И.СОСИН ОҔОЛОРГО АЙЫМНЬЫЛАРЫГАР АЙЫЛҔА КϴСТҮҮЛЭРИН БИЛГЭЛЭЭҺИН

15 августа 7:07

Сахалыы оҕо литературатыгар аан маӊнайгынан айылҕаны билгэлээhини,  айылҕа уларыйыытын, кистэлэӊин сиhилии суруйбут суруйааччынан Иннокентий Сосин буолар. Кини оҕолорго анаан суруйбут кэпсээннэригэр сахабыт сирин тыйыс айылҕатын араас дьикти көстүүлэрин, кыыллар-көтөрдөр олохторун, майгыларын,  киhи уонна айылҕа быстыспат ситимнэрин, күнү-дьылы билгэлээһини кыра саастаах оҕолорго тупсаҕайдык арыйан көрдөрөр. И.Сосин оҕолорго анаан тулалыыр айылҕаны, сахалар күнү — дьылы билгэлээhиннэригэр хомуйбут, үөрэппит матырыйаалларыгар олоҕуран, «Тыа саҕатыгар», «Кымырдаҕас үлэтигэр тахсыбата», «Ойуурга моҕотой угуйар»,  «Айылҕалыын алтыһан» диэн оҕо аймахха тулалыыр эйгэ, айылҕа туhунан элбэх билиини биэрэр, айылҕаҕа харыстабыллаах сыhыаӊӊа иитэр кинигэлэрин таhаарбыта. Кини айылҕаны кэтээн көрүүтэ Виталий Бианки суруйууларыгар дьүөрэлээхтэр. Ол курдук Гаврил Попов И.Сосины  «саха Виталий Бианкита» диэн мээнэҕэ ааттаабатаҕа [1: 22 ].

Иннокентий Сосин этэринэн, күнү-дьылы билгэлээһин – саха төрүт үөрэҕэ буолар. Айылҕаны үчүгэйдик кэтээн көрбүт киһи: хаһан оттуохтааҕын, хаһан бултуу барыахтааҕын, тугу гыныахтааҕын барытын айылҕанан сирдэтинэрэ [4: 181]. Кини өбүгэбит үйэлэр тухары мунньубут муудараһа, билбит билиитэ, үөрүйэҕэ симэлийэн хаалбакка, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалыахтаах, тарҕана туруохтаах диэн сыалтан, оҕо кыра сааһыттан тулалыыр айылҕатын кэтээн көрөр үөрүйэхтэрин сайыннарарга анаан, элбэх тэттик кэпсээннэри суруйбута. Холобур, «Эбэҕэ оҕус мөҥүрүүр», «Харас ыалдьыта элбээбит», «Күтэр баҕайы билэр», «Кымырдаҕас үлэтигэр тахсыбата», «Балык уу түгэҕэр түспүт», «Сүөһү салгыны сытырҕалыыр», «Ойуурга моҕотой угуйар» уо.д.а. 

Суруйааччы оҕо сааhыттан айылҕа көстүүлэрин,  дьыл уларыйыытын мындырдык кэтээн көрөр ураты билиитин түмэн, «Кымырдаҕас үлэтигэр тахсыбата» уонна «Ойуурга моҕотой угуйар» диэн кинигэлэригэр киллэрбитэ.

Бу икки оҕолорго аналлаах кинигэлэргэ барыта холбоон 84 күнү — дьылы билгэлээhин киирбит. Бастакытынан, билгэлэри суолталарынан көрдөххө, дьыл кэмнэрин билгэлээhиннэр киирбиттэр. Холобур, сайын туhунан «Эбэҕэ оҕус мөӊүрүүр» кэпсээӊӊэ аҥыр сэттэтэ мөҥүрүүр буоллаҕына, үчүгэй сайын буолар. Күhүӊӊү көстүүлэргэ, холобур, куурусса төбөтүн кынатын анныгар укпут буолла5ына, тымныйар диэн эбит. Иккиhинэн, үүнээйинэн, көтөрүнэн — сүүрэринэн, дьиэ кыылларынан, үөнүнэн — көйүүрүнэн, уу харамайдарынан билгэлээhин диэн наардыахха сөп. Маны таhынан, айылҕа көстүүлэрин билгэлээhиннэр бааллар: ардах, тыал, халаан уута, кураан туhунан билгэлэр. Холобур, Сордоӊ булдугар тахсыбыт буоллаҕына, ардаҕа суох чуумпу күн буолар; Тэлгэhэҕэ ымыы кэлбит буоллаҕына, ириэhин кэлэр;

Иннокентий Сосин кэпсээннэригэр аӊардас билгэлээhин суолталарын эрэ биэрбэккэ, бу билгэлэр научнай быhаарыыларын олус тупсаҕайдык оҕолорго быhааран биэрэр. Кини бу икки кинигэтин айыл5а энциклопедиятын курдук көрүөххэ сөп. Ол курдук кэпсээннэргэ айыл5а араас көстүүтүн, хамсыыр харамайдар тустарынан иhитиннэрэр — биллэрэр киллэриилэр бааллар. Холобур, «Ойуурга моҕотой угуйар» кинигэҕэ суруйааччы баҕа туhунан манныгы киллэрбит: Баҕа уу — хонуу харамайа. Уута суох сатаммат. Ууну айаҕынан омурдан буолбакка, тириитин курдат «салгынтан» иhэр. Суруйааччы хас биирдии билгэлээhини быhааран биэриитэ саха мындыр өйүн, толкуйун бигэргэтэллэр уонна кини айымньыларын биллэрэр суолтатын өссө күүhүрдэн биэрэллэр. 

Түмүктээн эттэххэ, Иннокентий Сосин оҕо кыра сааhыттан айылҕаны кытары алтыстаҕына, кини бэйэтин билэр — көрөр сайыннарар, араас кистэлэӊи арыйар эрэ буолбатах, ону ааhан өй — санаа, эт — хаан өттүнэн сайдар, чэбдигирэр, айыл5аны харыстыырга уонна таптыырга уhуйуллар диэн бэлиэтиир. Кини айымньылара олус интэриэhинэй ис хоhооннорунан кыра ааҕааччы болҕомтотун тардаллар, кинини кинигэҕэ угуйаллар. Онон И.Сосин оҕолорго аналлаах айымньылара:

  1. Оҕо айылҕаны кэтээн көрөр үөрүйэҕин сайыннарар, айылҕа кистэлэӊин арыйар, саӊаны биллэрэр  суолталаахтар;
  2. Оҕолору айылҕалыын алтыhарга, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыhыаӊӊа, тапталга иитэр — үөрэтэр суолталаахтар;

И.Сосин сахалыы оҕо литературатыгар аан маҥнайгынан ураты хайысханы — айылҕаны билгэлээhини киллэрбит, айылҕа уларыйыыларын, көтөр-сүүрэр майгытын-сигилитин, олоҕун-дьаһаҕын кистэлэҥин оҕолорго арыйары ситиспит  киhинэн  буолар.

Литэрэтиирэ:

  1. Иванова Л.В. Тыа сирин кэрэhитэ: суруйааччы И.М.Сосин 80 сааhын туолуутугар биобиблиогр.ыйынньык/ Хомуйан оӊордо:  Иванова Л.В. — Дьокуускай, 2009. — 136с.
  2. Сосин И.М. Кымырдаҕас үулэтигэр тахсыбата: Кэпсээннэр. — Якутскай: Кинигэ изд-та, 1983. — 48с.
  3. Сосин И.М. Ойуурга моҕотой угуйар: Кэпсээннэр. — Якутскай: Кинигэ изд-та, 1990. -80с. 

4.Сосин И.М. Суон сурахтаах Суола үрэх:  дьулаан түбэлтэлэр, билгэлэр.Үhүс кинигэ .- Дьокуускай: Алаас, 2019. — 224с.