Платон Ламутскай «Сир иччитэ» арамааныгар эбээн тыллара

29 августа 9:07

Данилова Оксана Степановна,
студентка 3 курса гр. ЯО-14 ИЯКН СВ РФ

Платон Ламутскай «Сир иччитэ» арамаана Березовка бөһүөлэгэр 1983 — 1984 сс. суруллубут. Бу арамаан эбээн литэрэтиирэтигэр бастакы арамаанынан буолар. Хотугу олохтоох норуоттар олохторун-дьаьахтарын, сиэрдэрин-майгыларын, дьарыктарын көрдөрөр айымньы буолар. Академик П. А. Слепцов суруйарынан, «эбэнки, эбээн тылларыттан киирии билиннитэ оннук оччо элбэ5э суох курдугун иһин, бу олохтоох хотугу омуктартан сахалар элбэххэ үөрэммиттэрин, олус тыйыс айылҕалаах усулуобуйаҕа кинилэр олохторун мындырдык сатабыллаахтык тэриммиттэрин бу өттүнэн ураты суолталаах тыллар итэҕэтиилээхтик кэрэһэлииллэр». Айымньы тылыгар-өһүгэр эбээн тылларын көрдүбүт уонна онтон сиэттэрэн сүрүн бөлөхтөргө наардаатыбыт.
Сир-дойду аата. Платон Ламутскай айымньытыгар табаһыттар олохторо-дьаһахтара ойууланарын быһыытынан, эбээннии сир-дойду аата үгүс. Холобур: Һо-Эйэн — Березовка үрэҕэ, Тураки-Таас — таас хайа, Һуунҥэндьэ — таас хайа аата, Ычык ойуур, Бытыган-Таас — таас хайа, Кулума — бултаах сир, Мунтиҥа, Этэйлэ олохсуйбут сирэ, Ньээлимньэ, Улахан Чыыстай — Маркани эрдэ олорбут сирэ, Омолон эбэ, Аньюй, Кадарам, Гижигэ.

Анал аат. Айымньыга бары геройдар эбээннии ааттаахтар. Сүрүн геройдарынан Маркани, Мэҥдуни, Этэйлэ оҕонньор буолаллар. Ону таһынан арамааҥҥа Тинькани, Гарпуни — кыра уол, Агундьа — ийэлэрэ, Эммэнэ — кыра уол, Мэҥдэк Иркуни Бөтүүкэ ойуун, Этэ Ньукуу, Сэбкээни Көөстөй,
Гявун, Маамыкта, Тургака Баай Дьөлкэни, Бэйэҥэ, Тагана, Ньиику ойуун, Дьөлкээни, Гарпук, Бэппэкэ, Баай кинээс Чимэ Түмэндьэ, Нэглэ, Точакаан эмээхсин, Татина. Маны таһынан, ыттар ааттара эмиэ эбээннии бэриллибит. Холобура: Гоган, Кырдьаҕас Көпөх, Кырдьаҕас Ути.

Хотугу олохтоох норуоттары ааттааһын. Арамааҥҥа хотугу норуот ойууланар буолан, олохтоох норуоттары хайдах эбээннии ааттыылларын киллэрэр. Үксүн чукча. Холобур: Һээйэ — дьиикэй сылдьар чукча, Һээйэк — урут эбээннэр чукчалары итинник ааттыыллара, Каурелян — Халыма илин эҥэригэр олорор чукчалары итинник ааттыыллар. Ньока — саха, Бочиликаан — хоту көһөн кэлбит эбээннэр төрүттэрэ, Дэрпэк — көс аҥара, онтон да ыраах олорор ыаллар, Юримнилар — коряктар, Маата — туора дьон
Таба иитиитигэр сыһыаннаах тыллар. Айымньы ис хоһоонуттан сиэттэрдэххэ, хоту олохтоох норуоттар сүрүн дьарыктарынан — таба иитиитэ буолар. Айымньы устатын тухары куруук таба туһунан тыллар туттуллаллар. Ол курдук холобур:
Мунигэ — таба ханныгар хааны толору кутан баран, онно илдьи кырбаммыт иҥиири, сүрэх быатын, хабарҕаны булкуйаллар
Ээнэс — 2 саастаах таба атырдьах ыйынааҕы тириитэ
Найми — кыһыл соһо кырааскалаах сарыы
Чөчүн — тирии кыһыаҕа
Үөҥэс — үс саастаах атыыр таба, тайах, чубуку
Индэкчээ — ындыытын табата
Һайаҥа — тыһы табата
Гаваҥа — хойуу муостаах мончууга
Ханалда — табаҕа чуораан оннугар моонньугар, муоһугар баайыллан халыгырыы сылдьар хаптаһын тэрил
Мултугур хорой — муоһа суох, эбэтэр муоһа түспүт таба

Киэргэл, таҥас-сап. Айымньы геройдара хоту олохтоохтор тыйыс тымныыга олорор буолан таҥастара-саптара тирии сон, уһун кээнчэ буолаллар. Эргэ тахсарга сиэр-туом быһыытынан киэргэллэрэ элбэх. Холобур:
Нэлэкэнэ — киһи иннигэр кэтэр киэргэллээх таҥаһа (баарты кэриэтэ)
Дудика — түүтэ иһигэр гына тигиллибит тирии сон
Даһи — матаҕа ындыы киэргэллээх сабыыта
Унматиҥи — ытык көхсүгэр кэтиллэр таҥас
Колач — хомуос, хорҕолдьунунан кутуллубут киэргэл
Һээпкэ остакана — түөс сабыытын үрүҥ көмү харчыны таптайан оҥорбут киэргэлэ
Һаакаман — арыый улахан түөс сабыытын үрүҥ көмү харчыны таптайан оҥорбут киэргэлэ
Куучу — сон сиэҕин уһуга бүтэй
Доотан — уһун кээнчэ
Наймы — дьахтар киэргэллээх сарыы, уһун соно
Күскэс — түүлээбит таба саҥа хойдон үүммүт намчы түүлээх тириитэ
Ниһамча — дьахтар уһун саҕынньаҕын ойуутун-оһуорун аата
Һоогиндапча — түөскэ кэтиллэр киэргэл таҥас
Һээпкэ — түөскэ кэтиллэр киэргэл таҥас
Чибаҥкалар — оһуор
Чибаҥка — сип-синньигэс оһуор саба
Хаами — быйыт, сыалыһар тириитэ мөһөөччүк
Туттар тэрил, сэп-сэбиргэл. Манна арамааҥҥ көстөр эбээннэр олоххо-дьаһахха куруук туттар маллара, тэриллэрэ киирэр.
Ханалда — табаҕа чуораан оннугар моонньугар, муоһугар баайыллан халыгырыы сылдьар хаптаһын тэрил
Нинкамыҥ — саа
Доҥко — оҕо үһүттэн сэттэтигэр диэри кэлгиэһиннээх ыҥыыра
Карабандьа — бороҥ буур уучах
Элтиҥ — ураһаны сабар сарыы
Лээмпи — табаны сыарҕаҕа көлүйэр аалык (быа)

Кыылга-сүөлгэ сыһыаннаах тыллар. Айымньы геройдара булчут — дьон буолаллар. Кинилэр эһэҕэ, тайахха бултууллар. Холобура: эһэни — Мээмэндьэ, уруурҕаатахтарына Абага дииллэр, онтон эһэ оҕотун — Баччандьаа. Ону таһынан, нуку — уута уолбут чүөмпэҕэ хаайтаран өлбүт балыктар. Кями — мамонт муоһа, Ирумкаан — эһэ арҕахтан буору, иһирдьэ муоҕу, сөҕөлөөнү таспыт суола, Һипку — арҕах

Аска-үөлгэ сыһыаннаах тыллар.Айымньыга эбээннии чопчу ас аата суох эрээри, уопсай ас-үөл аата бэриллэр.
Нээку — хаһаас, уурумньу ас
Курам — сыбаайбаҕа бэлэмнэниллибит ас-үөл
Тиаран — итир сыаҕа быары илдьэн кырбаан буһарыы

Үүнээйигэ сыһыаннаах тыллар. Айымньыга маннык үүнээйилэр бааллар:. Үйэмчэ — үрэх кытылыгар үүнэр от, Һалкамча — ураһа иһинээҕи сис мастар.

Өҥү, дьүһүнү бэлиэтиир тыллар .
Титкавун — хатырык өҥө
Ньиндиҥи — хара таас өҥө
Һолига — кыһыл таас өҥө
Мээҥти сулумах — сиэрэй

Уруу-аймах тыллара. Айымньыга уруу-аймах тыла эмиэ эбээннии бэриллэр. Холобур: Амаа — аҕа, Акаа — убай, Ата — эбэ, Эньии — ийэ, Түҥүр — аймах, Мэй — доҕор, Бэйилбэн — дьон

Итэҕэлгэ сыһыаннаах тыллар. Айымньы сиэргэ-туомҥа, итэҕэлгэ олоҕурар. Ол курдук эбээннэр өбүгэлэригэр сүгүрүйэллэр, ытыктыыллар.
Ариҥка — абааһы, сатана
Даава — кыыһы сүгүннэрбит дьоҥҥо кыыстаахтар уруурҕаһар тыллара, уоллаахтар да итинник этиэхтэрин сөп
Һаньын — дууьатын, этин-хаанын иччитэ.
Ааттал күүһэ — сир иччилэрэ диэн ааттал күүһүнэн сылдьар кыыллар.

Тулалыыр эйгэ, айылҕа көстүүлэрэ. Манна айымньыга маннык Айылҕа көстуулэрэ киирэллэр. Холобур: Обалар — үрэх баһын саамай бүтэр уһуга, Оһорсун — саас, өссө хаардаахха, дулҕа төбөтүгэр күөх аһыы төбө үүнэрэ ааттанар, Судаһын — хайа сирэйиттэн туруору түспүт кыра үрүйэ.

Киһи, сүөһү ис-тас уорганнарын ааттарыгар Һоргон — куолай, Тамыга — атах аллараа өттүнээҕи суон иҥиирэ киирэллэр

Киһини ойуулааһын. Айымньыга араас геройдар бааллар. Онно сорох киһи хаачыстыбатын, майгытын ойуулуур. Киһи хайдаҕын, кимин-тугун ойуулуур тыллар манныктар: Аҥадьа — тулаайах, Кээлмэ — сорукка сылдьар киһи, үлэһит, Кулдукун — тугу да билбэт киһи эбэтэр тугу да билбэккэ дөйбүт курдук сылдьар киһи

Көмүс, таас:
Ньиндыҥи, мэҥэн — таас чох, көмүс
Чөчүннүү — кырыылаах таас эбэтэр биилээх тимир
Саҥа аллайыы. Саҥа аллайыы киһи иэйиитин, уйулҕатын-майгытын арыйар. Ол курдук айымньыга алгыс тылга да, ырыаҕа да, кэпсэтии тылыгар да геройдар ис санааларын, уйулҕаларын арыйарыгар көмөлөһөр.
«Гулуон-чулуон!»
Гуллоон-гуллоон!
Гулуйоон-гулуйоон! Ырыа саҕаланыытыгар уонна түмүгэр хатыланар.
Үөрүү саҥа аллайыыта: «Алике» — бу үөрүүнү ньии!Он-ка! — үөрүү бэлиэтэ, Өруһэкэ — үөрүүтүөн! Кэкэйикиэ! — мэлдьи маннык буола тур!Адьит-таа — сэнээрии, сөбүлэһии тыла. Астыммат буолуу, мыыныы: Кирээ! — пахаа-ый!Кирэ! Кирэ! — пахай. Дьиктиргээһин: Эдьис! — кэбис, Табараак — соһуйуу. О, Дьахсан! Арах! «Чаалый-Чуулуй!», «Гаго-гаго!» — ойуун ырыатыгар баар, Як-хояна-а! — Тугун элбэҕэй, ээ!Көкэнэк — өлүктэй, үөхсүү, Эскээн — хайҕал, үөрүү, алгыс

Кэпсэтии тылыгар туттуллар тыллар. Ааптар кэпсэтии тылыгар сорох эбээн тылыттан туохтуурдары киилэрэр. Холобур: Бодунди — батыьыннардын, Эсем һар — билэттээбэппин

Ханалытан этии.
Тайах мастар — саалар (ханалытан этии)
Бадараан — хаан (ханалытыы)

Харыс тыл. Харыс тыл үгүстүк көстүбэт.
Нинкамыҥ истээх дуо — Саан иитиилээх дуо.

Туһуланар тыл. Кэпсэтии тылыгар ким эрэ кими эрэ туһулаан ыҥыран ааттыыр. Холобур:
«Һулиҥу», « Һулиҥат» — оҕом сыыһа, оҕобут
Дьаа — уолга, кыыска туһаланар тыл
Маркаякан — ойуун ойууну итинник ааттыыр
Һулиҥу — тоойуом
Гэлэк, һуту — чэ эрэ, тоҕойуом
Эдьи, бэгэҥу — кэбис, аҕа тойонуом
Уман — силии
Ҥиһунэттэр — кыыл этин ындыыланан аҕалааччылар
Һулгуна — этин суоһа, дууһатын сылааһа
Булэн — өстөөх
Ньокомоон — ыалдьыттааһын
Чалаам — хаҥыл
Киндивкан — үҥкүү арааһа
Мээнэдьэн — куруук биир сиргэ олорор диэн өйдөбүллээх
Тилбаар — кыһаҕа буору сыбаан чохчолооһун
Чооҥалгачак — ыал буола оонньооһун
Абду — матаҕалар чохчолоро
Һорчалаах — хаппыт эттээх, үлүктэлээх
Ньөөбэрэ — маҥан буура
Паскал — нэдиэлэ хонуктарынан таҥара бэлиэлэрдээх, күнү ааҕар кэрдиистээх мас
Нууку-да дальси — хачайбыт балык эмиэ минньигэс
Суурт — көспүт ыал ураһатын онно
Муту — биһиги

Ол курдук Платон Ламутскай «Сир иччитэ» арамааныгар эбээн олоҕун-дьаһаҕын, сиэрин-майгытын көрдөрөр буолан, ааҕааччыга ордук өйдөнүмтүө,тиийимтиэ буолар. Арамааҥҥа эбээн тылларын-өстөрүн көрдүбүт. Ордук эбээн тыллара күүскэ таба иитиитигэр, киэргэлгэ, таҥаска-сапка, сир-дойду, анал ааттарга, туттар тэрилгэ көстөр. Ол хоту норуот, эбээн олоҕун-дьаһаҕын, сиэрин-майгытын арыйарыгар көмөлөһөр.

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ


1. Афанасьев П. С. Саха билиҥҥи тыла. Лексикология. — Дьокуускай: Саха государственнай ун-тын изд-та, 1996. — 191 с.
2. Ламутскай П. Сир иччитэ роман. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1987 с. — 296 с.
3. Роббек В. А., Роббек М. Е. Эвенско-русский словарь. — Новосибирск: Наука, 2004 г. — 356 с.
4. Слепцов П. А. Саха тылын историята. — Дьокуускай: Саха госуниверситетын издательствота, 2007 с. — 290 с.