Софрон Петрович Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары” диэн социально-психологическай арамаанын олус астынан туран аахтым. Киһи ааҕа олорон, кырдьык, бу илэ мин тула буола турар дии саныыр. “Сүрэх тэбэрин тухары” роман — саха прозатын саҥа кэрдиискэ таһаарсыбыт айымньы буолар. Роман маҥнайгы вариана 1960-c сыллар ортолоругар “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэнэн барбыта уонна хара маҥнайгыттан ааҕааччы биһирэбилин ылбыта. Бу роман бары өттүнэн сонун айымньы буолар: сахалыы проза бөдөҥ жанрыгар саҥа герой – ааҕааччы бэйэтин кэминээҕи киһитэ – киирбитэ, кини олоҕо-дьаһаҕа, санаата-оноото, тулалыыр эйгэҕэ сыһыана оччотооҕу кэми киэҥ эргимтэлээхтик, ааҕымтыатык, сэргэхтик ойуулаабыта. Арамааҥҥа үс көлүөнэ бэйэ-бэйэтигэр сыһыана уонна биир үөрэх дьыла ойууланар.
Бу арамааны ааҕан баран, манна кэпсэнэр уһуйааччылары Виктор Абрамович Кан-Калик “Модели педагогического общения” диэн теориятынан наардаан көрөргө сананным.
Виктор Абрамович Кан-Калик (1946-1991) – профессор, педагогическай наука доктора, ЧИГУ (Чеченский государственный университет) ректора, психология араас өрүттэрин сэҥээрэн ырыппыт, элбэх үлэни суруйан бэчээттэппит биллиилээх психолог. Кини бу 1987 сыллаахха таһааттарбыт “Учителю о педагогическом общении” диэн үлэтигэр баар теориянан уһуйааччылары аҕыс көрүҥҥэ араарар:
1)Диктатор модела “Монблан” – кини билии киэҥ эйгэтигэр көтө сылдьар, үрэтэр оҕолоругар соччо кыһаммат, аахайбат. Үөрэтэр оҕолоро мээнэ истээччи эрэ курдуктар, кэпсиир аудиторията буолаллар. Өйдүүллэригэр-өйдөөбөттөрүгэр олох да наадыйбат, оҕолору кытары сибээскэ киирбэт, кинилэри кытары кэпсэппэт, бэриллибит эрэ тиэмэтини кэпсиир.
2)Сибээскэ киирбэт модель “Китайская стена” – маҥнайгы модельга маарынныыр. Уратылара диэн үөрэнээччини уонна үөрэтээччини кытары утарыта ситим баар, ол эрэн биир тылы сатаан булбат буолуу эмиэ көстөр. Онно эбии бэйэ бэйэни кытта тапсыбат буолуу, баҕа суох буолуута баар. Холобур, оҕо бу үөрэтиллэр тиэмэни сэҥээрбэт буолуута. Эбэтэр уһуйааччы бэйэтин үрдүктүк туттуута, дуоһунаһынан түөс охсунуута.
3)Араастаан сыһыаннаһыы модела “Локатор” – үөрэнээччилэри кытары талан сыһыаннаһыы. Уһуйааччы аудиторияҕа барытыгар буолбакка, талааннаах диэн бэлиэтээбит оҕолоругар, эбэтэр утарытын тиэмэни өйдөөбөтөх, хаалан иһэр оҕолорго улахан болҕомтотун уурар; бу учуутал кылаас иһигэр эйгэни бэйэтэ оҥорор буолбатах, оҕолор ис туруктарын көрөн үөрэтэр. Эппитин этэ турар киһи.
4)Гипорефлекснай модель “Тетерев” – уһуйааччы бэйэтин ис туругар киирэн хаалбыт, наар санааҕа ыллара сылдьар: үксүн бэйэтэ бэйэтин кытары кэпсэтэр, төбөтүгэр ойуулаан көрөр. Дьону кытары кэпсэтэ туран бэйэтин эрэ саҥатын истэр, кэпсэтэ турар киһитигэр төрүт да аахайбат. Маннык дьонтон туох эрэ оруннааҕы ыйытан да туһа суох.
5)Гипорефлекснай модель “Гамлет” – иннинээҥҥи модель утарыта туруоруута. Учуутал кэпсиир матырыйаалыгар кыһаммакка, дьон кинини хайдах ылынарын толкуйдуур, бэйэтин туһунан үчүгэй өйдөбүл хааллара сатыыр.
6)Уларыйбат халыыптаах модель “Робот” – үөрэтээччи үөрэнээччилэрин кытта эрдэттэн быһаарыллыбыт тутулу тутуһаллар, хас биирдии киһи бэйэтин сыалын соругун билэр, урут уруккаттан биир методиканан дьарыктаналлар.
7)Авторитарнай модель “Я сам” – үөрэх бырассыаһа сүрүннээн уһуйааччы тула сайдар. Кини – биир соҕотох кэпсээччи. Оҕолору кытта үлэ барбат.
8)Көхтөөх сыһыан модела “Союз” – уһуйааччы куруук үөрэтэр оҕолорун кытары кэпсэтэр, кинилэр санааларын истэр, куруук настырыанньалара үчүгэй буоларыгар кыһаллар, хамсааһыны салайар оҕолору биһириир, кылаас иһигэр өйдөспөт буолуу тахсаары гыннаҕына, көннөрөргө кыһаллар. Оҕолорго табаарыстарын кэриэтэ эрэнэр киһилэрэ буолар.
Хас биирдии учууталга биир эрэ модель барсыбат, киһи майгыта-сигилитэ түгэниттэн тутулуктаах араас араас буолар, ол иһин араамааҥҥа ойууланар түгэннэртэн саамай өйдөөн хаалбыт уонна биллэр-көстөр моделльарын суруйдум. Ромаҥҥа сүрүннээн уобарастары характеристикалыыр, кинилэр психологическай мэтириэттэрэ, араас түгэҥҥэ бэйэлэрин хайдах тутталлара-хапталлара уонна кинилэр ис туруктарын тиэрдэр тас эйгэлэрэ, тулалыыр маллара-саллара буолар.
Учуутал аата-суола
|
Модела
|
Туохтан маннык модельга киирэрин быһаарыы
|
Сергей Петрович Аласов
|
Союз
|
Новатор, туох баар кыаҕын барытын туһанан оҕолорго көмөлөһө сатыыр, оскуолата сайдарын туһугар үлэлиир
|
Всеволод Николаевич Левин
|
Союз
|
Сегрей Петрович Аласов учуутала, ытыктыыр киһитэ. Кини эмиэ консервативнай өйдөөх санаалаах киһи
|
Надежда Алексеевна Пестрякова
|
Тетерев
|
Баттаҕын көннөрүнэн тахсар Аласов туһунан санаатаҕына, кинини көрдөҕүнэ. Урут Аласов кинини наар баттаҕа көнөтүн, үчүгэйин эрэ көрөр эбит
|
Иван Иванович Пестряков
|
Локатор
|
Надежда Алексеевна ахтыытыттан эттэххэ кини ыраас таҥаһын нөҥүө наар кыраттан иҥнэрэ көстөр. Эргэ кириэһилэ, эргэ ампаар күлүүһэ, хара тэтэрээт, кураанах графин кини ис туругун көрдөрөллөр. Консервативнай өйдөөх-санаалаах, аныгы олох хаамыытыгар сөп түбэспэт киһи
|
Майя Унарова
|
Тетерев
|
Олус кыһамньылаах, сымнаҕас майгылаах
|
Саргылана Кустурова
|
Тетерев
|
Илиитин куруук кистии сылдьар, бэйэтигэр эрэлэ суох
|
Стеанида Хастаева
|
Монблан
|
Аласовы таптыыр. Киирбит-тахсыбыт, сытыы-хотуу майгылаах. Уруһуйданан кубулунар
|
Клеопатра Ксенофонтовна
|
Монблан
|
Харчытын сүтэрэн баран оҕолор сумкаларын хаһар, учуутал итинник быһыыланыа суохтаах. Кимиэхэ да эрэммэт, бэйэтин куһаҕан майгытын билиммэт
|
Кылбанов
|
Гамлет
|
Физика, математика учуутала. Нина дневниигин ылан баран тыллаан биэрэр, дьон ис туругар, олоҕор олох наадыйбат
|
Федор Васильевич Кубаров
|
Я сам
|
Уоттаах харахтаах, консервативнай өйдөөх-санаалаах, ол эрэн кэнники ол хаҕыттан (футлярыттан) тахсыбыт киһи. Былыргы санааларыттан босхолонор. Дириэктэр миэстэтиттэн аккаастанар уонна бэйэтин оннугар Аласовы сүбэлиир
|
Саха литературатыгар норуот интеллигенциятын суолтатын туһунан санааны ааптар учуутал уобараһыгар түмэн уус-ураннык арыйар. Ол эбэтэр, арамаан национальнай идиэйэтин быһаарар суолтаны Арыылаах оскуолата, тыа сирин учууталлара уонна үөрэнээччилэрэ, төрөөбүт дойдутугар үлэлии кэлбит Сергей Петрович Аласов ылаллар. Кини норуот сайдыыта инники олох таһымыгар урутаан бэлэмнээх буолар ыччаттартан тутулуктааҕын, ааспыт олох историята кырдьыкка олоҕуран сырдатыллыахтааҕын, эдэр киһи дойдутугар, төрөөбүт буоругар таптала саастаах көлүөнэҕэ сыһыаҥҥа олоҕуруохтааҕын туһунан санааны уус-ураннык арыйар уобараһынан буолар. Ааптар сүрүн геройун нөҥүө кини эргимтэтин ойуулууругар бэйэтин кэминээҕи уопсастыба олоҕун ырытан, сыаналаан көрдөрөр. Арамаан идиэйэтэ табыгастаах уус-уран тиэмэҕэ, киһи болҕомтотун тардар сюжекка олоҕуруута айымньы киэҥ ааҕааччы болҕомтотун тардыбытынан быһаарыллар.
Эбэн этиэхпин баҕарабын, суруйааччы учуутал үлэтин олус үчүгэйдик билэрин, оскуола олоҕун кэрэхсэбиллээхтик ойуулаабытын биһирии көрдүм. Софрон Петрович педагогическай үнүстүүтү бүтэрэн учуутал идэтин баһылаан үлэлии сылдьыбытын бу айымньы бигэргэтэр.
Использованная литература:
- Софрон Петрович Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары».