Олоҥхо – норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала. Оҕо үгүс өттө олоҥхону сөбүлээн, сэҥээрэн дьарыктаммат. Олоҥхону сэҥээрии, сөбүлээһин, олоҥхоҕо тардыһыы туспа талаан, саха итэҕэлинэн үөһэттэн айдарыы. Үөрэнээччигэ өйдөнүмтүө буоллун диэн, саха тылын уруогар даҕааһын ааты үөрэтиигэ Т.В.Захаров-Чээбий «Ала Булкун» олоҥхото төһүү күүс буолар.
Даҕааһын аат – предмет эбэтэр көстүү бэлиэтин көрдөрөр тылы даҕааһын аат дэнэр. Даҕааһын ханнык? хайа? хайдах? ханнааҕы? хаһааҥҥы? туохтаах диэн ыйытыыларга хоруйдуур.
Барамай эбэтэр көстүү бэлиэтин көрдөрөр тылы даҕааһын диибит. Даҕааһын аат суолтатынан икки араастаах: хаачыстыба даҕааһына уонна сыһыан даҕааһына. Хаачыстыба даҕааһына барамай хаачыстыбатын бэлиэтиир, онно киирэр:
- хаачыстыбата (саҥа, эргэ, үчүгэй):
Аан ийэ дойду
Аҥаардас аарыма суона,
Сир ийэ дойду
Киинэ-тоһоҕото буолан
Турбут эбит үһү.
- тас быһыыта (төгүрүк,ньолбоҕор,халыҥ):
Холун кыайан тарпат хомоҕор хоҥнуолаах үһү,
Дьирим кыайан тарпат тэлэгэр истээх,
Тэһиин кыайан тохтоппот чирчигинэс иҥиирдээх;
Икки сиэллээх чороон айаҕы
Кэккэлэтэ туппут курдук
Икки дарба таныылаах үһү;
Элгээн көлүйэни
Ортотунан быһа дайбаабыт курдук,
Арылыы чэлгиэн харахтаах үһү;
Сойуоһут киһи
Туут хайыһарын туруору туппут курдук
Икки чүөрэккэй кулгаахтаах үһү,
Нэлэмэн көмүс сиэллээх үһү,
Чэлгиэн – даҕааһын аат, маһа-ото суох аһаҕас, онон ордук тыаллаах, салгыннаах. Холобур: Табалааахтар табаларын чэлгиэн хайаҕа таһаараллар, бырдахтан куоталлар.
Нэлэмэн – даҕааһын аат, ыраахха диэри нэлэһийэн барар, олус киэҥ.Өлүөнэ өрүс барахсан киэҥ нэлэмэн хочото көҕөрөн көстөр.
- кээмэйэ (улахан, орто, кыра):
Уон былас холлоруктаах
Удьулҕан көмүс кутуруктаах үһү.
- өҥө (хара,саһархай, кыһыл):
Улаан кулун оҥоойулаах,
Күрэҥ кулун күүйүгэстээх
Сиэр кулун тигээччилээх
Саалыр кулун сахсырҕалаах…
Улаан – даҕааһын аат, сиэлэ, кутуруга, сиһин ороҕо, самыыта сырдаан көстөр, бэйэтэ кытархайдыҥы өҥнөөх (сылгы дьүһүһнүн этэргэ). Улаан биэ
Күрэҥ – даҕааһын аат, кытарымтыйан көстөр бороҥ (үксүгэр сылгы дьүһүнүн туһунан). Холобур: Ат күрэҥ кутуруга элэҥниирин көрөн хаалла.
Сиэр – даҕааһын аат, бэйэтэ кугастыҥы дьүһүннээх гынан баран сиэлэ, кутуруга хара ардайдаах (сылгыны этэргэ). Сиэр ат.
Саалыр – даҕааһын аат, харатыҥы сиэллээх, кутуруктаах саһархай бороҥ (сылгы дьүһүнэ). Саалыр биэ.
Бу кэрчик үөрэнээччи кыһыл дьүһүнү олоҥхо тылынан күннээҕи олоҕор билэ-көрө үөрэнэригэр төһүү күүс буолар.
Хаачыстыба даҕааһына маннык сүрүн уратылаах
- күүһүрдэр эбиискэ (Хап-хара, сабыс-саҥа) эбиллиэн сөп.
- мэлдьи атын аат тылтан, сыһыаттан анал сыһыарыы (-тааҕы, — ньы, — лаах) көмөтүнэн үөскүүр, холобур ойуур-дааҕы, сайыҥ-ҥы,доҕор-доох;
-лаах сыһыарыы көмөтүнэн үөскээбит даҕааһын.
Түмүктээн эттэххэ, сахабыт тыла баайын, эриэккэһин көрдөрөр олоҥхо тыла оҕо дьарыгар холобур аҕаларыгар метапредмет быһыытынан киириэн сөп. Киһи олоҥхону аахтаҕына – кэрэтик саҥарарга, олоҥхо тылын-өһүн өйдөөтөҕүнэ – мындырдык толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ – сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр. Олоҥхоһут ураты тылын-өһүн үөрэнээччи билэ-көрө,күннээҕи олоҕор тутта үөрэннин диэн чинчийдим.Биир уруокка даҕааһын аат диэн ханнык саҥа чааһын быһаарар,иккиһинэн, олоҥхо тыла оҕо өйгө тутар дьоҕурун, билэр-көрөр , тэринэр-дьаһанар сатабылларын сайыннарар . Олоҥхо баай тылын туһанан оҕо тылын саппааһын байытабыт. Олоҥхону кытта ыкса ситимнэстэҕинэ, тулалыыр эйгэтин,тэгили түмэн тобулан өйдөөһүнүн сайыннарар. Тыл сайдар утумун тутуһуу ирдэбилэ улаатар. Үөрэх сатабылларын иҥэрии түмүгүн сыалын ситиһэбит.
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:
- Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта / Дьокуускай: Бичик, 2012
- Винокуров И.П.Гурьев Г.И., Торотоев Г.Г. Саха тыла 6 кылаас / – Дьокуускай : Бичик, 2016
- Гурьев Г.И. Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии мэтиэдьикэтэ: устудьуоҥҥа, учууталга босуобуйа .- Дьокуускай, 2017
- Егинова С.Д. Саха тыла: ырытыы халыыба – Дьокуускай, Агроинформ, 2002
- Образцы народной литературы якутов. Ала – Булкун. Якутское олонхо.
- Флегонтова У.М., Олесова С.Г., Колодезников С.К. Төрөөбүт литература: уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үөрэх кинигэтэ: 7 кылаас /икки чаастаах / – Дьокуускай : Бичик, 2016.