ИСТОРИЯ СТАНОВЛЕНИЯ САХА КВН

12 января 1:38
Бастаан саха тыллаах КВН 1997 сыллаахха Үөрэх министерстибэтин көҕүлээһининэн оҥоһуллубута. Ол кэннэ улуус, улуус бөлөхтөрө (регион) таһымнаах оонньуулар оҥоһуллубуттара. КВН оонньуутун тэрийии    үөрэнээччи үөрэх таһынан дьарыктанарыгар уонна иитиигэ улахан солтатын өйдөөн, Саха Өрөспүүблүкэтин Үөрэҕин министиэрстибэтэ (миниистир Е.И. Михайлова), Саха Өрөспүүблүкэтин оҕолорун общественнай холбоһуктарын  Сойууһа (бэрэссэдээтэл А.Д. Васильев) уонна Саха Өрөспүүблүкэтин Көргө-күлүүгэ уонна Сатираҕа государственнай театра (дириэктэр М.С. Павлова) буолан 2001 сылтан оҕолор ыккардыларыгар Өрөспүүблүкэтээҕи сахалыы тылынан оонньонор КВН бэстибээлин тэрийбитэ. Бу сылтан ыла «Саха КВН» хамсааһына кэҥээн сайдан испитэ. Бэстибээл сыала-соруга:

  • КВН бастыҥ хамаандаларын, оонньооччуларын, салайааччыларын бэлиэтээһин;
  • Эдэр ыччата төрөөбүт тылынынан аһаҕастык, ыраастык туттара-хаптар;
  • Улуустар ыккардыларыгар доҕордоһуу сыһыаны кэҥэтии;
  • Талааннары арыйыы уо.д.а.


Бастакы ыытыллыбыт оонньууга 13 улуустан 17 хамаанда күрэс кыттыыны ылбыта. Оонньуу таһымэ бэрт үрдүк этэ. Араас элбэх көрүдьүөс нүөмэрдэр көстүбүттэрэ. Ол эрэн оҕолор бастакы ханаал КВН-ын үтүктэн оҥорбуттара көстөр этэ. Бу оонньууттан саҕалаан оҕолор талааннара, маастырстыбалара үрдээн испитэ. Бу кэмҥэ сорох хамаандалар умнуллубуттара, саҥа хамаандалар күөрэйбиттэрэ, онтон сорох хамаандалар уһун бириэмэннэн үлэлэрэ дакаастаммыта. Билиҥҥи кэмҥэ бастыҥ хамаандаларга киллэрэбит: Майаттан «Саҥа кэми», Дьокуускай куораттан «ЯКШИ хомуур хамаандатын», Чурапчыттан “Сытыы сырбайдары”, Сунтаартан «Кыһыылаах кыраһаапчыктары» уонна «Буойун сахалары», Тааттатан “Ситиктэри”, Уус Алдантан “Көрдөөх Иглс”, Үөһээ Бүлүүттэн «Ыччуу-ыччалары».



Өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы оонньуу түмүгүнэн, чаҕылхай оҕолору Бүтүн Арассыыйатааҕы «Акыйаан» лааҕырыгар ыыталлар.



2002 сылга «Лөгөй Өрүөлчээннэрэ» уонна «Маҥарас маладьыастара» холбоһон «Акыйаан» лааҕырга 12 миэстэ буолбуттара, «Бастыҥ бэйэйни билиһиннэрии» анал аат ылбыта. Хамаанда ырыаһыта «Бастыҥ ырыаны толорооччу» анал аат ылбыта. Салайааччы Т.М. Петухова «Акыйаан» мэтээлинэн, анал аатынан наҕараадаламмыта.



2003 сыллаахха кыайыылаах «Ма5арас маладьыастара» хамаанда уонна биирдиилээн бастыҥ чаҕылхай оонньооччулары сүүмэрдээн, уопсайа 15 оҕо буолан «Акыйаан» лааҕырга барбыттара.



2006 сыллаахха Саха Сирин хамаандата 2-с истиэпэннээх дипломант, маны таһынан « бастыҥ миниатюра », “бастыҥ дьиэҕэ” сорудах анал ааттары ылбыттара.



2007 сыллаахха 15 миэстэ, «КВН-ҥа национальнай уратыны олохтообут хамаанда » диэн анал ааты ылаллар.



2008 сыллаахха кыайыылаах «Халлаан дьоно» кытта «Мэник мэҥэлэр» бараллар. «Мастер Лига» диэн анал ааты ылаллар.



Билиҥҥи кэмҥэ саха тыллаах КВН сайдар, бэйэтин көрдөнөр, араас ньымалары-албастары тобула сатыыр таһымҥа  турар.  Хас улуус, нэһилиэк, оскуола аайы  сүүмэрдэммит хамаандалар тэриллэннэр бэрт таһаарыылаахтык үлэлии олороллор.



Ол эрэээри КВН бастатан туран күрэх буолар. Өйдөөн көрөргүт буолуо,  эдэр толорооччулар күрэхтэрэ  классик-жанрдарыттан ураты, сэргэх, кэрэхсэбиллээх буолар. Ол эрэн эдэр толорооччулар таһымнара, сыанаҕа сылдьар култууралара, тыллара-өстөрө наһымах.   Холобура, сыл аайы элбэх үбүнэн-харчынан тэриллэр «Евровидение» диэн ырыаһыттар күрэхтэрэ кириитэкэлэннэр да көрөөччүлэрэ, биһирээччилэрэ  элбии турар. Тоҕо диэтэххэ бу күрэхтэһии, күөн көрсүһүү, хамаанданан үлэ, кыайыылаах – бэйэ норуотунан, дойдутунан  киэн туттуу, бэйэ аатын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, олоххо суолун тобулуу.



Литература:

  1. Базиев А.Т., Исаев М.И. Язык и нация. – М.: Наука, 1973. – 248 с.
  2. Брагина Д.Г. Современные этнокультурные процессы у народа саха. Учебное пособие. – Якутск: Изд-во ЯГУ, 1996. — 88 с.
  3. Брагина Д.Г. Этнические и этнокультурные процессы в Республике Саха (Якутия): 70-90-е гг. ХХ в. – Новосибирск: Наука, 2005. – 208 с.
  4. Воронова Е.А. Мы начинаем КВН! Сборник авторских сценариев для команд КВН / Е.А.Воронова. – Изд, 4-е. – Ростов на/Д: Феникс, 2007. – 352 с. – (Зажигаем).
  5. Кириллина М.А. Якутская комедия: типология и жанровая динамика / М.А.Кириллина. – Новосибирск: Наука. Сибирская издательская фирма, 2014. – 116 с.
  6. Корнилова А. Все на Саха КВН // Молодежь Якутии. – 2012. – 5 апреля. №13. с.16.
  7. Самсонова Н. Молодежь на Полюсе холода // Якутия. – 2013. – 28 июня. №114. с.2.
  8. Слепцов П.А., Роббек В.А. Проблемы сохранения и развития языков арктических народов Российской Федерации / Языки, культура и будущее народов Арктики. – Якутск, 1994. – 114 с.
  9. Турыгина С.В., Кугач А.Н. КВН: методика проведения и сценарии для школ и колледжей / Серия “Библиотека школьника”. Ростов н/Д: “Феникс”, 2003. – 224 с.
  10. Уткин К.Д. Культура народа саха: этнофилософский аспект. – Якутск: Бичик, 1998. – 368 с.
  11. Федотова В. Известны финалистов игр Саха КВН // Молодежь Якутии. – 2012. – 8 марта. №9. с.2.


 

  1. 1. Baziyev A.T., Isaev M.I. Yazyk and nation. – M.: Science, 1973. – 248 pages.
  2. Bragina D.G. Modern ethnocultural processes at the people Sakha. Manual. – Yakutsk: YaGU publishing house, 1996. — 88 pages.
  3. Bragina D.G. Ethnic and ethnocultural processes in the Sakha (Yakutia) Republic: the 70-90th of the 20th century – Novosibirsk: Science, 2005. – 208 pages.
  4. Voronova E.A. We begin KVN! The collection of author’s scenarios for teams of KVN / E.A. Voronova. – Prod., the 4th. – Rostov on / Д: Phoenix, 2007. – 352 pages – (We light).
  5. Kirillina M.A. Yakut comedy: typology and genre dynamics / M.A. Kirillina. – Novosibirsk: Science. Siberian book-publishing firm, 2014. – 116 pages.
  6. Kornilov A. All on Sakha KVN//Youth of Yakutia. – 2012. – April 5. No. 13. page 16.
  7. Samsonova N. Youth on the Cold pole//Yakutia. – 2013. – June 28. No. 114. page 2.
  8. Sleptsov P.A., Robbek V. A. Problems of preservation and development of languages of the Arctic people of the Russian Federation / Languages, culture and future of the people of the Arctic. – Yakutsk, 1994. – 114 pages.
  9. Turygina S.V., Kugach A.N. of KVN: a technique of carrying out and scenarios for schools and the Library of the School Student Colleges / a Series. Rostov N / Д: Phoenix, 2003. – 224 pages.
  10. Utkin K.D. Culture of the people Sakha: ethnophilosophical aspect. – Yakutsk: Bichik, 1998. – 368 pages.
  11. Fedotova V. Sakha KVNs//Youth of Yakutia are known finalists of games. – 2012. – March 8. No. 9. page 2.