Гурьев Александр Юрьевич, НСТ-13 устудьуона
Билим салайааччыта: Герасимова Е.С., бил.б.х., дассыан
Мин аныгы ыччат тылын-өһүн билигин саамай киэҥник тарҕаммыт ватсап кэпсэтиитигэр олоҕуран ырытыам. Уоссап (WhatsApp – Whats Application диэнтэн кылгатыы) – диэн төлөпүөн сыһыарыы бырагыраамата 2009 сыллаахха айыллыбыта. Билигин аан дойдуга 100 млрд. киһи туттар.
Үлэм сыала: WhatsApp уонна да атын бырагыраамаларга саха тылын сөпкө туттарга тугу оҥоруохтаахпытый диэн ыйытыыга хоруйу булуу.
Билигин ватсапка кэпсэтиигэ маннык сүрүн сыыһа тахсар:
1. Кылгатан суруйуу: бугн, ди, ду, баи, бол, бо, олороон, да, бта, тох, чкрк (чкром), хайыыдьан (хаидьан), сарсн, хаьс, ин (игн), инк, бээм, бэтэ, ото, нрык, болн, бьлх, бта.
«ВКонтакте» түмэт ситимигэр оҥорбут куоластааһыммар алта киһи кытынна. “Тоҕо кылгатан суруйааччыгыный?” диэн ыйытыыга үс хоруй барыйаана бэриллибитэ: бириэмэбин кэмчилиибин; уһуну суруйуохпун сүрэҕэлдьиибин; ыксыыбын.
Алта киһиттэн икки киһитэ “ыксыыбын” диэбит. Түөрт киһи “уһуну суруйуохпун сүрэҕэлдьиибин” диэн хоруйу талбыт. “Бириэмэбин кэмчилиибин” диэни биир да киһи талбатах.
2. Тыл халыыбын уларытыы: оддээ (оджэ), балахсаан (балахсаанчык) айуучэ (айуучи), батта (бытта, буотта), чукурук.
Куоластааһыҥҥа үс киһи кытынна. “Тыл халыыбын тоҕо уларытааччыгыный?” диэн ыйытыыга икки хоруй барыйаана бэриллибитэ: иэйиим дэгэтин көрдөрөөрү; уратытык көстөөрү.
Үс киһиттэн үһэ “иэйиитин дэгэтин көрдөрөөрү” маннык суруйар эбит. “Уратытык көстөөрү” диэҥҥэ биир да киһи куоластаабатах.
3. Нуучча тылын кыбытыы: занятиябар, тоже, часть серията, киноҕа, сказкалар, настроенияҥ, нервам, просто, юбилейга, звоннуур, Россия флагын значенията, кроче, ол же, срочняк, спокойнай, нервнайдыыбын, однозначно, неделяттан кыра, столга, шкафка, шоль, список, ноябрьга, ваще, если что, жеско, остановкаҕа, документы, договордаьагын, закрытай помещениега.
Куоластааһыҥҥа тоҕус киһи кытынна. “Нуучча тылын тоҕо кыбытааччыгыный?” диэн ыйытыыга түөрт хоруй барыйаана бэриллибитэ: сахалыытын билбэппин; сахалыытын билэбин эрээри, нууччалыыга үөрэнэн хаалбыппын; уратытык көстөөрү; нуучча тылын билэрбин көрдөрөөрү.
Тоҕус киһиттэн түөрдэ “сахалыытын билбэппин” диэбит. Биэс киһи “сахалыытын билэр эрээри нууччалыыга үөрэнэн хаалбыт” буолан маннык суруйар. “Уратытык көстөөрү” уонна “Нуучча тылын билэрбин көрдөрөөрү” диэни ким да талбатах.
4. Сахалыы бичини (шриби) туттумуу: уерэн, сана, бут, наьаа, кердеебет, ущей, ден, сурэгим, э5эрдэ, комо, соруннуц, хааллыц, кенэ, кунус.
Куоластааһыҥҥа тоҕус киһи кытынна. “Сахалыы шриби тоҕо туттубаккыный?” диэн ыйытыыга түөрт хоруй барыйаана бэриллибитэ: төлөпүөнүм эргэ; шриби хантан ыларбын билбэппин; шриби ылар кыаҕым суох; онно соччо наадыйбаппын.
Тоҕус киһиттэн биэһэ “шриби хантан ыларын билбэт” эбит. “Онно соччо наадыйбаппын” диэҥҥэ һс киһи, “шриби ылар кыаҕым суох” диэҥҥэ биир киһи хоруйдаабыт. “Төлөпүөнүм эргэ” диэн биир да киһи талбатах.
Чинчийии түмүгүнэн манныктары бэлиэтиэххэ сөп:
1. Дьон тоҕо кылгатан суруйалларый? Уһуну суруйуохтарын сүрэҕэлдьиир эбиттэр. Бу боппуруоһу быһаарарга тугу оҥоруохха сөбүй? Таба суруйууну бэрэбиэркэлиир бырагыраама оҥоһуллуохтаах. Маннык бырагыраама сыыһа суруллубуту бэйэтэ көннөрөн иһиэ этэ.
2. Дьон тыл халыыбын тоҕо уларыталларый? Иэйиилэрин дэгэтин көрдөрөр эбиттэр. Бу боппуруоһу быһаарарга тугу оҥоруохха сөбүй? Саха тылыгар иэйиини көрдөрөр тыллаахпытын дьоҥҥо өйдөтүү, биллэрии. Холобур: оддээ/оджэ – таба суруйууну кэһэр тыллар, сөптөөҕө “оо, дьэ” диэн буолуохтаах; балахсаан/балахсаанчык – таба суруйууну кэһии, сөптөөҕө “барахсан” диэн буолуохтаах; айуучэ/айуучи – 1. дьиибэргээһини, сөҕүүнү, бэркиһээһини көрдөрөр. 2. элэктээһини, күлүү гынан этиини, эҕэлээһини көрдөрөр. Бу тыл оннугар “айыккабыан!”, “айыбыын!”, “айыкка!”. “айыккабын!” диэн курдук тыллары туттуохха сөп; батта/бытта/буотта — «буолбат дуо?” диэнтэн кылгатыы. Таба суруйуу нуорматыгар батта/бытта/буотта киирсибэт; чукурук – саха тылыгар суох тыл.
3. Дьон тоҕо нуучча тылын кыбыталларый? Сахалыытын билэллэр эрээри, нууччалыыга үөрэнэн хаалбыттар. Бу боппуруоһу быһаарарга тугу оҥоруохха сөбүй? Нуучча тылын маннык саха тылынан солбуйуохха сөп диэн быһаарыы, үөрэтии, өйдөтүү үлэтин оҥоруохха наада.
4. Дьон тоҕо сахалыы бичини туттубаттарый? Бичини хантан ылалларын билбэт эбиттэр. Бу боппуруоһу быһаарарга тугу оҥоруохха сөбүй? Сахалыы бичини тарҕатар, ханнык ситим сиртэн ылыахха сөбүн дьоҥҥо биллэрэр үлэ оҥоһуллуохтаах.