ОЛОНХО В РАКУРСЕ СОВРЕМЕННОГО ИССЛЕДОВАНИЯ

22 ноября 11:14
Историческай билим кандидата Л.И. Егорова: “Билигин наука ньымаларын сөпкө туһанан фольклор араас жанрдарыттан, чуолаан олоҥхоттон Дьиҥ Билиини таһаарар кыах баар”- диэн бэлиэтиир [1, с. 6]. Олоҥхо – үйэттэн үйэҕэ, олоҥхолооһун кистэлэҥ сатабылынан рациональнай, иррациональнай, трансцендентнай толкуйдар нөҥүө, чочуллан бэриллибит улуу айымньы. Маннык уустук феномены дириҥник түөрэн чинчийэргэ, синергетика ньымата, уустук систиэмэлэр эйэлээхтик эҥэрдэһэр сокуоннарыгар олоҕурар буолан, икки аҥы хайысхалаах билиилэр (о.э. аныгы билим билиитэ уонна түҥ былыргы олоҥхо билиитэ) толорсон, ситэрсэн биэрэр усулуобуйаларын хааччыйар. Фольклористикаҕа естественнай билимнэр рациональнай ньымаларын туттуу — олоҥхо мифологическай өйүн-санаатын айылҕа сүрүн сокуоннарыныын холбуур. Бу холбоһор өйдөбүллэр уопсай семантическай тутуллара, тулалыыр эйгэни биир кэлимсэ ис дьиҥ быһыытынан ылынарга хайыһыннарар.



Бастатан туран, олоҥхолооһун бэйэтэ туспа феномен быһыытынан чинчиллиитигэр, олоҥхону толорооччу өйүнэн-санаатынан уобарастаан көрөөһүнэ Эйнштейн түөрүйэтинэн быһаарыллар. Ама киһи көрөр хараҕа тулалыыр эйгэни ылыныыта элбэх кээмэйдээх Куйаартан үс кээмэйдээх эйгэни арааран көрөр. Бу түөрүйэ: эйгэ үс эрэ кээмэйинэн бүппэт, бириэмэ эйгэттэн туспа суох, кинилэр ыкса сибээстээхтэр, уларыйар түгэннэригэр айылҕаны ойуулааһын төрдүттэн уларыйар диэн. Мантан, эйгэ элбэх кээмэйдээх эбит диэн өйдөнөр. Олоҥхоһут туругун, ол эбэтэр, кэккэлэһэ баар атын кээмэйдэргэ киирэн, ама киһи өйүн-санаатын таһынан билиини-көрүүнү тылынан уустаан-ураннаан тиэрдээһинин физика билимин биир сүрүн түөрүйэтэ бигэргэтэр. Олоҥхоҕо айгырастаах аан ийэ дойду аан бастаан айыллыытын “Сир ийэ хотунум сиэдэрэй тииҥ тиҥилэҕин саҕаттан тэнийэн-тэрбэйэн, үүнэн-үөскээн, сачарыы табам кулгааҕын сарыытын тиэрэ таппыт курдук, сарбайа үүнэн, сараадыйа улаатан испитэ эбитэ үһү” [2, с. 76] – диэн оһуордаан-мандардаан ойуулаан биэрээһин, физика билимин “Улахан тоҕо тэбиитин” түөрүйэтин кытта чуо сөп түбэһэр. Чинчийээччи А.С. Попова этэринэн, ол кэмнээҕи Куйаар киэҥ киэлитигэр уларыйыыны сахпыт улахан тоҕо тэбии олоҥхоҕо “Уордаах Уот кыргыһыы” диэн ыйылла сылдьар [3, 13 с.]. Олоҥхоҕо өрө тутуллар өйдөбүлүнэн Үрдүк Өй буолар, аан дайды айыллыытыгар кини көмөтүнэн өстөһүү эйэ-дэмнээхтик быһаарыллара маннык этиллэр: өспөт тыыннаахтар, өлбөт бэйэлээхтэр – “эт-тирии бүтүн эрдэҕинэ эйэнэн кэпсэтиэххэ, сүүспүтүн аалсыахха, сүбэлэһэн көрүөххэ..” дэһэн, кэпсэтэр киэби ыллылар [4, с.17]. Ол эбэтэр, айылҕаҕа утарыта турар күүстэр тэҥнэһиилэрин өйдөбүлэ сылдьар. Аныгы астраномия Аан дойду космологическай тутулун быһаарыыта икки сүрүн тирэхтээх, эмиэ – хамсааһын уонна тэҥнэһии. Олоҥхо тутула, сюжеттарын тутуута, ойуулаан көрөр систиэмэтэ бүүс-бүтүннүү, бу хаһан да тохтообот хамсааһыннаах тэҥнэбиллээх (динамическое равновесие) сүрүн өйдөбүлгэ олоҕурар. Олоҥхо биир улахан чорботон бэлиэтиирэ – эргиир өйдөбүлэ буолар. Олоҥхо көрүүтүгэр Үөһээ уонна Аллараа абааһылар дойдулара “төттөрү эргиирдээхтэр”. Онтон биһиги Күммүт систиэмэтин тоҕус планеталарыттан үксүлэрэ биир хайысхаҕа сүнньүлэрин тула эргийэллэр, Венера уонна Уран эрэ утары эргиирдээхтэр. Өскөтүн олоҥхоҕо Үөһээ абааһылар дойдулара “күнэ көстүбэтэх, түҥнэри эргиирдээх, барык-сарык урсуннаах бадылҕан хара тыыннаах, иҥсэлээх тыаллаах, салбана көтөр саталаах, саккырыы көтөр илбистээх, содуомнаах соллоҥ мэнэгэй иирбит оботтоох уот чопчурҕан буоллаҕына [4, с.420], астраномия билимэ чахчы да Венера планетаны аргыһа (спутнига) суох диир, планета бүтүннүү сернай кислота халыҥ былытынан бүрүллэн турар, тас бүрүөһүнүн үрдүнэн күүстээх тыаллар түһэллэр, үөһээ араҥаларыгар тохтообокко буолуталыыр чаҕылҕаннар кислотнай ардахтары түһэрэллэр диир. Онтон Аллараа дойду “силлиэ түспүт, сибиэн көппүт, холорук ытыллыбыт, хомуһун туойбут, барбатах балык миинин курдук бадыа-бидиэ, буспатах мунду миинин курдук борук-сорук, кэлтэгэй кэрис бараан ыйдаах, эмтэркэй эбир күн элээмэлээх дойду эбит [4, с.143]. Кырдьык, Уран планетаҕа Күн сырдыга тиийиитэ Сирдээҕэр 390 төгүл мөлтөх, орто кэтирээһиннэригэр тыал биир сөкүүндэҕэ 150 миэтэрэҕэ тиийэ түргэнник үрэр, бу планета бары планеталартан уратыта – бэйэтин тула эргийэр сүнньэ 98 кыраадыс иҥнэритигэр сытар, ол эбэтэр планета ойоҕоһунан сытан эрэ эргийэр. Бу уратытыгар олоҕуран, өскө Уран планета өттүттэн көрдөххө, тоҕо ыйа кэлтэгэй, күнэ эмтэркэй буолара дьэҥкэтийэн өйдөнөр. Олоҥхоҕо Аллараа дойдуну “нэс түөртүгэн” дииллэрэ, бу планета Күнү тула эргиирэ 84 сирдээҕи сылга тэҥнэһэрин, онтон бэйэтин сүнньүн тула эргиирэ 234 сирдээҕи күҥҥэ тэҥнэһэрин көстүүтэ буолуон сөп. Өссө биири бэлиэтээтэххэ: абааһы бухатыырын ырыатыгар ахтыллар Аллараа дойдуттан суол “үс күлэр ньүкэн үтүгэн үлүскэннээх үс үтүмэхтээх”  – диэн өйдөбүл, Уран планета Сиртэн үс планета (Марс, Юпитер, Сатурн) нөҥүө сытара буолуон сөп.



Олоҥхоҕо кэпсэнэр Аан дойду тутула олус улахан космическай эттиктэргэ эрэ буолбакка, олус кыра эттиктэргэ эмиэ итэҕэтиилээхтик көстөр. Физикаҕа Дирак түөрүйэтэ соһуччу арыйыыны оҥорон саҥа көрүүлэри киллэрэргэ олук уурбута. Аатам курдук кыракый эттик ис тутулугар, киһи сөҕүөн курдук, тэҥнэбил көстүүтүн чаҕылхай холобура – электрон ханыыта позитрон диэн баара, маны ааһан квантовай физикаҕа кыракый эттиктэр икки айылҕалаахтара, ол эбэтэр, тэҥинэн долгун (волна) уонна частица буолалларын туһунан эмпирическэй ньымаларынан булуллубут арыйыылар, утарыта турар күүстэр уонна дьайсыылар тэҥнэһиилэрин көрдөрөр. Ол курдук олоҥхоҕо: “Охтон баранар мастаах, уолан баранар уулаах, уостан сүтэр уйгулаах.., муур-таар бэйэкэлээх орто туруу дьаҕыл дойду диэн, оҥоһуллубута эбитэ үһү” [4, с. 12] — диэн, атыннык эттэххэ: орто дойдуга уларыйа турар көстүүлэр бары саҕаланар уонна бүтэр айылгылаахтар, ол да буоллар, хайаан да хас көстүү кэннигэр хаалларардаах, салгыырдаах буолан, олох – биир баайыы быстыбат ситим диэн өйдөбүл бэриллэ сылдьар. Олоҥхо этиитинэн “Салыйа туойуллар салгын кут, тэлэһитэ туойуллар ийэ кут, бытарыта туойуллар буор кут, өһүлэ туойуллар сүр-кут” [5, с. 135], — диэн саха анимистическай көрүүтүн сүрүн өйдөбүлэ, физикаҕа баар “биир эттик тэҥинэн үгүс квантовай туруктааҕар” олоҕурар долгун функциятын түөрүйэтинээн олус чугастар. Айыллыбыт Аан дойдубут Үөһээ, Орто, Аллараа дойдуларынан арахсыытын өйдөбүлэ, итиэннэ олоҥхоҕо: “Эн илин бараҕын дуу, хоту бараҕын дуу?..” [6, с. 30] — диэн ахтыллар “талар көҥүл” категорията, долгун функциятын түөрүйэтигэр эмиэ чугастар. Өлбөт үөстээх кутка-сүргэ даҕаттахха, тэҥ көрүүнү “ньэгир хантан да баар буолбат, ханна да сүппэт, кини биир көрүҥтэн иккис көрүҥҥэ кубулуйуон эрэ сөп”- диэн, аныгы билим “өрүү баар ньэгир сокуонугар” эмиэ булабыт. Онон түмүктээн эттэххэ, саха олоҥхото айылҕа көстүүлэрин ис хоһоонун арыйар сүдү тирэх быһыытынан, хос-хос араҥалаах, элбэх кээмэйдээх айымньы. Киниэхэ сөҥөн сытар иррациональнай уонна трансцендентнай өйгө-санааҕа олоҕурбут уустук систиэмэ, айылҕаны үөрэтэр аныгы физика билимин көмөтүнэн, кини эмпирическэй ньымаларынан булуллубут билиилэриниин алтыһыннара тутуллан, рациональнай өрүтүнэн бигэргэтиллэн, быһаарыллыан сөп.



Литэрэтиирэ:

  1. Егорова Л.И. Саха итэҕэлин дьиҥ билиитэ (олоҥхоҕо уонна тылга олоҕуран). – Дьокуускай: ООО “СМИК-Мастер Полиграфия”, 2015. – 36 с.
  2. Каратаев В.О. Якутский героический эпос “Могучий Эр Соҕотох”. – Новосибирск: Наука. Сибирская издательская фирма РАН, 1996. — 440 с.
  3. Попова А.С. Олоҥхо киэҥ киэлитигэр. – Дьокуускай: НИПК “Сахаполиграфиздат”, 1995. – 128 с.
  4. Ойуунускай П.А. Дьулуруйар Ньургун Боотур. Олоҥхо. — Дьокуускай: ГУП НИПК “Сахаполиграфиздат”, 2003. — 544 с.
  5. Тимофеев-Теплоухов И.Г. Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур. Олоҥхо. – М.: Редакция Вост.литературы, 1985. – 607 с.
  6. Томская Д.А. Кыыс Кылаабынай бухатыыр. Олоҥхо. – Дьокуускай: Алаас, – 240 с.


 



                                            References:     

  1. Egorova L.I. Saha itehҕehlin d’iҥ biliiteh (oloҥhoҕo uonna tylga oloҕuran). – D’okuuskaj: OOO “SMIK-Master Poligrafiya”, 2015. – 36 s.
  2. Karataev V.O. YAkutskij geroicheskij ehpos “Moguchij EHr Soҕotoh”. – Novosibirsk: Nauka. Sibirskaya izdatel’skaya firma RAN, 1996. — 440 s.
  3. Popova A.S. Oloҥho kiehҥ kiehlitigehr. – D’okuuskaj: NIPK “Sahapoligrafizdat”, 1995. – 128 s.
  4. Ojuunuskaj P.A. D’ulurujar N’urgun Bootur. Oloҥho. — D’okuuskaj: GUP NIPK “Sahapoligrafizdat”, 2003. — 544 s.
  5. Timofeev-Teplouhov I.G. Kuruubaj haannaah Kulun Kullustuur. Oloҥho. – M.: Redakciya Vost.literatury, 1985. – 607 s.
  6. Tomskaya D.A. Kyys Kylaabynaj buhatyyr. Oloҥho. – D’okuuskaj: Alaas, 2016. – 240 s.