Болот Боотур „Сааскы дьыбардар“ уонна Платон Ламутскай „Сир иччитэ“ романнарыгар эбээн норуотун олоҕун ойуулааһын уратылара

26 апреля 3:58
 

Саха биллэр романиһын В.С. Соловьев-Болот Боотур «Сааскы дьыбардар» (1971) уонна эбээн талааннаах суруйааччытын П.А.Степанов-Ламутскай «Сир иччитэ» (1987) романнарыгар эбээн норуотун олоҕун ойуулааһын уратыларын тэҥнээн ырытарга холоннубут.

Бу айымньылар суруйааччылар айар үлэлэригэр, ону ааһан бэйэлэрин литератураларын историятыгар улахан суолталаах романнарынан буолбуттара. Болот Боотур «Сааскы дьыбардар» романынан литератураҕа бигэтик киирбитэ. Айымньы 1971 сыллаахха туспа кинигэнэн бэчээттэнэн тахсыбыта, ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылбыта. «Сааскы дьыбардарга» сэбиэскэй былааһы олохтооһун маӊнайгы тыӊааһыннаах кэмнэрэ ойууланар. Суруйааччы Үйээнди эбээннэрин олохторо историческай событиелар — гражданскай сэрии, сэбиэскэй былааһы олохтооһун – кэмнэригэр хайдах уларыйан испитин итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтэ. Айымньы сонун өрүтүнэн, биллэн турар, уобарастары арыйарыгар эбээн норуотун олоҕун, сиэрин-туомун, үгэстэрин уус-уран ньыма быһыытынан талааннаахтык туттубута буолар.

Платон Ламутскай эбээн литературатыгар бастакынан роман жанрын төрүттээбитэ. Кини «Сир иччитэ» романын 20-чэ сыл устата суруйбута, элбэх матырыйааллары хомуйбута, үѳрэппитэ. Платон Ламутскай романын 1984 сыллаахха суруйан бүтэрбитэ, айымньы сахалыы тылынан 1987 сыллаахха маӊнай «Хотугу сулус» сурунаалга, онтон туспа кинигэнэн бэчээттэнэн тахсыбыта. Чинчийээччилэр Амма Аччыгыйын “Сааскы кэмин” саха норуотун олоҕун энциклопедията диир эбит буоллахтарына, Платон Ламутскай «Сир иччитэ» романын эбээн норуотун энциклопедията диэн киэн тутта этиэхпитин сөп. Тоҕо диэтэххэ, ромаҥҥа эбээн норуотун дьылҕата, үгэстэрэ, тутуһар сиэрэ-туома, абыычайдара, номохторо, сэһэннэрэ, итэҕэллэрэ сиһилии арыллар. Саха суруйааччыта Степан Дадаскинов доҕорун туһунан маннык суруйбута: «Платон мындыр ѳйдѳѳх киһи этэ. Эвенин норуотун абыычайын, үгэстэрин билэрин этэ барбаппыт. Ол билиитэ, ордук кини «Сир иччитэ» диэн романыгар кѳстүбүтэ. Романы аахпыт эрэ киһи – бу айымньы бүтүннүүтэ эвен киһитин ѳйүттэн-санаатыттан силис таттарыллыбытын ѳйдүүр, билэр. Дьэ оннук табыллыбыт айымньы уус-уран ѳттүнэн эрэ буолбакка, улахан этнографическай суолталаах дии саныыбын» [2, с. 6]. Оттон романы сахалыы тылбаастаабыт  Петр Аввакумов айымньыттан эбээн туһунан элбэҕи билбитин уонна ол билбититтэн сүрдээҕин сѳхпүтүн туһунан ахтыытыгар суруйбута [3, с. 88].

Романнарга эбээн норуотун олоҕун ойуулааһын уратытын быһаараары, сиэри-туому, үгэстэри (кэргэн кэпсэтии, оҕо төрөөһүнүн, булт) ойуулааһыны уонна фольклор айымньыларын туһаныыны тэҥнээн көрдүбүт. Ыстатыйабытыгар кэргэн кэпсэтии, урууну тэрийии сиэрин-туомун ойуулааһын уратыларыгар тохтуохпут.

«Сир иччитэ» ромаҥҥа кэргэн кэпсэтии сиэрин-туомун ойуулааһын айымньы сюжетын биир саамай кэрэхсэбиллээх түгэннэринэн буолар. Манна Маркани уолугар Мэҥдунига кыыс ыйытара, оттон кыыһын Мэҥдэкини чукча уолугар Токаранига кэргэн биэрэргэ сөбүлэһэрэ, кэлин Микулайчааны кытта холбууллара барыта сиэри-туому толорууну кытта ситимнэнэн ойууланар.

Маркани уолугар Мэҥдунига кыыһы ыйытарыгар тутуһуллар ханна да суруллубатах, ол эрэн эбээн хас биирдии киһитин өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕиттэн иитиллибит, иҥэриллибит сиэри-туому ойуулааһыны көрөбүт. Онон ааҕааччы айымньы геройдарын кытта тэҥҥэ «кэргэн кэпсэтиһэ» туора дьоҥҥо айаннаһар уонна «тастан» кэлбит ыалдьыт, «ыйытар кыһалҕалаах» киһи быһыытынан,  онно сөптөөх сиэри-туому тутуһар.

Марканилаах кыыстарын Мэҥдэкини кэргэн кэпсэтэ суорумньуһуттаах чукчалар кэлиилэрин уонна кинилэри ойуулааһын бэйэтэ туспа уратылаах. Бу түгэҥҥэ ааҕааччы айымньы сүрүн геройдарын кытта сиэри-туому тутуһары ордук ирдиир ураты балыһыанньаҕа «бэйэ сиригэр» баар буолан хаалар. Марканилаах кэпсэтэ кэлбит дьон баайдарын, кыаналларын төһө да билэн олордоллор, туора, билбэт дьонноругар, чукчаларга, кыыстарын биэрэргэ тута сөбүлэспэттэр: “Марканилаах “ээх” дии охсубатылар. Хаһан да билбэтэх туора дьонноро эбиттэр. Кинилэр чукчалары кытта хаһан да бодоруспатахтара, онон сүрдээҕин атыӊыраатылар. – Сарсыӊӊа дылы тохтуу түһэрбит дуу, — диэтэ Маркани ыараханнык. Биһиги сүбэлэһэрбит наада буолсу” [4, с. 141].

Сарсыныгар кыыс сѳбүлэӊин биллэрэр. “Биир саӊа ыалы тэрийдэхпит дии. Дьэ, уолчааныам, дьолбут тосхойдо буолбаат! – диэбитинэн Пурама ойон турда уонна кыыс ийэлээх аҕатын кытта иэдэһинэн “тэс” бэрсиһэн киристиэбэлэстэ. Бу сыӊаах хоӊнуутун үѳрүүтэ” [4, с. 142].

Кыыс сөбүлэммитин эрэ кэннэ сулуу быһаарсыыта буолар: “Кини таһырдьа тахсан, икки маамыктаны салгыы баайда, онтон устатын тухары барыта сүүс төгүл туомтуу тардан баран, ураһаҕа киллэрэн, Пурамаҕа биэрдэ. Пурама ваку Токаранига туттарда. Ити аата Маркани 150 табаны сулууга көрдөөтө” [4, с. 143]. Бу быһа тардыыга эдэрдэр төрөппүттэрэ кэргэн кэпсэтии сиэрин-туомун тутуһан, кинилэр кэскиллэрин харыстыыр туһуттан, көннөрү мин кыыһым туһугар оччо табаны биэр диэбэккэ, атын предмет нөҥүө таайтаран этэллэрэ көстөр.

Бастакы түгэҥҥэ холоотоххо, кэргэн кэпсэтии арыый атыннык барда, ол эрэн барыта сиэр быһыытынан оҥоһулунна. Ыйытыы – сөбүлэһии – сулууну быһаарсыы — кэргэн кэпсэтии бары түһүмэхтэрэ тутуһулуннулар.

Уруу сиэри-туомун Мэҥдунилаах Гявун сыбаайбаларын ойуулааһынын холобуругар көрөбүт.

Ромаӊӊа сыбаайбаҕа бэлэмнэнии үгэнэ сиһилии ойууланар (кыыс ураһатын бэлэмнээһин, табаны баайарга аналлаах тииттэри чочуйан тупсарыы о.д.а.). Бу барыта эмиэ туспа сиэр-туом быһыытынан айымньыга улахан суолталаах. “Агундьа бастаан иһэр. Сирэйин кѳстүбэт гына дьэрэкээн ойуулаах былаатынан саба бааммыт Гявун мииммит уучаҕын сиэппит. Бу уучах кыыс мончуук табата буолар, сэттэ сэтии ындыылаахтар, хас да босхо таба батыһыннарыылаахтар. Кыыс аймахтара уучахтарын миинэн кэннилэриттэн иһэллэр. Кэлэн, ураһаны тула, айаннаабыттарын курдук күнү батыһа үстэ эргийдилэр. Эдэрдэр ороннонон сытыахтаах сирдэрин туһунан тохтоотулар” [4, с. 149]. Кийиит кыыс кэлиитэ маннык тэриллэр эбит.

Уруу күнүгэр уоллаах кыыһы тургутан көрөллөр: “Дьон хааман кэлэн иһэр тыаһа иһилиннэ, ол эрээри Мэҥдуни мас мастыырын кубулуппата. Кини аралдьыйан тохтуо суохтаах, кыратык да тохтоон, дьону одуулаһан оччойоро сатаммат. Үлэҕэ хоһуунун, кыайыгаһын, сүрэхтээҕин көрдөрүөхтээх” [4, с. 149]. Көстөрүн курдук, күтүөтү тургутан көрүү бэйэтэ туспа суолталаах, уратылаах эбит. Оттон кийиит кыыс Гявун ас астаан амсатыахтаах, үчүгэй хаһаайкатын кѳрдѳрүѳхтээх эбит. “Уулаах алтан солуурдар бэлэм тураллар. Кини бэйэтэ аҕалбыт этиттэн киллэрэн күѳс ѳрѳ уурда. Чаанньыгы оргута туруорда. Итинэн Гявун саӊа дьонугар асчыт илиитин кѳрдѳрүѳхтээх. Сүрдээхтик кыһанар-мүһэнэр” [4, с. 152].

Онон хас биирдии эбээн уола, кыыһа оҕо эрдэҕиттэн ыал буолуу сиэрин-туомун бары түһүмэхтэрин билэ, үөрэнэ улаатар эбит. Ону айымньы геройдарын дьайыыларыттан, кинилэр сиэри-туому тутуһалларыттан көрөн итэҕэйэбит.

Кэргэн кэпсэтии сиэригэр-туомугар кэпсэтиини кэһэн, илии охсуспут кыыскын атын киһиэхэ кэргэн биэрдэххинэ, саат куттарыы киирсэр. “Сир иччитэ” ромаҥҥа бу кыһалҕа Марканилаахха эмиэ тириир.

Платон Ламутскай романыгар уруу сиэригэр-туомугар христианскай итэҕэлтэн сыбаайбаҕа эдэрдэр таҥараҕа үҥүүлэрэ, бокулуоннааһыннара киирбитэ көстөр. Ол эрэн айымньы геройдара кэргэн кэпсэтии, урууну тэрийии бары түһүмэхтэрин өбүгэлэрин үгэстэригэр олоҕуран оҥорорго кыһаналлар.

Болот Боотур “Сааскы дьыбардар” романыгар кэргэн кэпсэтии сиэрин-туомун ойуулааһын ордук Аанча уонна Мотуоһа уобарастарын кытта ситимнээх.

Айымньыга Аанча сокуоннай (20) сааһын сиппит кыыс. Кини кыра сырыттаҕына аҕата Үрэкиин оҕонньор уолугар Сүѳдэкэҕэ кэпсэппит, илии тутуспут эбит. Ол эрэн Аанча кэргэн тахсыахтаах киһитэ кини сокуоннай сааһын ситэригэр тиийбэтэх. Үрэкииннээх уоллара тѳһѳ да ѳлбүтүн иһин, илии охсуспут буоланнар, Аанча кинилэргэ син биир кийиитинэн ааҕыллар. Онон кийииттэрин бэйэлэрэ талбыттарынан ойох биэрэллэрэ сиэр быһыытынан кѳӊүллэнэр. Ону ааһан эргэ барарын бобон, бэйэлэригэр илдьэ олорон, дьиэ чаҕара оӊостуохтарын эмиэ сөп. Кыыс тѳрѳппүттэрэ, ону сѳбүлээбэт буоллахтарына, испит арыгыларын, аһаабыт кэһиилэрин уонна ылбыт халыымнарын – барытын тѳннѳрүѳх тустаахтар. Болот Боотур сэбиэскэй былаас дьахтарга көҥүлү аҕалбытын чорботон көрөдөрүгэр эр-ойох буолууга сыһыаннаах үгэстэртэн маны талан сюжетыгар киллэрбитэ ордук кэрэхсэбиллээх. Ол урукку уонна саҥа олохтор уратылаһалларын, эдэр кыыс өйө-санаата уларыйыытын, характера сайдыытын дьэҥкэтик көрдөрөр.

Дьэргэ ойоҕо Мотуоһа ыалдьа сытан уруккутун саныырыгар кэргэн кэпсэтии ураты сиэрэ-туома ойууланар. Холобур: “Биирдэ ити, Сэргэчээн аҕатын Ньукуһуогу кытта Таппанча бэркэ табыллан бултуйан киирбитэ. Булт малааһынын кэнниттэн, сарсыныгар Ньукуһуок Уйбааӊкалаахха киирэн кэлбитэ, туох да саӊата суох икки хардаҕаһы тѳбүлгэӊӊэ ылан уот үрдүгэр кириэстии уурбута уонна табах уматынан иккитэ-үстэ обороот, дьиэлээх киһиэхэ биэрбитэ. Ону дьиибэргээн, Мотуоһа, Ньукуһуок диэки ѳрѳ кѳрѳн олордоҕуна, ийэтэ “таҕыс, оонньоо, манна кэпсэтии буолуо” диэбитэ” [1, с. 82].  Эбээннэр үгэстэринэн икки хардаҕаһы кириэстии ууруу – оҕолорбутун (икки киһини) холбооттуохха диэни бэлиэтиир. Оттон хамсаны кэриһэн тардыы, “Сир иччитэ” ромаӊӊа кѳрбүппүт курдук, сѳбүлэһии бэлиэтэ.

Сотору буолаат, аҕата Мотуоһаны ыӊыран ылан: “Ѳссѳ эн кыра эрдэххинэ, биэс сыллааҕыта кэпсэтиитэ бүтэн турар. Билигин сааскын ситэн эрэҕин. Таппанча кѳрсүѳ, булчут, үчүгэй, эйиэхэ сѳптѳѳх оҕо. Онон сотору уруу түһэрэбит. Сүктэр тэрилин барыта бэлэм. Бэйэ билэр киһитэ Ньукуһуок маӊарай буолан киирэ сырытта. Кэпсэтии, халыым, энньэ барыта быһаарылынна. Оҕобор, эйиэхэ уон биэс табаны аныыбын. Бу киэһэ арыгытын иһиэхпит, — аҕата туох эрэ ыйааҕы ааҕар курдук этэн субурутта. Кыыс сѳбүлүүрүн-сѳбүлээбэтин туһунан ыйытыы суох буолла” [1, с. 82].  Манна эбээн киһитэ эппит тылыгар туруохтааҕа ѳссѳ тѳгүл бигэргэтиллэр, кыра эрдэхтэринэ оҕолору холбооттуурга илии тутуспут буоллаххына – тылгар туруохтааххын. Эппит тылгын кэһэн кыыскын ойох биэрбэт буоллаххына, ылбыт халыымӊын, испит арыгыгын барытын тѳнүннэриэхтээххин. “Сир иччитэ” ромаӊӊа кыыс сѳбүлэӊэ суох күүстэринэн ойох биэрбэттэр, оттон бу түгэӊӊэ кѳстѳрүнэн Мотуоһа сѳбүлэӊин ыйыппатылар. Онон эрдэттэн кэпсэтии барбыт буоллаҕына кыыс сөбүлүүрэ-сөбүлээбэтэ оруолу оонньообот. Ураһалары утары ааннаан туруоруу кэлин бу ыал уруурҕаһар, ыаллаһар битэ эбит.

Ромаҥҥа Мотуоһалаах Таппанча урууларын күнүн ойуулааһын сиһилии суруллар.  Дьахталлар Мотуоһаны киэргэтэллэр, баттаҕын ѳрѳллѳр, итиэннэ “тойонун аах уоттарыгар быраҕаар” диэн тымтык биэрэллэр. Кыыстарын таһырдьа сиэтэн таһаараллар. “Ол кэмӊэ адаарыйбыт муостаах бѳдѳӊ атыыр уучаҕы мииммит, саӊа ыыстаах сарыы сону, ыстааны кэппит Таппанча дьиэтин таһыттан бэттэх диэки хаамтаран кэллэ, табатыттан түстэ уонна Мотуоһаны илиититтэн сиэтэн тѳрѳппүттэрин иннигэр аҕалла. Кыыс аҕата Уйбааӊка кыра кѳмүс таӊараны уоллаах кыыска хардарыта ууратта – уонна Мотуоһа түѳһүгэр ыйаата. Кыыһы, атын дьахталлар кэлэн, уол ийэлээх аҕатын иннигэр эрин кытта эмиэ кэккэлэһиннэрдилэр, эмиэ таӊараны уураттылар уонна уол түѳһүгэр ыйаатылар. Онтон сиэтэн дьиэҕэ киллэрдилэр. Уот хаӊас ѳттүнэн аһаран истэхтэринэ, Мотуоһа били тымтыгын дьѳрбѳтүн уокка бырахта. Кийиити, күтүѳтү аналлаах олбохторугар кэккэлэһиннэрэ олортулар. Мантан ыла хойукка диэри, аһыы-аһыы, оонньуу-күлүү, кѳр-күрэх буолла” [1, с. 83]. Бу кэрчиккэ эбээн норуотун олоҕор атын итэҕэл – христианство — ханыыласпытын кѳрѳбүт.

Көстөрүн курдук, кэргэн кэпсэтиигэ ураты суолта ууруллар эбит:  эдэрдэртэн, кинилэр дьонноруттан элбэх туому тутуһары, сиэри ситэрэри ирдиир. Аҥаардас бу да сиэри-туому тутуһуу эбээн омук быһыытынан уратыларын арыйар. Айымньылартан көрдөххө, эбээннэр кыыстарын сөбүлээбэтин үрдүнэн күүстэринэн кэргэн биэрбэттэр эбит. Оттон сахалар кыыстарыттан ыйыппакка, күүстэринэн сөбүлээбэт киһитигэр биэрэллэрэ урукку үйэҕэ баар этэ, ол элбэх уус-уран айымньыга ойууламмыта. Сахалар «уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук», «кыыс – омук анала» диэн этэр эбит буоллахтарына, эбээннэр кыыстарын атын, туора дьоҥҥо, ыраах сиргэ кэргэн биэрэн ыыппаттар эбит. Оттон сахалары кытта кэргэн кэпсэтии сиэрин-туомун майгыннаһар өрүттэригэр сулууну, энньэни ааттыахха сөп. Сахаларга эмиэ сулуу, халыым, энньэ диэн өйдөбүллэр бааллар.

Онон «Сир иччитэ», «Сааскы дьыбардар» романнарга эбээн норуотун биир ураты үгэһэ — кэргэн кэпсэтии сиэрин-туомун ойуулааһын — романнар сюжеттарын биир саамай кэрэхсэбиллээх түгэннэринэн буолаллар. “Сир иччитэ” ромаӊӊа кэргэн кэпсэтии былыргылыы сиэрэ-туома ойууланар, халыым, энньэ, “илии тутуһуу” диэни үгүстүк кѳрѳбүт. Оттон “Сааскы дьыбардар” ромаӊӊа былыргылыы сиэри-туому тутуһуу сыыйа уларыйара көстөр. Былыргылыы халыым тѳлүүр, кыыһы уол дьоно бас билэр үгэстэрэ сарбыллар, ол оннугар сокуоннайдыы эр-ойох буолуу, саахсанан арахсыы олоххо киирэр.

 

 

Литература

  1. Болот Боотур. Сааскы дьыбардар: роман. – Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1971. 456 с.
  2. Дадаскинов С. Платон Ламутскай // Ламутскай П. Сырдыкка айан: Ахтыылар, ыстатыйалар, хоһооннор, пьеса. — Дьокуускай: Бичик, 1993. С. 5-8.
  3. Егоров А.-Чоокуур. Ламутскай П.Д. Аввакумовка суруктара// Чолбон. – 1990. № 11. С. 88.
  4. Ламутскай П. Сир иччитэ: роман. – Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1987. 296 с.