ИЙЭ ТЫЛЫ КЭМ ТЫЛА ҮТҮРҮЙҮҮТЭ

5 декабря 2:17

Маркова Мария Романовна, НСТ-15 устудьуона

Билим салайааччыта: Герасимова Е.С., бил.б.х., дассыан

                                                                                  

         Саха тыла – аар тайҕа!

                                                                                     Саха тыла – баай байҕал!

                                                                                        Саха тыла – арҕас хайа!

                                                                                   Саха тыла – мэӊэ халлаан!

                                                                                   Саха тыла –хаар туундара,

                                                                                   Саха тыла –таалар сыhыы,

                                                                                    Күɵгэлдьийэр күɵх алаас.

                                                                 Б.Тобуруокап


 

Былыргы сахалар «киhи тыла – ох» диэн мээнэҕэ эппэтэхтэр. Ити баара суоҕа үс тыллаах этиигэ саха тылын күүhэ-күүдэҕэ, хомуhуна барыта бэриллибит. Онон билиӊӊи кɵлүɵнэ, бу биhиги, тылы сатаан тутта, сɵптɵɵхтүк саӊара үɵрэниэхтээхпит.

Тыл эмиэ киhи курдук сайдар, уларыйар-тэлэрийэр. Мин Мандар Уус санаатыгар  кыттыhабын,  кини суруйан турардаах: «Омук уратыта диэн кини дьүhүнэ-бодото, этэ-сиинэ эрэ буолбатах, сүрүн уратыта кини ɵйүнэн-санаатынан тылынан-ɵhүнэн  быhаарыллар. Аны Ийэ Кут, Ийэ Ɵй, Ийэ Тыл диэн хаhан  да быстыспат, илим  хотоҕоhун курдук бииргэ  субуhан, олох  олорор  үс  сүдү  күүстээх  аҕас  балыстарбыт  таска   биллэ-кɵстɵ  сылдьааччылара,  дьону  чугаhатар-тэйитэр, холбуур-араарар, талбыт  тутар  күүстээх Ийэ тыл буолан, бэйэтэ  кɵмүскэлэ суох аhаҕас, уйан эбит, ол  иhин сабыдыалга, дьайыыга тастан саба түhүүгэ аан бастаан кини түбэhэр. Ол  иhин хайа да бэйэлээх омук уйан сирэ – Ийэ Тыла. Биир омук  аатыран, уhуннук дьоллоохтук олох олоруохпутун баҕарар буоллахпытына, аан бастаан  хайаан  да  Ийэ Тылбытын  харах  харатын  курдук харыстыахтаах  эбиппит…»

Кэми кытта тыл эмиэ уларыйар.  Кэм тыла Ийэ Тылы үтүрүйэн кимэн киирэн эрэр, ол биhиги күннээҕи туттар тылбытыгар ɵтɵн киирбитин, сыстан хаалбытын билбэккэ да хаалабыт. Мандар Уус кэм тылын биэс көрүҥҥэ: кэнсэлээрийэ тыла, бэлиитикэ тыла, наука, үɵрэх тыла, куорат дьоhун тыла, Былатыныай тыл  диэн араарар.

Үйэбит тэтимэ түргэтээн, тастан киирэр киирии тыллар ардах курдук кутуллаллар. Билиӊӊи киhи интэриниэтэ суох сатаммат  курдук буолла. Онно  киирбит омук тылларын сахатытан бэйэбит тылбытыгар тиhэрбуолан  эрэрбит эмиэ да үɵрүүлээх суол. Холобура, бикипиэдьийэ  диэн  тылы хойукка диэри википедия диэн туттар этибит. Дневник, блог диэни билигин күннүк  диэнинэн солбуйар буоллубут. Веб-сайт диэни ситим сир диибит. Онон тɵhɵ да сайдыылаах омуктар тыллара биhиэхэ ɵтɵн киирбиттэрин иhин, биhиги норуот, ураты омук буоларбыт быhыытынан, ити тыллары бэйэбит  тылбытыгар тылбастаан, сахалыы көрүҥнээн, Ийэ Тылбытын  күɵмчүлээбэккэ, үтүрүйбэккэ  туттуох  тустаахпыт.

Ол эрээри, сымыйа буолбатах, араадьыйаҕа буоллун, тэлэбиисэргэ да буоллун, оннооҕор бэчээт эйгэтигэр литературнай нуорманы кэhии, тылы  сыыhа саӊарыы, сыыhа суруйуу наhаа үɵдүйдэ. Интэриниэт эйгэтин, бассаабы этэ да барбаккын. Бассаапка сахалыы суруйар тыллар аhара уhуннук сурулаллар диэн, тылы кылгатан суруйар буоллулар. Ол түмүгэр тылы сыыhа суруйарбыт элбээтэ. Ол курдук, араадьыйаҕа ыытааччы кэпсии олорон тылларын кылгатан, эбэтэр нууччалыы тыллары кыбытан саӊарарын үгүстүк истэбит. Холобур: буо, буо сɵпкɵ эттиӊ; үчүɵй баи ырыаны иhиттибит; даже, значит, например диэн нууччалыы тыллары үгүстүк туттан саӊарар түгэннэрэ бааллар. Истиэххэ олус олуона, киhи кулгааҕын таhынан  киирэр.

Онон, сахалыы  ыраастык  саҥарар, уустаан-ураннаан  суруйар туһугар, Ийэ  Тылбытын  билиэх, үөрэтиэх, баhылыах, итиэннэ кэм  тылыттан бɵҕүн-сыыhын ыраастаан, торумнаан, наадалааҕын, туhалааҕын  ылан  иӊэриниэх  тустаахпыт.

Туһаныллыбыт литература:

  1. Петрова Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах. – Дьокуускай, 1996 с.
  2. Неустроев Б.Ф.-Мандар Уус. Ойуу тыла. Айыы тыла. – Дьокуускай: Бичик, 2004 с.