Олоҥхоһут Тоҥ Суорун

21 апреля 1:42

Тимофеева Н.И., Якутск

Институт языков и культур народов СВ РФ, гр. М-ИиС-16

Рук. Архипова Е.А., к.ф.н., доцент

 

       Олоҥхо — саха норуотун тылынан айымньытын чымаан чыпчаала. Ис хоһоонунан, эгэлгэ сюжетынан, сиппит-хоппут уобарастарынан, уус-уран ойуулааһыннарынан олус баай. Олоҥхо-урааҥхай саха нохтоллоох тойон сурэҕин бары өттунэн долгутар, ураты киэн туттууну уоскэтэр норуот уйэлэр тухары чочуйан — тупсаран аҕалбыт суду айымньыта.

      И.И. Бурнашев-Тоҥ Суорун 1868 с. Илин Ханалас улууһугар Тараҕай нэһилиэгэр Сатаҕай диэн сиргэ төрөөбутэ. Тоҥ Суорун айылҕаттан суду талааннаах киһи. Кини оҕо эрдэҕиттэн бэйэтин кыанар, кытыгырас буола улааппыта, устар ууну сомоҕолуур уран тыл ууһугар, абыгар ылларбыта. Былыргылыы тыллаах-остоох, чиҥ-чаҥ номохтоох. Олоҥхолоругар Тоҥ Суорун ордук толорутук олонхо сирин-дойдутун — аллараалары, уөһээлэри ситэрэн кэпсиир идэлээх уонна уөһээ айыылары, аллараа абааһылары сиһилии билэр. Ону оҕонньор олонхолоро саха былыргы историятын уонна мифологиятын үөрэтэр киһиэхэ наадалаах. Кини олонхолорун тыла былыргы өбугэлэрбит саналарынан буолан, ордук тылы уөрэтэргэ улахан суолталаах.

«Сылгы уола Дыырай Бөҕө» киин оройуоннарга киэнник биллибит олонхо. Бу олоҥхо сурун бухатыыра Дыырай сылгыттан төруттээгэ киьи болҕомтотун тардар. Олоҥхого этиллэринэн, айыы бухатыыра ийэтин иһигэр сылдьан, ийэтэ кымыьы аҕалан истэҕинэ, мөхсөн кымыһы тохторбут буруйугар, уөһээ дойдуга батан сылдьыа суох мэник уол уөскээбит диэн орто дойдуга олохтууллар.

Дыырай Бухатыыр атын бухатыырдартан уратылаах уобарас. Үгүс айыы бухатыырдара дуолан куустээх, бэртэри кытта бэрт былдьаьан, уөһээттэн ургуер ургуйдэгинэ утулугунэн буөлуөх, алларааттан аргыар аргыйдаҕына атаҕынан саба баттыах, орто дойдуттан одьунаас бэртэрэ кэллэхтэринэ нөруөннээх көхсулэринэн буөлуөх буолаллар. Онтон Тоҥ Суорун сурун геройа нус-хас олоруон баҕарар. Ол эрээри абааһы бухатыырдарыттан куотан иһэр Эрбэхтэй Бэргэни саһыарыаҕыттан кини нус-хас олоҕо уурайар, үгүс мүлчүргэннээх сырыыларга бэйэтэ да билбэтинэн киирэн хаалар. Ол курдук айыы бухатыыра Эрбэхтэй бэргэни абааһы бухатыырын эккирэтиититтэн быыһаабыт махталыгар кини ийэтиттэн ыт оҕотун бэлэхтэтэр. Онтон бу ыт оҕото кинилэр кыыстара Айталы Куо буолар. Кини айыы бухатыыра барбытын кэннэ тириитин устан кыыс-кыыһынан буолан дьиэ хомуйар. Бухатыыр маны куөх истээх сахсырга буолан кубулунан, саһан олорон билэр уонна тириитин уокка биэрэр. Маннык тугэн биллибит «Үчугэй Үөдуйээн уонна Куһаҕан Хоочугур» диэн остуоруйаҕа баар. Олонхоҕо айыылар, үгэс быһыытынан, көстөн ааһар уобарастар Уруҥ Аар Тойон, Сорук Боллур, Симэхсин угустэр.

Тумуктээн эттэххэ, Тоҥ Суорун олоҥхотун сюжета уратытынан, баай ис хоһоонунан, остуоруйа матыыптара туттуллубутунан, ойуулуур дьуьуннуур тыл эгэлгэтэ көстөн ааһарынан биир биһирэмнээх бастыҥ олоҥхо буолар.

Ол курдук И.И. Бурнашов-Тоҥ Суорун бэрт олоҥхону суруйтаран хаалларбыта. Ол аата Тоҥ Суорун аата уйэлэргэ өлбөт үрдүк аналлаах.

Литература


  1. Якутский героический эпос олонхо, состояние и перспективы изучения. Якутск 2011.
  1. Эпическое наследие народа саха. В.В. Илларионов. 2016
  2. Олонхо алыптаах эйгэтэ .В.В. Илларионов. 2006
  3. Дыырай Бухатыыр.Инокентий Бурнашев -Тон Суорун. 2008
  4. Тон Суорун туьунан сэьэн.Инокентий Сосин. 2013