Фольклор көруҥнэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ быстыбат бэрээдэгинэн тарҕанар. Оһуору туһэрии мас оноһуктарга, тимир киэргэллэргэ, ат симэҕэр, таҥаска-сапка, дьиэҕэ-уокка уо.д.а. туттуллар тэриллэргэ түһэн билигин ордук сайдан, тарҕанан турар. Эрдэ кэлии саха норуотун култууратын чинчийээччилэр бэлиэтээһиннэринэн, саха оһуора бэйэтэ туспа көстүүлээх, атын ыаллыы олорор омуктартан туспа суоллаах, кэлии оҥоһуктары бэйэлэрин оһуордарынан хатыламмат ураты көстүүлээх, сахалыы истииллээх буоларын ситиһэллэр диэн бэлиэтииллэр [3, с. 395; 399].
Саха оһуорун сүрүн тутула, сүрүн сүнньэ, мал эбэтэр тэрил иэнигэр ортоку былаһын тутар аналлаах. Ордук киэҥник тарҕаммыт оһуорунан «көҕүөр», «сүрэх», «бүөр», «үнүгэс», “кириэс” диэн ойуулар буолаллар. Холобурдаан көрдөххө, төһөнөн тэрил эбэтэр киэргэл кыра да, киниэхэ «кириэс» оһуор, эбэтэр «кириэс» бэлиэ чопчуланан туһэрэ урукку кэм оҥоһуктарыгар киэҥник көстөр. Бу бытархай оҥоһуктар, ордук тимиринэн, үрүҥ көмүһүнэн оҥоһуллар киэргэллэргэ, бүлтүгэстэргэ түспүт буолаллар. Эрдэтээҥҥи култуура үөскүүр төрүөтүнэн аан дойду тутулун, кини кистэлэҥнэрин анаарыыттан, оччотооҕу кэм киһитэ өйүнэн-санаатынан, айылҕаны кытта быстыспат ситимиттэн тахсыбыта диэн, үгүс учуонайдар быһааран, этэн тураллар. Саха фольклорун үрдүк чыпчаала – олоҥхо, өбүгэ өйүн-санаатын, толкуйун, философиятын илдьэ сылдьар айымньы быһыытынан биллэр. Биллэрин курдук, олоҥхо ис хоһоонуттан Аан дойду тутула уопсай сүнньүнэн маннык ойууланар: Аан дойду иэнин туруору өттүнэн көрдөххө үс дойдуттан турар (үөһээ, орто, аллараа), сытыары өттүнэн түөрт хайысхаҕа арахсар. Орто дойду эргийэр киинигэр араҕас илгэнэн алла, таммалыы турар, аҕыс салаалаах, сөҥ сүөгэйинэн сүүдүрүннээн сүүрүгүрдэ сытар сүүнэ элбэх силистээх Аал Кудук мас айгыстан үүнэн турар [4, с. 5].
Бу көстүүнү оһуордааһын сүрүн хаамыыларынан, ис иһигэр киирдэххэ, олус дьэҥкэтик быһаарыахха сөп. Иистэнии холобуругар, аан бастаан оһуору туһэрэр тутулук иэн (пространство, о.э танас, тирии) ылыллар, манна чаппараах, үтүлүк, хаппар о.д.а маллар буолуохтарын сөп. Аан бастаан иэним ортотун булан «көҕүөр» ойуум туһэрин бэлиэтиибин. Оһуору тигии ойуу хаба ортотуттан тигиллэн саҕаланар, онтон ойуу орто тас тулааһыннарыгар сыыйа быластаан көһөҕүн. Бу маннык ньыманы туттан оһуор оҥоһук уопсай иэнин саба туһуутэ хабыллар ортотун буларыҥ — былларыттаҕаһа суох, биир кэлим тупсаҕайдык туһэриини ситиһэргэр тиэрдэр. «Көҕүөр» ойуу көстүүтэ – үүнэн турар мас, тыа, үүнээйи сиртэн халлааҥҥа таласпытын санатар. Олоҥхоҕо этиллэринэн, Аал Кудук мас тыыннаах, араҕас илгэнэн, сүөгэйинэн алла турар, аан дойдуга дьайа, куруук хамсыы турар, айгырыыр-силигилиир аналлаах. Бу көстүү – оһуордааһын эмиэ биир ньыматыгар сыһыаннаах. Ол курдук, хас биирдии иистэнньэҥ бу халбаҥнаабат «көҕүөр» ойууну, бэйэтин көрүүтүнэн, айымньылаах сыһыанынан тупсарар, киэргэтэр. Ол эбэтэр «көҕүөр» ойуу үйэлэргэ тохтообот, быстыбат, хамсыыр, сайдар аналлаах буолан тахсар. Ол иһин, хас биирдии айымньы туспа кэпсэллээх, суоллаах-иистээх, авторскай көрүүлээх буолар.
Билигин “кириэс” ойууну «биэс харах» диэн ааттыыллар. Саха фольклорун матырыйаалларыгар уонна атын билимнэр чинчийэр үлэлэригэр “биэс харах” диэн ханна да ыйыллыбат. Бу киэҥник туттуллар бэлиэ биллэн турар түҥ былыргыттан баччааҥҥа диэри кэлбит бэлиэ буолара саарбаҕа суох. Олоҥхо дойдутун үөһээ халлааҥҥа көтө сылдьан, Аан Ийэ дойдубутун хаба ортотуттан, өҥөс гынан көрөр курдук ойуулаатахха өйдөнүмтүө буолар. Ойуу ортото, түөрт хайысхата – Аан дойду тутула, схемата. Бүлтэгири иистэниигэ туттан, туспа «сахалыы» көстүүлээх, эбэтэр, истииллээх оҥоһук буоларын ситиһиллэр. Бүлтэгирдэри кэчигирэтэн «көҕүөр» ойуу иһин киэргэтии оһуорбут кэрчик тутулларынан буолар. Мантан сиэттэрэн эттэххэ, кыра эттик улахан эттиги тутар, толорор дьайыылаах буолан тахсар. «Кириэс» бэлиэни түөрт өттүнэн ахсаанын элбэттэххинэ, айылҕа сокуонунан үөһээ диэки “хамсатан, уһатан, тэнитэн” бардахха, бастаан “үнүгэс” (трилистник) ойууга кубулуйар. Бу ойуубут сайдан-салаллан, көҕүөрэ улаатан-тупсан “көҕүөр” ойууну үөскэтэн таһаарыан сөп.
Бу мантан көстөрүнэн, былыр өбүгэлэрбит өйдөрө-санаалара айылҕа тэтимин кытта ыкса сибээстээҕэ. Кистэлэҥ күүс таайтарыылаах саҕахтарын айар дьоҕурдарыгар иитиэхтээн сайыннарбыттара билиҥҥи көлүөнэ дьон айар-тутар суолларыгар күүс-көмө буолуохтаах. Саха оһуора-мандара үйэттэн үйэҕэ салгыы сайдарыгар бу үөһээ этиллибит “бэлиэлэрбит” — саха ойуулуур-дьүһүннүүр култуурата сүппэт аналын толоро сылдьаллар эбит диэххэ сөп. Силиһэ-мутуга өбүгэ саҕаттан айыллан, күн бүгүнүгэр диэри уонна кэнэҕэски кэмнэргэ ахсаана биллибэт айымньылар айылла туралларын туһугар халбаҥнаабат им бэлиэлэр (универсальный символ) быһыытынан көрүөххэ сөп.
Литература
- Покатилова И. В. Пластический фольклор в художественной культуре Якутии. — Новосибирск: Наука, 2013. – 184 с.
- Петрова С. И., Заболоцкая З. М. Народный костюм якутов. — Новосибирск: Наука, 2013. – 207 с.
- Сершевский В. Л. Якуты. Опыт этнографического исследования. 2-е изд. Т. I. – М., 1993. – 716 с.
- Тишина Т. П. Растительный орнамент в якутском народном искусстве XIXвека // Язык – миф – культура. Сб. научных трудов. — Якутск: Издательство ЯГУ, 1991. — С. 92-103.
Literatura:
- Pokatilova I. V. Plasticheskiy folklor v hudozhestvennoy kulture Yakutii. — Novosibirsk: Nauka, 2013. – 184 s.
- Petrova S. I., Zabolotskaya Z. M. Narodnyiy kostyum yakutov. — Novosibirsk: Nauka, 2013. – 207 s.
- Sershevskiy V. L. Yakutyi. Opyit etnograficheskogo issledovaniya. 2-e izd. T. I. – M., 1993. – 716 s
- Tishina T. P. Rastitelnyiy ornament v yakutskom narodnom iskusstve XIX veka // Yazyik – mif – kultura. Sb. nauchnyih trudov. — Yakutsk: Izdatelstvo YaGU, 1991. — S. 92-103.