Норуот тылынан уус-уран айымньыта сурук-бичик суох эрдэҕинэ үөскээбитэ. Киһиттэн киһиэхэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, уус тыллаах чочуйан эбэтэр ситэрэн-хоторон, эбэн-көҕүрэтэн үгүс үйэни уҥуордаан бу күҥҥэ дылы тиийэн кэлбит. Норуот тылынан уус-уран айымньыта атыннык “фольклор” диэн английскай тылтан киирбит тылынан эмиэ туттуллар. Болкулуор норуот уран тыллаахтара, ырыаһыттара, остуоруйаһыттара, олоҥхоһуттара айаллар.
Болкулуор – норуот муудараһа, бу үтүмэн үйэлэр күөннэригэр иитиэхтэнэн үөскээбит өй – санаа сүмэтэ, норуокка баар талаан, дьоҕур туоһута буолар. Киниттэн норуот искусствотын бары көрүҥнэрэ силис тардан үөскүүллэр. Норуот тылынан уус-уран айымньытын дьүһүйэр тыл хатыламмат көстүүтэ буолар. Болкулуор айымньытын үөрэтии оҕо литературнай сайдыытын биир суолталаах кэрдииһэ буоларын учуоттаан, методистар норуот айымньыларын бары кылаастарга литература программатыгар киллэрэн тураллар. Остуоруйалартан, өс хоһоонноруттан, таабырыннартан саҕалаан, кыра кылаас үөрэнээччилэрэ, уһуйааҥҥа сылдьар саастаах оҕолорго тиийэ болкулуор айымньыларын туһунан бастакы өйдөбүлү ылаллар.
Норуот тылынан уус-уран айымньытын үөрэтии методиката айымньы ис эйгэтиттэн бэйэтиттэн үөскээн тахсар ньымаларга олоҕурара ордук көдьүүстээҕинэн, ону тэҥэ үөрэнээччи ааҕааччы быһыытынан сайдыытыгар бары өттүнэн сөп түбэһэринэн, норуот иитэр-үөрэтэр үгэстэрин сөҥөрдө сылдьар буолан, учуутал айымньылаах сыһыанын эрэйэр. Норуот тылынан уус-уран айымньытынан кыра жанрдарын үөрэтии методиката айымньы ис эйгэтиттэн бэйэтиттэн үөскээн тахсар ньымаларга олоҕурара ордук көдьүүстээҕин, ону тэҥэ үөрэнээччи ааҕааччы быһыытынан сайдыытын олуктарын учуоттуур учуутал айымньылаах сыһыанын эрэйэр [1].
Өс хоһооно, өс номоҕо диэн этиилэргэ баар өс диэн тыл былыргы түүр омук саҕаттан баар суолтата «тыл» диэн эбит. Өс хоһооно сахалар оҕолорун иитэр биир суол ньымалара буоларын таһынан, уус тыллаах саха дьоно күннээҕи кэпсэтиилэригэр киэҥник тутта сылдьыбыт кэмнээхтэрэ бу ойуулааһынтан үчүгэйдик көстөр.
Өс хоһооннорун өйгө үөрэтии хайаан да наада, үөрэнээччилэр биир алҕастарынан тылы талбыттарынан уларытан кэбиһэллэрэ буолар, холобур, «Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн» диэн өс хоһоонугар «сиэбиккин эрэн» диэн чугас суолталаах тылынан солбуйан этэллэр. Оҕо үлэтин тэрийиигэ уруккуттан баар үөрүйэҕинэн учууталлар кыра кээмэйдээх тиэкис оҥортороллорун сөбүлүүллэр. Ону таһынан, уруһуйдатан, сценка толкуйдатан, уруокка күрэх тэрийэн, онтон да атын да оҕолорго тиийимтиэ айымньылаах ньымалары туһанан, элбэх өс хоһоонун билэллэрин ситиһиэххэ сөп.
Өс хоһоонун тутулун көрүөх иннинэ, маҥнай суолтатыгар болҕойон, куобах тоҕо кэтэҕинэн оонньуурун, оттон киһи хаһан сототунан оонньуурун быһаарсыахха тоҕоостоох. Дьон-сэргэ өйүүр киһитэ хаһан даҕаны өлөн-охтон биэрбэт, ыарахан кэмигэр соҕотох хаалбат, онон киһи үтүө сыһыанын сыаналааҥ диэн кэпсэтиигэ оҕолор санааларын этэн, кыттыахтарын сөп. Кэпсэтии түмүгэр өс хоһоонноро сиэр-майгы суруллубатах сокуоннара буолаллар эбит диэн түмүккэ кэлэллэр.
Таабырыннаһыы – саха дьонун бэркэ сөбүлүүр дьарыктара, сорох сирдэргэ идэтийэн дьарыктанар таабырынньыттар соторутааҥҥы диэри бааллара кэпсэнэр. Таабырын өйү сытыылыыр, мындыр буоларга үөрэтэр уус-уран тыл биир көрүҥэ буоларынан ордук кэрэхсэнэр. Таабырыннаһыы үгэһэ билигин да тыыннаах: дьиэҕэ-уокка, оҕо садыгар, оскуолаҕа, араас түмсүүлэргэ таабырын таайсыыта буоллаҕына, оҕо да, улахан да дьон көхтөөхтүк кытталлар. Таабырыны ким баҕарар айыан сөп, ол иһин ахсаан өттүнэн муҥура суох элбэх. Суорун Омоллоон сиргэ-халлааҥҥа, киһиэхэ, хамсыырга-харамайга, туттар сэпкэ-сэбиргэлгэ, дьиэҕэ-уокка, аһыыр аска сыһыаннаах диэн наардаабыта. С.П.Ойуунускайа норуокка киэҥник тарҕаммыт таабырыннары уон биир бөлөххө арааран көрдөрбүтэ. Г.У.Эргис таабырыннары ис хоһооннорунан көрөн төһө баҕарар элбэх бөлөххө наардыахха сөп диэн этэрэ [2].
Бастаан таабырын өйдөбүлүн, үөскээбит төрдүн, норуот олоҕор туох оруоллааҕын, таайсыы кистэлэҥнэрин туһунан үөрэтиэххэ сөп. Иккис уруокка таабырын тылын уратытын, бэргэн тэҥнээһиннэрин, тутулун үөрэтэн баран, таабырыны айарга эрчийии ыытыллар. Учуутал таабырын тылын ис кэрэигэр болҕомто уурбат буоллаҕына, үөрэнээччи саха таабырыннарын логическай толкуйга аналлаах атын таайтарыыларга бутуйуон сөбүн өйдүөххэ. Ол иһин жанр бэлиэлэригэр үлэ барара наада. Таабырыннар сүөһү иитэн, бултаан, балыктаан айаҕын ииттэн олорор саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын бэлиэ өрүттэрин, ону таһынан аныгы олох көстүүлэрин, үөрэх, техника сайдыытын, айылҕаны ойуулууллар. Таайтаран этиигэ хайаан да предмет сүрүн бэлиэтэ баар буолуохтаах, ону уустаан-ураннаан дьүөрэ тылынан этэн баран үһү диэн түмүктүүллэр. «Эргэл-дьэргэл эккирии турарын ким да булан-туттан ылбат үһү» (дьэргэлгэн). «Бастаан нэлэс, онтон сахсас, онтон чөмчөс, онтон лаглас баар үһү» (от үлэтэ). Таайтарыыны сороҕор атын өйдөбүлгэ кубулутан этиэхтэрин эмиэ сөп. «Окур-бокур оҕолор кэккэлэһэ турдаллар эрэ кэпсэппитинэн бараллар үһү» (буукуба). Таабырын тэҥнэбиллэрэ туох бэлиэлэргэ олоҕурарын көрүү. Кубулуйбат эпитеттэри булуу. Тылы дьүөрэлээн этии туох суолталааҕын быһаарсыы. Маны бөлөхтөргө сорудах биэрэн, көмөлөсүһэн оҥороллорун тэрийии. Атын омуктар таабырыннарыгар тэҥнээн оҕо санаатын этэригэр сорудах бэриллэр.
Таабырыннары үөрэтии методикатыгар майгыннаһар көстүүнү уус-уран тыл көмөтүнэн таайтаран этиигэ сүрүн болҕомто ууруллар буоллаҕына, оҕо толкуйун кытта тэҥҥэ тыла сайдар эйгэтэ үөскүөҕэ. Бэриллибит тыллары туһанан таабырын айарга холонуу уонна таабырын ис хоһоонун уруһуйдаан аҕаларга сорудах оҕоҕо таайтарыллар предмет сүрүн бэлиэлэрин өйдүүрүгэр көмөлөһүө, таабырын үөскэтэр уобараһын өйгө оҥорон көрөргө кыах биэриэҕэ.
Норуот өйө дириҥин, уустук санаата муҥура суоҕун, кини бэл саамай кыра, көр курдук айымньыта таабырын туоһулуур. Билигин даҕаны кини биһиэхэ, өй гимнастиката буоларын быһыытынан, оҕо иитиитигэр оскуолаҕа бэркэ биһирэнэн туттуллар. Урут кини саха балаҕанын иһин үгүс хараҥа, уһун түүннэрин биллэрбэккэ аһарбыта, фантазия оонньуутун сытыы кыната буолан өрө көппүтэ, онон саха фольклора сайдыытыгар улаханнык көмөлөспүтэ.
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:
- Саха литературатын оскуолаҕа үөрэтии методиката: Учууталга кинигэ / Саха Өрөсп.төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр ин-т; [эпп.ред. Е.М.Поликарпова]. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 288 с. (Саха оскуолатын учууталыгар көмө)
- Колодезников С.К. Актуальные вопросы литературного образования в общеобразовательной школе: Учебное пособие . – Якутск: Изд-во Якутского ун-та, 2004. – 207 с.
- Поликарпова, Е.М. Төрөөбүт литература: 5 кылаас: үөрэх кинигэтэ: икки чаастаах/ Е.М. Поликарпова. Н.И. Филиппова, У.М. Флегонтова; [А.Н. Баишев, Н.Н. Николаева, НЬ.Е. Ябловская ойуулара]. – Дьокуускай: Бичик, 2016. – с. – (“Саха оскуолата” систиэмэ)
- Саха фольклора : Хомуурунньук / Хомуйан оҥордо Д.К. Сивцев ; Саха Республикатын наукаларын Академията. Гуманитарнай чинчийии института. — Изд. 2-е, стереотипное. — Новосибирскай : Наука, 1996. — 236 с.