СЭМЭН ТУМАТ ОМАР ХАЙЯМ РУБАИЛАРЫН САХАЛЫЫ ТЫЛБААҺА

15 августа 1:02

Семен Андреевич Попов – Сэмэн Тумат – поэт, прозаик, литературнай кириитик, тылбаасчыт, суруналыыс, народнай суруйааччы,Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай литературнай бириэмийэ лауреата. Кини төрдө-ууһа Чурапчы сириттэн-уотуттан тардыылаах. Ол гынан баран кини бэйэтэ Булуҥ оройуонун Тумат нэһилиэгин Саҕастыыр бөһүөлэгэр 1944 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр Чурапчыттан төрүттээх учуутал кэргэнигэр төрөөбүтэ.

Сэмэн Тумат – туруу үлэһит киһи. Кини литература араас жанрыгар илиитин араарбакка үлэлиир. Ол иһин Сэмэн Тумат биир кэрэ-бэлиэ күнүгэр саха народнай поэта Савва Тарасов бу курдук диэбиттээх: “Эн олоҕуҥ бүгүҥҥү орто омурҕаныгар диэри хонноҕуҥ аһыллан, хоннохтоохтук дайбаан, бэйэҥ да астынар, бар дьон да биһириир гына тиритэ-хорута үлэлиигин..”

Биллэн турар, Сэмэн Тумат ордук прозаик быһыытынан ааҕааччыга киэҥник биллэр. Кини суруйбут сэһэннэрэ, кэпсээннэрэ, номохторо үксүлэрэ оҕолорго аналлаахтар. Оҕоҕо суруйуулар үгэс курдук өйдөнүмтүө, тупсаҕай тутуллаах, дьэрэкээн кырааскалаах, чаҕылхай уобарастаах буолаллар. Маны таһынан кинилэр оҕону, эдэр ыччаты кэрэҕэ, сырдыкка угуйар ыраас тыыннаах, чопчу иитэр-үөрэтэр уратылаахтар. Ону тэҥэ суруйааччыттан оҕо дууһатын, кини оҕо уйулҕатын үчүгэйдик өйдүүрэ, билэрэ эрэйиллэр. Онон түбэһиэх киһи оҕо суруйааччыта буолбат дии саныыбын. Оттон Сэмэн Тумат – чахчы оҕо суруйааччыта. Кини тулалаан турар эйгэни оҕо өйүнэн сатаан өйдүүр, кини хараҕынан сатаан көрөр уратылаах. Ол бука кини бэйэтэ учуутал идэлээх буоларыттан, ону тэҥэ учууталлар оҕолоро буолан, олох оҕо эрдэҕиттэн ыччаты иитии-үөрэтии эйгэтигэр сылдьыбытытттан быһаарыахха сөп.

Кэнники сылларга Сэмэн Тумат философия уонна классическай мировой литературалар тылбаастарынан күүстээхтик үлэлэспитэ. Ол курдук, 2012  сыллаахха Конфуций «Луньюй (беседы и суждения)» диэн суруйуутун, 2009 сыллаахха Омар Хайям рубаиларын сахалыы ыпсаран уус-ураннык тылбаастаабыта биһиги литературабытыгар сонун көстүү буолан киирбиттэрэ. Бу саҥа сүүрээни ааҕааччылар, киритиитиктэр сенсация быһыытынан сыаналаабыттара.

Омар Хайям (дьиҥнээх аата сурулларынан Гиясаддин Абу-ль-Фатх Омар ибн Ибрахим диэн) 1048 сыллаахха Нишапурга мусульман дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1050-нус сыллардаахха Хайям Нишапур куоракка баари медрестэн саҕалаан, Балхе, Самарканд куораттарга үөрэммитэ. Бастакы рубаиларын ити кэмҥэ суруйталаабыта биллэр. Кини итини таһынан научнай-философскай трактаттары, чинчийиилэри суруйан хаалларбыта. Билигин даҕаны кини ити үлэлэрэ суолталарын сүтэрэ иликтэр, билиҥҥи биһиги олохпутугар чугастара, хас биирдиибитигэр туһуламмыт курдуктара киһи сөҕүөн эрэ курдук.

Аан дойду ааҕааччыта кэрэхсиир, сүгүрүйэр сүдү поэта Омар Хайям бу рубаилары суруйбута тыһыынча кэриэтэ сыл буолла. Кини илиҥҥи поэзия үгэһинэн эҥинник эгэлгэлээн суруйбут айымньылара, элегическэй имэҥэ хос уһаарыыга (тылбааска) атын омук тылынан дэбигэс  табыллан тахса охсубата куруук бэлиэтэнэр. Дууһаҕа иҥэн киирэр, сырдыкка тардар, киһи аймах уларыйбат сыаннастарын өрө тутар алыптаах поэзия саамай үрдүкү чыпчаалынан аан дойду үрдүнэн билинэр уонна ылынар буоланнар, ураты тутулун, ис кэрэтин алдьаппакка бэйэлэрин тылларынан саҥардан барбыттара. Биһиги дойдубутугар Омар Хайям мындыртан мындыр философскай тутуллаах, өй-санаа күүрүүтүн хааччаҕа суох хамсатар айымньытын нууччалыы көҥүл тылбааһа 1928 сыллаахтан тахсыбыта. Оттон арҕааҥҥы дойдулар норуоттара бэйэлэрин тылларынан ааспыт үйэ 50-нус сылларыттан саҕалаан умсугуйан ааҕар буолбуттара. Сэмэн Тумат былыргы араб өркөн өйдөөҕө санаатын араастаан  ханарытан, эридьиэстээн тириэрдэр этиилэрин табан, толору өйдөбүлүн биэрэн, төрөөбүт тылын сүмэтин барытын туттан тылбаастаабытын, барыны бары көнөтүнэн  өйдүүр, төрөөбүт тылын таптыыр, кини баайын, кыаҕын билинэр саха дьоно Омар Хайям сахалыы саҥарыытын үөрэ  уонна сэргии эрэ көрсүбүтэ буолуо диэн сабаҕалыыбын.

1) Добро и зло враждует: мир в огне.

А что же небо? Небо – в стороне.

Проклятия и яростные гимны

Не долетают к синей вышине.

Үтүө уонна мөкү охсуһаллар: барытын уокка анньа.

Мэҥэ халлааммыт ханнаный? Кини — туора турар.

Оттон кырыыс уонна кырыык уолуктаһа

Ол көҕөрөр үрдүккэ тиийбэккэ хаалаллар.

2) Мир я сравнил с шахматной доской:

То день, то ночь… А пешки? – мы с тобой.

Подвигают, притиснут – и побили.

И в темный ящик сунут на покой.

Эйгэни саахымат дуоскатыгар тэҥниибин:

Эйэҕэс күн, түлэй түүн буоллун… Охсуһааччылар? – биһиги.

Оонньотоллор, ыгаллар – үлтү сынньаллар.

Ол кэннэ хараҥа дьааһыкка уган сынньаталлар.

3) Прекрасно – зёрен набросать полям!

Прекрасней – в душу солнце бросит нам!

И подчинить Добру людей свободных

Прекраснее, чем волю дать рабам.

Кэрэ – сиппит сиэмэни буорга түһэрэр!

Кэрэ – дьон сүрэҕэр сырдыгынан киирэр

Бары үтүөнү салай дьоҥҥор-сэргэҕэр.

Быстар дьадаҥыга, кулукка көҥүлү биэр.

   Сэмэн Тумат Омар Хайям эппит тылларын хайдах баарынан, дьиҥ чахчытык тылбаастаабыта саха өйүгэр-санаатыгар холкутук, судургутук тиийимтиэ буолуута – бу кини улахан кыайыытынан буолар дии . Олох уонна Таптал, Сор уонна Өлүү курдук философскай кэриҥнэргэ хоруйу биэрэр, бу күн сирин туохтааҕар да күндүтүк саныыр, дьон тэҥинэн дьоллоох- соргулаах буолуохтарын баҕарар, албыны-көлдьүнү, бэйэмсэх буолууну утарар Омар Хайям аар-саарга аатырыан аатырбыт рубаиларын кытары төрөөбүт тылбытынан билсэн, ийэ тылбыт  ис күүһүн абылыгар ылларан ааҕарбыт иһин Сэмэн Тумакка махтаныах эрэ тустаахпыт.

Туһаныллыбыт литература

  • Айар илбис аргыстанан (ыстатыйалар, хомуурунньуктар), Д.Е.Васильева., -Дьокуускай, Бичик, 2003- 128 с.
  • Омар Хайям рубаилар (С.Тумат нууччалыыттан көҥүл тылбааһа), Дьокуускай, Бичик, 2009.
  • П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата С.А.Попов – Сэмэн Тумат (библиографическай ыйынньык), Дьокуускай, Бичик, 2002.