СҮРҮН ИСТИИЛГЭ ДЬЫАЛА ИСТИИЛИН ТЫЛА-ӨҺӨ ӨТӨН КИИРИИТЭ

11 марта 6:26
 

Данилова Яна Александровна, НСТ-13 устудьуона

Билим салайааччыта: Герасимова Е.С., бил.б.х., дассыан


 

Официальнай дьыала истиилэ икки тэрилтэ эбэтэр тэрилтэ киһини, дьону кытта сыһыанын сааһылыыр (регулирующий), докумуон, сурук-бичик истиилэ буолар.Дьыала истиилэ сүнньүнэн биир чопчу боппуруоһу көрөр, ону толору чуолкайдык тириэрдэр аналлаах.Биир киһи суруга, санаата буолбакка, тэрилтэ аатыттан суруллар. Сүрүн болҕомтону туох буоларыгар, ол аата хайааһыҥҥа (действие) уурар. Аны ол хайааһыны ким оҥороругар (производитель действия) төрүт наадыйбат. Тоҥкуруун истиил буолар, киһи сыһыана көстүбэт.

Официальнай дьыала истиилин жанрыгар официальнай сурук, былаан, отчуот, ыспыраапка, боротокуол, араспыыска, сайабылыанньа, дэбиэриннэс, биография, официальнай иһитиннэрии, биллэрии, бырагыраама, дакылаат, ыйыы, быраабыла, балаһыанньа, устаап, дьаһал, уураах, ыйаах, сокуон, конституция о.д.а. киирэр.

Дьыала истиилин тыла-өһө атын истииллэртэн маннык сүрүн уратылаах: барытын чуолкайдаан, быһаарар биэрэр буолан, тэнийбит уһун этиилээх, элбэх тыллаах; биир тыл ситимэ этиигэ хаста да хатыланыан сөп; тыл көнө суолтатыгар туттуллар; үөскээбит аат тыл, ааттыйбыт саҥа чааһа элбэхтик туттуллар (туһаныы, үөрэхтээһин, хонтуруоллааһын, үлэ биэрээччилэр о.д.а.); атын истиил дьүөрэтэ суох тыл ситимэ (канцелярит), олохсуйбут тыл халыыба (клише, шаблон) элбэхтик туттуллар; дьыала истиилигэр холбуу тыл, кылгатыллыбыт тыл үгүс. Холобур, Алмазэргиэнбаан, МЧС – ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ; тэрилтэ, дуоһунас аата, номенклатура, реквизит, гриф туттуллуута ирдэнэр; ыйытыы, күүһүрдүү этии, сирэй саҥа суох; синоним тыл, эбиискэ, сыһыан тыл туттуллубат.

Ыстатыйам сүрүн сыала-соруга – дьыала истиилэ атын истиилгэ өтөн киириитин, чуолаан күннээҕи кэпсэтэр тылбытыгар-өспүтүгэр дьыала истиилин сабыдыалынан сыыс тылы туттуунуырытыы буолар.

Хайа да омукка сыыс тыл, хомойуох иһин, син биир баар. Ол эрээри, тылы сыыһырдыы эмиэ араастаах буолар. Биирдэ эмэ, сэдэхтик көстөн ааһар түбэлтэ улахан куттала суох, тыл айылгытын алдьаппат. Онтон киһи үксэ туттар, ону ааһан, ону үчүгэй курдук өйдүүр, соруйан оннук саҥара сатыыр буоллаҕына, бу тыл айылгытыгар, култууратыгар сэрэхтээх көстүү буолуон сөп. Билиҥҥи саха тылыгар дьыала истиилин тыла-өһө атын истиилгэ, ол эбэтэр публицистика, уус-уран уоннакэпсэтии истиилигэр киирэн, сыыс тыл бэлиэтин үөскэтэрэ үксээтэ.

Ол курдук,бастакытынан, саха тылын саамай сыыһырар төрдө – тылы аһара сиһилээһин нууччалыы этиини сүһэн ылартан тахсар. Нууччалыы саҥара үөрүйэх, нууччалыы толкуйдаах (языковое мышление) киһи ордук тылы кыбытабын, тылы сыыһырдабын, сыыһа саҥарабын диэн арааран өйдөөбөт. Манна, сүнньүнэн сирэй солбуйар аат, быһаарар суолталаах аат туохтуур, бэйэ солбуйар аат, ситим тыл, дьөһүөл о.д.а. баар буолар. Маннык сыыс тыл этиигэ киирдэҕинэ, сахалыы этии тутула уларыйан, саха тылын отуора хамсыыр. Холобур:1) Осипов уонна кини кэргэнэ Елена Никитична элбэх оҕону ииттилэр. 2) Быйылгы ыытыллыбыт ыһыах олус тэрээһиннэхтик ааспыта. 3) Кини бэйэтин хараҕынан көрөн итэҕэйдэ.4) Биэриини бэлэмнээтэ уонна ыытта Иван Попов. 5) Маша үөрүүнү кытта сөбүлэстэ.

        Бастакы этиигэ Осипов и его жена диэн тылыттан тылыгар тылбаастанан кини кэргэнэ буолбут. Сахалыы этиигэ Осипов уонна кэргэнэ буолуохтаах этэ. Иккис этиигэ проведенный ысыах диэн суолтаҕа туттуллубут, көннөрү быйылгы ыһыах диэн буолар. Үһүс этиигэ своими глазами диэни бэйэтин хараҕынан диэн туруору тылбаастаабакка, саха тылын үөрүйҕинэн, илэ хараҕынан көрөн итэҕэйдэ диэн буолар. Төрдүс этиигэ уонна ситим тылы урут сыһыат туохтуурунан солбуйуохха сөп, оччоҕо этиибит биэриини бэлэмнээн ыытта Иван Попов диэн буолар.Бэһис этиигэ с радостью диэн предлог үөрүүнү кытта диэн дьөһүөлүнэн туруору тылбаастаммыт, сахалыы этиигэ үөрүүнэн сөбүлэстэ диэн буолар.

Иккиһинэн, билиҥҥи саха тылыгар сыыс тылы туттууга биир сүрүн итэҕэс – канцелярит, ол эбэтэр ураты тутуллаах кэпсиирэ халыыба буолар. Оннук халыып официальнай дьыала истиилигэр, сүнньүнэн, оччуокка эҥин туттуллар. Холобур: этии киллэрдэ, кэпсэтии барда, эппиэт биэрдэ, кыттыыны ылла, ыйытыы киирдэ о.д.а. Маннык ситими дьыала истиилиттэн ураты түгэҥҥээттилэр, кэпсэттилэр, эппиэттээтэ (хоруйдаата), кытынна, ыйытта диэн этиэххэ сөп. Итини таһынан, канцелярикка, суолтата да суох буоллар, аналлаах, барар, быһыытынан, оҥорор, таҕыста, үөскүүр, ыытылынна, сыһыаннаһыы о.д.а. тыллаах халыып арахсыспат аргыс буолла.

Канцеляриты билигин киэҥ араҥаҕа анаммыт, дьоҥҥо тиийимтиэ, түргэнник өйдөнүмтүө буоллун диэн сыаллаах туттуллар публицистика истиилигэр, чуолаан сонуну иһитиннэриигэ туттууэмиэ үгэскэ кубулуйда. Холобур: Депутаты кытта көрсүһүүгэ нэһилиэк баһылыга, кини солбуйааччыта, ыччат лидерэ, ону тэҥэ дэриэбинэ олохтоохторо  кыттыыны ыллылар. Буруйу оҥорбут оҕолор төрөппүттэрин кытта кэпсэтии барда. Бу этиилэри хаһыат ыстатыйатыттан ылан, олуонатык иһиллэр этии дии санаан, үлэбэр киллэрдим. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, кыттыыны ыллылар, кэпсэтии барда диэн халыып канцелярит буолар. Манна кытыннылар,кэпсэттилэрдиэн уларытан биэрдэххэ, этии ис хоһооно уларыйбат, тыл сыыһырбат, истиилэ бутуллубат. Онон, канцелярит күннээҕи олоххо бэрт олуонатык, ону ааһан, ардыгар, күлүүлээхтик иһиллэр түгэнэ эмиэ баар. Холобур: ийэм уруоккун аах диэн этии киллэрдэ, мин соммун кэтэргэ быһаарыы ылынным о.д.а. Маннык тыллары туттары, этиигэ киллэрэри ким да боппот, хааччахтаабат эрээри, тыл култуурата намыһаҕа, киһи тылы билбэтэ көстөн кэлэр. Итиэннэ саха тылын айылгытын алдьаталлар, киһи ылынарыгар уустуктары үөскэтэллэр.

Онон, түмүктээн эттэххэ, хас биирдии киһи бэйэ бодотун тардынан сыыс тылын аҕыйаттаҕына, эбэтэр олох суох гынарга кыһалыннаҕына, тылбыт култуурата лаппа үрдээн, атын таһымҥа тахсыа этэ дии саныыбын.

 

Туһаныллыбыт литература:

 

  1. Петрова Т.И., Торотоев Г.Г. Саха тылын функциональнай истиилэ. – Дьокуускай, 2000.
  2. Петрова Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах. – Дьокуускай, 1996.
  3. Саха тыла: дьыала истиилин тыла-өһө. Матырыйаал хомуурунньуга. – Дьокуускай, 2007.