Билим салайааччыта: Герасимова Е.С., бил.б.х., дассыан
Дьыала истиилэ сүнньүнэн биир чопчу боппуруоһу көрөр, ону барытын толору чуолкайдык тириэрдэр аналлаах. Биир киһи суруга, санаата буолбакка, тэрилтэ ааттыттан суруллар. Сүрүн болҕомтону туох буоларыгар, хайааһыҥҥа (действие) уурар, ол хайааһыҥҥа бэйэтин сыһыана, сирэрэ-сөбүлүүрэ көстүбэт, тоҥкуруун истиил.
Онон дьыала истиилэ тыла-өһө атын истиилгэ киһи мээнэ туттубат маннык сүрүн уратылаах:
- Биир чопчу эйгэҕэ туттуллар ааттыйбыт сана чааһа:акционеры, болельщики, вкладчики, выступавшие, избиратели, налогоплательщики, опоздавшие, отъезжающие, победители, поклонники, работодатели, товаропроизводители, читатели;акциялаахтар, ааҕааччылар, барааччылар, (вокзалга), быыбардааччылар, кыайбыттар, нолуок төлөөччүлэр, сүгүрүйээччилэр, табаар оҥорооччулар, тыл эппиттэр, уурдарыылаахтар, үлэ биэрээччилэр, хойутаабыттар о.д.а
- 2. Арахсыбыт кэпсиирэ:внес предложение (предложил), принял решение(решил), производится продажа (продается), нанес удар (ударил),произвел выстрел (выстрелил) , произошел взрыв (взорвался), совершили нападение (напали), совершил посадку (сел) о.д.а. иһитиннэрии оҥордо (иһитиннэрдэ), дьүүллэһии буолла (дьүүллэстилэр), ыйытыы бирдэ (ыйытта), кэпсэтии барда (кэпсэттилэр), этии киллэрдэ (эттэ), эппиэт биэрдэ (эппиэттээтэ), быһаарыы ылынна (быһаарда), уураах ылылынна (ураахтаатылар).
- Туохтуур атынтан туһаайыыта: выделены средства, выполнен план, выявлены причины, дана справка, отправлен груз, приняты примеры, причинен ущерб, собран материал, составлен акт, установлены виновники;средство бэриллиннэ, былаан толорулунна, биричиинэтэ арылынна, справка бэрилиннэ, таһаҕас ыытылынна, миэрэ ылылынна, хоромньу оҥоһулунна, матырыйаал хомулунна, акт оҥоһулунна, буруйдаахтар булулуннулар (ким оҥорбута биллибэт).
- 4. —тык сыһыарыынан үөскээбит сыһыат:ставит серьезно, относится внимательно, прошло организованно, упорно ставит, убедительно объяснил, работа проводится интенсивно, относится бережно, руководит умело;дьоһуннаахтык туруорсар, тэрээһиннээхтик барда, дьаныардаахтык туруорсар, итэҕэтиилээхтик быһаарда, үлэ күүстээхтик барар, кыһамньылаахтык сыһыаннаһар, сатабыллаахтык салайар.
Түмүктээн эттэххэ, дьыала истиилин тылыгар-өһүгэр сүнньүнэн ааттыйбыт саҥа чааһа, арахсыбыт кэпсиирэ, туохтуур атынтан туһаайыыта,
—тык сыһыарыынан үөскээбит сыһыат туттуллар эбит.
Туһаныллыбыт литература:
- Петрова Т.И., Торотоев Г.Г. Саха тылын функциональнай истиилэ. – Дьокуускай, 2002 с.
- Российскай Федерация холуобунай кодекса. – Дьокуускай, 2002 с.
- Петрова Т.И. Саха тыла: дьыала истиилин тыла-өһө. – Дьокуускай 2007 с.