Н.Д. НЕУСТРОЕВ КЭПСЭЭННЭРИГЭР САХАЛЫЫ ОЛОХ КӨСТҮҮТЭ: САХАЛЫЫ АСТАР

11 сентября 4:12

Саха уус-уран литературатын саҕалааччылартан биирдэстэрэ, классик суруйааччы, фольклорист, чинчийээччи, тылбаасчыт, хоһоонньут, кэпсээнньит, сахалартан бастакынан комедиограф Николай Денисович Неустроев 1895 сыллаахха ахсынньы 15 күнүгэр Байаҕантай улууһун IV Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1910-1913 сыллардаахха Дьокуускайдааҕы 4 кылаастаах  училищеҕа үөрэммитэ. 1920 сыллаахха Байаҕантай улууһун комиссарынан анаммыта, улуус ревкомугар председателлээбитэ. 1922-1924 сылларга учууталынан үлэлээбитэ, 1925 сыллаахха Сэбиэттэр Саха сиринээҕи IV съездтэригэр делегатынан сылдьыбыта. Неустроев үөрэммит оскуолата – нуучча литературата. Нууччалыы кэпсээннэри суруйбутун тэҥэ, өссө революция иннинэ Платон Ойуунускайдыын Н.В.Гоголь «Ревизорун» сахалыы тылбаастаспыта. Кинини эмиэ баһааҕырдан буржуазнай националиһынан ааттыы сылдьыбыт кэмнэрэ баара.

1925-1926 сылларга «Хозяйство Якутии» сурунаал редакциятын эппиэттиир секретарынан үлэлээбитэ. 1927 сыллаахха Москваҕа В.Брюсов аатынан литературнай институкка үөрэххэ киирэн баран, доруобуйата мөлтөх буолан, кыайан үөрэммэтэҕэ. 1929 сыллаахха от ыйын 21 күнүгэр Дьокуускайга сэллик ыарыыттан өлбүтэ. Кини күн сиригэр баара-суоҕа 34 эрэ сыл олорон ааспыта, ол эрээри төһөлөөх элбэҕи, үйэлээҕи айан хаалларбытай?! Николай Денисович Неустроев пьесалара, кэпсээннэрэ, очеркалара — норуот таптаан, умсугуйан туран ааҕар айымньыларынан буолбуттара.

Неустроев — реалист суруйааччы, ол курдук кини кэпсээннэригэр былыргы олох хартыыната туох да эбиитэ-көҕүрэтиитэ суох, хайдах баарынан ойууламмыта. Кини кэпсээннэрин ааҕан былыргы саха ыала тугунан тыынан, дьарыктанан олорбута, тугу аһаан-сиэн, таҥнан-саптан сылдьыбыта барыта ырылыччы көстөр.

Cуруйааччы  “Балыксыт”, “Ыйдаҥа», “Муммут оҕо кэпсээнэ”, “Сэмэнчик”, “Куттал”, “Үрүҥ Күөлгэ”, “Иирээн”, “Омоҕой Эллэй икки”, “Куттаммыт” кэпсээннэрин сыныйан аахтым уонна чуолаан сахалыы олох көстүүтүгэр, саха дьоно, ыала тугу аһаан-сиэн олорбутун көрдүм. Сахалыы астан  сиэттэрэн дьон аһын булунаары тугунан дьарыктаммыта тахсар (сүөһү ииттэр, бултуур, балыктыыр), эбии туттар малларын-салларын көрүөххэ сөп. Онон, Николай Неустроев кэпсээннэриттэн киһи олус элбэҕи билэр. Кини суруйуулара дьиҥ чахчы саха олоҕун, сиэрин-майгытын кырдьыктаахтык кэпсээбитинэн историческай, этнографическай суолталаах суруйуулар. Бу кэпсээннэртэн историктар, этнографтар олус элбэх интэриэһинэй чахчылары, бэлиэтээһиннэри булуохтарын сөп.

Кэтээн көрүүбүн маннык таблицаҕа киллэрдим.

Кэпсээннэргэ ахтыллар сахалыы астар







    “Ыйдаҥа”

“Сэмэнчик”

“Иирээн”

чэй

үөрэ миинэ,

кус

бурдук

“Балыксыт”

Муммут оҕо кэпсээннэрэ”

Омоҕой Эллэй икки”

балык (мунду),

бурдук

чэй, үүт, сүөгэй, арыылаах үрүмэ, эт,

буут эт

“Куттаммыт”

“Үрүҥ Күөлгэ”

“Куттал”

чэй, эт

эт, бурдук, балык

алаадьы, чэй, эт, арыы, лэппиэскэ, килиэп

Ынах-сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктаныы сахаларга сүрүн астарын – үүт аһы, эти, ону таһынан таҥнар таҥаһы биэрэрэ. Сир тиэрэн-хорутан бурдук ыһаллара, ону тааска тардан мэлийэн — таҥара күнүгэр алаадьы, атын күҥҥэ лэппиэскэ буһарыналлара (бурдук астары).

Неустроев «Балыксыт», «Сэмэнчик» «Үрүҥ Күөлгэ» диэн кэпсээннэригэр саха киһитэ айылҕа оҕото буоларын бигэргэтэр, бу айымньылар геройдара бултаан, балыктаан аһыыллара сэһэргэнэр. Былыргы саха киһитэ кустаан, балыктаан ийэ айылҕаттан бэрсиһиннэрэн олорбута көстөр. Мин санаабар, саха киһитэ чахчы даҕаны айылҕа оҕото. Айылҕа биһигини иитэн-аһатан, таҥыннаран — такайан олорор. Айылҕа баар буолан биһиги баарбыт, айылҕа баар буолан олохпут салҕанар. Н.Неустроев кэпсээннэригэр саха дьоно урут тугу аһыыллара кинилэр сүрүн дьарыктарын кытта быстыспат ситимнээҕэ арыллар, ааптар айымньыларыгар кинилэр астарын, таҥастарын, күннээҕи кыһалҕаларын, санааларын, толкуйдарын барытын сырдатар. Ол курдук, дьарыктарын ылан көрдөххө:

  • Сүөһү иитиитэ à үүт аһы (үүт, сүөгэй, арыы, үрүмэ), эти (буут эт), таҥаһы (сүөһү тириититтэн этэрбэс, ыстаан) биэрэр.
  • Бултааһын à кус, тайах
  • Балыктааһын àбалык
  • Үүнээйини хомуйуу, бурдук олордуу à бурдук, үөрэ (алаадьы, лэппиэскэ, үөрэ минэ) буолан тахсар.

Николай Денисович «Куттал» кэпсээнигэр сахалар таҥараҕа алаадьы буһарыналлара, хонон ааһар нууччаттан килиэп амсайан хааллаллара кэпсэнэр. Былыр саха дьоно бааһынаҕа суханан сир тиэрэн бурдук ысталлара айымньыларга хаалбыт (Суорун Омоллоон, Эрилик Эристиин эмиэ ити туһунан суруйбуттара баар Сордоох суха, Хачыгыр кэпсээннэр). Онон бурдук тардар суорунаҕа, тааска оҕо-дьахтар бурдук мэлийэн онтон лэппиэскэ оҥостон сииллэрэ.

Николай Неустроев үөһэ ааттаммыт кэпсээннэриттэн сахалар дьарыктарын, онтон сиэттэрэн сахалыы астары, тугу аһаан-сиэн олорбуттарын биллибит. Бу кэпсээннэр реалистическайдар уонна саха олоҕун кэпсииллэринэн этнографическайдар, былыргыны сэһэргииллэринэн историческай суолталаахатр.

 

Туһаныллыбыт литература:

  • Талыллыбыт айымньылар (Избранные произведения) — Якутск: Кн. изд-во, 1985. — 177 с.
  • Кэпсээннэр / Н. Д. Неустроев; [худож. В. Д. Иванов]. — Якутск: Кн. изд-во, 1975. — 52 с.
  • Пьесалар, кэпсээннэр: кылаас таһынааҕы ааҕыыга көмө: [улахан уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар] (Пьесы, рассказы: в помощь внеклассному чтению [сост. Е. К. Васильев; худ. И. Д. Корякин]. — Якутск: Кн. изд-во, 1987. — 106 с.