бэркэ билэр буолан, айымньыларын сахалыы суруйан үгүс ааҕааччыга биһирэниэн биһирэннэ. Хоһоонноро ураты тыллаах-өстөөх, олох араас тиэмэлэрин таарыйар, киһи сүрэҕин долгутар. Д.Апросимов эбэҥки литературатыгар сэмэй кылаатын киллэриэхтээҕин өйдүүрэ уонна кини бэйэтин айар үлэтинэн Хотугу норуоттар литератураларын сайдыытыгар үтүө суобастаахтык, айымньылаахтык, өрө таһаарыылаахтык үлэлэспитэ. Кини суруйан хаалларбыт айымньылара үйэлэр тухары умнуллуо суоҕа, кэлэр көлүөнэни литератураны, уус-уран тылы таптыырга, эбэҥки олоҕун-дьаһаҕын билэргэ үөрэтэргэ туһалыахтара турдаҕа.

Литература


  1. Окорокова, В.Б. Сияние полярных огней. Дьокуускай: Бичик, 2013. -176 с.
  2. Апросимов, А., Чуукаар, П., Винокуров, Апросимов, А. Утум: Хоһооннор, номохтор, ахтыылар. Дьокуускай: Бичик, 1999. -352 с.
  3. Огрызко, В. Эвенкийская литература. М., 2006. -320с.
  4. Кривошапкин, А. В., Никитина, Р.С. Культура народов Севера. Часть 1.-Якутск: Бичик, — 160 с.
  5. Кривошапкин, А. В., Никитина, Р.С. Культура народов Севера. Часть 2.-Якутск: Бичик, 1994. — 152 с.
  6. Окорокова, В.Б. История литератур народов Севера Якутии. Якутск: 2004. — 71 с.