Тылбаас – тыл үөрэҕин чыпчаала, икки тыл мындыр, дириҥ иэйиилээх алтыһыытыттан саҕылаан тахсар айымньы ураты көрүҥэ буолар. Тылбаас баар буолан, икки атын-атын тыл алтыһар кыахтанар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр нууччалыы-сахалыы тылбааһы маҥнай ылсан сайыннарыы Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буолан, саха тыла судаарыстыбыннай статуһу аан бастаан ылбыт кэмиттэн, П.А.Ойуунускай салалтатынан ыытыллыбыта.
Тыл – киһи-аймах бодоруһар ньымата, арахсыспат аргыһа, түҥ былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри кэлбит устуоруйатын, сайдыытын кэрэһитэ. Дьон тугу саныырын, толкуйдуурун, иэйиитин этиинэн эрэ биллэрэр кыахтаах. Онон сиинтэксис диэн тыл үөрэҕин бэрт улахан суолталаах, дьоһун салаата буолар.
Ол иһин, уус-уран айымньы тылбааһын синтэксис хайысхатынан ырытарга холонуохпут.
Нуучча тылын уонна саха тылын тутула уратылаах буолан, холбуу этиини үөрэтэр үгэстэргэ эмиэ сөп түбэспэт. Нуучча тыла флективнай тыл буолан, баһылатыылаах холбуу этии чаастарын холбуур ньыматынан ситим тыл, местоименно-соотносительнай тыл, о.д.а. аттарыы ньыма буолар. Оттон саха тыла атын түүр тылларын курдук, агглютинативнай тутуллаах буолан, баһылатыылаах холбуу этии чаастара сыһыарыы көмөтүнэн холбоноллор. Онон баһылатыылаах холбуу этии чаастарын икки ардыгар тыл икки ардынааҕы ситим – сөпсөһүү, тардыы, салайыы, сыстыы баар буолар.
Ол да буоллар, туттулук өттүнэн сахалыы БХЭ нуучча тылыгар дьүөрэлэһэр конструкциялаах буолар. Холобура, толоруу салаа чаас – изъяснительная придаточная часть, быһаарыы салаа чаас – определительная придаточная, сиһилии салаа чаас — придаточная места, времени и т.д., кэпсиирэ салаа чаас –изъяснительная придаточная часть диэн олохсуйбут дьүөрэлэһии баар. Сороҕор сахалыы БХЭ-ни судургу этиинэн да тылбаастыахха сөп. Ол салаа чаас кэпсиирэтэ аат тылынан тылбаастанар-тылбаастаммат кыаҕыттан тутулуктаах. Нуучча тылыгар туохтууртан үөскээбит аат тыл тарҕаммыт көстүү буоларын быһыытынан, БХЭ судургу этиинэн солбуллуон сөп. Ол эрээри маннык тылбааска сороҕор истиил бэлиэтэ наһаа чаҕылхай буолан (үөскээбит аат тыл – сурук-бичик истиилин бэлиэтэ, атын истиилгэ наһаа туттулуннаҕына, канцелярит буолар), тэҥэ суох тылбаас тахсыан сөп.
Туһаан салаа чаастаах БХЭ-гэ салаа чаас тутаах чаас туһаана буолар. Салаа чаас кэпсиирэтэ төрүт түһүккэ турар, тардыы сыһыарыылаах буолар. Маннык БХЭ чаастара сөпсөһүү ситиминэн холбоноллор, кинилэр иккки ардыларыгар сурук бэлиэтэ турбат.
Туһаан салаа чаастаах БХЭ-ни 2 көрүҥҥэ араараллар:
- хайа эмэ көстүүнү киһи (субъект) хайдах ылынарын көрдөрөр суолталаах:
а) ол көстүүнү сыаналыыр тылынан бэриллэр (үчүгэй, мөлтөх, дьэҥкэ, көмөлөс, мэһэйдээ, ыарахан …): Эн кэлбитиҥ үчүгэй даҕаны. – Как хорошо, что ты приехал.
б) ол көстүүнү саҥарааччы ылынар ньыматын көрдөрөр тылынан бэриллэр (көстөр, иһиллэр, биллэр…): Истээх сонун бүтэй Дуунньа ботуой курдук суон булгунун сылааһа биллэргэ дылы.- Ему казалось, что даже через толстую меховую шубу от плеча Дуни веяло уютным теплом.
Туһаан салаа чаас бу көрүҥнэрэ суолталарынан нуучча тылын изъяснительнай придаточнайыгар дьүөрэлээхтэр. Маннык салаа чаастары ойоҕос падежка туруордахха, БХЭ толоруу чаастаах буолар.
в) ол көстүү буолар кэмин уһунун, кылгаһын, төрүөтүн о.д.а. көрдөрөр тылынан бэриллэр: Маҥнай буукубалары үөрэтиэҕиттэн хас да сыл ааһа оҕуста.- Прошло несколько лет с тех пор, как Алампа узнал первые буквы русского алфавита.
Маннык салаа чаастаах БХЭ нуучча тылыгар кэм суолталаах конструкциянан тылбаастанар. Судургу да, холбуу да этиинэн тылбаастыахха сөп.
Кэпсиирэ салаа чаастаах БХЭ саха тылыгар сэдэхтик туттуллар. Маннык этиигэ салаа чаас бүтүннүүтэ этии кэпсиирэ буолар, а.э. салаа чаас туһаана тутаах чаас туһаанын кытта ыкса ситимнээх тардыылаах аат буолар: Алампа хараҥа түүнү супту одуулуу сытан табахтыыр, туох да диэбит иннигэр, киһи нус-хас утуйбат кэмнэрэ кэллилэр. – Алампа курит, неотрывно вглядываясь в темноту.
Туһаан БХЭ салаа чааһын кэпсиирэтэ төрүт түһүккэ турар, толоруу БХЭ-ни кытта синонимнаһар. Нуучча тылыгар изъяснительнай салаа чааһынан тылбаастанар. Сороҕор кэмэ, төрүөт суолтатын биэрэр буоллаҕына, оннук придаточнайынан тылбаастанар. Причастнай обородтаах судургу этиини эбэтэр быһаарыы СПП-нан тылбаастаныан сөп.
Кэпсиирэ БХЭ тылбааска судургу этиигэ уларыйыан сөп.
Быһаарыы БХЭ салаа чааһа тутаах чаас хайа эмэ чилиэнин быһаарар. Салаа чаас тутаах чааһы кытта үксүгэр тардыы ситиминэн холбонор. Икки бөлөххө араарыллар: 1. Быһаарар салаа чаастаах БХЭ, 2. Миэстэ салаа чаастаах БХЭ.
Быһаарар салаа чаас кэпсиирэтэ аат тылынан бэриллэр, сороҕор “туһунан” диэн дьөһүөллээх буолар. Сороҕор сыстыы ситиминэн холбонуон сөп.
— сыстыы ситиминэн холбонор салаа чаастаах быһаарыы БХЭ:
Оччоҕо хоргун тахсар хонуу, арыы тахсар алаас диэн дьэ бу буоллаҕа. – Тогда эта местность будет тем, что называется поляной, где выделяется жир, и тем, что называется аласом, где выделяется масло.
— тардыы ситиминэн холбонор салаа чаастаах быһаарыы БХЭ:
Сыарҕа суола турдаҕына, бастакы куоратчыттардыьш барсартолкуйданна. – Но тут же решил: как только откроется дорога, отправиться в Якутск.
— быһаарыы БХЭ-гэ быһаарыы уонна быһаарыллар чилиэн “туһунан” диэн дьөһүөлүнэн холбонуон сөп:
Кини үөрэнэр кыахтааҕын, дьоҕурдааҕын туһунан Алланҥа олорон, олох да үөйбэтэх-ахтыбатах киһититтэн аан маҥнай истибитэ./ О том, что у него хорошие способности, он впервые узнал в Крест-Хальджае.
Толоруу салаа чаастаах БХЭ икки араастаах: көнө уонна ойоҕос толоруу салаа чаастаах БХЭ.
Көнө толоруу БХЭ салаа чааһын кэпсиирэтэ туохтуу түһүк уонна туохтуу түһүк туһунан дьөһүөлү кытта турар форматынан үөскүүр.
Көнө толоруу БХЭ тутаах чааһын кэпсиирэтэ буолар тыл суолтата киһи информацияны араастаан ылынарын көрдөрөр тылынан бэриллэр (холобура, иһит, көр, бил, санаа, умун, эт, кэпсээ…):Бэйэм музейга үлэлииримбыһыытынан, саха, эбээн, эбэҥки, онтон да атын хотугу норуоттар олус дириҥ культуралаахтарын, историжгаахтарын билэбин.- Я работаю в музее и знаю, что северные народы – якуты, эвены, эвенки – все имеют древнюю культуру и историю. Ол иһин нуучча тылыгар олохсуйбут дьүөрэтэ изъяснительнай СПП буолар.
Ойоҕос толору БХЭ салаа чааһын кэпсиирэтэ сыһыарыы, таһаарыы уонна туттуу түһүк салайар ситиминэн үөскүүр.
Сыһыарыы түһүгү салайар туохтуур араас иэйиини, эмоцияны бэлиэтиир буолар, ону таһынан хайааһыҥҥа дьаһайар, хайааһыҥҥа көмөлөһөр дьайыыны бэлиэтиир буолар:Ол да иһин киһини өйдүүр буолуоҕуттан, орон
киһитэ буолан, ыбылы ылбыт ыарыыны кытта охсуһан сордоно сатыыра. – Поэтому, наверное, мальчик с раннего детства был прикован к постели суровым недугом. Ол иһин нуучча тылыгаризъяснительнай СПП буолар.
Сыһыарыы падежтаах толоруу БХЭ этии сороҕор сорук дэгэтин илдьэ сылдьар, оччоҕо СПП цели буолан тылбаастанар: Төрүөн иннитэн төттөрү төлкөлөммүт диэбиккэ дылы, киинэ түспүт иэримэ дьиэтигэр үс эрэ хоммутун кэнниттэн, абааһыттан куоттардахтара аатыран, хотон түннүгүнэн уунан, атын ыалга ииттэрэ биэрбиттэр. — Ведь его, только что появившегося на свет младенца, передали на воспитание другой семье, якобы для того, чтобы уберечь от нечистых сил.
Салаа чаас кэпсиирэтэ сыһыарыы түһүккэ турар билиҥҥи кэмнээх аат туохтуурунан бэриллэр буоллаҕына, ол нуучча тылыгар инфинитивкэ сөп түбэһэр: Утуйа сытан, эдэрбин, муус доруобайбын, чэп-чэгиэммин диэн түһээн баран уһуктар, ханна тоҕо бааргын, төлөрүппэт ыар ыарыыга хаптаран сытаргын өйдүүр, оо, ынырыгыан! — Когда несколько секунд назад тебе снилось, что ты полон сил, молод и здоров, как все же жестоко проснуться и вдруг осознать, что ты в своей холодной кровати, скованный по рукам и ногам неизлечимой болезнью.
Туттуу түһүгү салайар туохтуур иэйии сорох көрүҥүн (киэн тутту, эҕэрдэ…) бэлиэтиир буолар:Дойдугар этэҥҥэ тиийэн кэлбиккинэн эҕэрдэ. – Поздравляю с тем, что Вы благополучно возвратились на родину.
Сиһилии БХЭ салаа чааһа тутаах чааһын кэпсиирэтин кытта сыстыы уонна салайыы ситиминэн холбонор. Манна сыһыат туохтуур, болдьуур киэп, үлүбүөй халыып, түһүктээх аат, дьөһүөл туттуллар. Сиһилии БХЭ арааһа, ону үөскэтэр халыып олус элбэх. Нуучча тылыгар үксүгэр дьүөрэлээх буолар.
Кэм сиһилиитэ БХЭ салаа чааһа тутаах чаас хайааһына хаһан буоларын көрдөрөр. Хаһан? Хайа бириэмэҕэ? Хайа түгэҥҥэ? Диэн ыйытыыга хоруйдуур.
Тутаах уонна салаа чаас хайааһына буолар бириэмэтэ араас буолар. Итинтэн көрөн, кэм суолталаах БХЭ-ни 3 суолга араараллар:
- Тутаах уонна салаа чаас иккиэн биир бириэмэҕэ (тэҥҥэ) буолаллар.
- Тутаах чаас хайааһына салаа чаас хайааһынын кэнниттэн буолар.
- Туттах чаас хайааһына салаа чаас хайааһына оҕоһуллан бүтүөн иннигэр буолар.
- Биир кэмҥэ буолар хайааһыннаах кэм сиһилиитэ БХЭ уһуннук эбэтэр биирдэ буолар хайааһыны көрдөрөр: Сарсыарда халлаан сырдаан эрдэҕинэ, ийэтэ кэлэн уолун уһугуннарбыта. – Едва начало светать, Елена разбудила Алампу.
- Тутаах чаас хайааһына салаа чаас хайааһынын кэнниттэн буолар кэм сиһилиитэ БХЭ суолтатынан 4 араастаах:
А) биир түгэн кэнниттэн иккис буоларын уопсайынан этии: Мутуктана илигинэ харайа охсуохха, ый дьиэлэммит түүнүгэр тиийэн, кутун уоран ыламмыт аллараа дойдуга илдьэ киириэххэйиҥ. — И пока сын Ивана еще не окреп, заберем его душу в нижний мир, в ночь, когда луна станет круглой.
Б) куруутун хатыланар хайааһыны бэлиэтиир этии: Үлэбиттэн кэллэхпинэ, көмөлөһөр буолуом. – Когда буду приходить с работы, буду помогать.
В) тутаах чаас хайааһына салаа чаас хайааһына буола турдаҕына саҕаланар: Алексей Алексеевич маннаКоковин уонна Басов эргиэнин дьиэтин хонтуоратыгар бухгалтерынан ананан кэлиэҕиттэн бэйэтин өйүнэн кимтэн да көмөтө суох үүннэ, улаханнык байан эрэр.- Алексей Алексеевич с тех пор, как был назначен бухгалтером в контору торгового дома Коковина и Басова, своим умом, без чьей-либо помощи достиг огромных высот! Все богатеет и богатеет!
Г) тутаах чаас хайааһына салаа чаас хайааһына бүтээтин кытта буолар: Олохторун булан олорбуттарын кэнниттэн Алампа харада иннилэригэр, хаптаһынынан оггоһуллубут үрдэтиигэ баар дьиэ-уот ис барааныгар, остуолга,олоппосторго хатаммыта.- После того, как все расселись, Алампа обратил внимание на дощатый помост, на котором, как в обыкновенной комнате, были расставлены стулья вокруг стола.
- Тутаах чаас хайааһына салаа чаас хайааһына оҥоһуллан бүтүөн иннигэр буолар кэм сиһилиитэ БХЭ үс араастаах:
А) чалаа чаас уонна тутаах чаас хайааһыннара буолар кэмнэрэ төһө улахан арыттааҕын, туттаах чаас хайааһына салаа чаас хайааһына буолуон икки ардыгар, эбэтэр арыый эрдэлээн буоларын көрдөрөр: Саҥатын дорҕооно да сүтэ илигинэ, таһырдьа хаһыы иһилиннэ. – Едва он закончил фразу, как со двора послышался крик.
Б) салаа чаас хайааһынын уһуна тутаах чаас хайааһына буолар кэмин уһугун көрдөрөр, хааччахтааҕын бэлиэтиир:Арба да, Былатыан илдьиттээбитэ — сонотуоруйга эҥин уһуннук эмтэнэр кэмҥэр суруйууларыҥ бу күлүүһэ таймата суох дьиэҕиттэн сүтэн-оһон хаалыахтара, ону харыстаан, үтүөрүөххэр диэри Суруйааччы сойууһугар уура сылдьардыы испииһэктээн тутуо этибит диэбитэ, онон хамыыһыйанан тиийиэх иннинэ миигин эрдэ сааһылаан бэлэмнээр диэнсоруйбута.- Он беспокоится, что пока ты будешь лечиться в санатории, из твоего дома, который не запирается, вполне могут исчезнуть рукописи. Поэтому он предлагает до твоего выздоровления хранить их в Союзе писателей. Надо только составить список. Мне он дал задание, чтобы я до прихода комиссии собрал и привел в порядок все написанное тобой.
В) тутаах чаас хайааһына эрдэттэн, салаа чаас хайааһына бүтэ илигинэ оҥоһулларын көрдөрөр:Оҕоҥ эрэйдээххэ төрүү да илигиттэн анараа баҕайылар кутун куоттараары чарапчыламмыттар бадахтаах.- Видимо, темные силы замыслили похитить душу твоего ребенка еще до рождения.
Көстөрүн курдук , кэм сиһилиитэ салаа чаас БХЭ нуучча тылыгар олохсуйбут дьүөрэлээх: когда; перед тем, как; вместе с тем как; пока не…; не успел, как; после того как уо.д.а. кэм суолталаах тылынан ситимнэһэр БХЭ-нэн тылбаастанар.
Төрүөт суолталаах БХЭ салаа чааһа тутаах чаас хайааһына туохтан төрүөттэнэн, туох туһуттан буоларын көрдөрөр.
Төрүөт суолталаах БХЭ салаа чааһын кэпсиирэтэ тутаах чааһы кытта араас ньыманан ситимнэһэр:
- Сыһыат туохтуур кэпсиирэ – сыстыы ситиминэн:
-туһанан, аатыран, оҥостон, сылыктаан, тэптэрэн, ордон о.д.а. модальнай, экспрессивнэй, эмоциональнай суолталаах көмө сыһыат туохтуур – сыстыы ситиминэн: Хата, миигин көрбөттөр, онон туһанан, чаллах тиит кэтэҕэр сөрүөстэн туран, тугу кэпсэтэллэрин иһиллээ. – Они меня не заметили, и я, воспользовшись этим, подслушал их.
- Дьөһүөл салайыытынан (иһин, быһыытынан, сибээстээн, сылтаан, аайы (аайыттан), туһуттан, туһугар, сылыктаан, наадатыттан, түмүгэр, кэннэ, биричиинэтэ, төрүөтүнэн, аанньа). Холобура: Эн кини сымыйалаатаҕын аайы, тоҕо бара сатаатыҥ? – Почему же ты собираешься уходить? Только потому что он соврал? Көстөрүн курдук, сороҕор маннык этии нуучча тылыгар оруобуна тылбаастаммат – этиини араарар түбэлтэ эмиэ баар буолар. Ити сахалыы уонна нууччалыы саҥа-иҥэ, кэпсэтии үөрүйэҕиттэн тутулуктаах.
Буолуу сиһилиитэ БХЭ-гэ салаа этии тутаах этии хайааһына хайдах быһыылаахтык буоларын көрдөрөр. Салаа чаас кэпсиирэтэ араас ньыманан бэриллэр:
А) билиҥҥи эбэтэр ааспыт кэмнээх аат туохтуурунан эбэтэр туттуу түһүккэ турар аатынан: Ол санааларбын барытын түмэн, манна киллэрэсатаатым.- Вот эти мысли я и попытался воплотить в своей пьесе.
Б) тэҥҥэ сыһыат туохтуурунан: Баһылай кыл сэлээппэтин сэгэччи анньыннауонна дэйбииринэн аатыгар санньш охсуммута буола-буола, аҕатынаан илии тутуста.- Сдвинув набок шляпу из конских волос и, делая вид, что обмахивает плечи махалкой от комаров, Василий пожал отцу руку.
Утарар болдьохтоох БХЭ тутаах чааһын хайааһына салаа чааска этиллэр усулуобуйа баарын үрдүнэн буолар. Манна күүтүллэр, баҕарыллар (буолуохтаах) хайааһын буолбат, ол оннугар атын хайааһын эбитэр түгэн буолар. Этии салаа чааһа туох буоларын үрдүнэн? Туох буолбутун да иһин (иннигэр)? Хайдах буолла да? Тугу гыннар да? Диэн ыйытыыга хоруйдуур.
Утарар болдьохтоох БХЭ тутаах салаа чааһа да, ол эрээри, ол да буоллар ситим тыл, үрдүнэн, иһин (иннигэр) уо.д.а. дьөһүөл көмөтүнэн ситимнэһэллэр. Нуучча тылыгар суолтатынан дьүөрэлэһэр уступительнай СПП буолан тылбаастанар:Сыҥааҕын хараҥа былаатынан таттарбыттарын үрдүнэн, көҕөрбүт уостара ыртаһан, туох эрэ дьээбэлээҕи этиэхтии тиистэрэ килэспиттэр.- На его лице застыла полуулыбка; хотя его челюсть и была подвязана платком, за посиневшими губами блестели зубы, словно покойник собирался сказать что-то озорное.
Түмүктүүр баһылатыылаах холбуу этиигэ биир этии хайааһына буолара-буолбата атын этии хайааһынынан сылыктанар. Түмүктүүр БХЭ-гэ тутаах чаас хайааһына буолбутун түмүгэр туох буолара биллэр, көстөр: Маннык этии нуучча тылыгар значит, то есть диэн тыллаах конструкциянан тылбаастанар:Дуунньаа, илгэ-быйаҥ сайын кэлэрин кэрэһэлиирдии, таһырдьахаар ууллан, уу-хаар, килиэ-халаа бөҕөтө.- Дуня, смотри, как много талой воды — значит, лето будет урожайным.
Нуучча да, саха да тылыгар баһылатыылаах холбуу этии суолтата, аата уонна арааһа да маарыннаһар.
Нуучча тылыгар: сложное предложение: сложносочиненное (ССП), сложноподчиненное (СПП), бессоюзное (БСП).
Саха тылыгар: холбуу этии (тэҥҥэ холбоммут холбуу этии (ТХХЭ), баһылатыылаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии (БТХХЭ), баһылатыылаах холбуу этии (БХЭ), ситим тыла суох холбуу этии.
БХЭ тылбааһыгар тутаах уонна салаа чаас хас биирдиитэ син биир судургу этии курдук уларыйар, ол аата лексическэй, морфологическай, синтаксическай уларытыы (трансформация, преобразование) бары көрүҥэ тахсар.
Туһаныллыбыт литература:
- Антонов Н.К. О сложных словах в якутском языке // Исследования по грамматике якутского языка: сборник научных трудов. – Якутск, 1983. — 131 с.
- 2. Неймохов Е.П. Алампа: роман: В 2-х книгах. – Якутск: Бичик, 2006. – 272 с.
- 3. Слепцов П.А. Якутский литературный язык: Формирование и развитие общенациональных норм. – Новосибирск: Наука. Сиб. отд-е, 1990. – 277 с.
- 4. Убрятова Е.И., Н.Е. Петров, Н.Н. Неустроев и др. Грамматика современного якутского литературного языка. Т. 2. Синтаксис. – Новосибирск: “Наука”. Сибирская издательская фирма РАН, 1995. – 336 с.
- 5. Филиппов Г.Г., Винокуров И.П. Якутский язык. Лексика. Фонетика. Синтаксис: грамматический указатель (на якутском языке). – Якутск: Бичик, 1996. – 192 с.
References:
- Antonov N.K. O slozhnykh slovakh v yakutskom yazyke // Issledovaniya po grammatike yakutskogo yazyka: sbornik nauchnykh trudov. – Yakutsk, 1983. – 131 s.
- 2. Neimokhov E.P. Alampa: roman: V 2-kh knigakh. – Yakutsk: Bichik, 2006. – 272 s.
- 3. Sleptsov P.A. Yakutskii literaturnyi yazyk: Formirovanie i razvitie obshchenatsional’nykh norm. – Novosibirsk: Nauka. Sib. otd-e, 1990. – 277 s.
- 4. Ubryatova E.I., N.E. Petrov, N.N. Neustroev i dr. Grammatika sovremennogo yakutskogo literaturnogo yazyka. T. 2. Sintaksis. – Novosibirsk: “Nauka”. Sibirskaya izdatel’skaya firma RAN, 1995. – 336 s.
- 5. Filippov G.G., Vinokurov I.P. Yakutskii yazyk. Leksika. Fonetika. Sintaksis: grammaticheskii ukazatel’ (na yakutskom yazyke). – Yakutsk: Bichik, 1996. – 192 s.