Аманатова Анна, ИЯКН ЛР-15
Салайааччы: Башарина Зоя Константиновна, ф.н.д., ХИФУ профессора
Семен Семенович Шамаев кинигэтинэн чурапчылар дьылҕалара
Чурапчы көһөрүүтэ-саха норуотун бүттүүн алдьархайа. 1939 сылтан турбут кураан 1941 сыллаахха Чурапчыга ордук суоһаабыта. Кыһын хаар түспэккэ, сааһа тымныы, тыаллаах буолан сир сиигэ көтөн, сайын аһыҥа туран сир харанан көрөн турбута. Мантан улахан аччыктааһын тахсыбыта. Дьон-сэргэ ыксаан барбыта, былаас чурапчылары хоту улуустарга балыктата ыытарга диэн дьаһалы ылыммыта. Ханна да барыахтарын, тугу да гыныахтарын билбэт, ыарахан балаһыанньаҕа киирбит дьон барарга күһэллибитэ. Кырдьаҕас өттө дьиксинэ санаан, эдэр, оҕо өттө улахаҥҥа уурбакка көстөхтөрө. Инникитин кинилэри туох күүтүөн, Дьылҕа Хаан тугу бэлэмнээбитин бука сэрэйэн эрэ көрөөхтөөтөхтөрө… Көһөрүү туһунан кырдьык үйэ аҥара буолан баран норуокка биллибитэ.
Суһаллык, 3 күн иһигэр хомунан, биир ыал 16 киилэ таһаҕастаах, ким сатыы, ким көлөнөн дойдуларыттан арахсаахтаабыттара. Өлүөнэ биэрэгэр Аллараа-Бэстээххэ икки нэдиэлэ кэриҥэ, сорохтор 26 күн аһаҕас халлаан анныгар баржа күүтэн сыппыттар. Сүөһүлэрэ сорохторо кыылбаран хаалбыттара, сорохторо өлбүттэрэ. Бу мантан, бэйэлэрин сирдэриттэн, тоҥон, аччыктаан өлүү саҕаламмыта. Ол онно дьон өйдөөбүтэ сирэйэ-хараҕа суох албыҥҥа киирэн биэрбиттэрин. Ол да буоллар, Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ уонна Булуҥҥа, болдьохтоох сирдэригэр илдьибиттэрэ.
Булун улууһугар, архыып докумуона көрдөрөрүнэн 12 колхоз уопсайа 1430 киһи көһөрүллүбүт. Онтон 838 үлэни кыайыан сөптөөх киһи, 592 оҕо уоннааҕылара кырдьаҕас-кыаммат өттө. Биэрэккэ кэлэн түһүөхтэриттэн аны кыһын кэлэр, хаар түспүтүнэн барар. Сииктээх нэһилиэгэр олохтоохтор кэлбит дьоҥҥо олорор дьиэлэрин туран биэрэллэр, бэйэлэрэ ураһаҕа көһөллөр. Инньэ гынан көһөрүллүбүттэр дьиэ туттан киирэн бараллар. Олохтоохтор үтүөлэрэ инэн эрэ бүппэт, бары өттүнэн көмөлөһөллөр, сүбэ-ама буолаллар.
С.С.Шамаев «Память Булуна. Часть II. Дети чурапчинских переселенцев» кинигэтигэр суруллубутунан, олохтоохтор уонна чурапчылар бары күүстэрин сомоҕолоон:«Все для фронта, все для победы!», «Все силы-обеспечению фронта», «Одна рыба в день кормит одного солдата»- диэн лозунунан күүстээх, эрэйдээх үлэҕэ туруммуттара. Холобур, Быков Мыска Хадар нэһилиэгин колхоһа «Кыһыл Кырыс» Молотов аатынан колхуоска кыттыһан, сэрии кэмигэр барыларыттан саамай элбэх балыгы туттаран «Советская Якутия» диэн танковай коланна тутуллуутугар 157 тыыһынча облигациянан уонна 129 тыыһынча харчынан көмөлөспүттэр. Ити сылларга колхуоһу Чурапчыттан көһөрүллүбүт Иван Кирикович Степанов салайбыт. Бу холобур олохтоохтор уонна чурапчылар бэйэ-бэйэлэригэр үтүө уонна эрэллээх сыһыаннарын туоһулуур. Атын да көһөрүллүбүт колхозтар бары олохтоохторго кыттыһан таһаарыылаахтык үлэлээбиттэр. Маны тэҥэ чурапчылартан, маастар Семен Кириллович Агеев олохтоохтору уус үлэтигэр тыы оҥорорго үөрэппит, онтон олохтоохтортон балыктыырга үөрэммиттэр. Ити курдук элбэх холобуру аҕалыахха сөп, быһаччы эттэххэ кинилэр бары биир сырдык санааҕа салайтаран кыайыы туһугар үлэлиир буоланнар араас ыарахаттары тумнубуттар. Чурапчылар иннэ гынан ханна да буоллар инникигэ сылдьар күөннэрин түһэрбэтэхтэр. 4 балык собуотугар үлэлээбитэрэ уонна саамай элбэх балыгы туттарбыттара, эбии саҥа участактары арыйбыттара. Иннэ гынан Булун улууһун бары колхуоһа «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 г.г.» диэн мэдээлинэн наҕараадаламмыттар. Биирдиилээн холобурга, бастыҥ тыл үлэһиттэрэ Николай Петрович Павлов, кэргэнэ Степанида Степановна, уоллара Петр бары дьиэ кэргэнинэн уо.д.а. суобастаах үлэлэрин иһин наҕараадаламмыттара биллэр.
Семен Семенович кинигэтэ ахтыыларга олоҕуран суруллубут. Ол түмүгэр олохтоохтор туһунан маннык санааҕа кэллим. Бастатан туран, Булун улууһугар атын икки улуустардааҕар саамай аҕыйах өлүү-сүтүү тахсыбыт. Иккиһинэн, ахтыылары көрдөххө, олохтоохтор кэлиилэри туора көрбөккө, үтүрүйбэккэ, кинилэр кыһалҕаларын тэҥҥэ үллэстэн бары биир сомоҕо буолан Кыайыы туһугар үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбиттэр. Хара маҥнайгыттан төһө кыалларынан дьиэнэн-уотунан, туттар тэрилинэн уонна сүбэнэн-аманан көмөлөспүттэр. Бэйэ-бэйэлэриттэн үлэ араас көдьүүстэригэр үөрэнэн үлэлээбиттэр. Маны тэҥэ ыарахан ыйаахха ыйыллан, көскө кэлбит литовецтары, финнэри кыттара сиэрдээх көрсүһүүлэрэ, көмөлөрө бу норуот киэн көҕүстээҕин туоһулуур. Үсүһүнэн, олохтоох ыччаттар кэлиилэри кытта билсэн, бииргэ алтыһан ыал буолбуттар. 42 кыыс ыал буолан бу дойдуга олохсуйа хаалбыттар. Биллэн туран, бу кыргыттар сири-дойдуну сөбүлээн, олохтоох омуктары кытта тапсан хааллахтара. Онтон 1948 с. хаалбыт дьону төттөрү дойдуларыгар көһөрбүттэр, онно холобур, Күһүүр уонна Чекуровка нэһилиэктэригэр уон киһи, сири-уоту, дьонун-сэргэтин сөбүлээн, олохсуйа хаалбыттар. Олор испиэһэктэрэ маннык: Каженкин Ефим Васильевич Кытаанахтан, Дьячковская-Корякина Евдокия Никифоровна Кытаанахтан, Степанов Афанасий Николаевич Хадаартан, Степанов Семен Николаевич Хадаартан, Степанова Мария Сергеевна Хадаартан, Сыромятников Константин Егорович Кытаанахтан, Дмитриева-Шамаева Елена Петровна Хадаартан, Митрофанова-Шахурдина Анастасия Иннокентьевна Кытаанахтан, Дьячковский Егор Константинович, Попова Ефросинья Петровна Хатылы нэһилиэгиттэн. Кэлин ити дьон нэһилиэк ытыктыыр, бастыҥ үлэһит, элбэх оҕолоох, бочуоттаах дьоно буолбуттар. Кинилэр оҕолоро-сиэттэрэ билигин дойдуларын, өрөспүүбүлүкэ туһугар үлэлии-хамныы сылдьаллар. Холобур, Шахурдина-Митрофанова А.К. уола К. Н. Шахурдин Булун улууһун баһылыга, кыыһа Свинобоева З.Н. биир кэмҥэ Булун нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбитэ, онтон улахан уола И.Н. Шахурдин Таймылыыр нэһилиэгин тутаах бырааһа. Онтон Каженкин Ефим Васильевич сыдьаана Р.Н.Каженкин билигин биһиги республикабыт инники кэскилэ буолар. Өссө да бу курдук холобурдары аҕала туруохха сөп. Уопсайынан Чкалов, Говор, Чекуровка, Кумах-Сурт нэһилиэктэргэ, Бобровскай, Саһыллаах учаастактарга чурапчылар олохсуйбуттарарын туһунан Семен Андреевич Собакин бэлиэтээбитэ кинигэҕэ киирэ сылдьар.
Түмүкпэр этиэм этэ, бастакытынан, чурапчылар дьылҕаларыгар улахан оруолу олохтоох омук оонньообут. Кинигэҕэ киирбит ахтыылартан көрдөххөхоту дойду киһитин характера толору арыллар. Төһө даҕаны тыйыс усулуобуйаҕа улааттар хоту киһитэ аһыныгас сүрэхтээҕэ, хайа да түгэҥҥэ илиитин утары уунар кыахтааҕа көстөр. Хоту киһитэ үлэһит, айылҕаттан бэриллибит мындыр өйө, хайа да түгэҥҥэ чаҕыйбата, инники сылдьар хаачыстыбата быстан-ойдон кэлбит чурапчылары сырдыкка кынаттаатаҕа. Иккиһинэн, Чурапчы көһөрүүтэ бу саха норуотун историятын кэрдиис-кэмигэр биир бэлиэ миэстэни ылар. Сэрии ыар кэмнэригэр сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр уонна кэлии литовецтар, финнэр бииргэ сомоҕолоһон үлэлээбиттэрэ олохтоох омуктар омук быһыытынан дириҥ өйдөөхтөрүн, идеяҕа бэриниилээхтэрин, ийэ дойдуга тапталларын бэлиэтиир. Бу биһиэхэ, кэлэр көлүөнэ ыччакка холобур буолуох тустаах. Кыайыыны уһансыбыт өбүгэлэрбит геройдуу быһыыларын, кинилэр албан ааттарын түһэн биэрбэт гына инникитин үлэлиэхтээхпит, кэскилбит туһугар туруулаһыахтаахпыт. Бу үөһээ этиллибит тылларга тыннаах холобур буолан кинигэ “Ыччат дьоммут дьоллоохтук олордун” диэн туспа бас буолан киирэ сылдьар. Чурапчы көһүрүүтүттэн хаалбыт дьон сыдьааттара билигин бэйэлэрин дойдуларын, республика кэскилин туһугар, бас-көс үлэҕэ үлэлии сылдьаллара холобур буолар.
Литература
- Шамаев С.С. Память Булуна. Часть II. Дети чурапчинских переселенцев. Якутск : ООО «РИЦ «Офсет», 2010. — 80с.
- Башарина З.К. Проблемы переселения жителей Чурапчи в якутской литературе : учебное пособие. Якутск : Издательский дом СВФУ, 2015. – 115 с.